Виктор Николаевич Васильев – уһулуччулаах этнограф, фольклорист уонна айанньыт. Саха сиригэр, хомойуох иһин, кини аата наһаа киэҥник биллибэт. Оттон Арассыыйа үрдүнэн кинини түмэл, билим эйгэтигэр сүрдээҕин ытыктыыллар. Васильев В.Н. хомуйбут коллекциялара Нуучча түмэлин этнография салаатыгар уонна Кунсткамераҕа харалла сыталлар. Кини 1905-1913 сс. ити ааттаммыт түмэллэр уонна Нуучча географическай түмэтэ тэрийбит үгүс элбэх экспедицияларыгар Сибиир уонна Уһук Илин устун сылдьан сүрдээх сэдэх, сыаналаах коллекциялары хомуйбута. Холобур, маннык омуктар олохторун-дьаһахтарын кэрэһэлиир маллары-саллары: эбэҥкилэр, негидалецтар, сахалар, долганнар, тувалар, тофалардар, нивхилар, айнылар о.д.а.
Васильев В.Н. 1877 с. Аммаҕа төрөөбүтэ. Аҕата Николай Васильевич Васильев политсыылынай этэ, Петербург уобалаһыттан төрүттээх. Ийэтэ олохтоох бааһынай кыыһа.
Виктор Николаевич кыратыгар Аммаҕа элбэх биллиилээх политсыылынайдар олорбуттара:
В.Г.Короленко, И. Папин, М.Натансон о.д.а. Кинилэр Васильевтар чугас табаарыстара этилэр. Онтон кэлиҥҥи сыылынайдар А.Ф.Говорухин, А.В. Надеин уонна Филиппов кыракый Виктор бастакы учууталларынан буолбуттара. Виктор Николаевич Амматааҕы таҥара дьиэтин оскуолатыгар уонна Дьокуускайдааҕы миссионер оскуолатыгар, ол кэнниттэн духовнай семинарияҕа үөрэммитэ.
1900 с. В.Н. Васильев үрдүк үөрэххэ киирэр баҕалаах Москваҕа, онтон Петербурга тиийбитэ. Онно, хантан да көмөлтөтө суох эдэр киһи, Петербургтааҕы хонтуруоллуур палатаҕа үлэлээн хамнастанар этэ.
1903 с. политическай дьыалаҕа буруйданан, Петропавловскай кириэппэскэ хаайыллар. Дьыала тохтотуллан, 1904 с. бүтэһигэр босхолонор уонна 1905 с. Билим Академията уонна НГТ тэрийбит Хаатынгатааҕы экспедициятыгар кыттыһар. Онно В.Н. Васильев Дьэһиэй уонна Яконда күөллэринэн, Хаатынга өрүс тардыыларынан сылдьан дьэһиэй сахаларын, долганнар уонна эбэҥкилэр туһунан матырыйааллары хомуйбута. Мантан ыла, дьэ, кини этнография эйгэтигэр киирэн, чинчийээччи суолун тэлбитинэн барбыта. Мантан сиэттэрэн Виктор Николаевич Петербургтааҕы университекка, кэлин Илиҥҥи олохтоох академияҕа кииртэлээн баран, мэлдьи уһун унньуктаах айаннарга сылдьар буолан, бу үөрэхтэрин бүтэрбэтэҕэ.
1906 с. Кунсткамера дьаһалынан Турухаан кыраайыгар, онтон Бүлүү өрүһүнэн Саха сиригэр тиийэн сүрдээх баай этнография малын-салын сахалартан уонна эбэҥкилэртэн хомуйар. Бу коллекцияны наардаан Решетникова Айталина Николаевна 2005 сыллаахха «Каталог тунгусских коллекций В.Н.Васильева» диэн сүрдээх үчүгэй кинигэни таһаарбыта.
Салгыы Камчаткаҕа сылдьан олохтоох омуктары, Иркутскай губерниятыгар — тофалардары, Урааҥхай кыраайыгар — тувалары үөрэппитэ. Онон Васильев В.Н. сахалар, долганнар, эбэҥкилэр, чукчалар, тофалардар уонна тоджин-тувалар тустарынан 2 тыһ. тахса ахсааннаах үтүмэн матырыйаалы Кунсткамераҕа туттарбыта. Балартан тофалардар коллекцияларын Николай II ыраахтааҕы атыылаһан ылан Арассыыйатааҕы этнографическай түмэлгэ бэлэхтээбитэ. Бу коллекция аан дойду үрдүнэн тофалардар култуураларын, барҕа баайдарын көрдөрөр соҕотох толору коллекциянан буолар. Манна мал-сал эрэ буолбакка, хаартыскалар кытта бааллар.
Бу сылларга Виктор Николаевич «Угасшая русская культура на дальнем севере», «Экономическое значение Камчатки», «Шаманский костюм и бубен у якутов» ыстатыйалары суруйбутун таһынан саха олоҥхолорун уонна да атын фольклор айымньыларын суруйан хаалларбыта.
В.Н. Васильев Сибиир омуктарыгар тарҕаммыт мэнэрик ыарыытын туһунан чинчийээччилэртэн биир бастакынан ырытан суруйбута. Барыта холбоон кини 15 билим ыстатыйалаах.
1906 с. аатырбыт олоҥхоһут И.Г. Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун суруйбутун саха бастакы тыл үөрэхтээҕэ С.А. Новгородов «саха тылын синтаксиһын олус да бэккэ табан суруйбут» диэн үрдүктүк хайҕаан бэлиэтээбитэ.
1910 с. Васильев В.Н. 8 ый кэриҥэ Амур уонна Сахалин омуктарын култуураларын чинчийбитэ. Манна кини сөҕүмэр улахан үлэни ыыппыта. Ол курдук уильта-ороктартан — 700-кэ, нивхалартан — 2 тыһ. кэриҥэ, негидалецтартан — 88 малы-салы хомуйан үйэтиппитэ. Бу кини хомуйбут коллекцията толору үөрэтиллибит, сааһыламмыт, тиһиликтэммит коллекциянан буолар. Ол иһин билимҥэ суолтата сүрдээх улахан.
Васильев В.Н. Арассыыйа билимигэр биир улахан кылаатынан Хоккайдо арыыга уонна Сахалиҥҥа олохтоох айнылар төрүт култуураларын үөрэппитэ буолар. Холобур, Хоккайдоҕа 43 уст., Сахалиҥҥа 96 ус. хаартысканы түһэрбитэ биллэр: төрүт таҥастарын, дьиэлэрин-уоттарын, тас көрүҥнэрин, итэҕэллэрин малларын о.д.а.
В.Н. Васильев I аан дойдутааҕы сэрии кыттыылааҕа. Галицияҕа Львов, Миколаев, Сколе, Стрыя, Волочиска о.д.а куораттар туһаайыыларынан сэриилэспитэ. 1916-1917 сс. инженернай-тутуу дружинатыгар сулууспалаабыта.
1918-1923 сс. араас дуоһунастарга үлэлээбитэ: билиэннэйдэр дьыалаларыгар Киин Кэмитиэт уполномоченнайынан, Колчак саҕана тэриллибит Хотугу муоратааҕы суол кэмитиэтин дьыаланы оҥорооччутунан о.д.а дуоһунастарга. 1923-1926 сс. В.Н. Васильев Омскай куоракка Арҕаа-Сибиирдээҕи кыраай түмэлигэр этнография салаатын салайааччытынан уонна дириэктэри солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1926-1928 сс. В.Н. Васильев Саха сиригэр Билим Академията тэрийбит сабардамнаах экспедициятыгар кыттан Алдан-Майа оройуонугар уонна Айаан-Лаамы кытылынан сылдьан үлэлээбитэ.
1928-1930 сс. Кунсткамера Сибиирдээҕи салаатыгар үлэлээбитэ.
Уһулуччулаах этнограф В.Н. Васильев 1931 с. 54 сааһыгар бу күн сириттэн күрэммитэ.
Онон дойду билимин таһымыгар улахан кылаатын киллэрбит биир дойдулаахпыт Виктор Николаевич Васильев Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт култуураларын үйэтитиппит туохха да тэҥнэммэт өҥөлөөх чинчийээччинэн буолар.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Сем Т.Ю. Собиратели. Васильев Виктор Николаевич. https://ethnomuseum.ru/collections/projects/collectors/vasilev-viktor-nikolaevich/