Үтүө киһи аата үс үйэ тухары умнуллубат.
өс хоһооно.
Биһиги биир дойдулаахпыт «Кыым» хаһыат бастакы эрэдээктэрэ, сахалартан үрдүк техническэй үөрэхтээх аан бастакы инженер-механик Михаил Иннокентьевич Попов туһунан эһиэхэ сырдатыам этэ.
Билигин тоҕус томтор толору дьэдьэнинэн, бөдөҥ соболоох күөлүнэн улууска биллэр Илимниир нэһилиэгэр Поповтар диэн сэниэ ыаллар олорбуттар. Ыал аҕата Попов Иннокентий Егорович-Лэкиэһэ, эдэр сааһыгар тайҕаҕа (урут Бодойбо бириискэтин ааттыыллар эбит) кэлэр-барар эбит. Элбэх оҕолордоох, аймахтардаах, ньир-бааччы олорбут улуус ытыктанар киһитэ эбитэ үһү. Лэкиэһэ бииргэ төрөөбүт убайа Попов Илья Егорович-Ылдьаа аҕабыыт Дьокуускай куоракка духовнай сэминээрийэни бүтэрбит. 1914 сыллаахха «В долине скорби» («Кутурҕан хочото») диэн тыа сирин сахаларын эрэйдээх олохторо итэҕэтиилээхтик көрдөрүллэр, ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт кинигэ ааптара.
Лэкиэһэ улахан уола Попов Михаил Иннокентьевич (Лэкиэс үстэ кэргэннэммититтэн) иккис кэргэниттэн Савинова-Попова Екатерина Николаевнаттан 1890 сыл сэтинньи ый 16 күнүгэр Сунтаар улууһугар күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ эрдэ 25 эрэ сааһыгар оҕолоноору өлөн, Михаил кыратыттан бэрт эрэйдээх олоҕо саҕаламмыта. Уон саастааҕар дьиэтиттэн тэйиччи Элгээйи оскуолатыгар пансиоҥҥа олорон үөрэммитэ. Үөрэххэ ураты дьоҕурдаах буолан, Элгээйи оскуолатын биэс сыл иһинэн ситиһиилээхтик бүтэрбит. Дьокуускай куоракка баран духовнай семинарияҕа үөрэммит.
Семинарияны 1912 сылга бүтэрээт, атырдьах ыйыттан 1919 сыл балаҕан ыйыгар диэри Саха сиригэр начальнай оскуола учууталынан үлэлээн сырдыгы, билиини тарҕатыспыта, ол иһигэр дойдутугар «Кубалаах», «Нуучча сурда» (билиннитэ “Бириистэн”) оскуолаларыгар кэлэн учууталлыыр. Михаил Иннокентьевич маҥнайгы народнай учууталлартан биирдэстэринэн буолар.
Ол кэмҥэ саҥа олох күүрээннээх долгуна балысхан этэ. Сайдыылаах, эдэр, эрчимнээх Михаил Попов Дьокуускайга баран үлэлээтэҕинэ табыллыах курдуга. Үлэлиэх, үүнүөх баҕалаах эдэр киһи элбэх доҕоттордоммута. Сана былаас эрэллээх байыаһын быһыытынан ханна ананар, итэҕэйэн талыллар үлэлэригэр үтүө суобастаахтык, күүһүн харыстаабакка үлэлээн иһэр. Ол курдук сылларынан көрдөххө маннык:
— 1912 с. Дьокуускайдааҕы духовнай сэминээрийэни үөрэнэн бүтэрэр, үөһэ этиллибитин курдук, «Кубалаахха», «Нуучча сурдугар» уонна да атын улуустарга 9 сыл устата учууталлыыр.
— 1920 сылтан Күбүөрүнэтээҕи силиэстийэ хамыһыйатын чилиэнинэн, «Холбос» промышленнай салаатын сэбиэдиссэйинэн, Саха АССР госпланын бэрэссэдээтэлинэн 1925 сылга диэри үлэлиир.
— 1930 сыллаахха Томскай куоракка Сибиирдээҕи технологическай институту бүтэрэн инженер-механик аатын ылар.
— 1938 сылга диэри норуот хаһаайыстыбатын киин сэбиэтин производственнай-техническэй сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн, кылаабынай инженеринэн, Саха АССР коммунальнай хаһаайыстыбатын наркомун солбуйааччынан, нарком иһинээҕи научнай-техническэй сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир.
— 1923 сыллаахха «Кыым» («Искра») хаһыаты төрүттэспит дьоннортон биирдэстэрэ. «Кыым» хаһыат бастакы эрэдээктэрэ.
— 1938 сыллаахха Михаил Иннокентьевич үтүө аата олоҕо суох киртитиллибитэ, Дьокуускай куорат Октябрьскай уулуссатын чурканан тэлгэттэрбитигэр «буруйданан» сиэртибэ буолар.
Михаил Иннокентьевич үтүө аата олоҕо суох буруйдаммыта 18 сыл буолтун кэннэ, 1956 сыллаахха чөлүгэр түһэриллэр.
Эрэдээктэр быһыытынан
1923 сыл сэтинньи 15 күнүттэн «Манчаары» (13-тэ тахсыбытын кэннэ) оннугар «Кыым» диэн киэҥ маассаҕа ананар хаһыат тахсыбыта. Ол туһунан: «Вопрос об издании газеты на якутском языке президиум Якутского обкома РКП (б)» рассмотрел 3 октября 1923 года, поручив С.М.Аржакову и И.Н. Винокурову внести в правительство конкретные предложения. «Инициативная группа НКВД и НКП» в составе народных комиссаров ЯАССР: внутренних дел С.М.Аржакова, народного просвещения И.Н.Винокурова и гражданина М.И.Попова обсудила 10 октября 1923 года вопрос об издании ЯЦИК и обкомом РКП официальной газеты на якутском языке. Через пять дней президиум ЯЦИК-а обсудил вопрос «Об издании еженедельной газеты на якутском языке «Кыым» («Искра»), ходатайство НКВД и НКПрос за № 2334. Президиум принял решение:
(…) б) образовать редакционную коллегию в составе т. Барахова Исидора, Винокурова И.Н. и Попова М.И.
(…) «Первый номер газеты «Кыым» вышел 15 ноября 1923 года тиражом 1000 экземпляров. Первоначально она не формировалась как крестьянская, но учитывался низкий уровень грамотности населения якутских улусов»
Ол аата, тэрийэр үс киһилээх бөлөх алтынньы 10 күнүнээҕи уурааҕар «Кыым» саха хараҥа массатын бүтуннүүтүн сырдатар үөрэҕирии уонна культура кэнэҕэски кутаатын көрдөрөр символ аат» диэн быһааран суруллар.
«Кыым» дьиҥнээх норуот хаһыатын эрэдээктэринэн Михаил Иннокентьевич Попов буолбутунан киэн туттуох эрэ тустаахпыт.
Олоҕун тиһэх күннэрэ – хара балыыр
1930-32 сылларга Саха АССР Совнаркомун техническэй сиэктэргэ кылаабынай инженеринэн таһаарыылаахтык үлэлиир. 1933 сыл олунньу ыйыттан 1934 сыл муус устар ыйыгар дылы Саха АССР коммунальнай хаһаайыстыбатын наркомун солбуйааччынан, кэлин Саха АССР Совнаркомун иһинээҕи научнай-техническэй сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордоҕуна, репрессия хара балыыра бүрүүкээбитэ.
1938 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр личноска сүгүрүйүү кэмигэр олоҕо суох буруйдаммыта. Саха АССР Үрдүкү суутун председэтелэ Г.Е.Коврижных, суут сэтээтэллэрэ – батальон комиссара С.И.Щекочихин, Дьокуускайдааҕы горком ВКП(б) оргинструктордарын сэбиэдиссэйэ Ф.И.Сергшеев састааптаах суут иннигэр Саха сирин 25 чулуу дьоно сууттаммыта. Сууттанааччылар ортолоругар:
- Певзняк П.М. – Саха уобалаһынааҕы партийнай кэмитиэт бастакы сэкиритээрэ.
- Габышев – Саха ЦИК бэрэссэдээтэлэ.
- Аржаков Семен Максимович – Саха сирин норуодунай комиссардарын бэрэссэдээтэлэ.
- Байкалов К.К. – Дьокуускай куорат байыаннай трибуналарын бэрэссэдээтэлэ.
- Попов Михаил Иннокентьевич – Саха АССР Наркомун олохтоох промышленноһын инженерэ уо.д.а.
Саха сирин научнай-техническэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмигэр Дьокуускай куорат судаарыстыбаннай тыйаатырын, водопровод уонна суол тутуутун куорҕаллыыр үлэлэрин бырайыагын бигэргэппит диэн ыарахан буруй сүктэриллибит уонна РСФСР ХК 58-1 «а», 58-2, 58-7, 58-8 ыстатыйаларынан буруйданан 8 сыл көҥүлүн быһарга бириигэбэрдэммит.
М.И. Попов төлөннөөх сүрэҕэ Эһэ Хайа үлэнэн көннөрөр лааҕырыгар 1943 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр тэппэт буолбута. Саха сирин, Сунтаар улууһун биир талааннаах чаҕылхай уолун олоҕо итинник сарбыллыбыта.
Михаил Иннокентьевич үтүө аата буруйдаммыта 18 сыл буолбутун кэннэ, 1956 сыл от ыйын 10 күнүгэр чөлүгэр түһэриллибитэ.
Уолларын туһунан аймахтара, дьоно-сэргэтэ эрэ умнубатахтара. Бииргэ төрөөбүттэриттэн Василий Иннокентьевич – Баанча оҕолоро, сиэннэрэ Сунтаарга элбэхтэр. Николай ааспыт үйэ 20-с сылларыгар Хаҥалас улууһугар биэлсэринэн үлэлээбит. Егор капитан званиелаах Халкин-Голга сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Аҕатыгар кобуратын уонна фуражкатын ыыппыттар. Егор суруйааччы Николай Якутскайдыын байыаннай гимнастеркалаах курсант форматын кэтэн олорор хаартыскалара баар. Пантелеймон байыаннай таҥастаах, буденновкалаах олорор. Алдантан сэриигэ баран баран эргиллибэтэх. Екатерина Бүлүү куоратыгар олорбут.
М.И.Попов сууттаныан иннинэ биир сайын Илимниир Кырамдатыгар босхоҥ буолбут кэргэнин борокуотунан бүөбэйдээн аҕалан дойдутун, дьонун-сэргэтин көрдөрбүт эбит. Ол саҕанааҕы суол-иис мөлтөҕөр хорсун санаа эбит.
Саха сиригэр саҥа олох сайдыытыгар күүһүн харыстаабакка үлэ үөһүгэр үлэлээбит, кырыымчык, кыһалҕалаах кэмҥэ саҥа идэ ылан, үрдүк үөрэххэ үөрэнэн сэдэх идэни баһылаабыт, үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо үйэтитиллиэхтээх. Төрөөбүт Илимниирин сирин дьоно-сэргэтэ Саха саарына киһибитин Михаил Иннокентьебыһы ытыктыах, кини аатын үйэтитиэх тустаахпыт.
Биир дойдулаахпыт Сунтаар улууһун чулуу уола Михил Попов баара – суоҕа 48 эрэ сааһыгар бу орто дойдуттан хомолтолоохтук барбыта олус курус. Арай кини политическай репрессия ыар тыыныгар хабыллыбатаҕа буоллар, төһөлөөх үтүө дьыаланы, саха норуотугар ааҕан сиппэт өҥөнү оноруо, түҥкэтэх саханы үөрэхтииргэ күүскэ үлэлээбит буолуо этэ дии саныыбын. Михаил Иннокентьевич бэйэбит сахабыт тылын таһынан аҥардас 6 араас омук тылын (английскайдыы, французтуу, татардыы, башкирдыы, казахтыы, нууччалыы) билэрэ сөхтөрөр. Мантан да көрдөххө, саха норуотун сырдыкка, үрдүккэ тардыа этэ.
Сунтаар улууһун Илимниир нэһилиэгин олохтооҕо,
Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһтн оскуолатын
саха тылын, литературатын уонна ССНК учуутала
Анна Яковлева