«КЭРЭНИ КӨРБYТ (НЕ ХОРОНИТЕ МЕНЯ БЕЗ ИВАНА)» Москубаҕа буолбут «Зимний»  киинэ бэстибээлигэр сүрүн бирииһи ылла.   Бу киинэ режиссера Любовь Борисова, продюсердара Иван Болотников, Дмитрий Шадрин, Сардана Саввина буолаллар. “Сахафильм” киинэ хаампаанньата уонна “Стулия АВТОР” оҥорон таһаардылар. Киинэ саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга, кыраайы үөрэтээччи, хаартыскаҕа түһэрээччи, этнограф Иван Васильевич Попов уонна саха киһитэ Ыстапаан Бэрэсиэкэп доҕордоһууларын, култууралар алтыһыыларын, кэрэни кэрэхсээн көрүү суолтатын туһунан буолар. Устуоруйаны, этнографияны кэрэһилиир маннык киинэлэр өссө да тахса туралларыгар баҕарыа этибит! Ыстапаан кэрэни көрөр эрэ буолбатах, кини истэр эмиэ ураты дьоҕурдаах… Бу киинэ режиссерун Любовь Борисованы уонна көрөөччүлэри кытта кэпсэттибит.

Любовь, бу киинэ хайдах үөскээбитэй?

– Уонча сыллааҕыта Александр Дьяконов куйаар ситимигэр Люция Саввична Попова кэпсээнинэн «Летаргический сон якутского косаря» диэн тэттик суруйуутун таһаарбыт этэ. И.В. Попов хаартыскаларын таһаарбыт уонна бу хаартыскаларга баар киһи утуйар идэлээх, ону Николай Попов аҕабыыт тиһэх суолугар ыллыы турдаҕына, туран кэлбитигэр соһуйан кинигэнэн бырахпыт диэн суруйбут этэ. Уһуктан кэлэн баран Бэрэсиэкэппит Иван Поповка тиийбит. Ону туох ааттаах мааны таҥастааххыный диэн соһуйбут. Өлбүтүн билбэт эбит. Хантан эрэ атын сиртэн айаннаан кэлбит. Кэпсэппиттэр, ону дьэ өйдөөбүт. “Летаргический сон” эбит диэн быһаарбыт. Аныгыскыга итинник буоллахпына, миигин Уйбаана суох көмөөйөҕүт диэн үлэһэр эбит. Итинник хаста да утуйа сылдьыбыт үһү диэн кэпсииллэр. Ол интэриэһинэй баҕайы этэ. Хаартыскалары өйдөөн хаалбытым. Ол саҕана киинэ устубат буоллаҕым дии. Икки дуу, үс дуу сыллааҕыта ханнык киинэни устабын диэн толкуйдуу сылдьан, санаан кэлбитим, ол эрээри умнан кэбиспитим. Онтон ол кэмҥэ Нерюнгрига ыҥырбыттара. Ийэ тыл күнэ этэ, онно киинэ көрдөрбүппүт. Хаартыскаҕа түһүү эҥин буолбута. Онно бүтэһиккэ хаалбыт киһини П.Р. Ноговицын бу уол киинэҕэ уһуллара сөп буолла диэн көрдөрбүтэ. Арай Бэрэсиэкэп турар эбит. Ээ, бу киинэни устар эбиппин диэн тута өйдөөбүтүм.

– Устуоруйаны үөрэппит буолуохтааххын. Ханнык матырыйааллары туһаммыккыный?     

– Бастатан туран, сүрүн көмө И.В. Попов хаартыскалара буолаллар. Кини дьоруойдарынан эпизодтары айбытым. Арыы ытыйа олорор эмээхсин, илин кэбиһэрдээх мичээрдээбит кыыс, кумалаан барбыт… хас биирдиилэригэр анаан устуоруйа айбытым уонна ситимнээн кэбиспитим. Худуоһунньуктар, малы-салы бэлэмнээччилэр хаартыскларынан сирдэппиттэрэ. Ити өттүнэн чэпчэки, эмиэ да уустук этэ. Ханна-ханна устарбытын тала сылдьан Былатыан Ойуунускай өтөҕөр сылдьыбыппыт. Онно сылдьан малын-салын үөрэтэн барытын хаартыскаҕа түһэрбиппит. Археолог Александра Прокопьева илин кэбиһэр оҥоһуутугар ювелирдарбытыгар сүбэ-ама биэрбитэ. Аны Иван Попов аймахтарын кытта элбэхтик үлэлээбиппит. Поповтар элбэхтэр. Бастакы ойоҕуттан кыыстаах, онтон иккис ойоҕуттан 5 оҕолоох эбит. Ол сыдьааннара эмиэ бары худуоһунньуктар. Тааттаҕа бара сылдьан Бэрэсиэкэп ыал буолан олорбут үһү диэн истибитим да, ким да бу аймаҕабын диэн биллибэтэҕэ.  

Удаҕан дьахтар туттуутун-хаптыытын көрдөрөргүтүгэр туохха олоҕурбуккутуй?

–  Ити удаҕаннаах сыана “Таатта отоһуттара” диэн кинигэҕэ суруллубут Дыгыйык удаҕан туһунан хайдах суруллубутунан киллэрбитим. Ити киэбирбит дьон кэлэн сылыктаан көрөллөрө, саҥараллара-иҥэрэллэрэ, иирээки дьахтары аҕалбыттара, хайдах кыырара, иннигэр-кэннигэр дүҥүрэ суох ытыһын таһынара, кэрэтэ, туойара үчүгэйэ барыта суруллубут этэ. Кыырыан иннинэ баттаҕын ыһа олорон: “Манна нуучча киһитэ баар, таһаарыҥ”,  – диэбитигэр Попов туран кэлбит диэн кинигэни ааҕа олордохпуна, эмискэ баҕайы кэлбитигэр наһаа үөрбүтүм. Попов удаҕаҥҥа дуу, ойууҥҥа дуу киирэн биэрэ сыспыт үһү диэн кэпсээбиттэрэ ээ эрдэ. Онуоха “сахабын, сахабын” диэбит диэн кинигэҕэ эмиэ баар этэ. Артыыс холумтаны төттөрү-таары эргийэригэр турукка олус киирбитэ, ону тохтоппотохпут, куолаһа эҥин олох уларыйан хаалбытыгар бэйэбит да соһуйбуппут. Ол иһин тугу да көннөрбөтөҕүм.

– Артыыстары талыыга…

– Ыстапаан Бэрэсиэкэп оруолугар Хаҥалас Нөмүгүтүн оскуолатыгар технология учууталынан үлэлиир Александр Чыычахов, оттон Иван Попову Литваттан кэлэ сылдьар Дариус Гумаускас оонньоотулар. “Капродукция” диэн студия продюсерын Иван Болотниковы кытта үлэлээбиппит. Арай Дмитрий Шадрин эйиэхэ Москубаттан Болотников диэн эрийиэҕэ диэн эттэ. Туох киһиний, хайдах киинэлэрдээҕий диэн көрдүм. Ол саҥа көрөн иһэн, Иван Попов курдук артыыһы булан ыллым. Оруобуна майгынныыр. Ону эппиппэр, Болотников “мин табаарыһым сөбүлэһиэҕэ” диэбитэ. Анараа киһибит эмиэ сөбүлэспитэ. Онон икки артыыстарым сценарий бүтүөн инниттэн көстөн хаалбыттара. Сценарийга Юлия Клименко диэн бииргэ үлэлэһэр ааптардаммытым, кини Москубаҕа федеральнай күрэһи ааһарбытыгар көмөлөспүтэ. Кинини кытта элбэҕи уларыппыппыт, эбэн-сабан биэрбиппит.

– Оттон ити кумалаан кыыс соһуччу уобарас буолла…

– Ити саха дьахтара эр киһини кытта биир таһымҥа турар диэн санааттан итииник көрдөрбүппүт. Толлон турбакка, бэрт хорсуннук олоххо тардыһан барыыта көстөр… Бу билиҥҥи дьон өйүгэр-санаатыгар анаан маннык оҥоһуллубута. Саха киһитэ кэрэни өйдөөн көрөр. Хайдахтаах да тымныыга олордорбут.

Киинэҕэ туттуллубут былыргы маллар…

– Бу  малларбыт Аан дойду түмэллэригэр тиийэ тарҕанан сыталлар. Каталогтар эҥин тахсаннар үөрэтэрбитигэр үчүгэй буолла. Бу киинэни биһиги сахалар диэн киэн туттар киинэбит буоллун диэн санаалаах оҥордубут. Попов кута-сүрэ биллэргэ дылы этэ. Холобур, ити илин кэбиһэрин кэтэрдэ-кэтэрдэ кыргыттары хаартыскаҕа түһэр да түһэр буолар эбит. Ол айылаах  астынара көстөр. Носовтыын алтыһар киһитэ буоллаҕа дии. Кини хартыынатыгар эмиэ киирбитэ ити илин кэбиһэр. Ону  хартыынатыгар турар кыыс сонун тиктэрээри көрбүтүм, салыбыраһын уларыппыт. Поповка көннөрү салыбырас, оттон Носовка чуораанчыктаах. Ону тоҕо уларыппытый диэн  толкуйдаатым, аны ханна эрэ көрбүт курдукпун. Ону көрдөөн-көрдөөн Попов атын хаартыскатыттан уонна каталогка эмиэ буллум. Аны Попов ыыппыт диэн суох. Попов хаартыскаларыгар кылдьыылаах уонна өттүк симэхтэрдээх. Ону эмиэ каталогка булан ыллым. Инбэртээрдэрин нүөмэрдэрин бэрээдэгинэн (порядково) суруйбуттар. Ол аата комплект курдук киирбит, ону кэлин ыһан кэбиспиттэр. Инньэ гынан детектив курдук, чахчы Попов ыыппыт диэн булан ыллыбыт. Онон бэйэтэ чинчийэр үлэ.

Аны худуоһунньуктар былыргы маллары кытта үлэлииллэригэр куттарын-сүрдэрин баттаталлар этэ. Онон тууһунан сууйан, былыргы “суруктарын” (информация) сотон баран туттарбыт.

Төрөөбүт омуккут устуоруйатын үөрэтиҥ, бу хайысхаҕа үлэлээбит элбэх көлүөнэ чинчийээччилэрбитигэр тылбыт, этнографиябыт симэлийбэтигэр үйэтитэн хаалларбыттарыгар махтаныаххайыҥ. Бу омук кэрэтэ, баайа буолар, ону кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхтээхпит. Киэн туттуоххайыҥ сахалар буоларбытыттан!

Егор Иллээх:

– Оо, киһилээх эбиппээт, киһилээх эбиппит! “Кэрэни көрбүт. Не хороните меня без Ивана” диэн дьэ дьиҥнээх толору киинэҕэ сылдьан кэллим, доҕоттоор!  Любовь Борисова барыбытын кэрэлиин көрүһүннэрдэ, бэрт кэпсэтии таһаарда. Дириҥ да киинэни киһиэхэ эрэ барытыгар тиийимтиэ гына суруйан таһаарбыт. Бэл чипсылар тыаһаан иһэн иһийэн чуумпуран хааллылар икки чаас тухары бу аныгы кэм тэтимигэр.  Тугу элбэҕи кэпсээн буорга буккуйа олоруохпунуй? Киһи эрэ бары даҕаны бараҥҥыт сипсиһэн кэллэххитинэ, дууһалыын дуоһуйуоххут!  “Не хороните меня без Ивана. Кэрэни көрбүт” киинэни титралар тахсан бүтүөхтэригэр диэри тиийэн көрүҥ диэн ыҥырабын. Бэйэҕит да астына ытыс таһыныаххыт. Посетите наших партнеров, – лидеры модной обуви!

Евгения Арьянова, суруналыыс,  “Саха” НКИХ эрэдээктэрэ, “Эйгэ” биэрии ыытааччыта.

– Саҥа сылы көрсөн, саҥа дьыллааҕы сынньалаҥмытыгар 2023 сылга аан бастакы киинэбит “Кэрэни көрбүт”, саамай сөбүлээн сылдьар “Лена” киинэ тыйаатырыгар бу күннэргэ дьиэ кэргэмминээн сырыттыбыт. Киинэни олус сөбүлээтибит, астынныбыт, дуоһуйууну ыллыбыт. Саал иһэ тобус  толору көрөөччү. Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылыгар  бэртээхэй бэлэх буолбут. Киинэҕэ урукку кэми көрдөрөр, хайдах эрэ ол ааспыт олоххо киирэн хаалар курдуккун. Талааннаах режиссер Любовь Борисова элбэх  чинчийиини, ырытыыны, тэҥнээн көрүү үлэтин ыыппыт. Урукку олох хаартыскаларын тилиннэрбит. Хайдахтаах курдук кэрэ Сахабыт сиригэр олоробут. Айылҕабыт күп-күөх, олус кэрэ. Бу киинэҕэ үтүө үгэстэр, сүбэ-ама, сиэр-туом, киһи киһиэхэ истиҥ сыһыана көстөр.  Мин саныахпар элбэх киһини толкуйдатар, үтүөҕэ үөрэтэр, сирдиир холобур буолар киинэ: кэрэни таба көрө үөрэнэргэ, кыраттан үөрэн дуоһуйууну ыларга. Киинэ уһуллуута элбэх сыраттан тахсар, элбэх профессионаллар үлэлээбиттэр. Өбүгэлэрбит олохторун сөргүтэн, малларын-салларын хайдахтаах курдук бэркэ көрдөрөллөрүй, эпэрээтэр хараҕынан чаҕылхай каадырдар, локациялар көстөллөр, тыас-уус таҥыллыыта оһуобай. Артыыстары таҥыы хаартыскаларга курдук үүт-үкчү. Олус үчүгэйдик, истиҥник оонньууллар. “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ хайаан да дьиэ кэргэнинэн оҕолоргутунуун сылдьыҥ диэн ыҥырабын. Сахабыт талааннаах айар куттаах киинэ устааччылара, оҥорооччулара маннык иһирэх, истиҥ, дириҥ ис суолталаах киинэлэри өссө оҥоруохтара диэн эрэнэбит. Киинэ устуутун “за кадром” хайдах барбытын туһунан өссө биэрии оҥорбут киһи диэн баҕа санаа үөскээтэ.  Махтанабыт улахан хамаандаҕа – айар бөлөххө. Саҥа дьылга санаабыккыт табыллан истин, өйүктэр олоххо киирэн туолан истиннэр, күөх ыраас халлааны баҕарабын!

Марина Винокурова, СӨ И.С.Жараев аатынан аудиовизуальнай киин экспертизаҕа уонна түмүүгэ отделын  методиһа:

– Саха сирин киинэтэ сыллата сайдан, тупсан иһэр. Сардаана Саввина салайааччылаах “Сахафильм” хампаанньа ааспыт сылга 30 сыллаах үбүлүөйүн көрөөччүлэрин кытта үгүс ситиһиилээх көрсүбүтэ.

Быйылгы 2023 сыл уһун сынньалаҥнарыттан биир үтүө күнү дьүөгэм Юлия Владимировна ыҥырыытынан “Лена” кинотеатрга “КЭРЭНИ КӨРБҮТ” диэн Любовь Борисова киинэтин көрөн дуоһуйан кэллим.

Киини олус дириҥ ис хоһоонноох. Дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт уобарастар. Иван Попов туһунан Саха дьоно бары билэбит. Бу биир киһи олорбут олоҕор кини тугу үлэлээбитэ, айбыта-туппута, суруйбута-бичийбитэ күн бүгүн устуоуйаҕа улахан суолталанан турар. Хас биирдии үлэҕэ худуоһунньук ураты хараҕа көстөр. Иһит-хомуос, мал-сал, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан, итэҕэл түҥ былыргыттан кэлбит ураты баайбыт буолар. Иван Васильевич Попов хаартыскаҕа устуулара, уруһуйдара киинэ дьоруойдара буолбуттарын олус сэргээтим уонна биһирээтим.

“Халлаан дьоно” диир дьонноруттан биирдэстэрэ, мин санаабар, бу Ыстапаан барахсан буолуон сөп, оччолорго да билигин да киэҥ куйаар биллибэт күүһүгэр ылларбыт дьон баар буолаллар. Төһөлөөх да медицина сайдыбыт кэмигэр кинилэр ис күүстэрэ арылла илик, арай ону сахалыы эмтээһин кыайар, билэр. Олонхоһут оччолортон ыла сыаналанара эмиэ көстөн ааста, кини сүдү талаанынын эдэр киһи сонурҕаан дьонун арыытын ылан уһуйулла сатаата дии. Бу эмиэ ыччаттарбыт өбүгэ үгэһин тилиннэрэллэригэр тиийэн кэллэҕэ.

Ааспыт кэмтэн ыла манньаҕа үлэлээһин, соболоҥ диэн баар эбит диэн өйдөбүлгэ киһи кэлэр. Өссө биирэ удаҕан дьахтар эмтииригэр толук ылара олус дириҥ суолталаах буолан таҕыста диэхпин баҕарабын. Маннык буоллаҕына, билигин удаҕамсыйар дьоммутуттан киһи туттунуон сөп курдук.

Матвеевтар дьиэ кэргэн:

– Бүгүн “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ оҕолорбутун кытта сылдьан астынан, дуоһуйан кэллибит. Оҕо сылдьан Иван Васильевич Попов хаартыскаларын, уруһуйдарын сэргээн көрөр этим. Бу аҥаардас кини олоҕун арыйар киинэ буолбатах, олус дириҥ ис хоһоонноох, толкуйдатар киинэ. Үөрэхтээҕиттэн тутулуга суох, киһи бу олоҕу, тулалыыр дьону, үтүөнү-мөкүнү ылыныылара, онно сыһыаннара көстөр. Кэрэни кинилэр өйдөөн көрүүлэрэ бу олох ыарахаттарын, очурдарын мындырдык ааһалларыгар көмөлөһөр дии саныыбын. Ыстапаан барахсан быстах санааҕа киирэн хаарыан дьоҕуруттан матан ылла дии. Онтон хайдах курдук санаата самныбытын сытыытык көрдөрбүт режиссёр. Доҕордуу буолуу, дьон туһугар кыһамньы, мындыр өй, истиҥ сыһыан, оҕолуу үөрүү көстөр бу киинэҕэ. Үөрбүтүм диэн, оҕолорбут сөбүлээн көрдүлэр, киинэ ис санаатын өйдөөтүлэр.

Маннык оҕоттон эмэнигэр тиийэ сүрэх кылын таарыйар киинэ иһин режиссёр Любовь Борисоваҕа, устар бөлөххө улахан махталбын этэбин. Бастакы «Мин үрдүбэр күн киирбэт» киинэтин эмиэ чугастык ылынан көрбүппүт. Сытыы, сырдык киинэлэр тахса турдуннар, сахабыт киинэтэ сайдан истин!

Ангелина КУЗЬМИНА,
тыл билимин хандьыдаата.