Тараҕай Болтоҥо номоххо да, сурукка да элбэхтик киирбит киһи. Номохторго, үһүйээннэргэ сүр тыйыс, суостаах-суодаллаах киһинэн кэпсэнэр. Нуучча суругар кини “Балтуга Тимиреев” диэн аатынан биллэр. 1675-1676 сс. хаһаактары утары сэриилэспитэ устуоруйаҕа “Восстание князца Балтуги Тимиреева” диэн аатынан киирбитэ. Биһиги бу суруйуубутугар номоххо уонна сурукка баарга тирэҕирэн сырдатыахпыт.

Тараҕай Болтоҥо баай киһи, Дьаархан буолаһын кинээһэ диэн ааттаах-суоллаах. Сылгытын үөрэ сүүстэн тахса төбөлөөх, отут биэс миинэр миҥэлээх, сүүсчэкэ сүөһүлээх эбит. Аҕа ууһун да аймаҕа оччолорго халыҥ – 70-80 сэрии сэбин тутар кыахтаах дьоннооҕо. Онон айа-дьаҕа сананан Сунтаарга Тойбохой илин өртүнэн, Аллаҥа сирин эргин олорбут.

1675 с. күһүнүгэр Болтоҥо дьоно киистии сылдьан нууччалары кытта иирсибиттэр. Ол түмүгэр икки өртүттэн дьон өлбүт. Ону истэннэр, Өлүөхүмэ остуруогуттан икки сулууспалаах хаһааҕы ыыталлар, кинилэргэ сахалар холбоһоллор. Ол кэлбиттэрин Болтоҥолоох Леонтей Лаврентьев диэн хаһаагы өлөрөллөр, биир хаһаагы уонна саханы бааһырдаллар. Кэлин доппуруоска Л. Лаврентьевы Болтоҥо инитэ Байҕа инилэрин иэстэһэн “тэллэх булунаары” (“за братей своих, которых побили промышленные люди, и постелю де под них добыл” ) өлөрбүтэ биллэр (1). “Тэллэх булунуу” диэн кыргыс кэминээҕи сиэр-туом: сэриилэһэ барбыт боотур булгуччу биир эмэ өстөөҕүн өлөрүөхтээх, оннук гыммакка өллөҕүнэ – Илбис Хаан кинини анараа дойдуга сордуура-муҥнуура үһү. Маннык туом камчадалларга, чукчаларга, дьүкээгирдэргэ эмиэ баара (2., с. 174-175).

Нуучча хаһаактара. Куйаар ситимиттэн

Аны манна өссө биир былыргы кыргыс сиэрэ-туома көстөр. Сахалар хаһаак Л. Лаврентьевы өлөрөн баран этин-сиинин сэймэктииллэр (3). Билиҥҥи киһи майгытынан бу сиэргэ баппат быһыы. Онтон былыргы омуктарга маны буолуохтааҕын курдук ылыналлара.

Ити быһылаан кэнниттэн аны Дьокуускайтан сүүрбэ сэттэ (сороххо сүүрбэ аҕыс, отут сэттэ) киһилээх хаһаактар этэрээттэрин ыыталлар. Кинилэргэ биэс уон үс саханы холбууллар. Айан кэмигэр этэрээккэ эбии дьоннор холбоһоллор (5). Холбоон сүүстэн тахса киһи буолбут бадахтаах. Маҥнай биэс төгүл дьону ыытан кэпсэтиннэрэ сатаабыттар. “Эйэлээх кэпсэтиигэ” Кытирей Бодоев (Кэтирэй Бөҕө?), Торкок Быркынин (Быркыҥаа уола Торбуох?), Ереней Бойдонов (Бойдон уола Өрөнөй?), Тюбей Булгудаков (Булгудах уола Түбэй?) о.д.а барыталыы сылдьыбыттар. Онно Болтоҥону ыраахтааҕыга бэринэригэр, дьаһаах төлүүрүгэр, уолаттарын аманаакка биэрэригэр тылларын тиэрдибиттэрин Болтоҥо нууччаларга бэринэри муоһун таһынан охсубут, онтон дьаһаахха диэн аҕыйах күндү түүлээҕи, аманаакка аймаҕын уолун кытта кыра уолун биэрбит. Болтоҥо этэр эбит – “нууччалар миэхэ кэлэр күннээх буоллахтарына бүтэһик оҕобор дылы киирсиэҕим” диэн. Уонна наар оҥостон, сэптээх-сэбиргэллээх дьонун кытта сылдьыбыт. Кини тоҥус дьонун сирдьиттэнэн «Кушканду» (Забайкальскай кыраайга баар Кюсть-Кемда күөл) күөлгэ күрээн көһөр санаалаах эбит (1).

Онон тыл тылга киирсибэккэлэр, Болтоҥону эккирэтэннэр Бүлүү өрүс хайа эрэ харгылаах сиригэр кыргыһыы буолар. Бу кыргыһыыга Болтоҥо инитэ Хааһах Маабыра ох саатынан тылбаасчыт Гришка Булдаков уонна Гришка Панов диэн дьону сыыһа-халты ытыалаан баран, кэргэнин атын кэннигэр мэҥэһиннэрэн куотан истэҕинэ, хаһаактар кэргэнин харбаан ылан илдьэ хаалбыттар. Манна өмүтүннэрэн саба түспүттэр быһыылаах, тоҕо диэтэххэ түөрт куйах былдьаммыт, маны тэҥэ биэс уон сылгыны уонна кырдьаҕастыын-оҕолуун уон биир киһини туппуттар. Онтон салгыы эккирэтэннэр Маабыраны (Мавра диэн суруйаллар), Болтоҥо уолун Айдаҥа Боотуру (Айна) уонна икки хамначчыттарын ситэ баттыыллар. Маабыра ох саатынан ытан истэҕинэ хаһыытаан тохтотоллор, бэриннэрэн илиитин кэлгийбиттэрин кэннэ хаһаак Стенка Лаврентьев, убайын Леонтей Лаврентьевы иэстэһэн буолуо, батаһынан Маабыраны сиһигэр халымырдык бааһырдыбыт. Онтон Айдаҥа салгыы куотар. Кинини эмиэ ситэннэр атын өлөрөллөр, хоҥхочоххо табан бааһырдаллар. Айдаҥа мас кэннигэр сөрүөстэр, бэрин диэн хаһыытаабыттарын буолуммат. Онуоха биир хаһаак маһы эргийэ кэлэн оҕунан сүрэҕин аттыгар түһэрэр. Онно эрэ Айдаҥа ох саатын, охторун ыһыктар, кэлэн тутан ылаллар. Бүтүннүү сэймэктэммит, тыына сыккырыы сылдьар киһини акка олордон кэлгийэллэр, онуоха эмиэ Стенка Лаврентьев ойутан кэлэн быһаҕынан кэйгэллээн тыынын быһан кэбиһэр.

Батас. Ем. Ярославскай аат. Саха түмэлин аан ситимиттэн.

Үс күнүнэн, кулун тутар 19-гар Болтоҥо Оенок (Өйөнөк?) диэн уолун туталлар. Кини маҥнай батаһын ылан утарылаһаары гынан баран бэринэр.

Сарсыныгар аны Болтоҥону ситэллэр. Хаһаактары утары Болтоҥо инитэ Байҕа киирэр. Бэрин диэн хаһыытаабыттарын истибэккэ ох саанан ытыалыыр. Байҕаны саанан ытыалыыллар, атын өлөрөллөр, үҥүүнэн анньан бааһырдан баран билиэн туталлар. Салгыы Болтоҥону эккирэтэллэр. Болтоҥо хаһаактары кытта ытыалаһарыгар икки атаҕар бааһырар, кинини эмиэ туталлар. Төннөн иһэннэр кэлгиллэ сытар Байҕаны С. Лаврентьев тыынын быһар (1).

Ити курдук Болтуҥаны, Маабыраны, Өйөнөгү уонна өрө туруу атын кыттыылаахтарын Дьокуускай остуруогар илдьэллэр. Манна кинилэри суостаах-суодаллаах бойобуода Андрей Барнешлев доппуруостаан сор хааннарын сордуур, таһыйтарар (5).

Манна даҕатан эттэххэ, хаһаак Стенка Лаврентьевы, билиэн ылыллыбыт сахалары суута-сокуона суох өлөртөөбүтүн иһин, эмиэ накаастаан таһыйаллар («Стенку бить кнутом на козле за то, что он Стенка, будучи в посылке по изменников, изменников Байгу да Айгу, поиманых и связаных, без государева указу, самоволством, убил до смерти»). Уонна инникитин маннык быһыыны хатылаабатын курдук кытаанахтык дьарыйаллар (1). Онон бу кэмҥэ судаарыстыба накаастыыр сокуоннарын тиһилигэ бигэтик олохтоммутун көрөбүт.

Ити үлүгэрдээх доппуруос кэмигэр даҕаны Болтуҥалаах сүгүн буолбаттар. Биир күн түүрмэ тимир эрэһээҥкитин токурутан, түннүгүнэн тахсан («отомкнув железа, выбравшись иҙ тюремной избы окном»), аан күлүүһүн алдьатан күрүүллэр. Ону наһаа өр гыммакка тутаттаабыттар (7., с.301-302). Онтон үһүйээҥҥэ Болтоҥолоох күрээн дойдуларыгар кэлбиттэр диэн сэһэннэнэр. Ону күһүнүгэр кинилэри кытта кэпсэтэ, дьаһаах төлүүллэрин модьуйа Тыгын сиэнэ Хара Бытык Маһары кэлэр. Ол кэлэн Тараҕай Болтоҥо Чомоҕор диэн кыыһын бэйэтин уолугар кэргэн ылыах буолан кэпсэтэр. Тараҕайдар үөрүүнэн сөбүлэһэллэр. Нөҥүө сайыныгар Маһары аҕыйах хаһаактаах уонна бөҕөс-быһый дьонноох кэлэр уонна «уолум өлөн хаалла, онон бу кыыһы миэхэ биэриҥ, мин да ыал олоҕун олорор кыахтаах киһибин» диэн Чомоҕору ойох ылар. Онон, үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Маһары Тараҕайдары кытта аймахтаһан, кинилэри салгыы сууттуулларыттан быыһаабыта үһү (6., с.42-46).

Бөдьөкө уола Маһары. Куйаар ситимиттэн

Кырдьык ити оруннаах. Архивист Н.С. Степанова саҥа тахсыбыт «История вилюйских якутов (17-нач.18 вв.). Бордонские якуты» кинигэтигэр «Из челобитной Мазары Бозекова государю царю о помиловании Болтуна Темиреева с сыновьями» диэн урут ханна да тахса илик 1677 сыллааҕы докумуону киллэрбит. Онно Маһары хаһаагы Байҕа өлөрбүтүн, Болтоҥо нууччаларга эрдэ барыах буолбутун, дьаһаах төлүү сылдьыбытын уонна хаһаактар кинилэртэн аҕыс уон аттарын, сүүс биэлэрин, икки сүүс ынах сүөһүлэрин, маны таһынан алтан олгуйдарын, таҥастарын-саптарын талаабыттарын ыйар (4., 177-178).

Онон бу дьыала түмүктэнэр. Болтоҥолоох дьоллоругар кими даҕаны өлөрөргө уураахтаабаттар.

Бу өрө туруу дьаһаах баттабылын утары этэ диэн устуоруктар суруйаллар. Ити кэмҥэ киис даҕаны улам аҕыйаан барар, ол иһин олус киэҥ сиринэн тайаан киистии аттаналлара. Онон тыҥааһыннаах кэмҥэ күрэстэһии үөскээн, нуучча киисчиттэрин кытта иирсэллэр. Салгыы бу иирсээн төрдүн быһаарса кэлбит Леонтей Лаврентьев эмиэ бэрт хабырдык туттубут, Болтоҥолоохтон сылгыларын былдьаабыт, сорох дьонтон кэтэ сылдьар биһилэхтэрин, симэхтэрин талаабыт (1). Маны, биллэн турар, көҥүл, туруору майгылаах дьон Болтоҥолоох сөбүлээбэккэлэр, иэстэһэн даҕаны хаһааҕы дьакыйаллар.

Тараҕай Болтоҥолооҕу сууттаан баран босхолуулларыгар маннык диэн уураахтыыллар: бэйэлэрин төрүт сирдэригэр Хаҥаласка («на Кангаласском лугу») олороллоругар, Байҕа уонна Айдаҥа оннуларыгар эмиэ дьаһаах төлүүллэригэр, нуучча киисчиттэрин уонна сулууспалаахтарын кытта иирсэн бүтэллэригэр.

Ол да буоллар кэлин үҥсүү киирэр: Болтоҥо, Маабыра уонна Өйөнөк Бүлүүгэ төннөн барбыттарын, онно тиийэн чугастааҕы сахалары баттаан-атаҕастаан олороллорун, Байҕа уонна Айдаҥа оннугар дьаһааҕы төлөөбөккө сылдьалларын туһунан (1).

Салгыы Болтоҥо хайдах-туох дьылҕаламмыта биллибэт. Кини Дьаархан буолаһын дьаһаах төлөөччүлэр испииһэктэригэр 1704 с. дылы баара көстөр (4., с. 8).

Тараҕайдар олорбут сирдэригэр-уоттарыгар кинилэр ааттара хаалбыта, Тараҕай уонна Айдаҥа аҕатын уустара диэн баара уонна Кибир диэн кыыстарыттан элбэх ыччат тарҕаммыта.

Борисов Б.Б.

Тирэх литература:

1) Акты, относящиеся до ясачного Якута Балтуги Тимиреева и его действий против царских служилых людей. http://docs.historyrussia.org/ru/nodes/346722-1676-locale-nil-1679-noyabrya-30-akty-otnosyaschiesya-do-yasachnogo-yakuta-baltugi-timireeva-i-ego-deystviy-protiv-tsarskih-sluzhilyh-lyudey
2) Васильев Ф.Ф. Военное дело якутов. Якутск: Бичик, 1995.
3) Петров Д.М. Вооруженные конфликты и культура войны у якутов в позднем средневековье.
https://cyberleninka.ru/article/n/vooruzhennye-konflikty-i-kultura-voyny-u-yakutov-v-pozdnem-srednevekovie
4) Степанова Н.С. История вилюйских якутов (17-нач.18 вв.). Выпуск 1. Бордонские якуты. — Якутск: Издатель Н.Э. Игнатьева, 2023.
5) Ушницкий В.В. Стычка Балтуги Тимиреева с казаками на Вилюе в 1675 г. http://ostrog.ucoz.ru/publ/u/ushnickij_v_v/stychka_baltugi_timireeva_s_kazakami_na_viljue_v_1675_g/128-1-0-273
6) Федоров Г.Е. Сэргэ төрдүгэр сэһэн.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1991.
7) Якутия в 17 веке. Очерки. — Якутск, 1953.