Кэрэх диэн ойуун анал сиэр-туом оҥорон, сүөһүнэн эбэтэр сылгынан толук биэрбит маһа. Билиҥҥи дьон ону сороҕор бэлэх-туһах ыйанар ытык маһы кытары бутуйар. Кэрэх маска бэлэх-туһах ыйаабаккын, чугаһыыргар да сэрэнэн, тыыппакка-таарыйбакка ыраахтан көрөҕүн.
Кэрэҕи ойуун ыарыыны утары охсуһан, туох эмэ улахан кыһалҕа арахпакка буулаатаҕына, ону туоратар туһуттан туруоттарар.
Онуоха бэлиэ дьүһүннээх сылгыны-сүөһүнү, холобур, чокуруос харахтаах маҥаас сылгыны, оттон ынах сүөһүттэн күөх эбириэн дьүһүннээҕи өлөрөллөр (үксүгэр). Өлөрбүт сүөһүлэрин тириитин бастары, туйахтары, кутуруктары бииргэ сүлэн ылан улахан тиит ачааҕар туорай мастаан ыйыыллар. Оннук мас, дьэ, кэрэх мас диэн буолар. Тириини ыйыыр туорай мастара ″куочай″, эбэтэр ″ балык мас″ диэн ааттанар. Сэһэн Боло суруйарынан куочай икки миэтирэ курдук уһуннаах, төбөтө балык эбэтэр хайа эмэ кыыл курдук быһыылаах, төрдө балык кутуругун курдук салаалаах буолар. Куочайы ордук соҕуруу, арҕаа диэки хайысхалаан туруораллар, тоҕо диэтэххэ, саха өйдөбүлүнэн, үөһээҥи абааһылар ол диэки олохтоохтор.
Сылгынан уонна сүөһүнэн кэрэх туруоруу сиэрин-туомун уһулуччулаах чинчийээччи, этнограф А.А. Попов (1902-1960) суруйан хаалларбыта баар. Бу туомнар сүрдээх уустуктар, хас да сүһүөхтэн тураллар. Кэрэх туруоруу маҥнай бэлэмнэнииттэн саҕаланар. Ол курдук балаҕан иһигэр сүөһүнэн кэрэх буоллаҕына баҕана, сылгынан буоллаҕына сэргэ туруораллар, чэчир анньаллар. Онтон толук биэрэр сүөһүлэрин тириитин бастары, туйахтары, кутуруктары сүлэн ылан ол баҕанаҕа муоһуттан баайаллар. Сылгы буоллаҕына балаҕаҥҥа киллэрбэккэ эрэ, түннүгүнэн тэһиинин субуйан ылан сэргэҕэ баайаллар. Онтон ойуун кыырыытын саҕалыыр. Тылын ис хоһооно: толук биэрэр сүөһүбүт тиийиэхтээх сиригэр очурга-чочурга оҕустарбакка тиийдин, аналын ситэн дьулайыгар туруору үүммүт аҕыс салаалаах тиит маска доҕор буолан үс үйэ тухары энчирээбэккэ турдун диэн. Сылгы кэрэҕэр кыырар кэмигэр иччилэри, абааһылары ааттыы-ааттыы сылгыны кымыһынан ыһар. Онтон турукка киирэн анаттарыылаах сиригэр тиийэн баран төптөрү орто дойдуга түһэр. Ол кэннэ тахсан сылгыны өлөрөр. Ону сыыдам соҕустук тириитин бастары, туйахтары, сиэллэри-кутуруктары, сототун уҥуоҕун кытары сүлэн ылаллар. Сүрэҕин, хаҥас бүөрүн, сиһин үөһүн, тылын арааран буһара уураллар. Толук сылгы этин үс күн иһигэр сииллэр. Үһүс күнүгэр тириини ылан анаммыт тииттэригэр сыарҕаҕа тиэйэн илдьэллэр. Сүөһүнэн кэрэххэ сонно, кыырыы бүтээтин кытта, дьиэ иһигэр баар дьонтон түөрт киһи тириини куочайдары ылан ыйаныахтаах сиригэр илдьэллэр. Ойуун кэннилэриттэн дүҥүрүн охсо-охсо ″һай-һат!″ диэн саҥа таһааран батыһар. Тииттэригэр тиийэн баран ытыарынан ыттан куочай маһы тиит ачааҕар хамсаабат гына туруораллар, тириилэрин көннөрөн ыйыыллар. Манна ойуун эмиэ тыл этэр: толукпутун уурдубут, кэриэспитин туттардыбыт, төннөр буолаайаҕын, тиийиэхтээх сиргэр тиий диэн. Онтон маһы толук сүөһү хаанынан ыһар
Кыраайы үөрэтээччи Ньукулай Буруулгун (1936-2002) сылгы кэрэҕин көрбүтүн туһунан маннык суруйар: «…От үрэхтиҥи ыарҕа толоону батан, аҥар өттө лиҥкир тииттээрдээх чогдо тэллэҕинэн кэлбиппит. Сыыр үрдүгэр икки улахан аарыма тииттэр икки ардыларыгар кугас ала ат кыбыллан турарын көрө биэрдим. Киһим көхсө бөгдьөйүөҕүнэн бөгдьөйөн, утуктуу быһыытыйбыт бадахтаах, саҥата-иҥэтэ суох олорорун арбаҕаһын эҥээриттэн тардыалаамахтаатым: «Ньыыкан, тохтоо! Ол көрүүй, ат тииккэ кыбыллыбыт, быыһыахха», — дии-диибин тарбахпынан ыйан көрдөрдүм. Оҕонньорум эрдэттэн ити аты көрө испит быһыылаах. Мин диэки эргиллээт куттаммыт киһи быһыытынан:
– Саҥарба, бэдик! Ыйыма-хайаама, аньыы-кэньии…
Тугу эрэ тохтоло суох, киһи өйдөөн истибэтинэн ботугураамахтаата, уҥа-хаҥас силлээбитэ буолла. Онтон мин диэки иккиһин эргиллэн, кыараҕас харахтара сүүрэлэһэллэрин тохтото сатаан, сибигинэйэн: «Ити кэрэх диэн, ойуун ата. Дуол хам-бааччы ис, мыык диэҥ да сэрэн. Ол диэки көрө да сатаама», — диэн муос-таас курдук дьарыйар икки быһаарар икки ардынан эттэ. Мин ойуун диэни дьоммуттан ханнык эмэ истэр буолан, дьылы бардым…».
Бу кэрэҕи Өккөөдөй диэн ойуун туруоттарбыт эбит. Кыйы диэн сиргэ, Акана нэһилиэгэр. Бэйэтэ Кубалыҥда диэн алааска көмүллүбүт. Ону кэлин ойуун аатынан Өккөөдөй диир буолбуттар. Кини өлөрүгэр кэриэһин эппит: «Таптаан миинньибит кугас аппын хоолдьугабар туттаарыҥ. Этин бары көрүҥүттэн кыра-кыратык бысталаан, үс аартык айаҕар анаан үс үчэһэҕэ үөлэн анньыталаарыҥ, сороҕун үллэстэн сиэриҥ. Алгыс алҕаан, тыл этэн бүтэн баран, үчэһэлээх эттэри көрдөххүтүнэ үчэһэ устун сүмэһиннээх хаан таммалаатаҕына, соччото суох олоруоххут, оттон үчэһэ кураанах, эт кубарыйбыт буоллаҕына, киһигит-сүөһүгүт эбиллэн, аймаххыт-уруугут үксээн үүнэн иһиэҕэ», — диэн. Онон атын сиһин үөһүн тардан өлөрөн, тириитин бастары, туйахтары үргүлдьү сүлэн, кыһыл эмэҕи иһигэр симэн, тыыннааҕын курдук оҥорон ыйаабыттар. Маннык оҥоһуллубут кыылы тунулгах дииллэрэ. Аны кырдьаҕаһы таһааралларыгар үс көстөөх сиргэ хоруобун түөрт киһи санныларыгар сүгэн илдьибиттэр. Бэс ыйа, аас ньаалаҕай түспүт кэмэ эбит. Бырдах сиирэ наһаалаабыт. Арай көрдөхтөрүнэ, ойууннара хоруобугар сытан эрэн дэйбииринэн сапсына иһэрэ үһү. Улаханнык сөҕөн, дьиктиргээн көмүллэр сиригэр аҕалан, алгыс алҕаан көмпүттэр. Онно уокка сиэл бырахпыттара умайан сырдьыгынаан, күөх унаар буруота үөһэ субуллан тахсан холорук буолан ытыллыбыт уонна дүҥүр тыаһынан доҕуһуолланан алаас күөлүн ортотунан хайытан халлаан эҥийэтин диэки түһэ турбут. Ону «оҕонньор санаата туолан, дьабыныгар барда» дэспиттэр. Өккөөдөй хойут даҕаны баарын биллэрэр эбит. Онон бу кэпсээнтэн сахалар кэрэх мастан хайдах сэрэнэллэрин-дьаахханаларын көрөбүт.
Сэһэн Боло суруйуутугар кэрэх туруоруу хаамыыта бэрт ырылхайдык көстөр. Маҥнай олорор олохторун таһыгар тумул, томтор сиргэ, тыа саҕатыгар биир салаалаах (ачаахтаах) сиппит маһы булаллар. Ол аттыгар үс саһаан уһун үөл маһы хас да сиринэн моонньохтоон, киэргэтэн, «аар баҕах» диэн ааттаан туруораллар. Аттыгар биир моойдоох судургу сэргэни туруораллар. Иккиэннэрин эриэн ситиинэн, сиэлинэн симииллэр. Ол кэннэ кутаа уот оттоллор, ону «түлэһи» диэн ааттыыллар. Соҕотох атахтаах төгүрүк остуол оҥороллор, «сибиэ» дииллэр. Ол кэннэ 7, 9 үтэһэни бэлэмнииллэр, ону «сура» диэн ааттыыллар. Бу кэнниттэн туттар сүөһүлэрин аҕалан, түөрт атаҕын кэлгийэн, хам баттаан сытан эрэн, тыыннаахтыы, иһин хайытан, дагтакатын иһиттэн сүрэҕин, быарын, тыҥатын хостуу тардан ылан , били сибиэ остуол үрдүгэр ууран , араартаан, бэлэмнээбит үтэһэлэригэр үөлэн баран кутаа тулан анньыалаан кэбиһэллэр. Оттон сүөһүлэрин этин тириититтэн арааран бэрт тиэтэлинэн дьиэлэригэр таһаллар. Түөрт туйаҕын кытта тириитин иҥиирдэри, төбөтүн муостары араарбакка, тыыннаах сүөһү курдук кэрэх оҥорон , били ачаахтаах маска куочайы (балык маһы) мииннэри ыйыыллар. Ол кэннэ алгыстаах ойуун-удаҕан били аар баҕахтарын, түлэһилэрин, астарын, сүөһүлэрин аартыктарын ааттаан , абааһыларын ааттаан ыҥыран кыырар, үөтэр.
Ол курдук үлэни толору толорон бүтэн, бэрт тиэтэлинэн били үтэһэлээх эттэрин (сураны ) сонно умайа турар кутааҕа быраҕан уматаллар. Онтон бары мустубут дьон илии илиилэриттэн сиэттиһэн, тохтоло суох сүүрүүнэн дьиэлэригэр сырсаллар. Онуоха мөлтөх оҕону-дьахтары киһи иннигэр уган бастаталлар. Ол аата «киһи мөлтөҕө быстан хаалан абааһыларга былдьатыа» диэн куттал буолар эбит. Ити курдук сиэттиһэн иһэн көрдөхтөрүнэ, тумул үрдүгэр толору кутаа (түлэһи) таһыгар хара күлүктэр барыгылдьас, элэҥнэс буолаллара үһү. Онно абааһылар кэлэн ол астарын бэрт былдьаһыгынан-охсуһуунан туманнаан , сиэн-аһаан бүтэрэн баран, хара күлүктэр сүтэн хаалаллара үһү.
Ол дьиэҕэ кэлбит дьон бары мунньустан баран, били таспыт кэрэхтэрин (сүөһүлэрин) этин үллэрэн, уостааҕынан үллэстэн сиэн бүтэриэхтээхтэр. Кэрэх аһыгар сылдьыбыт киһи барыта тиксиэхтээх диэн өйдөбүл баара. Ол иһин «кэрэх этиттэн маппыт түлээһэйгэ дылы» диэн өс хоһооно хаалбыт. Бу Сэһэн Боло 19-20 үйэлэр ыпсыыларынааҕы кэрэх туруоруу майгытын суруйбут. Оттон саамай былыргы кэрэх туруоруу сиэрин-туомун Г. Миллер 18 үйэ бастакы аҥарыгар суруйбута биллэр. Билигин ону көрүөхпүт.
Сиэр-туом 1737 с. бэс ыйын 19-20 күннэригэр Дьокуускай куораттан чугас ыытыллыбыт. Миллер ону «абааһыларга толук биэрии» диэн ааттыыр. Толукка кыһыллыҥы өҥнөөх борооскуну таланнар, дьиэ аанын иннигэр чэчир анньан баайбыттар. Онтон ойуун кыыран саҕалаабыт, бу борооскуну алларааҥҥыларга көрдөрөн сөбүлэҥнэрин ылыахтаах эбит. Онуоха аллара дойду тоҕус хаттыгаһын курдары ааһан ньүкэн түгэҕэр тиийиэхтээҕэ. Ол гынарыгар балаҕан соҕуруу өртүгэр сиргэ умса сытан араас хамсаныылары оҥортуур, куоҕастыы хахаарар эбит. Миллер тоҕо итинник гынарый диэн ыйыппытыгар «аллара дойдуга куоҕас буолан айаннаата, ол иһин куоҕас курдук устар» диэн быһаарбыттар. Итинник хаттыгастары туораан тохсус, саамай түгэх хаттыгаска тиийбит. Манна кинини элбэх мэһэй күүтэр эбит. Аан маҥнай абааһы чаҕардарын кытта кэпсэппит, кинини дьиэҕэ киллэримээри дьирээлэспиттэр. Ону, Миллер көрдөҕүнэ, соҕотох артыыс тыйаатырын курдук ойуун куолаһын уларыта-уларыта үс-түөрт абааһы аатыттан саҥарар эбит. Кэмниэ кэнэҕэс кинини киллэрбиттэр. Онно даҕаны Улахан абааһы хара маҥнайгыттан сөбүлэһэ охсон биэрбэтэх, «саатар тиҥэһэ эбэтэр өҕүрүмэр эбитэ буоллар, кырата бэрт» диэн утарыласпыт. Ону ойуун олус тулуурдаахтык, ыксаабакка, тымтыбакка тылыгар киллэрэр аакка турбут. Онуоха абааһы кэргэнэ ойуун диэки буолан, тылын ылыммыттар. Онтон ойуун эмискэ һайдаан-һаттаан барбыт — борооскута баайыытыттан төлө көтөн хаалбыт эбит. Ол кэннэ аны борооскута атын сүөһүнү кытта булсан, кэйиэлэһии кытаанаҕа буолбут да, кыайыылааҕынан тахсыбыт. Онтон ойуун бэйэтин бэйэтэ баттаҕыттан соһон сир устун сыылла сылдьыбыт. Ол аата абааһылар бу борооскуну былдьаһан бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуспуттарын көрдөрөр эбит. Ити курдук мучумаан кэнниттэн ойуун абааһыга эппит: «Чэ, мин соругум туолла, тугу тиэрдиэхтээхпин тиэртим. Сарсын кэрэх туруорууга булгуччу кэлээр», — диэбит. Онуоха абааһы сөбүлэспит уонна балаҕаҥҥа баар туох баар дьону кэрэх этин сии кэлэллэригэр ыҥырбыт. Ити кэнниттэн ойуун туран балаҕан хоту өттүгэр бөтөрөҥүнэн ыстаҥалаан барбыт. Ол аата орто дойдуга төннөр быһыыта эбит. Онтон ойуун уҥан тэйтэс гыммыт. Ону үрдүгэр хататынан уот саҕаннар тилиннэрбиттэр. Онон бастакы күннэрэ түмүктэммит. Борооскулара соннук чэчиргэ бааллан хаалбыт, хоммут.
Сарсыныгар, күн тахсыбытын кэннэ, кэрэх ыйааһына саҕаламмыт. Дьиэттэн биир биэрэстэ ыраах икки тиит кэккэлэһэ турарыгар тиийбиттэр. Онно эрдэттэн сүгэнэн киһи сэбэрэтин курдук хойгуо охсубуттар эбит. Биир тииккэ алтаны, иккиһигэр үһү. Барыта холбоон тоҕус хойгуо баар буолуохтаах диэн быһаарбыттар. Сэбэрэлэри толоос гына иэдэстээн, хатырык муруннаан, икки кэрдииһинэн айахтаан, сүүһэ, хараҕа суох оҥорбуттар эбит.
Тииттэр икки ардыларыгар сиргэ сэттэлии сүөм уһуннаах, балык курдук оҥоһуулаах эмэгэттэри төбөлөрүнэн соҕуруу диэки хайысхалаан уурбуттар. Бу балыктар уонна хойгуолар өлбүт ойууттары кэрэһэлииллэр эбит.
Соҕуруу диэки тоҕус чэчири анньыбыттар. Үрүҥ сиэлинэн тоҕус былас ситии хатаннар, онон-манан үрүҥ сүүмэх сиэл баайаннар ыйаабыттар. Бу тоҕус былас ситии ойуун маҥнайгы күнүгэр тоҕус хаттыгастаах аллара дойдуну курдаттаабытын бэлиэтэ эбит.
Борооскону соҕурууҥу тииккэ баайбыттар. Миллер «тоҕо чуолаан бу тииккэ баайдыгыт» диэн ыйыппытыгар «бу тиит ордук синньигэс, куочай олордорбутугар төбөтүн быһыахпыт, онно табыгастаах буолуо» диэн быһаарбыттар.
Мастар иннилэригэр хоту диэки икки хардыылаах сиргэ ачаахтаах ураҕаһы аспыттар. Бу ураҕас салааларыгар
синньигэс хаптаһыннар олороллор эбит. Хаптаһыннарга бииригэр биэс, иккиһигэр түөрт чохоолору олордубуттар. «Чоҕочок» (?) диэн ааттаахтар эбит. Бу биэс чохоо эр киһи абааһыларга уонна өлбүт ойууннарга ананар, онтон түөрт чохоо дьахтар абааһыларга уонна өлбүт удаҕаттарга ананар диэн быһаарбыттар.
Өссө бааллан турар борооску иннигэр киһи үрдүгүн саҕа лаабыс туруорбуттар уонна хатыҥ лабааларынан сабыта уурбуттар. Лаабыс иннигэр кутаа оттубуттар, ол икки өттүгэр тоҕус туой күөһү кэккэлэччи туруорбуттар. Манна кэрэх этин буһарыахтаахтар эбит.
Сүөһүнү ойуун көмөлөһөөччүтэ өлөрбүт. Онуоха борооскуну төбөтүнэн соҕуруу диэки охторон, иһин хайытан, сиһин үөһүн быһа тардан өлөрбүт. «Тоҕо маннык өлөрөҕүтүй» диэн ыйытыыга «хаана сиргэ тохтуо суохтаах» диэн хоруйдаабыттар. Тириитин төбөтүн, атахтарын кытта холбуу сүлбүттэр. Этин быһаҕынан кырбастаан күөстэргэ буһара уурбуттар. Сүөһүнү иһин хайыталларыгар, тууйаска хаанын куттубуттар уонна хойгуолары, мас эмэгэттэри барытын хаанынан биспиттэр. Быарын чохочуга суулаан, уокка ыһааран сиэбиттэр. Ас буһар кэмигэр, тириини куочайдаан маска ыйаабыттар. Сүөһүлэрэ төбөтүнэн соҕуруу диэки хайысхалаах эбит.
Эттэрэ буһан ортолообутугар хостооннор лаабыска уурбуттар. Тууйаска миин куппуттар уонна сүөһү тыҥатын кырбастаан укпуттар. Онтон абааһыларга анаан ураҕастаах чохоолорго миин куппуттар уонна биирдии кыра кырбас тыҥа уурбуттар. Ол кэнниттэн ойуун кутуруксутун кытта миини уонна кырбастаммыт тыҥаны үөһээ, иннилэригэр ыһыалаабыт. Маннык бэрээдэгинэн:
1. Абааһылай тойонноругар Кутатайга, кини кэргэнигэр уонна оҕолоругар, барыларын ааттаан туран.
2. Аҕа уустарын өлбүт ойууннарыгар, кими билэллэринэн.
3. Олорор дойдуларын абааһыларыгар.
Онтон туох баар абааһылары «лаабыска сытар эттэн кэлэн тото-хана сиэҥ уонна бу кэрэх туруоттарбыт киһиэхэ уһун олоҕу хааччыйыҥ» диэн ыҥырар. Итинник аһатан бүтэн баран бүтэһигэр улахан абааһыга Кутатайга туһулаан: «Бу эйиэхэ анаан туруорбут миҥэбитинэн (борооскуну этэр) дойдугар айанныаххын сөп», — диэн этэр.
Бу кэнниттэн лаабастан эти ылан бары аһыыллар, миин иһэллэр. Бүтэн баран сүөһүттэн хаалбыт иҥиири, сыаны уокка уматаллар. Туруорбут кэрэхтэрэ, эмэгэттэрэ, чоҕочохторо соннук хаалаллар. Бу сиргэ аны мээнэ таарыйбаттар.
Салгыы Г. Миллер манныгы бэлиэтиир: бу кэрэх туруорар ойууннар абааһылары кытта алтыһар, «кирдээх» буоланнар сайын ыһыахха алҕаабаттар, сылгынан толук оҥорботтор, үрдүкү Айыылары кытта ситимнэспэттэр.
Онон кэрэх мас – ойуун анаан-минээн сиэр-туом оҥорон сылгынан, сүөһүнэн толук ыйаабыт маһа буолар. Ити курдук саха итэҕэлинэн, ойууну кыырдаран кэрэх аспыт мастара сир аайы бааллар. Кэрэх ыйааһын бэйэтэ тус-туспа тутуллаах-туһаайыылаах буолар эбит.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
1) Петров Н.Г. Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх. — Дьокуускай: Бичик, 2002.
2) Попов А.А. Камлания шаманов бывшего Вилюйского округа. — Новосибирск: Наука, 2008.
3) Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. — Дьокуускай: Бичик, 1994.
4) Элерт А.Х. Языческие верования и обряды. Описание якутского обряда жертвоприношения. https://scfh.ru/papers/opisanie-yakutskogo-obryada-zhertvoprinosheniya/