Сахаҕа өлбүт киһини аты кытары көмүү түҥ былыргыттан кэлбит үгэспит буолар. Чинчийээччилэр бу үгэһи былыргы түүр култууратын кытта ситимнииллэр. Сахаларга маннык майгы 18 үйэҕэ диэри тиийэн кэлбитэ кэрэхсибиллээх. Бу биһиги дириҥ силистээх-мутуктаах омук буоларбытын өссө төгүл туоһулуур.
1969 с. от ыйыгар биллэр археолог И.В. Константинов Чаппанда нэһилиэгин Ынах Сыһыыта диэн сиригэр түөрт аттаах көмүүнү булан чинчийбитэ. Киниэхэ бу көмүүнү Михаил Семенов-Чөөрөө диэн киһи ыйан биэрбитэ үһү. Чөөрөөҕө кыратыгар аҕата эппит: “Бу манан сырыттаххына, айдаарбакка сүгүн сылдьар буолаар, манна былыргы өбүгэбит сытар, өссө ыҥыырдьыттаах уонна аттаах көмүллүбүт киһи”, – диэн. Аатын сэрэнэн “Хаптаанньыйа” диэбит. Ол эппитин Чөөрөө төрүт умнубакка сылдьан баран Константиновка чопчу ыйан биэрбит.
Бастакы көмүүгэ сааһырбыт эр киһи дьардьамата сытар эбит. Илиитин усталыы ууран, арҕаа диэки бастаан сытыарбыттар. Ол аата сүрэхтэммэтэх. Таҥаһа илдьирийэн хаалбыт. Тобугар тиийэр уһун саҥыйахтаах, түүлээх истээх сукуна сонноох, араҕас өҥнөөх солко ис таҥастаах, ынтака бэргэһэлээх, алтан тиэрбэстэрдээх сукуна ыстааннаах, оҕуруо киэргэллээх туох эрэ халыҥ матырыйаалтан атах таҥастаах эбит. Төбөтүн анныгар түөрт муннуктуу сууламмыт солко халаат ууруллубут. Тэрилэ баай эбит. Баһын диэки түөрт кырыылаах үлтүрүйбүт бытыыкка, ол үрдүгэр саха оҥоһуута буолбатах лаахтаах кыра мас чааккы умса ууруллубут. Уҥа өртүгэр батыйа уонна сэттэ оноҕостоох кэһэх ууруллубут. Хаҥас өртүгэр тирии хаалаах ох саа уонна эмиэ тирии хаалаах батыйа, тостубут быһах баар эбит. Атаҕар оһуордаах тирии хаалаах үрүҥ көмүс ньуоска, биэс уон ахсааннаах, ол аата биир түрбэ тииҥ тириитэ, биир кыһыл саһыл тириитэ ууруллубут.
Хоруобун үрдүгэр түөрт муннуктаах сирэйдээх, алтан туорумнарынан киэргэтиилээх ыҥыыр ууруллубут. Кэлин өттө төгүрүк быһыылаах. Маны таһынан ыҥыыр тимирдэрэ, иҥэһэлэрэ уонна үүн баар эбиттэр. Балар алтантан кутан оҥоһуллубуттар. Хоруоп хоту өртүгэр фабрикаҕа оҥоһуллубут алтан чаанньык көстүбүт. Чаанньык түгэҕэр латыынныы «Сибирь», МСФ уонна 1732 диэн суруктаах.
Бу көмүү арҕаа өттүгэр 24,5 м. ыраах түөрт аты көмпүттэр. Ыҥыырдара аттыларыгар ууруллубуттар. Улахан болҕомтону ураты оҥоһуулаах ыҥыыр ылбыт. Бу ыҥыыр уратыта диэн олорор өттө өрө чоройо сылдьар мутуктаах маһынан оҥоһуллубутугар буолар эбит. Маннык ыҥыырга киһи олорор кыаҕа суох, арааһа, бэрэмэдэй ыҥыырдар ыҥыыр быһыылаах диэн быһаарбыттар. Уонна олох туттулла илик ыҥыыр эбит диэбиттэр. Иин хотугулуу-илин муннугар алтан олгуйу таҥнары уурбуттар, ол анныгар кытыйа, лэппэйбит кыра чороон, икки мас хамыйах, хорҕолдьун чааккы үлтүркэйэ, сүгэ сыталлара. Олгуй аттыгар сото уҥуохтара бааллара. Хоолдьуга уҥуохтара буолуохтаах. Бу түөрт аттары систэрин үөһүн быһа тардан өлөртөөбүттэр, сүүстэрэ бүтүнэ үһү.
Көмүүнү хаһыыны Чаппанда олохтоохторо элбэх киһи көрбүт. Хаһыыны түмүктээн бараннар кулуупка көрсүһүү оҥорбуттар. Булбут малларын көрдөрбүттэр. Онно үгүс дьон халааты өйдөөн хаалбыт. Хаһыыны көрбүт Никифоров В.А. ахтарынан бастаан хостуулларыгар халаат өҥүн сүтэрбэккэ сытан баран, күн уотугар кубарыйан хаалбыт үһү.
Кытай солкото халаат чопчу хаһыс үйэтээҕи буолара биллибэт. Бу көмүү 18 үйэ бастакы аҥара буолллаҕына, халаат өссө былыргы буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ 18 үйэҕэ кытайдарга итинник халаат суоҕа. Бу халаат музейга маҥнай турарыгар “монгол халаата” диэн суруктаах турбута. Кэлин бу кытай халаата буоларын чинчийээччилэр чопчулаатылар.
2022 с. сайыныгар халааты сиһилии чинчийиини АГИКИ доцена, педагогика билимин кандидата Сергина Е.С. салайааччылаах устудьуоннар бөлөхтөрө ыыппыта. Онон бу үлэ түмүгүн күүтэбит.
Ол курдук аттаах көмүүлэр саха былыргы култууратын биир быстыспат көстүүтүнэн буолаллар.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Константинов И.В. Захоронеия с конем в Якутии./По следам древних культур.-Якутск, 1970.
- Моякунова И.А. Ньурба оройуонугар археологическай хаһыылар //Сэргэ.-Ньурба: Дорҕоон, 2008.