Устуоруйа билимин хандьыдаата, этнограф Наталья Ксенофонтовна Данилованы кытта оҕо төрөөтөҕүнэ оҥоһуллар сиэр-туом туһунан кэпсэттибит.
Оҕо кутун биэрэр Айыыһыт Хотун бастакы халлааҥҥа олорор. Ынах, сылгы, ыт эмиэ туспа Айыыһыттаах. Ыт Айыыһыта Нэлбэй Айыыһыт диэн ааттаах. Ыт төрөөтөҕүнэ кыайан оҕоломмот дьахтар ыты кытта биир иһиттэн аһыыр. Саҥа төрөөбүт ыкка саҕынньаҕын кэтэрдэр. Ол ыт айыыһытын олоон ылыы дэнэр, ол аата дьахтарга кэлэр. Хат буолбут дьахтар харыстанан сиэри-туому толорон, сыалыһары-алыһары, эһэ этин сиэбэт этэ. Ол курдук эһэ этин сиэтэҕинэ 7 көлүөнэ тухары оҕо куһаҕан майгылаах буолар диэн итэҕэл баара. Дьахтар төрүөн иннинэ кыталык тумсун кырааскатын кыһыйаннар иһэрдэллэрэ. Хотугу сахалар сырсыы күөс диэн ааттаан, бу күөһү кытта тэҥҥэ төрөөтүн диэн эти буһара уураллара. Төрүүрүгэр Айыыһыт дьиэ хоту өттүттэн түһэр диэн хотугу өттүнээҕи муннугар от тэлгээн төрөтөллөрө. Эр дьону таһааран баран, хатыҥ ураҕастары аҕалаллара. Айыыһыт диэн куобах тириитин ыйыыллара, оччоҕо сымнаҕастык төрүүрэ.
– Оҕо кэллэҕинэ, үрүҥ сылгыны баайаллар. Айыыһыкка тэһиин тутуу буолар. Ат кистээтэҕинэ айыыһыт баарын биллэрэр өйдүүллэрэ. Уончалаах уол оҕо сылгыны 3 төгүл сэргэни төгүрүччү күн эргиирин тула хаамтарар. Икки ыйы быһа айыыһыты үргүтүмээри улаханнык кэпсэтиэ, тыаһыа суохтаахтар, оччоҕо айыыһыт хадьырыйар. Оҕо төрөөтөҕүнэ кэнэҕискитин ылан оҕо көтөҕөөччү маҥнай отунан, онтон үрүҥ туоһунан суулуур уонна үс күн сытыарар. Оҕону уот иччитигэр кырыыбалыы көрдөрөн харыстаа диэн этэ-этэ сүүһүн күлүнэн сотоллор. Сымнаҕас куобах тириитинэн суулаан биһиккэ сытыараллар. Оҕо уйата буолар харысхал үөһээ өттүгэр эһэ баттаҕын, дөлөһүөнү, үөттүрэҕи үтүгүннэрэн, кыра гынан оҥорон, оһох күлүн буккуйан хараардан атаҕар уураллар. Уол оҕо таҥаһын анныгар быһах, кыыска кыптыый уураллар. Бу барыта абааһыны кири-хоҕу, дьайы үүрэр, харыстыыр сыалтан. Үс күн ааспытын кэннэ Айыыһыты атаарыы сиэрин-туомун толороллор. Саҥа киһини дьон кэккэтигэр киллэрии улахан суолталаах. Кыра кыыс оҕоттон саҕалаан дьахталлар бары мусталлар. Бэлэмнэнии бөҕө буолар. Дьахтары били төрөөбүт сиригэр олордон, оҕо көтөҕөөччү оҕотун киинэ угуллубут тууйаһын хонноҕун аннынан тутан, күн эргиирин хоту үстэ эргитэн алгыыр. Били хатыҥ ураҕастарын ойуур үөһүгэр илдьэн, маска өйөннөрө уурар. Оҕо инники дьылҕатын төлкөлөөн, чыыппаннартан кыра ураһаны, туостан тайах, таба, хайыһар, ындыылаах ат быһыыларын, чаачар сааны, оттон кыыс төрөөбүт буоллаҕына, биэни, убаһаны уонна кыптыыйы оҥороллоро. Саамай кырдьаҕас дьахтар (эбэтэр оҕо көтөҕөөччү эмээхсин) аал уоту оттон алгыыра, Айыыһыт Хотунтан оҕону көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьарыгар көрдөһөрө. Онтон кыыс оҕо туран, уол оҕо төрөөбүт буоллаҕына, били тайах-таба быһыыларын чаачар саанан ытара. Оттон кыыс төрөөбүт буоллаҕына, кыптыйынан кырыйара. Ол кэннэ онтуларын барытын тоһутан баран уокка быраҕара. Дьахталлар ууллубут арыыны бэйэ-бэйэлэрин илиилэригэр, сирэйдэригэр биһэ-биһэ, илиилэрин уот сыралыгар туталлара уонна улахан баҕайытык күлэллэрэ. Ким саамай улаханнык күлбүтү Айыыһыт маанылаан, оҕо кутун биэрэр диэн итэҕэйэллэрэ. Дьахтар төрүүр бириэмэтигэр биир атаҕынан атын сиргэ үктэнэр. Өлбүт киһи курдук 40 хонук кирдээх сылдьар, онон баттаҕын суунуо-тарааныа суохтаах. Айыыһыты атаарыы кэмигэр кытыаны, боҕуруоскай оту уматан буруонан ыраастыыллар. Ити эр киһини анараа дойду арылла сылдьыбыт тыыныттан харыстыыртан. Оттон оҕо 7 сааһыгар диэри этэ аһаҕас буолар. Ол иһин харыстаан, таҥаһын көхсүтүгэр үрүҥ дьайаа диэн оһуору түһэрэллэр.
Билигин даҕаны бу итэҕэллэртэн сорохторо тиийэн кэлбиттэр. Дьахтар төрүүрүгэр баттаҕын ыстар, туох баар тимэҕин сүөрэр. Оччоҕо үчүгэйдик арыллар. Ол кырдьык курдук. Оҕо төрүүр дьиэтигэр сыттахпына биир кыыс кыайан төрөөбөккө эрэй бөҕөтүн көрө олороро. Ону баттаҕын бобо туттарыммытын, утуйар таҥаһын быатын сүөрдэрбитим кэннэ, арай аҕыйах мүнүүтэнэн кыыспыт төрөөн кэбиспитэ. Хат дьахтар иистэниэ суохтаах, иистэнэр да буоллаҕына, саба уһун буолуо суохтаах (оччоҕо талыыҥ өр баҕайы киириэ диэн). Саҥа төрөөбүт оҕолорго харысхал курдук дөлүһүөн угун, эһэ баппаҕайын эҥин ууруохха сөп. Оҕо сүүһүгэр хоруо билигин да биһиллэр.
Ангелина Кузьмина,
уруһуйу http://keskil14.ru/ саайтан туһанныбыт.