Былыр сахаларга саҥа билсэр, бодоруһар киһилэрин «кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» диэн төрдү-ууһу билгэлиир үтүө үгэс баара. Билиҥҥи кэмҥэ саха норуота хантан тардыылаах, туох силистээх-мутуктаах норуот буоларын билэр-көрөр баҕата күүһүрэн иһэр. Үгүс үөрэхтээхтэр саҥаттан саҥа санаалары, сэргэх этиилэри, сонун чинчийиилэри оҥороллор. Оттон биһиги, саҥа үүнэр көлүөнэ ыччат, төрүппүтүн-ууспутун төрүччүнү билииттэн, өбүгэ дьону үөрэтииттэн саҕалыыбыт.

Мин дойдум – тоҥ биис дойдута

Бүлүү улууһугар баар Кыргыдай нэһилиэгэ киэҥ иэннээх, аата-ахсаана биллибэт, уҥуоргута көстүбэт, күннүгүнэн усталаах, көһүнэн туоралаах күтүр улахан күөллэрдээх, маска биллэр балыктаах, баһаам элбэх эбэлэрдээх, булт-алт тоҕуоруйар бултаах-алтаах сирдэрдээх, көтөр эгэлгэтэ саарар күтүр үгүс күөллэрдээх, кэрэ айылҕалаах дойду.

Үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн маннык бэйэлээх мааны-мандар дойдуга түөрэх кэбиһэн, төлкө олордон дьон-сэргэ олохсуйбут-олоҕурбут буолуохтаах.

Кыргыдай олох былыргыта тоҥус, тумат дойдута эбит. Ити былыргы үһүйээннэртэн да, үөрэхтээхтэр этиилэриттэн да көстөр. Сирдэрин ааттарын өйдөөн көрдөххө, үксүлэригэр тоҥус-мондьуур тылларын сыһыарыылара бааллар: Сылапчаан, Муосчугудьаан, Чабыҥда, Кубалыҥда, Арбаҥда, Кыбыгыдьаан уонна да атыттар.

Холобур,ҥда – туохтааҕын көрдөрөр суолталаах, сахалыы -лаах сыһыарыы курдук.

Чабыҥдачап (таас) диэн тылтан таастаах диэн. Кырдьык, Чабыҥда таалатыгар өрүс тааһа элбэх. Кубалыҥдакубалаах.

Кыргыдай былыргыта тоҥус сирэ буоларын биир туоһута, кэрэһитэ ити баар.

Саха сирин атын сирдэрин курдук үгүс үһүйээннэрдээх, куйах кэтэр дуулаҕа хоһууннардаах, ат бөҕө, кус быһый дьоннордоох, улуу олоҥхоһуттардаах, хомуһуннаах ойууттардаах, кэпсээҥҥэ киирбит эгэлгэ дьиктилэрдээх.

Итилэртэн «Үҥкээбил Хоhуун» диэн үһүйээни 1939 сыллаахха Кыргыдай нэhилиэгин киhитэ П.Иванов тылыттан А.А.Саввин суруйбута «Исторические предания и рассказы якутов» диэн кинигэ I чааһыгар бэчээттэммитэ. «Чэкэрэ Хоhуун» диэн үһүйээни 1944 сыллаахха Хаҕын нэһилиэгин киһитэ Д. Лукин тылыттан Д.П.Афанасьев суруйбута эмиэ ити кинигэҕэ  бэчээттэммит. Кыргыдайга өссө Чабычахаан Хоһуун, Түөрэчээн Хоһуун, Булгумар Хоһуун тустарынан үһүйээннэр элбэхтэр.

Кыргыс үйэтинээҕи хоһууттар тустарынан үһүйээннэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубакка уос номоҕо буолбуттар. Өлөөн, Булуҥ, Бүлүү улуустарыгар эрэ хоһууттар тустарынан үһүйээннэр бааллар эбит. Хоһууттар – тоҥ биистэр суон дурдалара, халыҥ хаххалара диэн өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, ити ааттаммыт хоһууттар Кыргыдай дьонун, Мастаах сахаларын күөн туттар боотур дьонноро эбит.

Ити тоҥ биистэрин суон дурдалара диэҥҥэ тохтоотоххо, ити өйдөбүл соччо сөбө суох бадахтаах диэн сабаҕалаатым. Бу тыл монгуол тыллаахтартан силис тардар курдук эбит. Монголияҕа манчжурдар баһылаан олорор кэмнэриттэн саҕалаан дойдуну Хошуннарга араартыыллар эбит. Бу – дойду байыаннай суолталаах оройуоннара. Билигин да Ис Монголияҕа итинник арахсыы баар эбит.

Манна даҕатан этэр буоллахха, үөһэ ахтан ааспыт «Үҥкээбил Хоhуун» номоҕум, Чабычахаан, Түөрэчээн хоһууттар тустарынан номохтор Кыргыдай былыргытыгар ахтыллалларын таһынан, Хотугу улуустарга эмиэ бааллара, онно олохтоох сахалар төрүттэринэн ааҕыллаллара дьикти. Кэлэр өттүгэр чинчийэр үлэбэр итини эмиэ бэлиэтэнэбин.

Кыргыс кэминээҕи оноҕос дьөрбөтө

оноҕос

Кыргыдай турар күөлүн Бэти хотугулуу-илин өттүгэр Эргичийэр диэн кыргыс дьону кытта сэрии буолбут ээйэ баар. Кинилэр ортолоругар уһулуччу сытыы киһи баар эбит. Ытыллыбыт оноҕоһу ыырааҕын быыһыгар кыбытан «лып» гыннаран ылар эбит. Бу киһи аата – Эргичийэр – кыргыс баатыра. Кини аатынан бу ээй «Эргичийэр» буолбут диэн кэпсииллэр.

Кыргыдай этнонимы быһаарыы

Кыргыдай топонимиката – син ханнык баҕарар сир-дойду топонимикатын курдук, бэйэтэ дириҥ устуоруйалаах музей. Төрдүн-төбөтүн быһаарарга элбэх чинчийиини, дириҥник хорутан үөрэтиини эрэйэр. «Кыргыдай» диэн аат хантан, хаһан, хайдах үөскээбитин тыл үөрэхтээхтэрэ научнай үлэлэргэ, норуот үһүйээннэригэр олоҕуран быһаарбыттарын, а.э. сабаҕалаабыттарын билиһиннэрэбин.

Кыргыс дьоно, кыргыс бииһэ

М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ ырытыытын аҕалабын. С.И.Боло-Сэһэн Боло 1937 сыллаахха 52 саастаах Д.Н.Никифоров тылыттан «Кыргыс бииһэ» үһүйээни суруйбут. Онно этиллэринэн, Омоҕой Баай, Эллэй Боотур олоро сылдьыбыт үйэлэригэр соҕурууттан сылгы-ынах сүөһүлээх кыргыс бииһэ кэлбитин туһунан этиллэр. Итиннэ майгынныыр үһүйээни В.Ф.Трощанскай суруйбуттаах. Оттон Н.А.Аристов кыргыдай этнонимы кыргыз сахалыы-бүрээттии көрүҥэ диэн быһаарбыттаах. Манна билиҥҥи баар киргизтэр этиллибэттэр, Енисей кыргызтарын туһунан этиллэр.

-тай, -дай — түүр да, монгуол да тылларыгар баар сыһыарыылар. Ордук монгуол тылларыгар. Дойду биллиилээх монголиһа М.Н.Орловская -тай сыһыарыыны монгуол тылларыгар барыларыгар кэриэтэ баар уонна быһаарар суолталаах ааттары киэҥник үөскэтэр диир.

-тай, -дай сыһыарыылар монгуолларга киһи аатын чаастатык үөскэтэллэрин туһунан бүрээт улахан учуонайа Ц.Б.Цыдендамбаев эмиэ суруйар. Оттон бүрээттэргэ -дай, -тай киһи аатын үөскэтэр биир киэҥник тарҕаммыт сыһыарыы, «уменьшительно-ласкательный суффикс» диир.

М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ кыргыдай диэн тылы быһаарарга ити сыһыарыы көстүүтүгэр олоҕурар. Кэбээйи улууһугар Бүлүүттэн тиийэн олохсуйбут Кыргыстаах аҕа ууһун туһунан номохтор бааллар диэн суруйар. Бу дьон бэйэлэрин кыргыс-сахаларбыт, Кыргыдай аҕа ууһабыт дэнэллэр эбит. Кинилэр Бүлүү Кыргыдайыттан ойдон тиийэн олохсуйбуттара саарбаҕа суох.

Кыргыдай диэн аат Саха сиригэр дэлэй эбит, тарҕаныытынан киэҥ сири хабар: Кэбээйигэ Кыргыдай Хайата, Кыргыдай күөллэр, Уус АлдаҥҥаМүрү күөлгэ Кыргыдай арыы, Ньурбаҕа Кыргыдай диэн сир, Эдьигээҥҥэ Кыргыдай үрэх. Итини таһынан Кыргыс диэн сирдэр ааттара эмиэ үгүс. Бүлүү улууһун III Күүлэт нэһилиэгэр Кыргыс күөлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү күөлүгэр Кыргыс тумула, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайыга Кыргыс өтөхтөрө онтон да атын Кыргыс диэн ааттар Саха сиригэр бааллар.

И.В.Константинов Енисей кыргыстара көһөн кэлбиттэрэ буолуо диэн суруйбут. Кыргыс сэриитэ, кыргыс үйэтэ – сэрииһит биис соҕурууттан кэлбитин бигэргэтэр пааматынньык тыллар. Кыргыстар – билигин биллэр киргизтэр буолбатахтар (топонимикаҕа киргизтии тыл суох), бу Енисей кыргызтара буолуон сөп. Элбэх сэрии кэлэн барбыт быһыылаах диэн сабаҕалааһын баар эбит.

«Кыргыс», «Кыргыдай» ити этиллибит тирэхтэртэн да көстөрүнэн олус чугас ситимнээх буолан таҕыстылар.

Кыргыдай түбэтин үһүйээннэрэ

Бургумар Хоһуун

Былыыр-былыр Кыргыдайга Бургумар Хоһуун диэн күүстээх-уохтаах, бэргэн ытааччы, кыргыс идэлээх киһи олоро сылдьыбыт. Сорохтор кэпсииллэринэн, Мастаах Эбэҕэ, Нэлчэкэҕэ, Ыарыкчааҥҥа олоро сылдьыбыт.

Бургумар дьиҥнээх саха киһитэ эбит. Хантан кэлбитэ, ханна төрөөбүтэ чуолкай биллибэт. Кэлэн олохсуйбут киһи буолуо диэн сэрэйэллэр.

Кини Ыарыкчаан диэн улахан күөл тумуһаҕар олоро сылдьыбыт өтөҕө баар. Оччотооҕу кэмҥэ маннык сири талан олохсуйуу, кыргыс кэмигэр тоҕоостоох буолуон сөп. Хантан эмит кыргыһа кэллэхтэринэ, тумуһахха киирэн ытыалаһарыгар, күөл билиититтэн уҥуор куотарыгар олус табыгастаах сир эбит. Күөл тумуһаҕын тумсугар олус баай салаалаах тиит турар. Итиннэ киирэн хорҕойуон, онтон ытыалаһыан сөптөөҕө. Былыргы Кыргыдай төрүттэрэ итинник сири талан олохсуйаллар эбит. Ол иһин «Кыргыдай тумуһаҕа», «Кыргыдай тумса» диэн сирдэр Төҥүлүнэн, Кэбээйинэн араас күөллэргэ мэҥэ ааттар бааллар.

Бургумар хоһуун кырдьан баран, ити өтөҕөр олордоҕуна, хас да айан дьоно таарыйбыттар. Аһаан-сиэн, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, кэлии дьоннор эппиттэр: «Дьэ, Бургумар хоһуун, олус бэргэнник ытар үһү диэн истэбит, биһиэхэ көрдөрүөҥ дуо?» – диэн көрдөспүттэр. Ону аккаастамматах. Ох саатын ылан тумуһахха турар улахан сатанах маһын аттыгар тиийбит уонна эппит: «Ол атах уҥуоргу өттүгэр эһэ барааҕа олорор, ону ытан көрүөм, уонна ох саатын ылан ытар. – Баран көрүҥ, моонньун ортотунан көрөн ыттым, киниттэн тэйиччи уонча хаамыылаах сиргэ иккис бараах олорорун холбоон ыттым, баҕар табыллыбыта буолуо, көрөөрүҥ», – диэбит.

Ону баран көрбүттэрэ: эппитин курдук икки барааҕы тиһэ ытан кэбиспит эбит. (Бу Ыарыкчаан атаҕа уҥуоргу 400-чэ метрдээх сир, оччотооҕута, баҕар, өссө киэҥ сир эбитэ буолуо). Итини көрөн баран, айан дьоно сүрүн диэн сөхпүттэр. Бу олорбут өтөҕөр илиис тимиргэ «Бургумар Бөҕө өтөҕө» диэн нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Лукинов И.Н., Чыбыков С.А. ыйаабыт бэлиэлэрэ билигин да маска турар.

Бургумар туһунан өссө маннык үһүйээн баар

Биһигиттэн чугас Хаҕын нэһилиэгэ баар. Онно эмиэ олохтоохтор киэн туттар киһилэрэ, халыҥ хаххалара, суон дурдалара Хаҕын Хоһууна диэн киһи олоро сылдьыбыт.

Бургумар Хоһууҥҥа Хаҕын Хоһууна илдьиттиир: «Бургумар Хоһуун, кэлэн көмөлөс, кыргыс дьоно сэттэ киһи кэлэн, тоҕус бырааппыттан иккитин өлөрдүлэр. Биири атаҕа суох оҥордулар, кэлэн өрүһүй!» – диэн.

Бургумар илдьити истэн баран, Хаҕын хоһуунугар көмөлөһө барар. Сохообут тумуһаҕа диэн аартык сиргэ тиийэн төттөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт. Баһыттан-атаҕар диэри маҥан таҥастаах. Бургумар хоһуун сылдьарын кыргыстар өйдөөн көрбүттэр. Кинилэр охторун туппутунан киниэхэ иһэллэрэ көстөр. Бургумар сүүрэн иһэр сэттэ кыргыс киһитэ субуруччу холбоһууларыгар сөп түбэһиннэрэн, ох саатынан ытан саайар. Үс инники иһээччилэри сулуйа тэптэрэн, үһүөннэрин биир ытыынан курдарыта сүүрдэн кэбиһэр, ордубут түөрт киһини биирдии ытыынан охторор.

Хаҕын хоһууна Бургумарга улаханнык махтанар.

Ньээкэҥниир диэн Хаҕыттар төрүттэрэ буолбут киһи, баҕар, ити кыргыстар атаҕа суох оҥорбут киһилэрэ буолуо.

Бургумар Хоһуун Хаҕын Хоһуунун кытта киирсиитэ

Бургумар уонна Хаҕын хоһууна эйэлээхтик олорбуттар. Мастаах эбэҕэ Нэлчэкэ таһыгар Арыылах кырдалын кирбэҥэр саһыл хорооннонон төрүүр эбит. Онно төрөөтөҕүнэ, Бургумар оҕо саһыллары ылар үһү. Мантан чугас Сохообут диэн күөл кырдалын кирбэҥэр саһыл бытата баар эбит. Сороҕор били саһыл итиннэ баран төрүүрэ үһү, оччоҕо саһыл оҕолорун Хаҕын хоһууна ылара үһү.

Ол иһин Хаҕын хоһууна Арыылаахха баар уйаны алдьатан, саһыл антах баар уйатыгар төрүүр буолбут. Итинтэн сылтаан биллибэтинэн өстөһүү саҕаланар…

Биирдэ саас балык ыамын саҕана Бургумар дьиэтигэр икки уол кэлэр: «Дьэ, аҕабыт, көмөлөс, Хаҕын хоһууна айахпытын иитинэн олорбут икки илиммитин уоран ылбыт, ылан кул!» – диэн көрдөһөллөр.

Бургумар кинилэргэ көмөлөһөргө быһаарынар уонна этэр: «Биирдэскит түргэн соҕустук тиийэн, илимнэргитин ылыҥ. Билигин илимҥит кууран турара буолуо, хоһуун бэйэтэ соботун күөстэнэн, аһын астаан олороро буолуохтаах. Илимнэргитин ылан баран, тыынан устан Сохообут ортотун ааһан эрэ баран: «Хаҕын хоһууна, уорбут илимҥин төттөрү ыллым», – диэн хаһыытаар.

Ити бириэмэҕэ биһиги ураһа таһыгар баар буолуохпут, ону холоон хаһыытаар», – диэбит. Итини истэн баран улахан уол сүүрэн тэбинэн хаалар. Ол тиийэн илимнэрэ куурдуллан туралларын ылар да, тыы үөһэ түһэн Сохообут уҥуоргу өттүн диэки эрдинэн куугунатар. Күөл ортотугар да чугаһыы илигиттэн хаһыытыыр: «Хаҕын хоһууна хара түөкүн! Уорбут илимнэргин ыллым, дьэ, ситтэххинэ ыл!» Итини истээт, Хаҕын хоһууна сүүрэн тахсар да, ураһатын айаҕыттан ох саанан ытан саайар. Тыылаах киһи табыллан, уу күндээрэ түһэр.

Бургумар хоһууннаах ураһаґа тиийэ иликтэринэ, ити быһылаан буолар. Ону көрөн Бургумар хоһуун сиргэ силлиир: «Киһи эппитин истибэккэ, ырааппакка сылдьан хаһыытаан, былаҕайга былдьатта, бу абатын көр эрэ!» – диэт, ураһаґа көтөн түһэр. Хаҕын хоһууна ону көрөөт, алтан солуурун түөһүгэр туттар. Бургумар: «Хаҕын хоһууна! Күнүҥ туллара, күһэҥэҥ быстара кэллэ,» – диир да, оҕунан алтан күөһү курдары тэптэрэн кэбиһэр. Өлөөрү иҥиир ситиитин тартара сытар киһини өлбүт уол быраата сирэйин тэпсэр уонна: «Хара түөкүн, эн да кэмиҥ туолар, күһэҥэҥ быстар күннээх эбит!» – диэбит. Хаҕын хоһууна ох саатын сулбу тардан ылар да, уолу иһин түгэҥэр түһэрэн баран, төбөтүн оройунан курдары ытан таһаарар. Уол өлөн түһэр. Бургумар, икки киһитин өлөртөрөн туран, Хаҕын хоһуунун кыайбыттааҕа үһү.

Бургумар Хоһуун өлүүтэ

Түөрэчээн хоһуун тоҥустары кытта сэриилэһэн баран, дойдутугар куотан киирэр. Бургумар хоһуунтан көрдөһөр: «Хоту тоҥустары кытта өһүм-сааһым улаатта, эккирэтэн иһэллэрэ буолуо, көмөлөс», – диэбит. Бургумар тоҥустары Чиннэкиит икки Балдьыйаан икки ардыгар үс булгунньахтаах күөлгэ тоһуйар.

Окуопа курдук дьаамалары хаһар, булгунньахтарга сытан, ытыалаһардыы оҥостор. Тоҥустар киирбэтэхтэр. Ити үс булгунньахтаах күөл Бургумар диэн ааттаммыта. Бэрт хойукка диэри дьон дьаамаларын көрөллөрө үһү. Биир улахан булгунньаҕар вышка туппуттар…

Бургумар куйах кэтэр дуулаҕа бухатыыр эбит. Куйаҕын устан баран, собо үөлүнэ олордоҕуна, күһүҥҥү хараҥаҕа өстөөх тоҥустара кэлэн, ох саанан ыппыттар, уонна куотан хаалбыттар.

Онтон сылтаан өлбүтэ үһү диэн кэпсииллэр.

Бургумар өлөрүгэр Хаҕын уонна Кыргыдай икки ардыгар көмтөрбүт үһү.

Сэһэҥҥэ киирбит Бургумар хоһууну санатан, билигин Кыргыдайга Бургумар диэн ааттаах күөл, онтон Хаҕыҥҥа Сохообут күөлүгэр Бургумар тумуһаҕа бааллар.

Үлэм түмүгүнэн маннык этиилэрдээхпин:

  • Топонимика үөрэҕин саха тылын үөрэтии программатыгар киллэрэн үөрэх чааһын элбэтэргэ.
  • Оскуолаларга араас кыраайы үөрэтэр экспедициялары былааннаахтык ыытарга.
  • Кыраайы үөрэтиигэ саҥа көрүүлэри, чинчийиилэри сырдатарга.

Бэйэм бу үлэбинэн өссө да утумнаахтык дьарыктаныам. Мин иннибэр билигин өссө киэҥ чинчийэр, ырытар, тэҥниир, сабаҕалыыр аартыктар арыллан таҕыстылар. Ол курдук, аны Бүлүү былыргытыттан саҕалаан Хотугу улуустар уонна бүттүүн саха норуотун устуоруйатын чинчийэр үлэлэри ааҕан-тэҥнээн, ырытан дойдубар сыһыаннааҕын таба булар сорук турар. Итини таһынан бу үлэбэр ахтыбыт былыргы үһүйээннэргэ баар дьон Хотугу улуустарга эмиэ баалларын үөрэтии соруга турар. Өссө киргиз учуонай-историга Дария Усеновна Сапалова 2010 сыллаахха саха уонна киргиз норуоттарын тэҥнии тутан үөрэппит үлэтин кытта билсиэхтээхпин. Кини бу үлэтин оҥороругар мин дойдубар Кыргыдайга эмиэ кэлэн үлэлээбитэ.

Онон «Дойду сурахтаах, аартык алгыстаах» диэн этиини өрө тутан кэлэр сылларбар устуоруйа алыптаах хонуутугар дьиктилээхэй билии киэҥ киэлитигэр умсугуйа умсабын.

Бобровская Вероника Афанасьевна, Бүлүү улууһа,

Д.А.Гуляев аатынан Кыргыдай орто оскуолата