Аныгы саха ыала оҕото сайдарыгар төһө кыалларынан бары өттүнэн хааччыйарга кыһанар. Онуоха тэлгэһэни оҥосторго маннык сүбэлэри биэриэ этибит. Оҕону көмөлөһүннэрэр, холобур, туттар малгыт сахалыы аатын этэн, хайдах оҥорору быһааран, көрдөрө-көрдөрө бииргэ оҥорор ордук туһалаах буолуоҕа.
Оҕо оонньуур сирин күнтэн харыстыырга баҕаналары туруортаан баран тиэнтэ таҥаһынан бүрүйэн кэбиһэбит. Ол эрээри наһаа күлүк сиргэ оҥоһуллубат. Саас хаар хойут ууллар, ардах түстэҕинэ, аанньа куурбат. Сыыр оҥорор буоллахха, сүүрэн кэлэн баран ыттарга миэстэ хаалларыллар. Хачыал курдук тутуулар тулаларыгар сэрэхтээх буолбатын курдук 2 м курдук сир хаалыахтаах. Ол курдук 15 м 2 сир наада буолар. Уопсайынан, Европа ыстандаартын быһыытынан, оҕо былаһаакката оҕо эчэйиитин сэрэтэр сыалтан, 40-50 см халыҥнаах өрүс кумаҕа буолуохтаах. Ол эрээри саамай үчүгэй күөх хонуу буолар. Манна анаан чыычаах отун курдук сымнаҕас оттору үүннэрэллэр эбит.
Сырыылаан түһэр сыыр сырыынньата (аһары туруору эмиэ баар буолааччы), онон-манан уһуга суох гына төгүрүтүллүбүт буолары үчүгэй.
Куйаас күн уунан ысыһан оонньууру оҕолор туохтааҕар да сөбүлүүллэр. Ол курдук ПВХ турбаттан душ оҥоруохха сөп эбит.
Оҕо бэйэтэ көрөр оҕуруот астаах буолуохтаах. Холобур, күөх горох, укроп курдук үүнүмтүө оҕуруот аһа, сибэкки буолуон сөп.
Чөҥөчөк, хаптаһын, дүлүҥ наада буолар. Холобур, устуул, остуол оҕото оҥорорго. Өссө лэкэлэри араас кээмэйдээх гына быһаттаан, охтубакка эрэ хаамарга тэйиччи уурталаан эрчиллэр суол оҥоруохха сөп.
Судургу ньыма – мастар дуу, олбуор, хоспох дуу икки ардыларыгар быа тардан баран, чараас суорҕан сабыытынан бүрүйэ быраҕабыт, аллараа өттүлэрин туттартаан кэбиһэбит.
Подсолнух сибэккилэри үүннэрэн эмиэ дьиэ оҥоруохха сөп эбит. Түргэнник үүнэллэр, улахан баҕайы сиэмэлээхтэр уонна үүннэрэргэ судургулар. Төгүрүччү бэйэ-бэйлэриттэн 10 см буолалларын курдук олордуҥ. 1,5 м курдук уһуннаах гына үүммүттэрин кэннэ үрдүлэрин холботолоон кэбиһэҕит. Киирэр ааҥҥа аһаҕас миэстэ хааллараргытын умнумаҥ. Сибэкки дьиэ бэлэм буолла!