Иван Егорович Николаев (Булчут Уйбаан) 1923 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр Турумас диэн алааска төрөөбүтэ. Уон оҕо аҕата, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Үлэ Кыһыл Знамя уордьан кавалера, идэтийбит булчут. 2012 сыллаахха бу күн сириттэн барбыта. Иван Егорович хос эһэтин Лымпыыһай Ньукулай өтө көрүүтүн кэпсээн хаалларбытын, тугу билэрбитин сурукка киллэрдибит.
Лымпыыһай хайдах тиллибитэ
Лымпыыһай Ньукулай 19-үйэҕэ 1835 сыллаахха Дьокуускайдыыр суолтан 3 км сытар Өргүөт, билиҥҥитэ Баппаҕаайы, Эмиһигэр төрөөбүт. Орто уҥуохтаах, бөҕө-таҕа, киппэ көрүҥнээҕэ. Дьарыга: үйэлээх сааһыгар булдунан дьарыктанан олорбут. Лымпыыһай аһаҕас эттээх, сүүһүнэн сыллары өтө көрөн, хайдах олох кэлиэхтээҕин, туох уларыйыылар буолуохтаахтарын кэпсиир идэлээх эбит. Үс сыл устата илиитин-атаҕын түүрэ сиэтэн ыалдьан сыппыт. Саас кулун тутар иккис аҥаарыгар, 89 сааһыгар өлбүт. Уолаттар аҕаларын буорун хаһан, хоруобун оҥорон, 3 хонугар аҕаларын таһаарар күннэригэр тиллэн кэлбит. Уонна маннык кэпсээннээх буолбут: «Хотой кыыл буолан улахан дьиэҕэ киирэн, түөрт уон түөрт ааны аһан, утары хоско киирбитим биир үрүҥ таҥастаах, көрүөхтэн сүөргү бөдөҥ киһи улахан да улахан кинигэни тутан олорор эбит. Кэлбит дьон дууһатын ханна ыытарын быһаарар мунньах эбит. Мин орто дойдуга олорон дьоҥҥо- сэргэҕэ үтүөнү, куһаҕаны оҥорбутум тэҥнэһэн хаалла. Улахан мөккүөр буолла. Түмүгэр 1 сыл соруктаан төттөрү ыытыллар. Тугу көрбүккүн-билбиккин кэпсээ диэн сорудах биэрэн ыыттылар», – диэбит.
Лымпыыһай илиитэ атаҕа ыалдьара үтүөрэн, аны көрбөт буолар. Сирдьиттэнэн сылдьан кэпсиир идэлэммит. Оччолорго иирээки киһи тылын диэн ахсарбакка хаалбыттар.
Лымпыыһай Ньукулай этиилэрэ:
— Нэһилиэккэ улахан сүөһү-сылгы өлүүтэ тахсыа диэбитэ, кэлэн ааспыт. (Сибиирдээҕи сүһүрүү);
— Дэриэбинэттэн 25 км «Арыылаах» алааска бырааттыы Дьэкиим, Чой Баһылай кыахтаах, сүөһүнэн-сылгынан байан олорбуттар. Сиртэн сылтаан улаханнык айдаарсыбыттар. Дьэкиим өлбүтэ 3 сылын туолуутугар, Лымпыыһай Ньукулай Дьэкиим быраатын Чой Баһылайы ыҥыттаран ылан маннык эппит: «Убайыҥ Дьэкиим анараа дойдуга үҥсүү суруктарын илдьэ баран үҥсүбүт. Биир сыл иһинэн ыларга туруорсубут». Лымпыыһай Ньукулай эппитин курдук, чэгиэн сылдьыбыт Чой Баһылай биир сыл иһигэр эмискэ өлөн хаалбыт;
— Хаһыс үйэтин эппэтэх. Үйэ бүтүүтэ тииҥ саҕа дьоннор баар буолуохтара диэбит;
— Илбэҥэ күөлүгэр дьон бөҕө түмсүүһү. Хоту өттүгэр улахан дьиэттэн, хара матаҕа тутуурдаах оҕолор киирэллэр-тахсаллар (оскуола);
— Балаҕан эркинигэр ыйанан турар холбука киһилии саҥарар (радио);
— Тимир ытыгынан дьоннор үүттэн сүөгэйи араарар буолбуттар. Үөһэннэн куталлар, алларанан сүөгэй, үүт ылыллар (сэппэрээтэр);
— Омук сиригэр арҕааттан хара буруо тахсан аан дойдуну ыыс-быдаан оҥордо, баар киһи аҥара кэриҥэ өллө (1945-1945 с.с. Аҕа дойду сэриитин эппит);
— Ол кэнниттэн аҕыйах кэмҥэ өҥ-тот, үчүгэй олох кэлиэ (1960-1980 с.с.);
-Үгүс киһи биир улахан баҕайы олгуйтан төлөбүрэ суох аһыыллар (балыыһа, дьыссаат, интэринээт, кырдьаҕастар кыаматтар дьиэлэрин эппит);
— Биир мунду биир мөһөөх, биир оҕус кутуруга отут үс тыһыынча буолуо диэбит (билиҥҥи кэм сыаната);
— Улахан айан суолунан чоху курдук хахтаах, уоттаах харахтаах тэриллэр мөҕүрүү-мөҕүрүү сырсаллар (массыына, араас тиэхиникэлэр);
— Хаһыс үйэтин эппэтэх, Баай эбэҕэ улахан таҥара дьиэтэ тутуллан турарын көрөбүн диэбит.
Оҕолоругар, кэлэр кэнэҕэскитигэр этэн хаалларбыт этиититтэн
«Хара тыа биэриитэ мин эппэр-хааммар 19 киһи үйэтигэр барыаҕа, өскөтүн хара тыа иччитин Баай Байанайы, сир-дойду иччитин Аан-Алахчын хотуну соһуппакка-сиргэппэккэ, кыыһырдыбакка сырыттахтарына», – диэбит. Лымпыыһай 90-тан тахсан баран өлбүт.
Чэмэлинэ Николаева, Анастасия Николаева,
Бүлүү улууhа, М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто уопсай үөрэхтээhин оскуолата