Айанньыт Врангель: “У якутов посередине стоит огромная белая ураса, а вокруг него стоят маленькие урасы. Такой тип установления урас есть у монголов”, – диэн бэлиэтээбитэ баар. Оттон О.В. Ионова: “Эти наши моҕол ураса имеют свои связи не с маленькими тунгусскими коническими шалашами, а имеют связь с дворцовыми передвижными кибитками, якуты были знакомы с дворцовыми сооружениями еще с давних времен”, – диэн суруйбута. Устуоруйа наукатын хандьыдаата Н.К. Данилова бэлиэтииринэн, аан бастакы ыһыах моҕол ураһа иһигэр ыытыллыбыт. Оччотооҕуга аҕа уустарын баһылыктара, баай дьон маннык ураһаҕа олороннор улахан суолталаах быһаарыныылары ылыналлара, өлбүт киһи кутун өбүгэлэрин дойдутугар ыыталлара. Айыы ойууна алгыырыгар үгэс быһыытынан кымыһы күн эргииринэн иһэр эбит буоллахтарына, бу сиэргэ-туомҥа күн эргиирин утары иһэллэрэ диэн буолар. Аны туран, кийиит ураһата диэн баарын туһунан фольклортан билэбит. Тутуута, А.А.Попов суруйбутуттан көстөрүнэн, тоҥустар олорор ураһаларыгар майгыннаабат. Онтон кийиит ураһата сүтэн, хаппахчыга көһөр. Чинчийээччи П.А. Слепцов бэлиэтээбитинэн, хаппахчы сабыытын ойуутун курдук ойуулаах буолуоҕун сөп. Таатта Баайаҕатыгар саха дьоно долгуйа күүппүт түгэммит буолла. Моҕол ураһа дьэндэйдэ! Ытык Бахсы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, Духуобунас Академиятын академига Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус иилээн-саҕалаан, салайан аарыма тутуу – моҕол ураһа турда!
Анна Петровна Григорьева, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
– Бу күннэргэ Таатта Баайаҕатыгар чугас эргин өтөрүнэн буолбатах историческай суолталаах дьоһун тэрээһин буолла.
Ол курдук норуот маастара, култуура үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыба бириэмийэтин лауреата, Духовность Академиятын академига, бөлүһүөк Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус үйэ аҥаарын устата торумнаабыт толкуйа, баҕарбыт баҕата олоххо киирэн, туос Моҕол ураһа дьэндэйэн таҕыста.
Бу айылҕаттан айдарыылаах Мандар Уус сүдү талаанын чыпчаала буолар.
Ол курдук кини оҕо эрдэҕиттэн элэйбэт эт атаҕынан элбэх өтөхтөрү кэрийэн өбүгэлэрбит тутууларын, малларын-салларын,таҥастарын,сэптэрин-сэбиргэлэрин ойуутун-оһуорун сыныйан үөрэтэн, сөргүтэн тарҕаппыт, үйэтиппит үтүөлээх.
Бу сөҕүмэр тутууга 3 сыл устата элбэх улуус талба талааннаах иистэнньэҥнэрин түмэн, сүбэлээн, салайан тиктэрбитэ элбэҕи этэр.
Итини таһынан элбэх тэрилтэ, биирдиилээн дьон ис сүрэхтэриттэн ылсан араас өрүттээх көмөнү оҥорбуттара махталлаах суол.
Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ буоларын истэ-көрө астынныбыт.
Бу ураты кэм долгунугар мин көрдүм – бар дьон түмсүүтүн, Тааттаҕа духуобунас сайдыытын, инники хардыыга дабайыылаах үктэл түстэниитин.
Мин көрдүм – сүргэ көтөҕүллүүтүн!
Саха омук биир киэн туттар үйэлээх өйдөбүнньүгэ турбутунан барыгытыгар эҕэрдэ!
Ытык киһибитигэр Мандар Ууска Уруй-Айхал!