Археологическай хаһыылар булумньуларыттан былыр үйэҕэ олорон ааспыт киһи аймах устуоруйатын, туттар тэрилиттэн аһыгар-үөлүгэр тиийэ, хараллыбыт сиэриттэн-туомуттан архитектуратыгар тиийэ, ыарыыттан саҕалаан тоҕо өлбүтүгэр тиийэ о.д.а үөрэтиэххэ сөп.
Ньурба улууһугар аан бастакы археологияны кытта ситимнээх дьайыы – аатырбыт Мындай Баай араҥаһын арыйыы буолбута. Маны Бүлүү уокуругун исправнига Б.Ф. Кочаровскай губернатор Скрипицын В.Н. дьаһалынан 1894 с. оҥорбута. Көмүү олус баай эбит. 18 үйэ саҕаланыыта. Буор араҥас көрүҥэр киирсэр. Чардаат сиһин төбөтө ат баһын курдук быһыылаах эбит. Сарайын иһигэр ыҥыыр, буутай уонна сүгэ сыппыт. Ампаар үрдэ үс хос сабыылаах: киэргэллээх туос, хаптаһын, бэрэбинэ. Ону көтүрбүттэрэ таба тордоҕунан эрийэ сууламмыт тиит дүлүҥ (куорчах) көстүбүт. Ол уҥа өртүгэр ох саа, сэттэ оноҕос, батыйа, хаҥас өртүгэр бэрэмэдэй уона этэрбэс сыталлар эбит. Куорчаҕы арыйбыттара бөрө уонна кырса саҕынньаҕынан бүрүллүбүт киһи сытара. Кини солко ырбаахылааҕа, тииҥ соннооҕо. Маны таһынан алтан хочуол, тэриэккэ, хамыйах, сиэркилэ, табаах уонна өссө хас да ыстаан, бэргэһэ бааллар эбит. Хочуолу уонна тэриэккэни дьөлө үүттээбиттэр. Ити курдук былыргы өбүгэлэрбит өлбүт киһи анараа дойдуга тиийэн туттарыгар анаан маллаан-саллаан, сэптээн-сэбиргэллээн ыыталлара. Мындай уҥуоҕун куорчахтары араҥастан устан Дьокуускайга аҕалбыттар. Ону губернатор көрөн баран төптөрү көмтөрөргө дьаһайбыт, тоҕо диэтэххэ өлүк олус чөл туруктааҕа, мумияланан хаалбыт эбит. Дьон-сэргэ көрдөҕүнэ (бастаан музейга туруорар санаалаахтар эбит) араас саҥа-иҥэ тахсыа диэн дьааххаммыттар.
Мындай уола Эчиэкин араҥаһа эмиэ аҕатын араҥаһын аттыгар турбут. Ону 1925 сыллаахха ССРС НА Саха сиринээҕи экспедициятын С.Е. Шрейдер салалталаах этнографическай этэрээтэ устан ылан соҕуруу илдьибиттэр, ол куорчаҕа Казанскай соборга религия уонна атеизм быыстапкатыгар “Гробница якута из Кугдарского наслега” диэн суруктаах турбут. Эмиэ бу этэрээт Эчиэкин балтын чардаат уҥуоҕун (убайыттан 2 км. сиргэ баар эбит ) арыйан эмиэ соҕуруу илдьибит.
1945 с. саха бастакы учуонай-устуорук дьахтара Ольга Всеволодовна Ионова Малдьаҕарга Манчаары көмүллэ сытар уҥуоҕун хаспыта. Кулун тутар эргэтигэр хостообуттар. Кини ″кус түөһэ″ уҥуоҕун Николаев Герасим Николаевич-Солобуй ыйан биэрбит, соболоҥун икки муос чэйи биэрбиттэр диэн кэпсииллэр. О.В. Ионованы (ол саҕана ССРС НА этнографияҕа институтун докторана) кытары Ньурбаттан Борис Николаевич Андреев учуутал (Элгээйи музейын төрүттээччи) тылбаасчыт, уруһуйдьут быһыытынан, Иван Семенович Васильев (лингвист-учуонай Ю.И. Васильев-Дьаргыстай аҕата) хаартыскаҕа түһэрээччинэн, Малдьаҕартан Егоров Дмитрий Николаевич, хаартыскаҕа түһэрэр идэлээх, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, төрүттэрин уонна үһүйээннэрин суруйар идэлээх киһи о.д.а. сылдьыспыттар. Кэпсээн быһыытынан Дмитрий Николаевич Манчаары чөмчөкөтүн уҥуоҕун хаспыт буордарын үрдүгэр ууран түһэрбитэ үһү. Ол хаартыска ханна баара биллибэт.
Хоруоп иһигэр күөх даба таҥастаах, этэрбэһин быата сототугар дылы баайыллыбыт киһи сытара үһү. Оҕонньоттор кэлин кэпсэтэр эбиттэр:″…Дойдутуттан Нөөрүктээйиттэн сүөһү хабаҕар буор илдьэ кэлбит буолуохтааҕа, ол хоруоп иһигэр суоҕа″, — диэннэр.
Манчаары уҥуоҕун иккиһин 1971 сыллаахха атырдьах ыйын 5 күнүгэр биллиилээх археолог, биир дойдуулаахпыт, историческай наука кандидата Иван Васильевич Константинов хостообута. Кинини кытта историческай наука кандидата, этнограф Ф.М.Зыков, устудьуон оҕолор, Малдьаҕар олохтоохторо (олор истэригэр сирдьит Григорьев Ньукулай диэн 1945 с. хостооһуҥҥа эмиэ сылдьыспыт оҕонньор) уонна Ньурбаттан кыраайы үөрэтээччи И.А. Анисимов сылдьыбыт. Кинилэр Ионовалаах хаспыт унуохтарын иккиһин чопчу булан хаспыттар. Онно 70-ча см. уһуннаах, 15 см. кэриҥэ диаметрдаах, үөһэ өттө эмэҕирбит төгүрүк маһы хостоон ылбыттар. И.В. Константинов саҥа аллайа түспүт: »Дьэ, сөпкө ыйбыккын, оҕонньор. О.В. Ионова уҥуоҕу хаһан баран төттөрү көмөрүгэр остуолба бэлиэ туруорбут этэ. Ол эбит, үөһэ өттө эмэҕирэн сууллаҕа», — диэн. Манчаары Баһылай 1м. 60см.-1м. 65 см. үрдүктээх киһи эбит диэн быһаарбыттар. Хоруопка сытарын И.А. Анисимов хаартыскаҕа түһэрбитэ, хараҥа буолан тахсыбатах. Онтон чөмчөкөтүн уҥуоҕун түһэриитин түмэл илиинэн суруллар “Сэргэ” сурунаалын 14 №-гэр 2004 с. таһаарбыппыт.
Чөмчөкөтүн уҥуоҕун Москваҕа А.А. Герасимов мастарыскыайыгар ыыппыттар. Биология билимин дуоктара Г.В. Лебединская икки сыл иһигэр Манчаары мөссүөнүн онорон бүтэрбитэ. Элбэх сурунаалларга, кинигэлэргэ киирэн үйэтитиллибитэ.
И.В. Константинов 1969 сыллаахха Чаппанда Ынах сыһыыта уонна Саппыйа диэн алаастара силбэһэн сытар кыра хордоҕой курдук сиригэр археологическай хаһыыны оҥорбута. Манна Хаптаанньа диэн урут устуоруйаҕа соччо-бачча иһиллибэтэх баай киһи аттардаах уонна ыҥыырдьыттаах көмүллүбүтэ үһү диэн усках сэһэнинэн сиэттэрэн хаһыы ыыппыт буолуохтаах. Бу көмүү мала-сала, ол иһигэр сүрдээх үчүгэй туруктаах уонна дириҥ устуоруйалаах кытай солко халаата Ньурба түмэлигэр көрдөрүүгэ турар. Бу көмүү туһунан анаан туспа сырдатыахпыт.
Ньурба улууһугар 2006 с. саха-француз археологическай экспедицията үлэлээбитэ. Аан маҥнай от ыйын 3 күнүгэр Марха (Өҥөлдьө) нэһилиэгэр тахсаннар былыргы сахалар көмүллэ сытар сирдэрин чинчийбиттэр, хаһыылары ыыппыттар. Онтон Чуукаар, Таркаайы, Хаҥалас, Дьаархан сирдэригэр сылдьыбыттар. Бу экспедицияҕа Ньурбаттан сирдьитинэн уонна үлэһитинэн сылдьыспыттар Николаев Василий Николаевич (РФ үтүөлээх учуутала), Александров Дмитрий Кириллович (устуорук учуутал).
Экспедиция үлэтин Өҥөлдьөҕө түмүгэ маннык буолбут (Александров Д.К. ахтыытынан): тоҕус сиргэ чинчийии онорбуттар. Тоҕус көмүүнү, биир араҥаһы уонна биир былыргы булчут түһүүлэммит сирин булбуттар. Бойуот диэн сиргэ көмүүлэр көстүбүттэр. Тулаайахай диэн сиргэ былыргы көмүүнү булбуттар. Өлбүт киһи баара-суоҕа 40 см. дириҥнээх сиргэ көмүллүбүт эбит. Бу сиргэ сыыр быстыбытыгар былыргы булчут түһүүлэммит сирэ көстүбүт. Онтон икки туой иһит үлтүркэйин булбуттар. Маны 4 тыһ. сыллааҕыта баар буола сылдьыбыт ″Ымыйахтаах″ културатын кытта ситимнээбиттэр. Бэс атах диэн сиргэ ″Эмээхсин булуҥа″ диэн көмүүлэри хаспыттар. Сата кинээһэ Саадьаҕай баай көмүллүүтүн көрбүттэр. Кини биир эрэ миэтэрэ дириҥҥэ көмүллэ сытар эбит. Былыргы көмүүлэр үксэ оннук буолаллар. Иккис көмүү 70 см. дириҥнээх, үһүс көмүү 1 м. дириҥнээх эбит.
Бэс атах сиригэр Бүөр көлүйэ айаҕа диэҥҥэ икки көмүүнү хаспыттар. Биирэ 84 см., иккиһэ 40 см. дириҥҥэ хараллыбыттар.
Биир 18 үйэтээҕи охтубут араҥаһы булбуттар. Мантан халлаан күөх, маҥан оҕуруолар, хорҕолдьун мөкөчүктэр, тимир тобоҕо, уҥуох көстүбүттэр. Бу араҥас туһунан маннык үһүйээн баар. Бу тоҥус удаҕанын араҥаһа эбит. Былыр биир саха киһитэ тоҥус сириттэн биир эдэр тоҥус дьахтарын күрэппит. Ону билэннэр ити дьахтар убайдара эккирэппиттэр. Кинилэр дьахтардаах эр киһини Өҥөлдьөҕө Улахан күөл сыһыытыгар эккирэтэн сиппиттэр уонна ох саанан ыппыттара балтыларын көхсүгэр түһэн өлөрбүт. Онтон Көлүйэ сыһыытын ойууругар балтыларыгар араҥас оҥорон, онно уурбуттар. 1920-с сылларга Өҥөлдьө нэһилиэгин олохтооҕо, комсомолец киһи (аата биллэр) ити араҥаһы булан түөрэ сүргэйбит.
Эбэ диэн сиргэ аттаах көмүүнү уонна Сэлбий диэн ойуун уҥуоҕун хостооһуну аныгыскы сырыыга бэлэмнээбиттэр. Сэлбий Чохоол тумулугар көмүллэ сытар. Уос номоҕор хаалбытынан бокуонньугу акка олордон бараннар Эбэ сыһыытын үс төгүл эргиппиттэр. Онтон кини иинин таһыгар биир хамначчыт уолун кытары аты тыыннаахтыы көмпүттэр. Сэлбий ойуун тас уҥуоҕа аҕыс кырыылаах муннуктааҕа, салҕааһыннааҕа. Уҥуох ортотугар улахан мас баҕана турара. Уҥуох үс хостооҕо. Үһүс хоһо хатырыгынан бүрүллүбүт, онно көмүс дуйдаах ат ыҥыыра сытар эбит. Бу уҥуохха Өҥөлдьө олохтооҕо Андреева Евдокия Дмитриевна-Чохоол кыыһа кыра сылдьан киирэн оонньуур эбит. 1945 сыл кэнниттэн Өҥөлдьөҕө улахан уот баһаара буолбут. Ити баһаар уота Сэлбий ойуун уҥуоҕун уонна аттаах хамначчыт көмүллүбүт тас эргиэһин уҥуоҕун сиэн кэбиспит. Сэлбий ойуун уҥуоҕар баар баҕана төбөтүгэр кириэстээх туорайдардаах эбит.
Саха-француз экспедициятын атын хаһыыларыттан бэлиэтиэххэ сөп: Тыымпы көмүүтүн (1640-1690 сс. диэн быһаарбыттар), Ойоҕос Тумулун көмүүтүн (1510-1670 сс.), Ат Уоппут көмүүтүн (17-18 үйэлэр).
Тыымпыга көмүллүбүт киһини чинчийбиттэрэ: түөһүгэр уонна көхсүгэр бааһыран өлбүтэ биллибит. Ону өссө ис буотараҕын барытын хостоон, иһигэр толору от уонна бэс хатырыгын симпиттэр, илиилэрин-атахтарын туһунан араарбыттар, тоноҕоһун мэйиитин субуйан ылбыттар о.д.а.
Ат Уоппут – былыр-былыргыттан Ньурба удьуор харылы дьоно олорбут сирэ. Холобур манна Быркыҥаа улахан уола Таркаайы олорбута биллэр. Мантан көстүбүт көмүү булгунньахтыы (курган) быһыылаах эбит. Холбото тас өттүнэн бүтүннүү алтан тиэрбэстэринэн киэргэтиилээҕэ. Иһигэр солко таҥастаах киһи сытара.
2016 с. РНА СС ХААОКуоГЧИ археологическай экспедициятын Д.М. Петров салалталаах Ньурбатааҕы этэрээтэ Ньурба улууһугар чинчийэр үлэни ыыппыта. Күндээдэҕэ удаҕан Буут Айыыта буор араҥаһын, Дьөҥкүүдэ күөлүн Ойоҕос Тумулугар 18 үйэтээҕи баай киһи уҥуоҕун уонна араас кэмнээх дьон олобурун хаспыттара. Эмиэ бу этэрээт Күндээдэттэн Городовой уҥуоҕа (сурукка киирбитинэн Ат Харах) диэн сиртэн ыт көмүллүбүтүн булан тураллар. Бу көмүү дьиктитэ диэн булгунньахтыы быһыылаах олус улахан мэҥэлээҕэ (курганное захоронение).
Онон Ньурба улууһугар барыта 44 археологическай бааматынньык чинчийиллибитэ – былыргы таас үйэтиттэн саҕалаан 19 үйэҕэ дылы. Ол да буоллар улууспут улахан аҥара өссө да археология өртүттэн ситэ үөрэтиллэ илик. Хаһыылар кэмиттэн кэмигэр эрэ оҥоһулаллар уонна киэҥ сири тайаабаттар. Улуус былыргы көмүүлэрин уонна олобурдарын академическай чинчийии 1960-с сс. эрэ саҕаламмыта. Ол да буоллар Ньурбаҕа чинчиллибит археологическай матырыйаал саха былыргы устуоруйатын уонна култууратын үөрэтээччилэргэ элбэҕи сырдатар уонна арыйар кыахтаах.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Анисимов И.А. Манчаарыга икки сырыым // Сэргэ. – Ньурба, 2004.
- Моякунова И.А. Ньурба оройуонугар археологическай хаһыылар //Сэргэ.-Ньурба: Дорҕоон, 2008.
- Петров Д.М. Курганные захоронения бассейна Р. Вилюй: малоизвестные памятники погребального обряда якутов XVII – начала XX В. https://cyberleninka.ru/article/n/kurgannye-zahoroneniya-basseyna-r-vilyuy-maloizvestnye-pamyatniki-pogrebalnogo-obryada-yakutov-xvii-nachala-xx-v
- Стрелов Е.Д. Арангас князца Мындая// Известия Якутского отдела Русского Географического общества. – Якутск, 1928 – Т. III.
- Соловьева Е.Н. Научно-технический отчет об археологическом исследовании в зоне строительства межмуниципального полигона для твердых коммунальных отходов г. Нюрба в полевой сезон 2020 г. – Якутск, 2020.