Саха мифологията дириҥ силистээх. Норуот айымньытыгар баар түҥ былыргы бэлиэ тыллары (мифологические символы), былыргылара бэрт буоланнар, быһаарар уустуктардаах. Хас биирдии итинник тыл бэйэтэ туһунан сэһэн буоллаҕа. Онуоха итэҕэли, норуот олоҕун, төрөөбүт тылы дириҥник үөрэтэр эрэйиллэр. Онуоха эбии билигин тылы билиибит быста мөлтөөбүт кэмигэр ийэ тылы үөрэтэр, ыччакка тиэрдэр үлэ улахан суолталаах. Ил Дархан гыраанын өйөбүлүнэн үлэлээбит «Өбүгэ ыллыгынан» бырайыак иитинэн саха тылынан ааҕыыны көҕүлээһиҥҥэ, фольклорбутун, култуурабытын, үгэспитин уонна төрүт дьарыкпытын билиини сайыннарыыга, сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ хайа эмэ кылааты киллэрдэр диэн санааттан «Үөрэнээччи ыарырҕатар тылларыгар уонна мифология өйдөбүллэригэр ойуулаах тылдьыт: оскуолаҕа ааҕыллар айымньыларынан” диэн тылдьыты таһаардыбыт. Онуоха төрөөбүт тылбыт сайдыытын дириҥник өйүүр ытык салайааччыбытыгар, Ил Дархаммытыгар, Айсен Сергеевич Николаевка ис сүрэхпититтэн барҕа махталбытын тириэрдэбит! Тылдьыты оҥорууга устуоруйа билимин дуоктара Е.Н. Романова, тыл билимин хандьыдаата А.А.Кузьмина, саха тылын учууталлара Г.Н. Шишигина, Т.Е. Слободчикова үлэлэстилэр.
Баҕа
Ап-хомуһун бэлиэтэ. «Баҕа санаа» диэн өйдөбүл былыргы мифологическай көрүүттэн кэлбит. Бары чугастааҕы баҕалары бэйэтигэр тардар күүстээх икки бастаах баҕа баар буолар эбит. Былыргы сахалар маннык баҕа уҥуоҕа аптаах, кини көмөтүнэн ханнык баҕарар киһини бэйэҕэ тардар, абылыыр күүстэниэххэ сөп диэн саныыллара [Попов, 1949, с. 284]. Сомоҕо домоххо, тыл ситимигэр ити итэҕэл уларыйбат өйдөбүл буолан маннык үйэтитиллибит: «аптаах баҕа курдук субуһар» — подобно заговоренной лягушке следует по пятам; «баҕа санаа» — мечта. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Аан Аргыл диэн хара ойуун аата Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо тиийэ иһиллибит. Онуоха айааччы ойуунтан туох көмөтүнэн эмтиирин ыйыппытыгар, ойуун «бэйэм күүспүнэн» диэн хоруйдаабыт. Үрүҥ Айыы Тойон кыыһырбыт уонна кинини уматарга сорудахтаабыт. Ойуун этэ үөҥҥэ уонна баҕаҕа кубулуйбутуттан биир баҕа куотан хаалбыт. Ол баҕаттан улуу ойууннары уонна удаҕаннары үөскэтэр иччилэр баар буолбуттар [«Народ саха», 2003, с. 86]. Үһүйээҥҥэ маннык кэпсэнэр: «Икки эбэтэр үс бастаах баҕаны тутан аҕалан кымырдаҕас уйатыгар уган биэрэн баран, баҕа өлөр хаһыытын истимээри, куоталлар. Хаһыыны иһиттэххэ — тугу да истибэт таас дьүлэй буолаллар үһү. Хойут, хас да хонон баран, кымырдаҕастар сиэн бүтэрдэхтэрэ буолуо диэтэхтэринэ, кэлэн уҥуоҕун көрдөөн булан, тордуохтаах уонна атырдьах курдук салаалаах уҥуоҕу булан ылан, илдьэ сылдьаллар. Итинник уҥуоҕу тордуохтаах өттүнэн тардан ыллахтарына, сөбүлээбит дьахтардара абыланан батыһа сылдьар, баай-дуол иҥэ сылдьар буолар. Оттон салаалаах өттүнэн антах анньан кэбистэххинэ, дьахтар арахсар, баай баранар. Итини дьоллоох эрэ уол оҕо үрэх бастарыттан булан, ким да билбэтинэн, бэрт кистэлэҥинэн илдьэ сылдьар» [Алексеев, 2004, с. 81]. Бүлүү сахаларын өйдөбүллэринэн, 43 хара ойууннар аллараа дойду абааһыларын кытта ситимнээхтэр.
Чөкчөҥө
Куһаҕан тыынтан харыстыыр ойуун көтөрө. Чөкчөҥө төбөтүн, тумсугар атаҕын кыбытан баран, өһүөҕэ ыйааннар, дьайтан харыстаналлар. Кыыс оҕо чөкчөҥөҕө кубулуйбут үһүйээнэ баар. Хат дьахтар чөкчөҥө этин сиэбэт — бу көтөр курдук былдьыры саҥалаах оҕо төрүөн сөп. 50 Ойуун кыырарыгар үөрэ-сүүрүгэ бу курдук ахтыллар: «Аҥаар өттүбэр этэр кэҕэ, аҥаар өттүбэр чокуйар тойон чөкчөҥө доҕордоох, олордоҕум эни! Күүстээх үөрдэргэ куйах таҥаһым, дабыдал тимирим, бөҕөхтөөх бэгэччэгим дьолуота буолар буоллун!» [Попов, 2008, с. 323–324]. Ойуун салгын кута тоҕус көҥдөйдөөх баараҕай тиит хайаҕаһыгар чөкчөҥө оҕото буолан, туохха анаммытыттан көрөн, бииртэн тоҕус сылга диэри иитиллэр. Таҥаһыгар хаҥас санныгар эбэтэр ойоҕоһугар чөкчөҥө киэбин быһан иҥиннэрэллэр. Чөкчөҥөнү, маһынан кыһан, уҥуоҕун үрдүгэр туруораллар. Бу көтөр ойуун кыырар кэмигэр кини кутун үөһээ дойдуга илдьэр дииллэр, ол да иһин көмүү сиэригэр туттуллар буолуон сөп. Чөкчөҥө атыннык былдьырыыт диэн эмиэ ааттанар.
Куоҕас
Сир айыллыытын кытта ситимнээх ытык көтөр. Хара куолахтаах куоҕаһы сахалар өһөхтөөх ойуун, кыһыл куолахтаах куоҕаһы айыы көтөрө дииллэрэ. Саха таабырыннарыгар куоҕас эриэн өҥүнэн таайтарыллар: «эт татат, эриэн оҕо (эриэн оhоҕос)» («ой-ой, какое пестрое дитя (пестрая кишка)»). Эриэнин көмөтүнэн куоҕас ууга да, салгыҥҥа да холкутук сылдьар. Хотугу сахалар уонна долганнар үһүйээннэригэр куоҕас тумсун төбөтүгэр ууттан сири (буору) ороон таһаарар сүдү кыаҕа ойууланар. Саха мифологиятыгар куоҕас аллараа дойдуну, ууну кытта ситимнээх өй- 53 дөбүллээх. Ойуун кыырыытыгар ураты суолталаах: «Кыбыр, кыбыр айаннаан, хабыр, хабыр сиэлэн истэҕим, эминэ тугуй! Таллан куоҕас буоламмын — хах!». Үөһээ дойдуга сүөһү кутун көтүтэр кэмҥэ сэргэ иннигэр анньыллыбыт үс ураҕастан биирдэригэр куоҕас мас эмэгэтин анньаллар. Ойуун таҥаһыгар тимиртэн куоҕас киэбин быһан тигэллэр. Ойуун ууга умсаахтаан аллараа дойдуга түһүүтүгэр, өлүү уутугар киирэн тахсыытыгар куоҕаска кубулуйар
Саһыл
Саха мифологиятыгар уоту уонна күнү кытта ситимнээх. Уруу сиэригэр-туомугар сүктэр кыыс уонна кини дьоно-сэргэтэ бэлэх ууна иликтэринэ, дьиэҕэ киирбэттэрэ. Ол курдук, аал уот иччитин кыһыл саһыл тириитинэн күндүлүүллэрэ. Саһыл уонна дьахтар биир суолталаахтара саха таабырыныгар көстөр: «Аан дойду үрдүнэн алтахтаан айанныыр алтан саһыл баар үһү» (оҕо үөскээһинэ). Бултаммыт үүһү/саһылы дьиэлэригэр ыҥыырга баайан илдьэллэрэ. Ол иһин сүктэр кыыс энньэтин тиэммит ата тэһииниттэн кэргэнин атын ыҥыырыгар иилиллэн тиийэр. Булду көрсүү эмиэ уруу сиэрин кытта тэҥ ис хоһоонноох. Булчут кэллэҕинэ, дьиэлээхтэр таһырдьа тахсан үүһү/саһылы таҥыннараллар. Сүктэр кыыс таҥнарын курдук дьахтар бэргэһэтин, сонун, үрүҥ көмүс түөс киэргэлин (илин кэбиһэри) кэтэрдэн, дьиэ уҥа мааны өттүнэн аал уокка чугаһаталлара. Урууга курдук бултуйуу үөрүүтүн малааһынныыллара. Фольклор айымньыларыгар дьахтар үүс төрүттээҕэ элбэхтэ кэпсэнэр. Саҥа төрөөбүт кыыс оҕону үүс тириитигэр сытыараллара. Онуоха оҕо атахтара үүс кэлиҥҥи атахтарыгар, илиилэрэ баппаҕайыгар, төбөтө баһыгар, хараҕын, айаҕын эмиэ сөп түбэһиннэрэн суулууллара. Оҕо төрүүр сиэригэр-туомугар — Айыыһыты атаарыыга — күлүү-салыы дьахтар хат буоларыгар диэн этиллэрэ. Булт-алт үгэһигэр күлүү-үөрүү дьахтар ийэ таҥара буоларын бэлиэтиир. Хапкааҥҥа кырынаас иҥнибит буоллаҕына, муннугар арыы-сүөгэй биһэбиһэ саһыгыраччы күлэллэрэ, ол кэннэ алгыс этэллэрэ. Оттон ыраахтан тайаҕы ытан таптахтарына, үөрбүттэрин биллэрэн, ыстаҥалыы-ойуоккалыы улаханнык күлэллэрэ. Сороҕор тайах өлүгүн миинэн күлэллэрэ-салаллара. Эр киһи күлүүтэ дьахтар хат буолуутугар холоноро. Онон булчут саһыгыраччы күлүүтэ бултуйуу өссө да кэлэ турарыгар суолталаах буолара. «Лэглээр оҕонньор ойон туран, чох тарда охсон, уокка арыы бытархайын, биир кымаах табаҕы бырахта. — Бардам тутуу, барылы кэскил, баай Барылаах, тойон эһэм! Араҕас илгэнэн айах тутабын, уохтаах табаҕынан омуркун ириэрэбин. Көй бараан уйабытын көрөн таҕыс, аал уоппутун, алаһа дьиэбитин анааран аас. Һа-һа! Һа-һа! Һа-һа! Һа-һа! — оҕонньор алларастыы күлбүтүнэн, балаҕан аанын тэлэччи аһан кэбистэ. Кыһыл саһылы, төбөтүн куобах бэргэһэнэн бүрүннэри тардан баран кыбыммытынан, Эрдэлиир Миитэрэй алларастыы күлэ-күлэ көтөн түстэ. Саһылы Сөдүөччүйэ илдьиркэй ньачыыккатынан бүрүннэри быраҕа охсоот, оҕонньор кэтэҕириин орон түгэҕэр анньан кэбистэ. Саһыл киирбит сирин билиэ суохтаах, биллэҕинэ аны бу дьиэ булчуттарын тумнар буолуоҕа. Кинини дьиэҕэ киирбитин кэннэ дьахтар таҥаһынан бүрүйүллүөхтээх. Байанай көрү-нары таптыыр. Ол иһин кинини үөрэн-көтөн, киэҥник-дэлэйдик туттан көрсөллөр. Кини быһый атахтаах кыыллары үүрэр-түрүйэр буолан, сүрдээх тиэтэллээхтик, омуннаахтык сылдьар. Кини барарын кытта булду хайдах баҕарар көрүөххэ-истиэххэ сөп».
Хотой
Саха ойуччу сүгүрүйэр көтөрө. Былыргы сахаларга хотой Айыы Тойону кытта ситимнээх. Мифтэргэ кэпсэнэринэн, куба, хотой, суор, кыырт өлөн эрэр дьоҥҥо өрүһүлтэ буолан уоту аҕалбыттар. Оҕоломмот дьахталлар хотой төрдүгэр — Хомпоруун Хотойго оҕо бэлэхтииригэр үҥэн-сүктэн көрдөһөллөр эбит. Ол кэнниттэн оҕо төрөөтөҕүнэ, хотой төрүттээх оҕо, хотойтон төрөөбүт дэнэрэ. Бүргэс ойуун «хотойтон туттарбыт ойууммун» (оннуктар олус күүстээх буолаллара) диирэ, иккис өттүнэн, маннык сурук баар: «Хотой ойуун буолуохтаах оҕо кутун сиэн баран, соҕуруулуу илин, үөһэ, сайыҥҥы күнүскү ынах саҕына күн турарыгар көтөр. Онно күн-ый үчүгэйдик чаҕылыччы көстүбэт хонноҕор толооҥҥо тиит уонна хатыҥ үүнэн туралларыгар тиийэр. Ити мастартан биирдэстэригэр хотой сымыыт баттаан таһааран, мас төрдүгэр турар тимир биһиккэ түһэрэр. Хатыҥ маска үөскээбит оҕо дьоллоох, “айыыттан туттарбыт 89 ойуун”, тиит маска үөскээбит дьоло суох, “абааһыттан эбэтэр үөртэн туттарбыт ойуун” дэнэллэр. Салгыы оҕо кута ийэ кыылга иитиллэр (ийэ кыыл — кыыл да, көтөр да буолуон сөп). Маннык быһаарыы сурулла сылдьар: хотой күҥкүйэтэ — ойууттар төрүөн иитиллэн тахсар сирдэрэ (хотой үөскүүр хайатын хаспаҕа ойууттар иитиллэн тахсар сирдэрэ). Саха номоҕор тиит — абааһы, хатыҥ — айыы уйалара. Хотой бэйэтэ айыыларга киирэр: Хомпоруун хотой айыы (Горбоносорел-творец). Сорохторго маннык ааттанар: Нэлбэй айыы Нэлэгэлдьин Сиэр Хотой айыыһыт. Тыл күүһэ манна айыы диэҥҥэ олоҕурар — айар». Мифологическай ырыаларга саас кэлиитэ, күн сылааһа, сырдыга хотой кэлиитин кытта ситимнээх. Үрүҥ Аар Тойонтон көрдөһүүгэ ойуун дүҥүрүгэр хотой куорсунун иилэллэрэ. Былыргы сахалар итэҕэллэригэр хотой — Айыы Тойон быстыспат сорҕото. Саха мифологиятыгар көстөрүнэн, хотой үс дойду маһын сибээстиир. Л. Я. Штернберг бэлиэтииринэн, ытык хатыҥҥа хотой ойууттары үөскэтэн таһаарар, кинилэр түспэт туруу маһы туруораллар. А. А. Попов матырыйаалларыгар «хотойу көмүү» ойуулааһына улахан интэриэһи үөскэтэр. Киһи олорор сириттэн чугас өлбүт хотойу буллахтарына, көмөллөр эбит. Көмүөхтэрин иннинэ ойуун эбэтэр кырдьаҕас оҕонньор кугас дьүһүннээх ньирэйи өлөрөн, сүрэҕин хостоон, хотой тумсугар ытыртарар. Ол кэнниттэн лаабыс оҥорон, туоһунан бүрүйэн баран, кирилиэстииллэр. Сиэр-туом оҥоһуллуутугар сэттэ-аҕыс саастаах кыыска (уһулуччу эрэ түгэҥҥэ уолга), мааны таҥаһы кэтэрдэн баран, хотойу туттаран, кирилиэһинэн лаабыска таһаараллар. Маныаха кыыс үөһэ тахсан көтөрү туоска ууран баран, от-мас лабаатынан бүрүйбүтүн кэннэ, ойуун эбэтэр кырдьаҕас оҕонньор хотой тумса сытыытын, тыҥыраҕа кытаанаҕын, көрөрө ырааҕын, көтөрө түргэнин хайҕаан туойар эбит. Ити кэнниттэн хотой уҥуоҕар чугаһаабаттар. Кирилиэс бу түгэҥҥэ үөһээ дойдуга тахсарга үктэли көрдөрөр. Ньирэйи сиэртибэлээһин Ийэ Сир ынах сүөһүлүүн ситимнээҕин көрдөрөр.
Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата.
Хаартыскаларга:
Симэхтээх саһыл. Ньурба түмэлин быыстапкатыттан.
А.А. Попов “Камлания шаманов” кинигэтиттэн
Ойуун көтөрдөрө. Ньурба түмэлин пуондата.