Оҕо сыыйа улаатар, сайдар. Обургу саастаах оҕоҕо үс кэрдиис кэм киирэр: 

7-9 саас “Айылҕа оҕото”. Бу сааска оҕо киэлитин кэҥэтиигэ туһаайыылаах үлэ барар. Алгыһа: Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс!” Оҕо орто дойдуга кэлиитигэр киэлитэ кыра. Улаатан толкуйдуур, саҥарар, оҥорор дьоҕура сайдан истэҕин аайы киэлитэ кэҥээн иһэр. Төрөппүт, аймах-билэ, уруу-хаан, доҕор-атас дьон оҕо киэлитин сүрүн кэҥэтээччи буолаллар. Ону таһынан, оҕо сылдьар эйгэтэ: айылҕа, уулусса, дьиэ-уот, мал-сал барыта оҕо киэлитин кэҥэргэ тус аналлаахтар. Тулалаан турарын өйдөөн көрөн, оҕо аһыныгас, көмүскэс санааҕа иитиллэрэ – киһилии киһи буоларыгар улахан төһүү күүс.

10-12 саас. “Харах далыгар”.  Бу сааһыгар оҕо олох тэтимигэр сөпкө киирэрэ, төрөппүт онуоха суолта уурара эрэйиллэр. Алгыһа: “Хаарга хаамыма, сииккэ сиэлимэ!”  Оҕо улаатан истэҕин аайы киһилии киэби ылынар, онуоха айыы киһитин киэбин ыларыгар тэтимҥэ киирэрэ – биир күүстээх хардыы. Оҥоһуллар хайааһын тэтимнээх буолар. Ол курдук, олох тэтимэ, үлэ тэтимэ, саҥа тэтимэ о.д.а. Онуоха оҕо айылҕаны, Орто дойду олоҕун, айыы дьонун майгытын-сигилитин, олоҕун укулаатын быһаарара, өйдүү улаатара суолталанар. Дьыл кэмиттэн кэмигэр уларыйар, күнүс-түүн солбуйсар тэтимэ олох укулаатын сүрүнэ. Ону тутуһан олоруу бэйэ тэтимин быһаарыы буолар. Ол наадатын киһи оҕо эрдэҕиттэн ылынан бигэтик тутуһа улаатара – иитэр үлэ сүрүн хайысхата. 

13-14 саас. “Кэскил саас”. Оҕо ычатын кэҥэтинэр кэмэ. Кини айыы дьонун сиэригэр-майгытыгар үөрэнэн, бэйэни кыана туттарга, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга кыһаллар. Алгыһа: “Ыарахантан толлума, кытаанахтан чугуйума!” Обургу оҕо ычатын кэҥэтиигэ үлэ көрүҥэ элбэх. Билиҥҥи тиэхиникэ, технология күүскэ сайдыбыт үйэтигэр оҕоҕо туһалаах ньыманы талар улахан суолталаах. Оҕо ычатын кэҥэтэр, өйүн тобулар, санаатын сааһылыыр ньымалар: кинигэ ааҕыыта, эти-сиини эрчийии, айылҕаҕа сылдьыы, үлэ араас көрүҥэ, чинчийэр үлэ, уус-уран көрүү бары көрүҥэ, спорт, хамсаныы-имсэнии, тиэхиникэҕэ сыстыы о.д.а. – барыта олбу-солбу дьүөрэлэһэллэрэ ордук.

Алгыһы иҥэрии олуктара


Саас

Алгыс
Ытык өй-дөбүл
Олоҥхо олуга

Олоҥхо төрүт өйдөбүлэ
Оҕоҕо иҥэрэр ньыма
7-9Айыы киһи-тэ аһыны-гас, күн ки-һитэ көмүс-кэс!Айылҕа.Киһи.Олоҥхо дойдута. Үөһээ дойду. Орто дойду. Аллараа  дойду. Айыы сирэ. Айыы киһитэ. Айыы аймаҕа.Ойон тахсар күн. Охтон баранар мас.  Кэрээбэт кэҕэ, өрөөбөт өтөн. Ыраахтан ыйаахтаах, ди-риҥтэн төрүттээх.Дэгэттээһин. Токкоолоһуу.


10-12

Хаарга хаамыма, сииккэ сиэлимэ!
Уус-уран тыл. Айымньы-лаах үлэ.Аан ийэ дойду. Куйаар. Ис тэтим. Тас тэтим. Сыл эргиирэ. Күн-түүн эргиирэ. Үтүө түмүк-тээх үлэ. Туппут илиитин ыһыктыбат. Үлэлэммит үлэ төлөбүрэ. Киэҥ куйаар киэлитэ. Аан дойду абырала.Толкуйдаа-һын. Туму-һурдааһын. Сэдиптээһин.


13-14

Ыарахантан толлума, кытаанах-тан чаҕы-йыма!

Ийэ дойду-га бэринии-лээх буо-луу. Дьулуур.
Окко түспүт оҥоһуу. Кэннибинэн кэхтиэм эрэ суоҕа. Саха буолар салбар салааһын. Ах-тылҕаннаах аан ийэ дойду.Үрүҥ-хара тыын. Тыын толуйуу. Адьа-рай бииһэ.Уһуну-киэҥи өйдөөтө. Тимэх курдук тэнийдэ. Санаатын салайда, суо-лун көннөрдө. Тилэҕэр тирэхтээх, өттүгэр күүс-тээх. Үрүҥ тыын өллөйө, хара тыын хараһыга.Анаарыы. Сыымайдаа-һын. Сыны-йыы. Барыл-лааһын. Саба-ҕалааһын. Ырытыы.

Саҥ тардыыта

Саҥ Туом Туом олордууКэм уратытаТаҥха Таҥха ис дьиҥэ, суолтата
7.Майгы киирии-тэЫам ыйын 22 күнэСир-дойду, айылҕа уһук-тар. Оҕоҕо кэп (уобарас) олох-суйар.Оҕо 7 сааһыгар диэри Айыыһыта этэринэн сылдьар, онон оҕоҕо итэҕэли сыһыарбаттар.Бу сааһыттан оҕо куулаттарыыта саҕа-ланар. Ол иһин кут, сүр өйдөбүлүн биэрэллэр.
9.Болҕом-то кии-риитэ. Оҕо бө-төһүгэр киирии-тэ.Алтынньы 12 күнүн эргин.Оҕоҕо бөтөһө киирэр, ол аата мэниктиир кэ-мэ. Күүс-уох мустар, ону куулаттарыы дииллэр.Оҕо куулаттаран, сыы-һаны-халтыны оҥоруон сөп. Төрөппүт оҕотун болҕомтото сайдарыгар болҕйор.Оҕо мустубут күүһүн-уоҕун хайдах сөпкө ту-һанарын билбэт. Онуо-ха кини сыыһаны оҥорботун туһугар киһи тылын иһитиннэрэ үө-рэтэллэр: төрөппүт, улахан киһи, кырдьаҕас. 
12.Сайдам киирии-тэ.Сэтинньи 12 күнүн эргин.Куулаттарар туругар сыл-дьар. Сайдамы киллэрэр туом.Оҕо сайдам буоларын туһугар 7 түмүк тылы үөрэтэллэр: сөпкө хам-сан, аһаа, бириэмэҕин аттар,  үөрэн,  сынньан,  сыһыаннас,  дьайыыта оҥор.Оҕоҕо үтүөнү өйдүүр дьоҕуру иҥэрэллэр. 7 түмүк тылы табатык ылынан, олоҕор туһанарга иитэллэр.
14.Төп кии-риитэ.Ахсынньы 12 күнүн эргин.Бу кэмтэн аан-даам саҕа-ланар. Төп өйү, сөп быһыыны бэлиэтиир.Төп киириитэ күрүө тутуутун кытары си-бээстээх. Күрүөнү тут-туу – бэйэ тула үтүө эйгэни оҥостуу.Үтүө күрүөлээх киһи төптөөх. Киһи сүрүн илинтэн ылыахтаах. 

Эбии этии: Күрүө күүстээх буолуохтаах, күтүөнү дьай ыһар. Дьай – киһини кэҕиннэрэр күүс. Арҕаа дьай – киһи кэскилин суох оҥорор, соҕурууҥ-ҥу дьай – өйү-санааны ыһар, хотугу дьай – эти-сиини ыарытыннарар.

Айыы үөрэҕин түсчүттэриттэн биирдэстэрэ А.Н.Павлов-Дабыл ыйдарынан алгыстары маннык наардыыр.

Бастакы ый. Тохсунньу – Таҥха ыйа
Оҥорорум
Бигэ буоллун!
Тылым
Төрүттээх буоллун! Дом!

Иккис ый. Олунньу – Одун ыйа
Тылым утума
Уларыйбатын!
Санаам ситимэ
Быстыбатын! Дом!

Үһүс ый. Кулун тутар – Дьөһөгөй ыйа
Үөһэттэн
Үргүөр үргүйбэтин!
Аллараттан
Аргыар аргыйбатын! Дом!

Төрдүс ый. Муус устар – Айыыһыт ыйа
Туора санаа
Булбатын!
Атын санаа
Киирбэтин! Дом!

Бэһис ый. Ыам ыйа – Иэйэхсит ыйа
Айбыт
Айыыларым
Сыалыһар быара
Буолан сылаанньыйыҥ! Дом!

Алтыс ый. Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы ыйа
Туора саҥнаах
Суолбун оймооботун!
Атын санаалаах
Санаабын быспатын! Дом!

Сэттис ый. От ыйа – Буор ыйа
Сиэлбитим
Сиик буолбатын!
Хаампытым
Хаар буолбатын! Дом!

Ахсыс ый. Атырдьах ыйа – Аан Дьааһын ыйа
Туора тарбахтаах
Тарпатын!
Кэлтэй хамыйахтаах
Сомсубатын! Дом!

Тохсус ый. Балаҕан ыйа – Улуу Суорун ыйа
Кырыыстаах тыллаах
Таба эппэтин!
Кэлтэй хамыйахтаах
Сомсубатын! Дом!

Онус ый. Алтынньы – Хотой Айыы
Матайдар
Тостумуум!
Чиккэйдэр
Быстымыым! Дом!

Уон биирис ый. Сэтинньи – Байанай ыйа
Аан дойдум
Арылыннын!
Улуу далайым
Оломноннун! Дом!

Уон иккис ый. Ахсынньы – Билгэ Хаан ыйа
Өйүм
Өһүллүбэтин!
Билиим
Бэттибэтин! Дом!

Дьиэ иһинэн сиэри-туому толорорго обургу оҕо алгыс суолтатын өйдүүрэ, истибитин, көрбүтүн иҥэринэн иһэрэ инники олоҕор барытыгар сабыдыаллыыр күүс буолар. Бу алгыстары улахан дьон долоҕойдоругар тохтотон, кэмиттэн кэмигэр алгыы, үтүөнү баҕаран, кэнчээри ыччаттарын кэскилин олохтуу сылдьаллара сиэрдээх быһыы.

Саха дьоно! Үтүө күүстээх, үрдүк таһымнаах өбүгэ үөрэҕин умсугуйа ылынан үйэлэртэн үйэлэргэ үүнүүгэ-сайдыыга таҕыстаххыт буоллун! Уруй-айхал! Уруй-тускул! (А.Д. Семенова).

Күндү төрөппүттэр! Алгыс – дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга, урууга-аймахха өйдөһүүнү, хардарыта ытыктабылы, тапталы, көмөлөсүһүүнү олохтуур сүдү күүс!

Чехордуна Екатерина Петровна, этнопедагог. Хаартысканы СӨ Духуобунас Академиятын аан ситимиттэн туһанныбыт.