Марина Спиридонова.

«Үрүҥ сүүмэхтэр» диэн кытархайдыҥы өҥнөөх, оһуор ойуулаах, күлүмүрдүүр көмүс буукубалардаах, тупсаҕай, дьоҕус кинигэни илиибэр долгуйа тутан олоробун. «Ис сүрэхтэн учууталыҥ, Нүһүлгэн» диэн суруктаах…

Бу кинигэ 2010 сыллаахха “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт. Хомуурунньукка Илиҥҥи омуктар поэтическай үгэстэрин формаларынан суруллубут хоһооннор киирбиттэр. Поэт, Ксенофонт Дмитриевич Уткин – Нүһүлгэн (01.03.1935-01.01.2016) философскай көрүүлэрин кытта анабыл хоһооннор эмиэ бааллар. Кинигэ литератураны сэҥээрээччилэргэ уонна поэзияны таптааччыларга ананар.

Ксенофонт Дмитриевич Уткин

Ксенофонт Дмитриевич тарбахха баттанар биир саха Саарына, Сээркээн Сэһэнэ, биллиилээх бөдөҥ учуонайа, кыраайы үөрэтээччитэ, уопсастыбаннай деятелэ, суруйааччыта, поэта, бөлүһүөгэ, РСФСР култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, философскай наука доктора, историческай наука кандидата, СР Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Россия Журналистарын союһун чилиэнэ. Кини: Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина, “Бочуот Знага” уонна «Партийная доблесть» уордьаннардаах, «Золотая медаль В.И.Вернадского» «Золотая кафедра России» бэлиэлэрдээх, «Меценат столетия», «Учитель учителей», «Ветеран музея», «Мастер Слова» анал бэлиэлэр хаһаайыннара буолар. Ксенофонт Дмитриевич айбыт-туппут үлэтэ бу курдук барыта кэскиллээх, түмүктээх буолара.

 Кини маҥнайгы хоһооно «Совет былааҕа» Ньурба оройуонун «Кыһыл сулус» хаһыатыгар 1957 сыллаахха бэчээттэммитэ. Онно кини 22 саастааҕа.

Поэзияҕа 80-с сыллартан эрэллээхтик киирбитэ, аата ааҕааччыларга биллэн-көстөн барбыта, хаһыаттарга бэчээттэммитэ, кинигэлэрэ тахсыбыттара. 1995 сыллаахха, Нүһүлгэн 60 саастааҕар, СР Суруйааччыларын сойууһугар киирбитэ.

Хоһооннорун кинигэтэ «Кулуһун сөрүө» (1991), «Аргыстаһар айыыларым» (1991), «Дьылҕам ытыга» (1993), «Уйан кутум» (1994), «Сулумах сулустар» (2000), «Сүмэлээх сүүтүк» (2006), «Үрүҥ сүүмэхтэр» (2010), «Саха толкуйа» (2012) күн сирин көрбүттэрэ.

Бу кинигэни ааҕан баран, Нүһүлгэн анабыл хоһоонноро элбэҕин сөхтүм. Бөлүһүөк поэт анабыл хоһооннорун кистэлэҥнэрин, философияларын таайа сатаатым. Учууталым үлэлэрин сырдатар, Үтүө аатын үйэтитэр сүрүн сыалым-соругум, махталым буолар.

«Үрүҥ сүүмэхтэр» кинигэни литературовед В.Б. Окорокова «Мин өлбөт үөстэнэн Куйаарга букатын хаалыаҕым» (2015) диэн Ксенофонт Дмитриевич айар үлэтин ырыппыт кинигэтигэр,  кинигэ “Сүппэт сүүрүктэр” диэн бастакы түһүмэҕин маннык бэлиэтээбитэ: “Бу кинигэҕэ К. Д. Уткин формаҕа саҥа суоллары көрдөөбүтэ –  газеллара, сонеттара уонна хоһоонноро киирбиттэрэ. Бу иннинэ рубаига үлэлээбит поэт газельга ылсыбат буолуон сатаммат этэ. Манна кини эрдэттэн дьарыктаммытын туһунан эппитэ. Газель – эмиэ Илиҥҥи поэзия формата, икки строкаттан турар хас да бейтэлээх хоһооҥҥо сүнньүнэн тапталлаахтарын кэрэтин туойар лирическэй айымньы. Нүһүлгэн газеллара эмиэ сахалыы тыыннаахтар, уратылаахтар – поэт анал тиэмэлэрэ историческай-этнографическай ис хоһоонноохтор, кини саха үйэлээх үгэстэрин быһаарар. Сэргэ, мас балаҕан, быһах, хомус, кычым, туос ураһа, кыыс симэҕэ саха норуотун олоҕор туох суолтаны ылбыттарын быһаарар”. Нүһүлгэн саха литературатыгар кылгас формаларга сахалыы хоһооннору суруйан саҥа сүүрээни киллэрбитэ. Автор рубаиларыгар, хоккуларыгар, газелларыгар Саха итэҕэлигэр, фольклоругар, историятыгар туох баар билиитин түмпүтэ. Ол иһин бу хоһооннорун бөлүһүөк Нүһүлгэн норуот муудараһын ыччакка тиэрдиитэ буолар дии саныыбын.

Маны таһынан, кинигэ иккис түһүмэҕэр «Нүһэр төлөннөргө», санаа-оноо хоһооннор киирбиттэр. «Оҕустарбыт уорааннарым» (санаам түүтэхтэрэ) хоһоонугар бэйэтин дьылҕатын анааран көрөр. Хайдах кини үлэһит буолбутун, олох оскуолатын ааспытын туһунан этэр. Бэйэтин Дьылҕатын толорбутун, олоҕор айар суолу тутуспутун дьоллооҕунан ааҕынар.

Поэт «Чүмэчинэн түөн ууруо» хоһоонугар дьылҕа кытаанаҕын, киһи Орто дойду олоҕор араас тургутууну, олох охсууларын ааһарын туһунан этэр:

Оо, олох! Эргиир эйгэ…
Кулаачыктаан мээчик хаптыҥ.
Ытык курдук тула-мала
Ытыйбалаан ыраах илтиҥ…

Бу түһүмэххэ киирбит хоһооннор сүрүн өйдөбүллэрэ — олоҕу таптыыр, олохтон, айылҕаттан үөрэр, дуоһуйар, махтанаркиһи — дьоллоох киһи. Поэт бу сиргэ киһи буолан төрөөн, олох олоруубут дьолбут буолар диэн этэр.

Кинигэ «Сылаас сыыдамнар», «Аман анабыллар» түһүмэхтэригэр ааптар республика биллиилээх дьонноругар сонет, сэттэлии-уоннуу бейтэлээх газель формаларынан анабыл хоһооннору суруйбут. Ол дьоннорун истэригэр бааллар суруйааччылар – С.Руфов, Р.Баҕатаайыскай, П.Тобуруокап, С.Тарасов, Н.Харлампьева уо.д.а., салайааччылар, учуонайдар – Л.Н.Владимиров, А.В.Чугунов, Д.Д.Саввинов уо.д.а., ону таһынан худуоһунньуктар, ырыаһыттар, үөрэнээччилэрэ, доҕотторо уо.д.а.

Нүһүлгэн Киһиэхэ уонна кини Кэрэни айар кыаҕыгар сүгүрүйэрэ, Киһи аатын үрдүктүк тутара. Ол иһин, поэт Киһи туһунан үгүс хоһоону суруйбута. «Сир үрдүгэр баар бары кэрэ, кэрэмэс – киһи айымньыта. Киһи – бэйэтэ айымньы. Киһи – айар күүс кэрэһитэ, көстүүтэ. Кини сиргэ төрөөбүт сүрүн анала – айыы, оҥоруу, тутуу, олоҕу салҕааһын. Өй күүһүнэн, сүрэх иэйиитинэн» диэн этэрэ:

Киһи аатын
өрө тутар
тускуланан,
Дьонукытта
дьолготиксэр
соргуланным.
Олохдьолун
сиргэбуллум
Күүстээхсанаа,
күрэхүлэ
көмөтүнэн…

«Киһи дьикти, Киһи – сүдү. Кини үһүс Аан дойду. Күн ахсын икки Аан дойду охсуһууларыгар буккулла сылдьар. Киһи орто дойду олоҕун олороору төрүүр:аналын көрсөн, ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, аал уоту оттунан, оҕо төрөтөн — удьуор уһатаары. Киһи быыһыгар сылдьан киһи буолаары, үлэлээн аат оҥостунаары, айах ииттэнээри. Бу мантан дуоһуйаары, дьоллоноору, махтабыллаах уонна туһалаах буолаары.

Саха итэҕилинэн Ийэ, Салгын, Буор куту ситимҥэ киллэрэн Аар Айыы Тойон уонна Иэйэхсин буолан Киһини үөскэтэллэр, орто дойдуга анаан төрөтөлөр. Үөһээҥҥилэр дьылҕаны суруйан ыыталлар, Киһиэхэ көҥүл уонна кыах биэрэллэр. Онтон Төлкөнү бэйэбит оҥоробут.

Билиҥҥи тэтимнээх олох уларыйыытыгар, Цивилизация үйэтигэрКиһи  уонна Айылҕа өйдөбүлэ тосту уларыйан эрэр. Социальнай өйдөбүл уонна виртуальнай эйгэ баһыйда.Мантан сылтаан киһи кыылыйан, ону ааһан, хомойуох иһин, абааһытыйан эрэр…”- диэн Учууталым Нүһүлгэн  элбэхтик аймаммыттыы этэр этэ.

Ксенофонт Дмитриевич дьоннору олус сөбүлүүрэ, үлэһит киһи туһунан тохтоло суох астына хайҕаан кэпсиирэ, киэн туттара. Маны таһынан, айар үлэтин улахан аҥаара үлэһит үтүө дьоннор тустарынан кэпсиир буолбаат… Бу түһүмэххэ киирбит биэс уонча анабыл хоһооннор кини доҕотторугар, учуонайдарга, суруйааччыларга бииргэ үлэлээбиттэригэр, чугас дьонноругар, аймахатрыгар анаан суруйбут.

Хаһан, ханна үөрэммитэ эбитэй…
Сиппит сэбирдэх тапталын таайбытай…

Тыл имигэһин, уран умсулҕанын:
Кынат гыммыта – таманын таптайан.

Диэн норуодунай поэкка Петр Тобуруокапка анаабыт хоһоонуттан быһа тардыы.

Академигы дойдуҥ дьоно
Турар туруук тааска холуур.
Өрүү биллэр үтүө ааты
Кэнчээригэ бэлэх уунар.

Академик Владимир Петрович Ларионовка суруйбут тыллара. Орто дойдуга үктэммит киһи,Ытык сиригэр аатын-суолун хаалларар курдук олох олоруохтаах.  «Маннык киһи олорон ааспыта» диэн буоларын курдук.

Оһуор ойуу олонхолуур
Үйэлэри ситим сиэтэр.

Дьикти кэрэ утум устар
Дьэргэлкэннии дьиэрэҥ ойор.

Бу тыллары ааҕан баран,ким туһунан суруллубутун тута таайдым. Ксенофонт Дмитриевич ыкса доҕоругар, Сахабыт сирин талааннаах маастарыгар, Мандар Ууска- Борис Неустроевка анаабыт хоһооно.

Мандар Барыыс норуотугар –
Ньургуһуну ыллыыр гыныа.

Үтүө, кэрэ халлааныгар
Үрүҥ Чаҕыл буола сылдьыа…

Хоһоону ааҕан баран, маннык өйдөбүл миэхэ үөскээтэ. Мандар Уус курдук Киһи олоҕор аналын билэн дьоллонуохтаах.Аналы ыйынньык оҥостон, эппитигэр-хааммытыгар иҥэрэн, өйбүтүнэн-санаабытынан өрүкүтэн дьоһуннаахтык айаммыт суолунан аргыстаһыах тустаахпыт. Тэбис тэҥ хаар кыыппаҕа суогун курдук, Киһи кимиэхэ да майгынныа суохтаах, оччоҕо эрэ кини кэрэтэ көстөр.

Бииргэ төрөөбүт кыра балтыгар анаабыт хоһооно:

Таня былыр кыра сылдьан
Чараас тыаллыы намчы этэ.

Балтым: аатын, кэлэр кэмин
Үрүҥ тыынын хамнаппата.

Оҕо чаҕаар чугдаарынан
Айылгытын арчылаата.

Өрүү дьоҥҥо, өрүү күҥҥэ
Сүгүрүйдэ чороон тутан.

Аймалҕаҥҥа – хаайтарбата.
Албын аалга – барсыбата.

Киһи эрэ барыта улуу буолар кыаҕа суох, оттон киһи ханнык да түбэлтэҕэ хайаан да  киһи  буолар аналын умнуо суохтаах. Оҕо баар – сирдээҕи дьол. Оҕо – киһи саамай улахан айымньыта.

Нүһүлгэн тапталлаах кэргэнигэр Марфа Александровнаҕа анаабыт хоһоонуттан:

Бастакы хоһооммун,
Табалаах тапталбын
Анаабыт эбиппи, Эйиэхэ…
Ол күнтэн, ол дьылтан
Ааспыттар оһуордаан
Сыыдам ат туйахтаах сыллара.

Таптал баар буолан олох салҕанар. Киһи таптыыр уонна таптатар аналлаах. “Таптал киһини киһи гынар”дииллэр. Таптыыр киһигин кытта олох оҥостунуу – дьол.

Ыраах Маарга, чугас Маарга
Кутум-сүрүм иҥэн сылдьар.

Манна: Славалаах, Марфаҕа
Ууккуннарым удьуор салгыыр.

Слава сыһыысылгыларын
Дьөһөгөйгө бэлэх уунар

Манна:Марфа балтым иэйэн
Ийээ, эбээ буолан сымныыр.

Балыстарым, бырааттарым
Маарга баарын – арчылыбын.

Бу хоһоону Нүһүлгэн төрөөбүт дойдутугар, Маарга олорор балтыгар, күтүөтүгэр анаабыт. Хоһооҥҥо төрөөбүт дойду ахтылҕана иһиллэргэ дылы. Уткин балта аах дойдуларыгар Маарга олороллоруттан үөрэр. Киһи төрөөбүт дойдутуттан, айылҕатыттан күүс ылан олох олорор, киһи буолар.

Дьылҕам ытыгын ыҥыран
Биир эйгэҕэ киллэрдигит.

Сүргэм сүүрэр кутун кууһан
Үрүҥ сэргэҕэ баайдыгыт.

Кыргыттарым, хотуттарым
Наҕыл, дохсун кынаттарым.

Уоттаах уран кутааларым
Айыы далбар аанньалларым.

диэн истиҥ тыллары поэт доҕотторугар, кыргыттарыгар Марта Гоголеваҕа уонна Надежда Сивцеваҕа махтана анаабыт. Күн сиригэр доҕоттордоох киһи — дьоллоох.

Үрүҥ чыычаах үрдүбүтүнэн көтөн
Сир симэҕин тылыннардын диэн,

Туйаарар тумус тохтообокко туойан
Айгыр айылҕаны астыннардын диэн

Көҥүл санаа көнтөһүнэн күөннэнэҥҥин,
Өй, Сүрэх мөккүөрүнэн мөҥүөннэнниҥ.

Академик ахсым атын тиэтэтэр,
Институт инникитин түстэһэр.

Академик Дмитрий Дмитриевич Саввиновка анаммыт хоһоонтон быһа тардыы. «Орто дойдуга олоххо, киһиэхэ сыһыаннаах айыллар айымньы, оҥоһуллар оҥоһук барыта – үлэнэн ситиһиллэр. Бэйэ баҕатын иһинэн сиэри-туому тутуһан, өй-санаа күлүмүнэн, дьулуур-дьаныар таһымынан сыаллаах, соруктаах үлэлээһин – киһини дьиҥнээхтик киэргэтэр, кини таһымын, кыаҕын, өрө таһаарар»- диэн Ксенофонт Дмитриевич суруйбут тыллара мин төбөбөр көтөн түһэллэр.

Чугуун удьуор утумун ууһуттан,
Агровуз албан наар аатыттан:
Наука өргөһүн өҥөйдүн,
Соҕотох Академик буоллуҥ.

Олоҕуҥ опытын мунньунан,
Мындыр өй үөрэҕин түмүнэн:
Аар тайах айанын санаттыҥ,
Көтөр аал күөнүнүү силэйдиҥ.

Ынаҕы, сылгыны чинчийэн,
Уруу-хаан ууһуурун билгэлээн:
Саханы ыраахха ыҥырдыҥ,
Өбүгэ үгэһин уһаттыҥ.

«Саха киһитэ өбүгэлэрин үөрэҕин баһылаан эрэ төрүт олоҕор төннүөҕэ, алгыс быһыытынан дьолго тиксиэҕэ. Норуот үгэстэрин өрө тута сылдьар киһи дьиҥ чөл туруктаах буолар» диир Нүһүлгэн. Хас биирдии анал хоһооннору аахтахха кимиэхэ анаммытын сэрэйэҕин. Академик, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир, Чугуун удьуордаах – кимий?  — ученай Чугунов А.В. буолар. 

Нүһүлгэн анабыл хоһооннорун ааҕан баран, кинини өссө портретист быһыытынан сыаналаатым. Хоһоон анаммыт киһитэ хантан удьуордааҕа, ханнык эйгэҕэ үлэлиирэ, дьарыга, майгыта, тас көстүүтэ, бу киһиэхэ автор тус бэйэтин сыһыана,дьоҕурун быһаарыыта, айар уратытын сыаналааһына, кини уобарастарын оҥоруута көстөр.

Үөһэттэн кутуллар суон куолаһа
Аар тайҕа арҕаһыгараттанар.

Кулгаахпар Семен Титович Руфов суон куолаһа иһиллэргэ дылы. Чахчы даҕаны, Саха народнай поэта ураты суон куоластаах этэ. Элбэх көрсүһүүгэ истибит буолан өйдүүбүн.

Бөлүһүөк нууччалыы, сахалыы туомнаан
Иһирэх илгэ иэйиитигэр бигэнэр.

Гражданскай общество туһун тутан
Саҥа үйэ үөрэҕин көҕүтүһэр.

Тыл имигэһин кымньыытынан кыыһан
Ааһар былыттары алкыйан ылар.

Өйүн-сүрэҕин күлүмүнэн күүрэн
Дьон үтүөтүнэн сэтиилэнэ сиэлэр.

Санаабар Виктор Данилович Михайлов паратыгар олоробун. Профессор тематын чуор куолаһынан нууччалыы ааҕан баран, сахалыы хос кэпсиирэ. Хас биирдии киһи долгуйар боппуруостарыгар сөптөөх санаатын этэн студеннар болҕомтолорунтардара, толкуйдатара. Кини биһиги туспутугар кыһаллара, элбэхсүбэлэри биэрэрэ.«В наше время важно не кем быть,  а каким быть… Например, юристов много. Но, выбирают профессионала своего дела – хорошо владеющего русским языком, умеющего четко излагать свои мысли и письменно, и устно. Принципиального, независимого, добросовестного, порядочного, справедливого и умеющего сочувствовать чужой беде. Такой специалист всегда будет конкурентоспособным специалистом. Үчүгэй үлэһит буоларга кыһаллыҥ! Үлэһит киһини үлэ бэйэтэ булар» — диэн үтүө учууталбыт биһиэхэ эппит тылларын хаһан да умнуом суоҕа.

Алгыс курдук атас гынан
«Анаарарбын» айхаллыыбын.
Наҕыл, холку айаҥҥынан
Сулбу суолбун сирдэтэбин.

Дмитриевич чахчы-бааччы –
Сэмэй тыыннаах сиэрдээх киһи.
Дьону кытта, дьоннуун бииргэ
Суолун көрдүүр дьоллоох киһи.

Поэт чугас доҕорун, К. Д. Дьячковскайы оруобуна ойуулаабыт. Ким Дмитриевиһы ГУКка баран иһэрин мин харахпар көрөбүн. Кыһыҥҥы таҥаһын лап курдук кэппит, илиитигэр папкатын кыбыммыт, ыксаабахха бытааннык хаамар. Дорооболостоххо сэмэйдик, чуумпутук мичээрдиирэ.

Александра күлэн-үөрэн
Саҥа сааһы бэлэх уунар.
Ийэ кутун ыллыыр гынан
Доҕотторун өрүү үөрдэр.

Александра Иннокентьевна Павлова киирэн кэллэҕинэ кабинет сырдыырга дылы буолааччы. Профессор күн курдук куруук үөрэ-көтө сылдьар. Ол күнтэн сылыйан биһиги эмиэ сыдьаайарбыт.

Нүһүлгэн айар айан суолун үрүҥ кынаттаах Дьөһөгөйгө холуур. Ол курдук, бу хоһооннорго эмиэ оннук элбэх оойуулаһын баарын бэлиэтиибит – “олох тэтимин уоҕун ууннаран, кулун туйаҕа  суолга хабыллар”, “Дьөһөгөйгө бэлэх уунар”, “Үрүҥ Сылгы туйаҕын туойбута”, “Үрүҥ кыл дөйбүүрүн көтөхтө, үтүмэн үрдүккэ таласта”.

Ксенофонт Уткин бэйэтэ алтыспыт үтүө дьонноругар бу курдук истиҥ хоһооннору айан хаалларбыт. Кинилэр бэйэлэрэ даҕаны ааҕалларыгар төһөлөөх үчүгэй буолуо. Санааны көтөҕөр, кынаттыыр тыллар.

Убаастыыр учууталларбын санаан-ахтан ыллым, сырдык мөссүөннэрин бу баардыы харахпар көрдүм, куоластарын иһиттим. Маннык кэрэ дьоннорго үөрэммит дьоллоохпун. Кинилэри олохпутугар  холобур оҥосто сылдьыахпыт, киэн туттуохпут.

Нүһүлгэн хоһооннорун хомуурунньугун «Өбүгэбитигэр үөрэнэн» диэн сонет түмүктүүр. Айымньы уон биэс сонеттан турар. Манна кини олох араас эридьиэстэрин, эгэлгэтин уонна киһи аналын ырыҥалаан көрөр.

«Тыа маһа» триптиххэ поэт хатыҥ, тиит, бэс мастары ойуулуур, кинилэр дьоҥҥо туһаларын, сахалар маска ытыктабыллаах сыһыаннарын бэлиэтиир. Чахчы даҕаны, киһи уонна айылҕа майгыннаһыылара үгүс:

Хатыҥ мас намчыта – аллараа аналлаах.
Аар тайҕа баттаҕын астына тарыахтаах.
Харысхал эргийэр ээйгэтэ кууһуохтаах.


Тургутар тутууна тиит мастан таҥаллар,
Удьуортан удьуорга саната сылдьаллар
Үс үйэ үрдүнэн уһуннук ууналлар.


Бэс маһы кый ыраах дойдуга көрсүһэн,
Хочоҕо, дабааҥҥа алтыһа тардыһан
Ыраахтан ытыктыы күндүтүк көрөбүт.

Бу үс араас тыа маһын курдук, дьоннор эмиэ араастар. Ол гынан баран, кинилэр бары Киһилэр…

Нүһүлгэн анабыл хоһооннорун олус сөбүлээн аахтым,тылын-өһүн сэргээн иһиллээтим, киһи кэрэтин кэрэхсээтим. Саха киһитэ былыр былыргыттан үлэһит, сатабыллаах, дьоҕурдаах, оннук буолан бу кытаанах тыйыс дойдуга, олох туһугар охсуһан, тыыннаах хаалар туһугар мөхсөн удьуорун ууһатан кэллэҕэ. Ол курдук үлэһит киһи олоҕу бэйэтэ тутар, киэргэтэр. Оннук дьоннор биһиэхэ үйэлэргэ холобур буолуохтаахтар дии саныыбын.

Ксенофонт Дмитриевичка мин уонтан тахса сыл «Сылык» философскай куруһуогар дьарыктаммытым.  Кини эйэҕэс майгылаах, сымнаҕас, аһаҕас, сырдык-ыраас дууһалаах, дьоҥҥо үтүөнү эрэ саныыр, олоҕор көрсүбүт хас биирдии киһитигэр сылаас сыһыаннаах буолара.  Кини дьиҥнээх киһилии киһи, киһилээх киһи этэ. Бу бачча элбэх анабыл хоһооннор ол туоһута буолаллара саарбаҕа суох.

Поэт «Үлэһит киһи кэмигэр сэҥээриллиэхтээх, киһи тыыннааҕар сыаналаныахтаах.Төһөлөөх улуу киһи кэмигэр болҕомтону ылбакка, эрэйи-муҥу муннунан тыыран өлбүтэ буолуой. Онтон кэлин Албан аатын ахталлар”- диирэ. Киһиэхэ сүгүрүйбүт суруйааччы, кини айымньылара барылара бу өттүнэн күүстээхтэр.

«Үрүҥ сүүмэхтэр» — нууччалыы тылбааһа «белые нити». Бу Үрүҥ сүүмэхтэр – сырдык ыраас дууһалаах, эйэҕэс майгылаах, үлэһит, талааннаах дьоннор. Кинилэр үрүҥ сүүмэхтэрин тиһэннэр историяны оҥороллор, кэлэр кэми түстүүллэр.

Аан дойду сүрүн киинэ киһи буолар. Хайдах да өттүнэн сайдыылаах олох кэлбитин иһин, Киһи буоларбытын умнумуохха, ис дьиммитин билэнэн, кыахпытыгар эрэнэн, үрдүккэ, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыахха. Сир, Киһи уонна Халлаан силлибэт тутулуктарыгар итэҕэйиэххэ, сүгүрүйүөххэ, ситиммитин тута сылдьыахха, итэҕэлбитин, үгэспитин, тылбытын умнубахха илдьэ сылдьыахха, удьуор утуммутун ууһатыахха, үлэлиэххэ-айыахха, туһалаах буоларга дьулуһуохха.Ол аата,хайдах олоҕу олорорбут, норуоппут дьылҕата хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Киһилии киһи, киһилээх киһи буолуубут – Саха буолан сандаарар инникигэ эрэлбит.

Нүһүлгэн анабыл хоһоонноро учууталларым мөссүөннэрин санатта…

Анабыл хоһооннор үтүө дьоннорун тус холобурдарынан бу курдук өйдөбүл киирэр. Кинилэр бары  норуот туһугар үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара, айбыттара-туойбуттара.

Бу кинигэни норуот сөбүлээн ааҕыа, эдэр ыччат ылыныа, өйдүө диэн бигэ эрэллээхпин.

Литэрэтиирэ:

  1. Окорокова В.Б. Мин өлбөт үөстэнэн Куйаарга букатын хаалыаҕым…-Дьокуускай, 2015.-177с.
  2. Уткин К.Д. Сулумах сулус. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 160 с.
  3. Уткин К.Д.  Сүмэлээх сүүтүк. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 96 с.
  4. Уткин К.Д.-Нүһүлгэн. Саха толкуйа. – Дьокуускай: Бичик, 2012.-219с.
  5. Уткин К.Д. Уйан кут – ыллыыр аналлаах // Чокуур. – Дьокуускай Бичик, 2002. – С. 111-121.
  6. Уткин К.Д. Үрүҥ сүүмэхтэр. – Дьокуускай: Бичик, 2010. – 126 с.