Ангелина Кузьмина улахан дьоҥҥо аналлаах «Олох ыллыктара» диэн кэпсээннэрин хомуурунньуга Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтин электуруоннай ситимигэр киирдэ. Онон бэлиэтэммит (регистрация) ааҕааччы ааҕар кыахтанна. Сигэтэ https://e.nlrs.ru/open/60722. Бу кинигэҕэ олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан араас кэмнэри көрдөрөр уус-уран айымньылар эдэр ыалы уонна ыччаты олоххо тардыһар күүстээх санааҕа иитэр, төрөөбүт дойдуну таптыырга угуйар, саха билиитин-көрүүтүн иҥэрэр, төрүт дьарыгар уһуйар тосхоллоохтор. Бу кинигэ туһунан ааҕааччылар санааларын маннык үллэһиннилэр:
Павел Харитонов-Ойуку, норуот суруйааччыта:
– Эдэр ааптар Ангелина Кузьмина “Маҥан таба айана” сэһэнин аахтым. Сэһэн аатыттан көс омук олоҕун туһунан кэпсэниэхтээҕэ ааҕыам инниттэн хайдах эрэ поэтичнайдык, бэл, классическайдык ааттаммыта кулгаахпар киирдэ уонна оргууй ботугураатым: “Маҥан таба айана”…
Ааҕан бардым. Ангелина Кузьмина сахатыйбыт эбэҥкилэр олохторун уонна уратыларын ымпыктаан суруйбут. Кинилэр олохторун, дьарыктарын, сиэрдэрин-туомнарын үчүгэйдик билэр эрэ буолбатах, уустаан-ураннаан ойуулаабыт. Ол кини: “Күһүн муус тоҥуон иннинэ мунду, собо үөрдүһэн, мөхсөн эппэҥнэһэ сытар кэмнэрин баттаһа, тыынан эрдэн киирэн, куйуурунан баһан ыллахтарына, уу будулуйан биирдэ ыһылла түһэр” сурйбута ааҕааччы хараҕар субу көстөр. Сэһэн ыччакка ананан суруллубут буолан дуу, ааптар бэйэтэ үөрэтэн кэпсиирэ, быһаарара элбэх. Ол барыта эбэҥки олоҕуттан киирбит остуоруйа, үһүйээн, таабырын уонна сиэрдээх майгыга ыччаты иитэрэ үчүгэй эрэ. Тылы билэрэ, уобарастаан этэрэ, уус-ураннык кэпсиирэ үөрдэр.
Ангелина Афанасьевна Кузьмина оҕолорго аналлаах «Мас тоҕо үүнэрий?» уонна улахан дьоҥҥо «Олох ыллыктара» диэн кэпсээннэрин хомуурунньуктара Ил Дархан Гранын конкурсугар кыайбыт уопсастыбаннай бырайыак чэрчитинэн таҕыстылар. Оҕолорго аналлаах кинигэтигэр оҕо саас түгэннэрин туһунан көрдөөх кэпсээннэр үтүө быһыыга, саха үгэһигэр үөрэтэллэр, таарыйа туох, хайдах баар буолбутун билии аптаах-алыптаах дойдутугар сирдииллэр. Улахан дьоҥҥо аналлаах кинигэтигэр олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан араас кэмнэри көрдөрөр уус-уран айымньылар ис хоһооннорунан наарданан киирдилэр. Айымньылар эдэр ыалы уонна ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга угуйар, саха билиитин-көрүүтүн иҥэрэр, төрүт дьарыгар уһуйар тосхоллоохтор. Бу кинигэлэри аахпыт уһуйааччылар санааларын маннык үллэһиннилэр:
Чехордуна Екатерина Петровна, педагогическай наука хандьыдаата, этнопедагог:
– Кинигэҕэ олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан уус-уран айымньылар киирбиттэр. Ааптар дьоруойдара олох араас кэмнэригэр киһи бэйэтин үрдүк аатын илдьэ сылдьан, буолар түгэннэргэ көнөтүк, чиэһинэйдик быһаарынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһаллар. Олох олорорго омук утумнаан илдьэ сылдьар үгэстэрин билии, туһаныы, сиэри-туому тутуһуу, айылҕалыын алтыһыы, ырааска, сырдыкка, дьоһуҥҥа угуйар аналлаахтарын итэҕэтиилээхтик арыйаллар. Бу атааннаах-мөҥүөннээх дэммит олоххо, хайдаҕын да иһин үчүгэйгэ эрэ тардыһан, онуоха эрэ дьулуһар киһи орто дойду дьолун тобулар. Айымньылар ааҕааччыны онуоха сирдиир аналлаахтар.
Кинигэҕэ норуот тылынан уус-уран айымньылара сөптөөх сиргэ киирэн иһэллэрэ ордук сэҥээрдэр. Тылга кыра оҕоттон саҕалаан, төрөппүккэ тиийэ болҕомтолоох сыһыан уурулларыгар айымньылар бигэ тирэх буолуохтара.
Оҕолорго анаммыт кэпсээннэргэ айылҕа көстүүлэрэ оҕо кыраҕы хараҕынан ойууламмыта киһи болҕомтотун тардаллар. Ааптар туһалаах билиини-көрүүнү оҕо кэбэҕэстик өйдүүрүн курдук тириэрдэр. Айымньылар ис хоһоонноруттан оҕо ураты айылҕалаах Саха сиригэр олорор киһи күннээҕи олоҕор, бултууругар, үлэ араас көрүҥэр сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах элбэх билиини ыларыгар саарбахтаабаппын. Ол курдук үгэс арааһа судургу тылынан кэпсэнэр. Бу барыта оҕолору эрэ буолбакка, ханнык баҕарар ааҕааччыны үтүө быһыыга, үгэскэ, култуураҕа.