Саха омук бэйэтэ туспа, дириҥ силистээх-мутуктаах итэҕэллээх. Бу итэҕэлэ маннык тыйыс эйгэҕэ тыыннаах хааларыгар, олоҕун оҥосторугар төһүү буолбута саарбаҕа суох. Тулалыыр эйгэни, айылҕаны кытары сөп түбэһэр, дьүөрэлэһэр итэҕэллээх. Саха төрүөҕүттэн аан дойдуттан арахсыар диэри эгэлгэ сиэри-туому, үгэһи тутуһар. Бу суруйууга олортон сүнньүн көрөн сырдатыахпыт.
1. Оҕо уйата
Уйаны оҕолонуон баҕарар ыаллар ойуун этиитинэн оҥоттороллоро. Холобур, маннык уйаны Кугдаар (билигин Күндээдэ) нэһилиэгин олохтооҕо, баай Василий Александров-Баһылыйкаан оҥотторбут. Бу 2 м. үрдүктээх, тоҕус томторҕолоох Тойон Дуурай сэргэ диэн ааттанар. Иккис уоһугар ньолбуһах төгүрүк хаптаһыҥҥа 7 кыра чорооннор тураллар. Бу чорооннорго ойуун, кыырар кэмигэр, үрүҥ ас куттарар эбит. Сэргэ ортотунан чараас тымтыгынан төгүрүччү ии иһигэр күөрэгэй чыычааҕа олорор. Сэргэ аллараатыгар кириэстии сордоҥ уонна алыһар балык кириэстии сыталлар. Бу сэргэ тутула: үөһээтэ – халлаан, ортото – сир, аллараата – сир анна.
Оҕо көрдүүр кыыстаах уол ситии икки төбөтүттэн тутуһан олоруохтаахтар. Ойуун чыычаахха оҕо кутун иҥэрэр диэн буолар.
Бу оҥоһугу норуот маастара Саввинов Владимир Иванович оҥорбута. Норуот эмчитэ Уйбаан Ороһуунускай эдэр дьону аҕалан сиэр-туом оҥоро сылдьыбыта үһү. Туох түмүктээҕэ биллибэт.
2. Биһик
Оҕо төрөөтөҕүнэ олох кыратыттан кинини харыстыыр ымыылары биһигэр ыйыыллар. Эһэ баппаҕайын, чуораанчыктары о.д.а. Биһиккэ оҕону сиир абааһы киирбэтин диэн мастан үөттүрэх (кочерга) кыһан угаллар – бу уол оҕо ымыыта, оттон кыыс ымыыта диэн эмиэ маһынан кыптыый оҥорон угаллар.
Оҕо олорор буолуоҕуттан сонун көхсүгэр дьайаа диэн тимир, алтан ымыыны ыйыыллар. Дьайаа арааһа элбэх: ат, кырыымпа, күн, хахай быһыылаах буолуон сөп. Былыргылар “ииспэлээх соҥҥун кэт” дииллэрэ үһү – ол аата дьайаалаах таҥаскын кэт диэн. Оҕо 7 сааһын туоллаҕына дьайаатын усталлар.
3. Айыыһыты атаарыы сиэрэ-туома
Айыыһыт – оҕо кутун иҥэрэр, биэрэр таҥара. Оҕо төрүүрэ – улахан дьол, онон онно махтанан үһүс күнүгэр Айыыһыты атаараллар. Саламаат астыыллар, ууллубут арыынан халыҥ гына бүрүйэллэр, туспа иһиккэ ууллубут арыы бэлэмнииллэр, Айыыһыты атаарыыга анаан өлөрүллүбүт сүөһү сүрэҕин, быарын, бүөрүн уонна сыатын буһараллар. Оһох таһыгар кыракый иин хаһаллар.Туостан аты, сороҕор табаны, тайаҕы кырыйаллар. Саҥа төрөөбүт оҕо кыыс буоллаҕына биэни кырыйаллар. Тымтыгынан ураһа уонна ох саа оҥороллор. Иин түгэҕэр от тэлгииллэр, онно оҕо киинин, хаатын кылга суулаан уураллар, манньыат угаллар уонна көмөллөр. Бу үрдүгэр бэлэмнээбит ураһаларын, аттарын, сэргэлэрин туруораллар. Онтон биир дьахтар ох саанан кыыллары түҥнэри ытар.
Ол кэнниттэн бу туос оҥоһуктары, ох сааны барытын биир сиргэ чохчолоон баран уматаллар. Бу сиэр-туом оҥоһулларыгар эр дьон суох буолуохтаах. Онтон дьахталлар бу иин тула олороллор. Оҕо көтөҕөөччү эмээхсин эбэтэр биир саамай саастаахтара уокка арыы кээһэ-кээһэ Айыыһыкка махтанан алгыыр. Онтон дьахталлар бары арыыны илиилэринэн баһа-баһа сирэйдэрин уонна баттахтарын (баттахтара ыһыллыбыт буолар; күннээҕи олохторугар дьахталлар баттахтарын мэлдьи хомуна сылдьаллар, былааттаналлар, мээнэ дьоҥҥо көрдөрбөттөр, онон Айыыһыты атаарыы кэмигэр эрэ былыргы дьахтар баттаҕын ыһара) барытын арыынан сото-сото күлэллэр-салаллар. Ким ордук иэрийэн күлбүккэ “Айыыһыт имнэммит, сотору оҕолонууһук” диэн тойоннууллар.
4. Оҕо туос оонньуурдара
Былыр оҕо төрөөтөҕүнэ ойууҥҥа харысхал курдук туоһунан оонньуурдары кырыйтаран бэлэхтэтэллэр эбит. Маннык оонньуурдар Лейпциг (Германия) музейыгар бааллар.
5. Көмүс ат
Былыргы сүктэр кыыска анаан “көмүс ат” диэн харысхалы оҥорон биэрэллэр. Бу харысхалы кыыс куругар иилинэр. Уулаах көмүстэн (үрүҥ көмүс уонна алтан буккааһа), алтантан кутан оҥороллор.
6. Көмүс кымньыы
Кыыс сүктэн кэлиитэ олус элбэх сиэрдээх-туомнаах буолар. Маҥнай уол кинини дьиэтиттэн ыларыгар, кымньыынан сиэтэн таһаарара үһү. Онтон кийиит уол дьиэтигэр кэллэҕинэ сэргэ аттыгар кэтэһэн туран өйөөн түһэрэллэр – онно аналлаах ат тэһиинин тутар кыргыттар баар буолаллар, уонна кыыс үктэнэн түһэригэр көхсүн тоһуйан биэрэр уол эмиэ баар буолар. Онтон сэргэттэн дьиэҕэ дылы күөх от тэлгэммитинэн үктэнэн хаамар. Ол хаамарыгар биир саастаах дьахтар үтүлүгү туттаран, сиэтэн киирэрэ үһү.
7. Кийиит сэргэтэ
Үөһээ-аллараа өртүгэр барыта холбоон 16 оҥо быһыы түннүктээх, сүрдээх мааны, тупса5ай көстүүлээх кийиит сэргэтэ Хаҥаласка Кута Чымардаах диэн алааска турбут. Бу сэргэни Хаҥалас баайдара Бэрииһэптэр кийиит кыыс сүктэн кэлэригэр анаан туруорбуттара хойукка дылы туран баран 2000 сылларга сууллубут. Бу сэргэ туһунан маннык ахтыы баар. Норуот ырыаһыта, оһуокайдьыт Николай Федотович Осипов-Чоомуут кыра сылдьан биирдэ аҕатынаан бу сэргэҕэ барбыттар. Ол барбыт сылтахтара диэн – ийэлэрэ тииһэ ыалдьан сүүлэ иһэн тахсыбытыттан. Онно тиийэн баран Чоомуут аҕата талаҕы ылан эриэн гына быспыт уонна салгыҥҥа “куус-куус” охсо-охсо сэргэһэҕэ чугаһаан, сэргэ илин өттүттэн тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу быһаҕынан мас кыырпаҕын ойо быһан ылбыт уонна таҥас кырадаһынын сэргэ түннүгэр кыбыппыт. Ол мас тоорохойун дьиэлэригэр тиийэн ийэлэригэр биэрбиттэрин тииһигэр ылан уктубутун кэннэ – тииһин ыарыыта, испитэ сүтэн хаалбыт.
8. Атыыр уонна тыһы сэргэлэр
Маннык сэргэлэр эмиэ Хаҥалас нэһилиэгэр Кураан диэн сиргэ ыһыах ыытар түһүлгэлэригэр турбуттар. ″Дьахтар сэргэтэ″ 1926 сыллаахха, ″эр киһи сэргэтэ″ 1946 с. туруоруллубуттар. Билигин бу сири, уу ыла сылдьыбыт буолан, сэргэлэрэ барыта охтон түһэн, эмэҕирэн сыталлар. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ хакастар, киргизтэр сэргэлэрин чөмчөкөтө эмиэ ити этиллибит ″эр киһи сэргэтин″ курдук быһыылаах буолар эбит. 2011 с. ″эр киһи уонна дьахтар″ сэргэлэрин Ньурба куоракка саҥа аһыллар ыччат кварталын скверыгар туруорбуттара (маастар Петров В.Н.). Маннык сэргэлэр бука оҕо-уруу, удьуор тэнийиитигэр туһуламмыт буолуохтаахтар.
9. Ыһыах баҕаҕа
Былыргы ыһыах сиэрин-туомун сүрүн тутуутунан Баҕах буолар. Кини туорайыгар кымыстаах сири иһити ыйыыллар. Туорайын аата – биттэх дэнэр. Ыһыах ыһааччы төһө баайыттан тутулуктанан баҕах хас даҕаны (3-4-кэ тиийэ) буолуон сөп. Бу баҕахтан илин диэки өртүгэр Аар баҕах диэн үрдүк, модьу-таҕа, сиэдэрэй оҥоһуулаах, томторҕолоох сэргэ туруораллар. Ол сэргэҕэ туох баар көмүс ыҥыырын, үүнүн, кычымын-чаппараагын кэппит үүт кэрэ, эбэтэр чакыр сылгы бааллан туруохтаах. Бу баҕаҕы араастаан ааттыыллар. Холобур, Бүлүү бөлөхтөр бу сири иһит ыйанар баҕаҕын – Аар баҕах диэн ааттыыбыт. Илин эҥэрдэр “түһүлгэ” диэн этэллэр.
10. Эбир хамыйах
Былыргы алгыска, ыһыахха, араас сиэргэ-туомҥа булгуччу субу курдук оҥо быһыы оҥхойдоох эбир хамыйахтары тутталлар. Маннык хамыйах сиэргэ-туомҥа эрэ туһаныллар. Ол бүттэҕинэ киһи тыыппат сиригэр харыстаан уураллар, тыыттарбаттар. Курдары дьөлө хаһыы үүттээх хамыйахтар эмиэ баалларын туһунан Иван Худяков суруйар.
Онон саха сири аһатарыгар үрүҥ аһы мээнэ ыскайдаабатын бу эбир хамыйаҕа туоһулуур диэххэ сөп. Чорооҥҥо толору кымыһы кута-кута сиргэ таҥнары сүөкээһин былыргы сахаҕа суоҕа, аньыы да буолуон сөбө.
11. Дьалбыыр
Айыы ойуунун тэрилэ. Кини улаханнык дүҥүрдэммэт, ол оннугар дьэ бу дьалбыырынан туттар. Кэлин, айыы ойууттара сүппүттэрин кэннэ, дьалбыыры хара ойууннар эмиэ туттар буолбуттара. Ол тутталлара — уруккуга Айыы ойууна оҥорор сиэрин-туомун толорор буоллахтарына.
12. Эриэн талах
Эриэн талах былыргыга сиэргэ-туомҥа киэҥник туттуллар эбит. Холобур, кыһын бурдук көтүтэр кэмнэригэр тыал тохтоотоҕуна эһэ тириитин эриэн талаҕынан таһыйа-таһыйа тыалы ыҥыраллар эбит.
Эбэтэр ойуур уота турдаҕына, ону умуруорарга, ардаҕы түһэрэргэ эмиэ эриэн талаҕы тутталлара.
13. Ойуун көтөрө
Ойуун көтөрдөрө – көмөлөһөөччүлэрэ. Куоҕас, суор, чөкчөҥө – ойуун көтөрдөрүнэн буолаллар. Ойуун таҥаһыгар кытта тимиринэн көтөр омоонун быһан иилэллэр.
14. Тарбыйах абааһытын хаайыы
Киэһэ ойуун хотоҥҥо киирэн тарбыйах абааһытын маныыр. Оттон түүн, тарбыйах абааһыта таҕыстаҕына, дьэ, үрдүгэр түһэн тута сытан өйүн сүтэрэр. Ону дьиэҕэ киллэрэллэригэр өйдөнөн тарбыйах абааһытын куолаһынан саҥаран барар. Салгыы дүҥүрүн ылан кыырар. Онтон хотоҥҥо киирэн муннуктарын кэрийэр уонна былаайаҕынан муннук аайы кириэстии сотор. Салгыы ойууҥҥа ууллубут арыыны кытта сылгы сиэлин биэрэллэр. Онон турар ньирэйдэргэ ыһа-ыһа, “ньылҕаарыска, ньолҕооруска буол!” диэн саҥарар.
15. Харалаах-аас тэллэх
Туомҥа туттулар, дуобат ойуулаах сылгы тириитэ тэллэх. Маннык тэллэххэ туом кэмигэр айыылар үтүө тыыннара түһэр. Ол иһин алҕанар аһы, малы манна уураллар. Ыһыахха харалаах-аас тэллэххэ кымыстаах иһиттэри туруораллар. Маны таһынан кийиит аас тэллэҕэ диэн эмиэ баар. Кийиит сүктэн барарыгар маннык тэллэххэ үктэнэн туран таҥнар.
16. Чычыпкаан
Маннык эмэгэти Өлөөн сахалара тутталлара, эбэҥкилэртэн киирбит сиэр-туом, аата даҕаны эбэҥкилии. Чычыпкаан аллара өртө киһи батан киирэин курдук аччаҕар буолар. Өр кэмҥэ бултара ханнаҕына толору сэптэрин-сэбиргэллэрин кэтэн баран ачааҕын иһинэн киирэн, ыраастанан тахсыахтаахтар.
17. Саһыл
Былыр саһылы бултаатахтарына элбэх сиэр-туом оҥороллоро. Ааны булгуччу тоҥсуйаллар, оччоҕуна дьиэ иһиттэн дьабака бэргэһэ, эбэтэр көннөрү түү бэргэһэ таһааран биэрэллэр. Саһылы онно уган киллэрэллэр. Уокка олох көрдөрбөттөр. Сүлэллэригэр бэргэһэ кэтэн баран үөрэн саҥа аллайа-аллайа, оһоххо көхсүлэринэн олорон сүлүөхтээхтэр. Ол аата Байанай сүлэрин курдук көрдөрөр быһыылара. Отой былыр саһылы түннүгүнэн, дьахтар симэҕин кэтэрдэн баран киллэрэллэрэ үһү.
18. Байанайдар
Булчут байанайа тосхойдоҕуна дьиэҕэ ыйанан турар Байанайга арыы уурар. Эбэтэр булда тосхойбот буоллаҕына оноҕоһун, айатын ырбатын уонна туһаҕы дьөлөҕөс иһинэн тыл этэн баран уган таһаарыахтаах. Байанайдары хас да бырааттыылар диэн өйдүүллэр. Хас булт көрүҥүн аайы бэйэтэ Байанайдаах буолар. Холобур А.Е. Кулаковскай “Байанай алгыһыгар” 11 байанай, Яковлев-Курууппа ойуун ахтыытыгар 3 сиэн быраат байанайдар, сороххо 36-ҕа тиийэ байанай баара ахтыллар.
19. Уукун тардыыта
Өр кэмҥэ балык кэлбэт буоллаҕына уу иччититтэн Уукунтан балык тардыытын сиэрин-туомун оҥороллор. Онуоха ыйыыр ситиилэрэ улахан суолталаах. Эриэн ситии – киһи тыына, хараҥата – Уукун тыына. Өскөтүн хараҥа ситиитэ баһыйар буоллаҕына Уукун киһи тыынын сиэн кэбиһэр диэн өйдүүллэр. Ол иһин тэҥ буолуохтаахтар. Ойуун кыырыытын көрөр дьон моойдоругар бэс субатын, алдьаммыт илими иилинэллэр, эмиэ алдьаммыт туу кырамталарын таҥастарыгар онон-мана ыйыыллар. Ол аата бу балык кэлбэккэ хоргуйбуттарын, быстыбыттарын көрдөрөллөр эбит. Ойуун кыырарыгар дьалбыыры уонна дүҥүрү туттар. Дьалбыырынан баар туулары хайыта охсуолуур. Кытыйаттан ууну омурдан ыла-ыла тыылаах киһиэхэ кутар.
Оннук гынан, дьэ, балык быйаҥын тардар эбит.
20. Булт сиэрэ-туома
Баай Байанайга анаан элбэх сиэр-туом көрүҥэ баар. Бултуу барыахтарын иннинэ булгуччу уот оттон алгыс этэллэр. Сорох булчуттар “эһэкээн” диэн эмэгэттээх буолаллар. Эһэҕэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Харыс тылларынан ааттыыллара. Үһүйээн быһыытынан эһэ былыр дьахтар эбитэ үһү. Ол иһин былыр дьахтар эмискэ эһэни көрүстэҕинэ түөһүн арыйан көрдөрүөхтээх. Оччоҕуна эһэ кинини тыыппат. Маны таһынан улуу эсэһит булчуттар үйэлэригэр 99 эһэни бултуохтаахтар, 100-кэ тиэрдиэ суохтаахтар диэн бобуу баар. Утуйа сытар эһэни хаһан да өлөрбөттөр, булгуччу уһугуннаран баран дьаһайаллар. Өлөрдөхтөрүнэ уҥуоҕун, тириитин мээнэ бырахпаттар. Төбөтүн уҥуоҕун, баппаҕайдарын сытар эһэ курдук уураннар талахха суулаан араҥастыыллар. Эһэ төбөтүн уҥуоҕун маска ыйыыллар. Эһэ этин сииллэригэр “куух” диэн суор саҥатын таһааран баран биирдэ сииллэр. Ол билигин да тутуһуллар.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Кулаковский А.Е. Научные труды. – Якутскай, 1979.
- Николаева А.В. Былыргы саха олоҕун оҥостуутун сиэрэ-туома.//Сэргэ. – Ньурба, 2004.
- Попов А.А. Камлания шаманов. – Новосибирск: Наука, 2008.
- Саввинов В.И. Үйэлэри уҥуордаан. – Дьокуускай: Бичик, 2012.
- Турза Я. Якутская коллекция в Линден-музее Штутгарта. – Якутск: Бичик, 2009.