Саха кырдьаҕас омук. Норуот тылынан уус-уран айымньыта ону туоһулуур. Остуоруйаны үөрэтии туһунан филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун Фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһитэ Надежда Васильевна Павлованы кытта кэпсэттибит.
– Саха остуоруйатын уратыта туохханый?
– Саха бастакы учуонай фольклориһа Г.У. Эргис А.Аарне-Н.Андреев ыйынньыгар олоҕуран саха остуоруйатын сюжеттарын эмиэ үс улахан көрүҥҥэ наардаабыта: 1) хамсыыр-харамай туһунан остуоруйалар (сказки о животных); 2) аптаах-алыптаах остуоруйалар (волшебно-фантастические сказки); 3) олох-дьаһах туһунан остуоруйалар (бытовые сказки). Бу көрүҥнэр бэйэ-бэйэлэриттэн сюжеттарын тутулунан, персонажтарынан сүрдээҕин уратылаһаллар. Мин кандидатскай диссертациябар чопчу аптаах-алыптаах остуоруйалар сюжеттарын уонна сүрүн уобарастарын чинчийэн көрбүтүм. Остуоруйа бу көрүҥэ ордук саха героическэй эпоһыгар олоҥхоҕо майгынныыр. Тоҕо диэтэххэ, онно аптаах-алыптаах дьайыылаах дьоруой, сюжет, матыып сүрдээх элбэх. Олук тыллара кытта майгынныыр.
– Силиһин, төрдүн туһунан кэпсээ эрэ.
– Аан дойдутааҕы остуоруйа сюжетын ыйынньыктарыгар сигэннэххэ, саха остуоруйатыгар үгүс норуот остуоруйатыгар баар матыып элбэх. Тоҕо диэтэххэ, аан дойду үрдүнэн остуоруйа саамай тарҕаммыт көрүҥ буолар. Остуоруйаны бары сөбүлүүллэр, кыралыын, улаханныын, эдэрдиин эмэнниин. Остуоруйата суох омук суоҕун кэриэтэ. Саха остуоруйатыгар араас элбэх омук остуоруйатын сюжетын булуохха сөп. Онон быһа бааччы силиһин-төрдүн этэн кэбиһэр уустук. Үгүс омук остуоруйаларын кытта тэҥнии тутан, араас ыйынньыктары кытта ыкса үлэлээтэххэ, чинчийии ыыттахха толору эппиэти биэриэххэ сөп буолуо.
– Инники кэмҥэ уонна билигин остуоруйалары чинчийии устуоруйатыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ хайдаҕый? Тугу бэлиэтээн этиэҥ этэй?
– Мин санаабар, ханнык баҕарар чинчийиигэ аан бастаан матырыйаал хомуллар, ол кэннэ ол хомуллубут матырыйаалы көпсөтүү, сааһылааһын, наардааһын ирдэнэр. Бу матырыйаал чинчийиллиэн иннинэ үйэтитиллэрэ, бэчээккэ тахсара өссө үчүгэй. Дьэ ол кэннэ ырытыыга, тэҥнээн көрүүгэ, үөрэтиигэ киирэр ордук. Саха остуоруйаларын аан бастаан сурукка тиспит өҥөлөөх 19 үйэҕэ Саха сиригэр кэлэн олорбут политсыылынайдар буолаллар. Ол кэннэ биирдиилээн саха үөрэхтээхтэрэ ылсан хомуйбуттара биллэр. Онтон 1935 сыллаахтан Тыл, устуоруйа уонна култуура института тэриллэн, комплекснай эспэдииссийэлэр ыытыллан, фольклорнай матырыйааллар балай эмэ хомуллубуттара, ону тэҥэ остуоруйалар эмиэ. Саха фольклористикатын аҕата Г.У. Эргис бүтүн хомуллубут остуоруйалары сааһылаан, наардаан, 1964-1967 сс. “Саха остуоруйаларын” хомуурунньугун бэлэмнээбитэ, “Саха остуоруйаларын сюжеттарын” ыйынньыгын оҥорон таһаарбыта. Бу саха фольклористикатыгар бастакы научнай академическай ирдэбилинэн оҥоһуллубут саха остуоруйаларын хомуурунньугунан биллэр. 1970 сс. В.П. Еремеев саха остуоруйаларын сюжеттарын В.Я. Пропп структуратыгар олоҕуран чинчийбитэ рукопись быһыытынан Саха сиринээҕи научнай киин архыыбыгар харалла сытар. 1980-1990 сс. саха остуоруйаларыгар нуучча остуоруйаларын сюжеттарын, уобарастарын тэҥнээн көрөн чинчийбит өҥөлөөх Ю.Н. Дьяконова буолар. Кини чинчийиитэ ити кэмҥэ “Якутская сказка (русско-якутские взаимствования)” диэн ааттаах монография буолан тахсыбыта. 2008 с. “Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока” серия нөҥүө “Саха остуоруйаларын” научнай хомуурунньуга бэчээккэ бэлэмнэниллэн тахсыбыта. Бу үлэҕэ кыттыспыт дьоллоохпун. Онон фольклор тиэкиһин кытта хайдах үлэлииргэ ити кэмҥэ үөрэммитим. Хас да фольклорнай экспедицияҕа кыттыһан, матырыйаал хомунан, 2015 с. Дагестан Өрөспүүбүлүкэтин Махачкала куоратыгар баар Тыл, история, ускуустуба научнай-чинчийэр институтугар “Саха остуоруйаларын аптаах-алыптаах остуоруйалара: сюжеттара уонна сүрүн уобарастара” диэн ааттаах кандидатскай диссертациябын көмүскээбитим. Билигин 1938 с. Бүлүү бөлөх улуустарыгар С.И. Боло, А.А. Саввин хомуйбут фольклорнай матырыйаалларын бүтүн отделынан үөрэтэ сылдьабыт. Интэриэһинэй чинчийии үлэтэ бара турар. Түбүктээх үлэ үтүө түмүктэрэ биллиэхтэрэ турдаҕа.
– Итэҕэл, сиэр-туом көстүүтэ хайдаҕый?
– Итэҕэл, сиэр-туом көстүүтэ баар бөҕө буоллаҕа. Ол курдук сорох сиэр-туом кистэниллэн, билиҥҥи кэмҥэ ааҕааччыга өйдөммөт сюжет, матыып курдук буолбут эбит. Ханнык баҕарар омук остуоруйатыгар маннык көстүү баар. Бу туһунан В.Я. Пропп аатырбыт “Исторические корни волшебной сказки” диэн үлэтин аахтаххытына дьэҥкэтик өйдүөххүт.
– Сорох дьон саха остуоруйатыгар сиэһин-аһааһын, хобдох быһыы кэпсэнэр дииллэр. Онно эн санааҥ?
– Бу сиэһин-аһааһын, хобдох быһыы, кырыктаах сюжеттар саха эрэ остуоруйатыгар буолбакка ханнык баҕарар норуот фольклорнай остуоруйатыгар баар көстүү. Фольклорнай остуоруйа архаическай быһыытын илдьэ сылдьар. Литературнай остуоруйаҕа ааҕааччыга өйдөнүмтүө буоллун диэн, иитэр-үөрэтэр соругун күүһүрдэн, сюжетын уларытан, сымнатан биэрэллэр. Оттон үгүс киһи атын омук литературнай остуоруйаларын билэр. Ол иһин саха остуоруйалара кырыктаахтар дии саныыр.
– Остуоруйаны чинчийиигэ туруорунар соруктарыҥ?
– Саха остуоруйатыгар биир кэлим база оҥоруу. Аптаах-алыптаах остуоруйалары олоҥхону кытта тэҥнээн үөрэтии. Саха остуоруйатын атын көрүҥнэрин чинчийии. Уйулҕа үөрэҕигэр олоҕуран, саха остуоруйаларын архетиптарын үөрэтии. Чэ, ити курдук инники сорук элбэх. Ону кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ. Этэҥҥэ эрэ сылдьыахха.
Ангелина Кузьмина кэпсэттэ.