Ол кэм туоһута
П.А. Ойуунускай 1893 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Боотур Уус улууһугар Чөркөөх сэлиэнньэтигэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбит. Ону бүтэрэн баран Дьокуускайга көспүт, учуутал семинариятыгар үөрэммит. 1917 с. бастакы айымньытын «Үлэһит ырыата» хоһоону суруйбута. 1919 с. аатырбыт «Син биир буолбаат?» диэн Максим Аммосовка анаммыт хоһоонун суруйбута. 1922 с. Саха АССР совнаркомун Бэрэссэдээтэлинэн аныыллар. Онтон ЦИК салайааччытынан үлэлиир.
1935 с. Национальностар Институттарыгар лингвистика билимин учуонай истиэпэнигэр диссертация көмүскүүр. Тыл уонна култуура чинчийэр институтун тэрийэр уонна бастакы дириэктэрэ буолар. Платон Алексеевич олоҕун бүтүннүүтүн төрөөбүт дойдута сайдыытыгар анаабыта.
Кини дэгиттэр талааннаах суруйааччы этэ. Ол курдук бэйэтин кэмигэр революционнай бэйиэт быһыытынан киэҥник биллибитэ, саха биир бастакы кэпсээнньитэ, сэһэнньитэ этэ, хас да драманы суруйбута, атын омук суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. 1921 с. «Интернационалы» сахалыы тылбаастаабыта. Кини бастыҥ хоһоонноро — норуот уоһуттан түспэт ырыалар. Саха хоһоонугар уларытыыны киллэрбитэ: силлабо-тоническай систиэмэни олохтообута. «Кыһыл Ойуун» драматическай поэматын М.Горькай уһулуччулаах айымньынан сыаналаабыта. Фольклор матырыйаалларыгар олоҕуран «Улуу Кудаҥса» философскай сэһэни, «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойугу, «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхолору айбыта. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бастакы бэрэссэдээтэлэ этэ.
Норуот айымньытын баһааҕырдар кэмҥэ, бары күүһүн-күдэҕин ууран, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйан хаалларбыта. Бу олоҥхону нууччалыы В.Державин тылбаастаан, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбанна бириэмийэтин ылбыта.
1939 с. сымыйанан буруйданан репрессияламмыта. Хаайыыга сытан 1939 сыл алтынньы 31 күнүгэр Дьокуускай түрмэтигэр өлбүтэ. Кинигэлэрин боппуттара, аатын ааттаммат оҥоро сатаабыттара. Көмүллүбүт сирэ чопчу булулла илик. 1955 с. алтынньы 15 күнүгэр үтүө аата сөргүтүллүбүтэ. Саха Бырабыыталыстыбата 1966 с. П.А. Ойуунускай аатынан Сударстыбаннай бириэмийэни олохтообута. Кини аатын Саха Академическай драматическай тыйаатыра, Литература түмэлэ сүгэллэр, Дьокуускай киин уулуссаларыттан биирдэстэрэ ааттаммыта.
Үс ахтыы
П.А.Ойуунускай 1938 сыллаахха сымыйа балыырынан «Норуот ѳстѳѳҕѳ» ааттаан тутуллубута. Дьонун олорор дьиэлэриттэн үүрэн таhаарбыттара. Кэргэнэ Акулина дьиэтин малын сороҕун атыылаан, сороҕун чугас дьоно кэриэс гынаары ылаллар. Онтон биир малы – чаһыны Авксентий Егорвич Мординов ылар. Бу чаһы туhунан үс ахтыыны буллум.
П.А.Ойуунускай истиэнэҕэ ыйанар чаһытын кэриэстээн Авксентий Егорович уура сылдьыбытын туhунан ахтыылары кѳрүѳххэ.
Маӊнайгы ахтыы. Саха народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа ахтыытыгар: «П.А.Ойуунускай тутуллубутун кэннэ, кэргэнин, кыргыттарын дьиэлэриттэн үүрэн таhаараннар уонна харчыга да наадыйан, Акулина үгүс малын атыылаабыт. Онно Авксентий Егорович истиэнэ чаhытын ылбыт. Ол чаhы Ойуунускайдаах наадалаах да, күндү да маллара эбитэ үhү. Оҕонньор үлэтигэр онон барар, кэлэрин дьоно ол чаһынан кэтэhэллэр эбит. Мординовтарга ѳр дьыл туттуллан, чаhы хаампат буолбут. Дьиэ кыараҕаhыттан профессор кыргыттара үлэлээбэт чаhыны бырахтахха дииллэрэ үhү. Патриарх харыстаан бырахпакка туруорбут. Бука, улахан киhи Ойуунускай тиллэрин сүрэҕинэн-быарынан кэтэhэрэ эбитэ буолуо. Санаабытын курдук, Ойуунускай тиллибитин кэннэ, кини үтүѳ аатынан аhыллыбыт литературнай музейга биир күн бэйэтинэн ол ытык малы сүгэн кэлбит. Чаhы билигин урут турбут сиригэр турар. Хаампат эрэ» (Михаил Андреевич Чоросов «Ытык мааны Амма Аччыгыйа» Дьокуускайга 2006 сылга бэчээттэммит. 70–71 сирэй).
Иккис ахтыы: … «Тыл уонна литература иститутугар П.А. Ойуунускайга ученай сэкиритээринэн үлэлээбит, кэлин филологическай наука доктара, профессор буолбут Авксентий Егорович Мординов эркин чаhытын Акулина Николаевнаттан эмиэ кэриэс гынарга ылбытын уура сылдьан баран музейга аҕалан биэрбитэ» (Василий Андреевич Прокодьяконов-Кулантай «Олох далааныгар» ахтыылар, суоллааҕы бэлиэтээhиннэр. Дьокуускайга 1992 сылга бэчээттэммит, 32 сирэй).
Үhүс ахтыы: … «Үүммүт 1938 сыл хара холоруга үгүс ыал олоҕун түӊнэри эргиппитэ. Үгүс ыал аҕалара быйыл – «норуот ѳстѳѳхтѳрѳ»… Тугун сүрэй?! …Бэс ыйын 5 күнэ… Биhиги дьиэбитигэр дьэҥдьиир. Паапабыт кумааҕыларын: докумуоннары, рукопистары, хаартыскалары, альбомнары, кинигэлэри биир-биир ыла-ыла мас дьааhыктарга симэн, тѳннүбэт срдэригэр тиэйэн бараллар. Оннооҕор бултуур саата «ѳстѳѳх сэбэ» буолан тутуллар…
Ийэм илиитигэр олор оннуларыгар «дьэгдьиир боротокуолун» куоппуйата хаалар. Бу кумааҕыга туоhу быhыытынан илии баттаабыттар: ийэм убайа С.А.Саввин, Матрена Федулова, биhиэхэ олорбут аҕамсыйбыт дьахтар уонна Фекла Кампеева, кырдьаҕас кыhыл бартыhаан кэргэнэ.
Сотору кэминэн олорор дьиэбититтэн холдьоҕуллабыт… Дьиэ тээбиринэ улам-улам аҕыйаан, ыал устун тарҕанар: паапабыт икки кириэhилэтин олбуор иhигэр олорор быраас Михаил Флегонтович Щепетов илдьэ барар, кураанахсыйбыт кинигэ ыскааба Владимир Михайлович Новиковка-Күннүк Уурастыырапка тиксэр, улахан истиэнэ чаһытын, кириэс-хомуруос оӊостоору Авксентий Егорович Мординов ылар…» (Сардана Платоновна Ойунская «Аҕам сырдык аата» кинигэтигэр суруйбута, Дьокуускай куорат, 2003 сыл, 241 сирэй).
Дьэ, бу кѳрѳрбүт курдук улуу киhи малын кэриэстээн Авксентий Егорович Мординов 30-ча сыл илдьэ сылдьыбыт. Бырахпатах, дьоӊӊо биэрбэтэх.
Үөрэтэн истэххэ
Чаhы уhуна 80 см., туората 40 см., олоҕо мастан оӊоhуллубут. Ааннаах ол икки сиринэн иэччэхтээх, уонна үѳhээ, аллараа тус-туhунан таастардаах, онтон үѳhээҥҥи тааhа алдьаммытын саӊардан биэрбиттэр. Аллараа тааhа алта аӊыы араас быhыынан тимиринэн кыбытыллан оӊоhуллубут. Ол алта таастан үhэ түѳрт муннуктаах, үhэ биэс муннуктаах. Анал күлүүhүнэн собуоттанар эбит. Ол күлүүhэ баар. Күлүүhүн хайа диэки эрийэр истириэлкэлээх. Чаһы сирэйэ маӊан онно чыыhылалара харанан бѳдѳӊ гына суруллубуттар. Чаhы аата – суола суох, ол эрээри иhигэр бэчээт баарын буллубут. «Контр №5, март – 37 г.» диэн суруктаах. Кэннигэр аллараанан «ЛМО КП 5481» диэн харанан суруллубут нүѳмэрдээх.
Бу чаhы туhунан Авксентий Егорович Мординов кыыhын Галина Авксентьевналыын кэпсэппиппит.
Галина Авксентьевна оччолорго оскуола оҕото эбит. Ити чаһы ыйанан турарын, ону аҕата субуоттуурун ѳйдүүр эбит.
Бу чаhы сылынан ханна оӊоhуллубутун буллубут. Москва куоракка иккис истиэнэ чаhытын судаарыстыбаннай собуотугар 1937 с. кулун тутар ыйга оӊоhуллубут.
Оттон П.А.Ойуунускай бу сыл ахсынньы ыйыгар Москва куоракка мунньахха барбыта уонна эргиллибэтэҕэ. Онон аҕыйах кэмӊэ туттубут диэн түмүккэ кэллибит. Баҕар, бу чаhы бэлэх буолуо эбэтэр хантан эрэ атыыласпыта буолуо, ону булбатым. Саха норуота П.А.Ойуунускай тутта сылдьыбыт малын кэриэс гынан уура сылдьыбыттар. Бу сүдү киһи аҕыйах кэмӊэ норуотун туhугар олус элбэҕи оӊорбута. Биhиги эдэр кѳлүѳнэ Платон Алексеевич Ойуунускай аатын үйэтитиигэ үлэлэhиэхтээхпит, ол ытык иэспит!
- Сардана Платоновна Ойунская «Аҕам сырдык аата»., Дьокуускай куорат 2003 сылга бэчээттэммит. 241 сирэй.
- Василий Андреевич Прокодьяконов – Кулантай «Олох далааныгар» ахтыылар, суоллааҕы бэлиэтээhиннэр. Дьокуускай 1992 сылга бэчээттэммит, 32 сирэй.
- Михаил Андреевич Чоросов «Ытык мааны Амма Аччыгыйа» Дьокуускай 2006 сылга бэчээттэммит. 70 – 71 сирэй. Андросов П. Х. Ойуунускай туһунан ахтыылар. — Дь., 1993. — 32 с.
- Андросов Е. Д. П. А. Ойуунускай төРДө-ууһа, аймахтара. — Дь. — Ситим, 1993. — 23 с. — (Таатта оройуонун дьаһалтата).
- Данилов С. П. П. А. Ойуунускай — аҕа норуотун улуу уола. — Дь.: Полиграфист, 1993. — 26 с.
- Киэн тутта ааттыыбыт: Респ. үөрэнээччилэрин айымньылара. — Нам: Сахаполиграфиздат, 1994. — 104 с
- Ойуунускай туһунан ахтыылар: Ыстатыйалар хомуурунньуктара / Саха Республикатын үөрэҕин мин-вота. — Нам, 1993. — 31 с.
- П. А. Ойуунускай айар үлэтигэр бэлиэтээһиннэр: Ыстатыйалар / Хомуйан оҥордо В. Б. Окорокова. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1993. — 104 с.
- П. А. Ойуунускай биир көлүөнэлээхтэрин ахтыыларыгар / РФ үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ Комитета, М. К. Аммосов аатынан СГУ. Хомуйан оҥордо Е. П. Чемезова. — Дь.: ЯГУ изд-вота, 1994. — 48 с. — Сахалыы, франц.
- П. А. Ойунский: взгляд через годы: Сб. науч. ст. / АН РС(Я), Ин-т гуманитар. исслед. — Новосибирск: ОИГГМ, 1998. — 210 с.
- Проблемы развития национальной культуры и русско-якутских языковых связей: Тез. докл. респ. науч. конф., посвящ. 100-летию П. А. Ойунского. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1992. — 64 с.
- Татта — родина П. А. Ойунского: Фотоальбом / Сост. Д. К. Сивцев. — Якутск: Бичик, 1993. — 110 с.
- Тыл кэриэһэ тыыннаах буолуоҕа. — Чурапчы, 1993. — 16 с.
- Федосеев И. Е. Ойуунускай өлүүтэ уонна тиллиитэ. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1993. — 72 с.
- Үһүс төгүлүн, букатыннаахтык эргиллии: 1893—1993: Өлбөт өрөгөй ырыаһыта П. Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйэ / Хомуйан оҥордо Д. В. Кустуров. — Дь.: Бичик. — 1997. — 269 с.
- Билюкина А. А. Общечеловеческое и национальное в пьесах П. А. Ойунского // Билюкина А. А. Национальное и общечеловеческое в якутской драме 20-х годов. — Якутск, 1997. — С. 70—83.
П.А.Ойуунускай 1938 сыллаахха сымыйа балыырынан «Норуот ѳстѳѳҕѳ» ааттаан тутуллубута. Дьонун олорор дьиэлэриттэн үүрэн таhаарбыттара. Манна кэргэнэ Акулина дьиэтин малын сороҕун атыылаан, сороҕун чугас дьоно кэриэс гынаары ылаллар. Онтон биир малы чаhыны Авксентий Егорвич Мординов ылар. Бу чаhы туhунан үс ахтыыны буллум. Ол курдук
П.А.Ойуунускай истиэнэҕэ ыйанар малын кэриэстээн Авксентий Егорович уура сылдьыбытын туhунан ахтыылары кѳрүѳххэ.
Маӊнайгы ахтыы: Саха народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа ахтыытыгар: «П.А.Ойуунускай тутуллубутун кэннэ, кэргэнин, кыргыттарын дьиэлэриттэн үүрэн таhаараннар уонна харчыга да наадыйан, Акулина үгүс малын атыылаабыт. Онно Авксентий Егорович истиэнэ чаhытын ылбыт. Ол чаhы Ойуунускайдаах наадалаах да, күндү да маллара эбитэ үhү. Оҕонньор үлэтигэр онон барар, кэлэрин дьоно ол чаhынан кэтэhэллэр эбит. Мординовтарга ѳр дьыл туттуллан, чаhы хаампат буолбут. Дьиэ кыараҕаhыттан бэрэпиэссэр кыргыттара үлэлээбэт чаhыны бырахтахха дииллэрэ үhү. Патриарх харыстаан бырахпакка туруорбут. Бука, улахан киhи Ойуунускай тиллэрин сүрэҕинэн-быарынан кэтэhэрэ эбитэ буолуо. Санаабытын курдук, Ойуунускай тиллибитин кэннэ, кини үтүѳ аатынан аhыллыбыт литературнай музейга биир күн бэйэтинэн ол ытык малы сүгэн кэлбит. Чаhы билигин урут турбут сиригэр турар. Хаампат эрэ» (Михаил Андреевич Чоросов «Ытык мааны Амма Аччыгыйа» Дьокуускайга 2006 сылга бэчээттэммит, 70–71 сирэй).
Иккис ахтыы: «… Тыл уонна литература иститутугар П.А. Ойуунускайга учуонай секретарынан үлэлээбит, кэлин филологическай наука дуоктара, профессор буолбут Авксентий Егорович Мординов эркин чаhытын Акулина Николаевнаттан эмиэ кэриэс гынарга ылбытын уура сылдьан баран музейга аҕалан биэрбитэ» (Василий Андреевич Прокодьяконов – Кулантай «Олох далааныгар» ахтыылар, суоллааҕы бэлиэтээhиннэр. Дьокуускай 1992 сылга бэчээттэммит, 32 сирэй).
Үhүс ахтыы: … «Үүммүт 1938 сыл хара холоруга үгүс ыал олоҕун түӊнэри эргиппитэ. Үгүс ыал аҕалара быйыл – «норуот ѳстѳѳхтѳрѳ»… Тугун сүрэй?! …Бэс ыйын 5 күнэ… Биhиги дьиэбитигэр дьэгдьиир. Паапабыт кумааҕыларын: докумуоннары, рукопистары, хаартыскалары, альбомнары, кинигэлэри биир-биир ыла-ыла мас дьааhыктарга симэн, тѳннүбэт сирдэригэр тиэйэн бараллар. Оннооҕор бултуур саата «ѳстѳѳх сэбэ» буолан тутуллар…
Ийэм илиитигэр олор оннуларыгар «дьэгдьиир боротокуолун» куоппуйата хаалар. Бу кумааҕыга туоhу быhыытынан илии баттаабыттар: ийэм убайа С.А.Саввин, Матрена Федулова, биhиэхэ олорбут аҕамсыйбыт дьахтар уонна Фекла Кампеева, кырдьаҕас кыhыл бартыhаан кэргэнэ. Сотору кэминэн олорор дьиэбититтэн холдьоҕуллабыт… Дьиэ тээбиринэ улам-улам аҕыйаан, ыал устун тарҕанар: паапабыт икки кириэhилэтин олбуор иhигэр олорор врач Михаил Флегонтович Щепетов илдьэ барар, кураанахсыйбыт кинигэ ыскааба Владимир Михайлович Новиковка-Күннүк Уурастыырапка тиксэр, улахан истиэнэ чаhытын, кэриэс-хомуруос оӊостоору Авксентий Егорович Мординов ылар… (Сардана Платоновна Ойунская «Аҕам сырдык аата»., Дьокуускай куорат 2003 сылга бэчээттэммит, 241 сирэй).
Дьокуускай куорат 17№ дээх орто оскуолатын 6 «в» кылааhын үѳрэнээччитэ Барашков Асхар
Υлэни салайда: саха тылын уонна литературатын учуутала Тарабукина И.Е.
Хаартыскаҕа ааптар бэйэтин түһэриитэ