Платон Слепцов

Платон Алексеевич Слепцов историческай наука кандидата, 80-тан тахса научнай уонна методическай ыстатыйа ааптара. Ыстатыйалара  АХШ-ка, Великобританияҕа, Венгриияҕа уонна Турцияҕа тахсыбыттара. «Традиционная семья и обрядност якутов (XIX – начало XX вв.)” монографията (Дьокуускай, 1989 с.). Конгресс (АХШ), Кембриджтааҕы университет Р.Скотт аатынан Институт (Великобритания) уонна Матанзас (Куба) бибилэтиэкэлэригэр хараллан сытар. Кинини кытта Б.Ф. Неустроев-Мандарга аналлаах кэмпириэнсийэҕэ көрсөн кэпсэтэн хаалбытым. Кэлин сиэр-туом, итэҕэл туһунан сиһилии наллаан кэпсэтиэхпин баҕарабын диэн этэ сылдьыбыппар иллэҥим олох суох диэн буолумматаҕа. Сахаҕа биир чаҕылхай учуонай кэлэн барбытын этэн туран, бу кэпсэтиини хайдах баарынан таһаарарга быһаарынныбыт.

Тимири уһаарыы

– Маҥнай таастан, онтон тимири баһылаабыт таһымнаах норуот сир үрдүгэр наһаа элбэҕэ суох. Ол быыһыгар биһиги сахалар баарбыт сүрдээх киэн туттуулаах. Тимир култууратын, биллэн турар, археологияттан саҕалаан бары чинчийбиттэрэ. Былыргы уйгуурдар, былыргы киргиистэр, уопсайынан, түүр омуктар бары тимирдээхтэр. Ону биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар олох сүтэрбэккэлэр, бачалаах сиргэ  тиийэн кэлиэхтэригэр диэри хас сылдьыбыт сирдэрин аайы тимирдээх тааһы көрдөөн булаллар. Ону уһаараннар туттар сэп оҥостоллоро.  Саха сиригэр тимири баһылаабыт соҕотох омукпут. Киэҥ сири баһылааһыҥҥа төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Ити туһунан бэрэпиэссэр Ксенофонт Уткин хандьыдаат буолар үлэтин көмүскээн турар. Наһаа үчүгэйдик «Черная металлургия» диэн ааттанан тахсыбытын билэҕит. «Металлургия» диэн киэҥ өйдөбүл. 1984 с. эрдэ өлөөхтөөбүт сүрдээх билиилээх Федор Васильев «Военное дело якутов» диэн кинигэтэ тахсыбата. Боотурдар сэриилэһэр ньымалара, сааамай сүрүнэ кыргыһар, туттар сэптэрэ чинчийиллибитэ. Ханнык баҕарар аҕа уус бэйэтин көмүскэниэхтээх. Сиргин-уоккун, баайгын-дуолгун, кыраһаабыссаларгын. Кыайан көмүскэммэккэ сүппүт омуктар төһөлөөх элбэхтэрэ буолуой?! Онон сахалар тимири баһылаан, биһиги сэппит арааһа, үчүгэйэ бэрт буолан тыыннаах хаалбыт норуоппут! Ол гынан баран кэлин тимири уһаарыы умнулла сылдьыбыта. Ону нуучча өһүн хоһоонугар «один в поле не воин» диэн этиллэрэ дьиҥнээх олоххо сөп түбэспэт. Дьиҥинэн, аҥаардас биир киһи норуот устуоруйатыгар сүрдээх улаханнык сабыдыаллыыр. Дьэ, онон Борис Федорович Неустроев-Мандар ону өйдөөн, биир-биэс харчыта суох дьарыктанан, хаһан эрэ наада буолуо диэн дьарыктанан, эстэр-элэйэр диэни билбэккэ үлэлээтэ. Онон тимири баһылаабыт саха омуга аан дойдуга таҕыста. Сахаларга 70 саас  өстөөх саас диэн быһылаах этэ гынан баран, наһаа өстөөх саас буолбатын.  Хайа, баҕар ойуун уустан эрэ куттанар диэн буолар. Онон биһиги норуоппут чулуу киһитигэр бары үчүгэйи баҕарабын!

Өй-санаа сүнньэ

– Мандар түҥ былыргы киһи кэлэн биһиги олохпутугар баар буолан хаалбыт. Аныгы киһи буолбатах. Айыылар ыыттахтара.Саха омугу хайдах эмэ гынан олох сүнньүгэр киллэриэххэ наада диэн. Биһиги сахалар түҥ былыргы омукпут диэн этэр идэлээхпит. Ол гынан баран дьэ, ону киэн туттабыт уонна олохпутугар кэлэн умнан кэбиһэбит. Мандары өйдүүргэ саха өйүн-санаатын, итэҕэлин билиэххэ наада. Ону өйдөөбөт буоллаххына, эн хайдах даҕаны Мандары дьиҥнээхтии ситэ өйдөөбөккүн. Саха бэйэтин туһунан «мин үс куттаах сахабын» дэнэр. Дьэ бу сирдээҕи олоҕор киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри чэҥкир, салгын кутун, өйүн-санаатын сайыннаран тахсар. Бу орто туруу бараан дойдуттан барар түгэммитигэр салгын куппут арахсан, ийэ кукка холбоһор. Киэҥ көҕүспүнэн таайан олоробун, бүтүн эппинэн билэн олоробун диэн этиилээхтэр өбүгэлэрбит. Ол аата билии-көрүү киһиэхэ аан бастаан этигэр-хааныгар иҥиэхтээх. Оччоҕуна эрэ кини билиитэ билии, өй-санаа буолар. Алампа «айыы сирэйдээх абааһылар» диэн этэн турар. Саха дьиҥ өйүн-билиитин таҥнарааччылар билигин интэллигиэнсийэ да өттүгэр, хомойуох иһин, бааллар. Онон бу Борис Федорович-Мандар курдук саха саарынын айыылар хааһыламмыт саха норуотун өйүн-санаатын сүрүннээтин, сүнньүн буллардын диэн ыыттахтара!

Күрүөлэнии, киэҥ көҕүстэнии

– Киһи идэтин толору баһылаатаҕына, бөлүһүөк буолар. Дьэ холобура күрүөлэнии диэн. Итини Гегель «триада» диэн ааттыыр. Өскөтө киһи утарыта харсыһыннаран толкуйдуур буоллаҕына, күрүөлэммэт. Анааран түмэр тирэх санаа баар буолуохтаах. Владимир Соловьев диэн нуучча улуу үөрэхтээҕэ баар, эмиэ Гегель оскуолатын барбыт киһи, «Социология» диэн үөрэҕэр эмиэ ити күрүөлэниини көрдөрөр. Ситэри-хотору ырааҕы чарапчыланан көрөр, киэҥ көҕүс баар буолуохтаах. Үгүспүтүгэр оннук суох ээ, барыта утарытынан, өскүөрүтүнэн эрэ. Барыны-бары дэгиэ тыҥырахха, муоска-тиискэ түһэрэн сылдьабыт. Онтон күрүөлүүр эбит буоллахха, олох атын таһым, өй тахсан кэлэр. Борис Федорович тутта-хапта сылдьарыгар, саҥарарыгар-иҥэрэригэр барыта толору баар.  Кини хаһан даҕаны ханнык да түгэҥҥэ атын дьон туһунан биир да куһаҕан санааны саҥарбатах, эппэтэх-тыымматах киһи. Өскөтө Аристотель  киһини «человек есть политическое животное» диэбит буоллаҕына, Паскаль «человек есть мыслящий тростник» дибит буоллаҕына, Эрнест Кастрен «человек это существо создающее символы» диэбит. Ол аата ойууну-бичиги оҥорорунан кыылтан-суолтан уратылаах диэн. Дьэ бу манна Борис Федорович туох баар үлэлэрэ бутуннуутүн күүстээх өттө ити дии саныыбын. Култуура туһунан саамай кэлиҥҥи өйдөбүлгэ бу сорохтор туттар тэрили оҥорууттан култуура үөскээбитэ, киһи киһиэхэ сыһыаныттан үөскээбитэ эбэтэр итэҕэлтэн үөскээбитэ диэн көрүүлэр эмиэ бааллар. Оттон Кастрен «култуура хас биирдии киһи анал бэлиэлэри (символ) оҥорон киһитийбитэ диэн этэр.  Ол курдук киһи анал бэлиэлэринэн ханарытан өйдөөн, өйүн-санаатын тиэрдэр. Мандар үлэлэрин сыныйан аахтаххытына, онно барыта эридьиэстэнэр.

Эргиир

– Биһиги сирбит киэҥ Куйаарга олох таммаҕа таммалаабыт соҕотох соҕотоҕо. Үрдүк Айыылар маанылаан-маанылаан үрдүк олоҕу тэниппит Ийэ сиргэ киһи диэн куттаах-сүрдээх, ураты айылгылаах. Киһи сиргэ олоҕу салгыыр ытык аналлаах. Олоҕу чэчирии сайыннарар ытык Иэс диэн баар. Олох биирдэ эрэ бэриллэр. Онон киһи хайа да түгэҥҥэ, хайа да кыһарҕаҥҥа ыһыктыныа суохтаах. Биир да, биир да чааһы халтайга бараныллыбат. Ол иһин киһи аатын-суолун хаһан даҕаны түһэн биэрбэт гына олоруохтаах. Биһиги кэммит сүрдээх кылгас. Кэм чыпчылыйыах түгэнэ. Бу соторутааҕыта оҕо буолан ыстаммыт аҕай дьон буоллахпыт дии. Бэлиэр баттахпыт маҥхайан, тииспит аҕыйаан, кэм иитэ ылан истэҕэ. Миэхэ улуу убайым Суорун Омоллоон: «Былатыан, саха киһитэ өйдөөх-сааһын 70-гар эрэ кэлэн тутар эбит», – диэн биирдэ этэн турар. Чахчы, киһи хаһааммыт өйүн-санаатын чыпчаала бу сааскар ситэр эбит. ону аҕамсыйыы сааһа дэнэр, кырдьыы диэн буолбат эбит. Түмэн, сааһылаан, дьоҥҥо биэрэр кэммит мантан ыла саҕаланар. Олох утаппыт, аччыктаабыт курдук олоруохха наада. Оннук эбит буоллаҕына, элбэҕи ситиһиэххит. Бу орто дойдуга ытык иэскитин толору төлөөн баран барыаххыт. Киһи кэнниттэн хаалара аата буолар. Киһи саныыр санаата тарҕаныахтаах. Тууйуллубут санаа курсуйар, сытыйар-ымыйар. Онон үгүстүк кэпсэтиҥ, санааҕытын хайаан да үллэстиҥ. Ол эрэ түмүгэр Эргиир үөскүүр. Айылҕаҕа бүтүннүү Олох Эргиирэ. Күн эргиирэ, Сир эргиирэ,  Дьыл эргиирэ. Барыта төгүрүк күрүө. Саха тыла түҥ былыргы тыл, хас эмэ сүүһүнэн сыл устата айыллан, үөскээн кэлбит. Ол эстэр, сүтэр түгэнигэр биһиги таҥнарыахсыттар буолабыт. Саха буолан сандаарбыт, Урааҥхай буолан ууһаабыт-тэнийбит улуу күүспүт буолар!

Хаартыскалары Эмиэрикэтээҕи Хотугу Тиихэй акыйааннааҕы эспэдииссийэ (1897-1902) түһэрбит «Сахалар» диэн чааһыттан туһанныбыт

Ангелина Кузьмина,тыл билимин кандидата.