Виолетта Ефремова, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт

Билиҥҥи оскуола оҕолоро – гаджет көлүөнэтин бэрэстэбиитэллэрэ буолаллар, кинилэргэ “клиповай” өй баар. 87% оҕо Интэриниэтэ суох олоҕу сатаан санаабат. Технологиялар сайдыыларын түргэн тэтимэ – оҕолор билэр көхтөрө намтыырыгар, өйдөрө мөлтөөһүнүгэр тиэрдэр. Онуоха сылтан сыл нуучча эрэ литературатыгар буолбакка, төрөөбүт литератураҕа, тылга интэриэстэрэ сүтэр. Саха тылын ийэ тыл быһыытынан ылымматтар.  Үөрэнээччи өйдөөн ааҕар үөрүйэҕин сайыннарарга итинник быстах өйдөөһүнү хайдах эмэ гынан уларытыахха сөп дуо? Маныаха олоҥхонон комикстары оҥоруу ордук табыгастаах буолуон сөп. Комикстары чинчийээччи А.Г. Сонин “тиэкиһэ уруһуйтан ураты вербальнай  айымньылаах, ордук персонажтар кэпсэтиилэрин тиэрдэр уонна ураты чэрчигэ (рамки) угуллубут каадырдар утумнаахтарын көрдөрөр кэпсээһин ураты ньымата буолар. Онуоха уруһуй уонна онно угуллубут вербальнай тиэкс органическай биир кэлим өйдөбүлү оҥорор ” – диэн быһаарар. А.Г. Сонин санаатынан комикстар – көннөрү ойууламмыт персонажтар тыллара кыбытыллыбыта ойууламмыт хартыыҥкалар хомуллуулара эрэ буолбакка, туох эрэ суолталаах  кэлимнээҕэ ааптар өйдөбүлүн суотугар ситиһиллэр, онтон биһиги түгэммитигэр аахпыты өйдөөһүҥҥэ тиэрдэр.

Комикс литература туспа жанрын  быһыытынан үөскээн тахсыыта

Киһи аймах былыр- былыргыттан ситимнээх кэпсээннэри оҥорорго ойуулары туһанара, Египет иероглифтара, Греция франциялара эбэтэр орто үйэтээҕи гобеленнар да буоллун.

Кинилэр уруһуйдарын нөҥүө көрөөччүгэ  тус бэйэтэ сюжеттаах, геройдардаах уо. д.а. ханнык эрэ остуоруйа кэпсэнэрэ биһигини биһиэхэ үгэс буолбут комикстары кытары холбуур(түмэр). Ол эрээри, биһиги билигин өйдүүр комикстарбытыттан былыргы искусство бу айымньылара муҥура суох ыраахтар. Наскальнай ойуулартан саҕалаан ХХ- ХХІ үйэҕэ үгэс буолбут форматка  диэри хамсаан комикстар ааспыт устуоруйаларын ырытан көрүөххэ наада.

Өр кэм устата ойуулар аҥардас сүрүн тиэкискэ эбии эрэ быһыытынан сылдьыбыттар (туох сибээстээх этэй, ол иһигэр технология таһымын кытары – тиэкси илиинэн суруйуу даҕаны, кэлин типография даҕаны өттүгэр оҥоруу быдан судургу эбит). Комикстар историялара ити тыл аныгы өйдөбүлүнэн XVIII үйэ ортотугар саҕаланар. «Комикстар кэлиилэрэ политическай уонна социальнай олоҕу кытта ыкса сибээстээх, өскөтүн урут ойуулар сүрүннээн итэҕэл тиэкстэрин арыаллыыр буоллахтарына, Үөрэх эпохатын (Эпохи Просвещения) кэм ааптардара сатираны уонна юморы уруһуйдуур буолбуттар». Итинник ааптардартан биирдэстэринэн англия худуоһунньуга  уонна  ойууллааччыта Уильям Хогарт буолбут. Аныгы уопсастыба дьиэктэрин саралыы тардарга дьулуһан Хогарт уопсай историянан холбоһуктаах хартыыналар уонна гравюралар бүтүн циклларын, холобур, «Карьеру мота» уонна «Модный брак»диэн ааттаан холбоон көрдөрбүтэ.

Аҥаардас ХІХ үйэ бастакы аҥаарыгар эрэ билиҥҥи комикстар төрдүлэринэн ааҕыллар хас даҕаны айымньылар бэчээттэммиттэрэ.

Бастакы уочаратынан икки бастакы ааптардар тустарынан этиллэр. Бастакы- англияттан карикатурист уонна дьүһүннүүр худуоһунньук (живописец)   Томас Роулендсон. Кинини хаһыат комиксын аҕата диэн ааттыыллар, ол эбэтэр чуолаан хаһыаттарга 1812 сылтан 1821 сылга диэри кини Синтаксис доктор туһунан историялара таһаарыллыбыттар, итилэр ааптар өлбүтүн кэннэ биир  омҥа хомуллубуттар.

Комикстар үөскээбит историяларыгар иккис бэлиэлээх худуоһунньук — швейцарец Родольф Тёпфер буолар. Кини уруһууйдаабыт «Приключения мистера Обадаи Олдбака» 1833 сыллаахха таһаарыллыбыт, салгыы кэлин кинилэр араас тылларга тылбаастанан, аан дойду үрдүнэн тарҕаммыттара.

Комикстар үөскээбит историяларыгар салгыы хаачыстыбалаах ойооһуну  полиграфическай техника уонна технология сайдыытын кытта сибээстииллэр.

Итинник улахан хардыылартан биирдэстэрэ-өҥнөөх бэчээт көстүүтэ.

«Бастакы өҥнөөх комикс ХІХ үйэ бүтүүтэ Джозеф Пулитцерынан таһаарыллыбыт этэ » диэн ааҕыллар.

Кини бэчээттээччи уонна редактор быһыытынан улахан болҕомтону тиэкискэ эрэ буолбакка, ойуулааһыҥҥа- дьүһүннээһиҥҥэ уурара.

Ааҕааччылар дьуһуннэммит хартыыҥкалары, хара-маҕан ойуулааһынтан быдан ордорбуттара,  ол иһин  бу концепт аан дойду үрдүнэн түргэнник тэнийбитэ.

1929 сылга диэри комикстар номнуо баар хаһыаттарга уонна сурунаалларга эбиилэр эрэ курдук бараллара уонна итилэри туспа сатаан атыыласпат этилэр, ол эрээри 1929 сыллаахха быһыы- майгы уларыйар Dell издательствоҕа Funnies сурунаал бастакы нүөмэрэ бэчээттэнэн тахсар, онно бастыҥ хаһыат историялара саҥалыы бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Биэс сыл буолан баран издателлэр сурунаалларга оригинальнай кэпсээннэри бэчээттээн барбыттара, онтон 1938 сыллаахха комикс ырыынага  таһыгар биир саамай культовай,  комикс  бары бириэмэ геройдарыттан биирдэстэрэ-Супермен ойууламмыт  Action Comics бастакы нүөмэрэ тахсыаҕыттан  букатыннаахтык уларыйбыта. Кини кэлиэҕиттэн кэлин «Комикстар көмүс үйэлэрэ » диэн ааттанар эра саҕаламмыта .

 Биэс уонус сыллар саҕаланыыларыгар, телевидение маассабайдык  тарҕаныаҕыттан комикстар киэҥник биллэллэрэ түһэн барбыт. Биэс уонус сыллар саҕаланыыларыгар супергеройдар тустарынан историялар  барыта кэриэтэ кэхтибиттэр, итилэри солбуйа  вестерн, научнай фантастика, мистика, детектив уонна романтика кэлбиттэр. Ол гынан баран ити жанрдар эмиэ симэлийэр кутталламмыттар. 1954 сыллаахха психиатр Фредрик Вертам комикстар эдэр ыччакка куһаҕаннык дьайалларын уонна эрдэҕэс оҕолор (подростоктар) буруйу оҥоруулара улаатарын уонна атын сүүсчэкэ айыылары оҥорууга тиэрдэллэрин туһунан аптарытыаттаахтык эппит. «Уопсастыба сабыдыалынан издателлэр бобуллар уонна быһаарыллар темалары чуолкайдык суруйар анал  Комикстар Кодекстарын таһаарарга күһэллэллэр».  Кодекс киириитэ детективнай  комикстары уонна ужастары төрдүттэн суох оҥортолообута, кэккэ издательстволар сабыллыыларыгар тиэрдибитэ уонна алта уонус сыллар саҕаланыыларыгар көхтөөхтүк сайдан испит уонна өр сылларга ырыынакка бастакы ( лидирующай) миэстэни кыайбыт супергеройскай  жанр ренессанасыгар туораттан сабыдыаллаабыт. Комикстар Кыһыл көмүс үйэлэриттэн  аҕыйах ордубут геройдар Бэтмеҥҥа уонна Супермеҥҥа  Флэш, Зелёный фонарь, Человек-Паук, Мстители, Тор, Железный человек, доктор Стрэндж, Фантастическая четвёрка уонна атын элбэх культовай персонажтар эбиллибиттэр.

Тоҕус уонус сыллар ортолоругар «веб-комикстар  диэн – комикстар саҥа көрүҥнэрэ баар буолбуттар.  Итинник диэн Интернекка, үксүгэр аналлаах ресурсаларга  тахсар стриптары ааттыыр буолбуттар». Веб-комикстар чэпчэкитик киирэринэн, кумааҕыга сыһыана суох буолуутунан, табыгастааҕынан уонна худуоһунньук бэйэтин историятын олус уһуннук  сайыннарыан сөптөөх,төрдө- түмүгэ суох холустаҕа майгынныыр кыахтары арыйарынан биһирэбили ылбыттар.

«Комикстар уопсастыба өйүгэр-санаатыгар маассабай культура бородууксуйатын потребительскай ырыынагар киирбит бастакы күннэриттэн сабыдыалаабытын» бэлиэтиэххэ наада . Ордук кэрэхсэбиллээҕинэн комикстар ХХ үйэ ортотугар хайысхалара буолар, онно комикстар агитациялыыр- пропагандалыыр уонна культурнай – сырдатар майгылаахтар уонна маасса өйүгэр- санаатыгар сабыдыаллыыр сыаллаах- соруктаах тэриллибиттэр.

Ол курдук, холобур, сэбиэскэй комикстар  историяларын тухары үчүгэй, персонифицирующай персонажтартан биирдэстэринэн сэбиэскэй саллаат буолбут.

Сэбиэскэй  саллаат саамай чаҕылхай, үчүгэй геройун сирэйин холобурунан Вася Теркин буолбут. Вася Теркин ханнык эрэ степенинэн  америка комикстарын супергеройдарын Капитан Американы  санатар. Персонажтартан хас биирдиилэрэ төрөөбүт дойдутун эрэллээх көмүскээччитин мобилизующай символа буолар. Вася Теркин сэбиэскэй саллаат быһыытынан үчүгэй эрэ черталардаах тупсарыллыбыт уобараһа буолар. Кини үчүгэй сэрииһит, бэргэн ытааччы, сымса, булугас өйдөөх, ыраас буолар. Эдэр ааҕааччылар Вася Теркинынан киэн туттуохтара, онно майгынныыр буоларга дьулуһуохтара сабаҕаланара. 

Сэбиэскэй комикстар чаҕылхайдык көстөр үөрэтэр майгылаахтарын бэлиэтиэххэ наада. Америка уонна Европа комикстарын сыалламмыт аудиториялара оҕолор уонна улаатан эрэр (подросток) оҕолор буолар бэйэ дойдутун комикстарын  кытары тэҥнээтэххэ, үөрэҕирии функциятын быдан элбэхтик толороро. Үөрэтэр комикстар «Юный техник», «Пионер» курдук сурунаалларгаи бэчээттэнэллэрэ. Ити комикстар оҕолору сэбиэскэй киһи олоҕун чэпчэтэргэ туһуламмыт араас илиинэн оҥоһуктары бэлэмнииргэ, дьиэҕэ кыра өрөмүөн үлэлэрин оҥорорго, көннөрү прибордары уһанарга үөрэтэр сыаллаахтара. Үөрэтэр функциялары кэккэ сэбиэскэй комикстар уонна киһи саҥа социалистическай общноска  духуобнай- өй –санаа сигили өттүнэн сыаннаһын быһыылыыр сыаллаах иитэр функцияны толороллоро.

Итинник гынаан, комикстары литература жанрын быһыытынан туһуланыытын туһунан этэргэ комикс ис сүрүнүнэн аралдьытар-сааратар эрэ хайысхалардаах диэн бигэргэтэр сатаммат. Оннооҕор аралдьытар-сааратар эрэ быһыытынан ааҕыллар комикстарга олус суолталаах, сорох ардыггар философскай боппуруостар көтөҕүллэллэр, олор эппиэттэрин көрдүүр процеһыгар ааҕааччы олох оҥкулун уонна уопсайынан дьоннор икки ардыларыгар сыһыаннарын туһунан элбэҕи өйдүөн сөп.

Комикстар ис тутулларын уратылара

Комикс курдук көрүҥнээх уус- уран айымньы ааптара персонажтар уостарыгар репликалары угарыгар тылынан саҥаларын суругунан киллэрэригэр ураты сыаллаах- соруктаах. Итинэн сибээстээн, « Комикс суругунан жанрдар ортолоругар быһаарыллыбыт миэстэни ыларын үрдүнэн, кэккэ бэлиэлэринэн  тылынан коммуникация көрүҥэр чугаһыыр. Уонна иһигэр бу персонажтар репликалара баар,  кадр ис кыаҕын хааччахтарын кытары сибээстээх». Биир кадрга  геройдар ойууларын, кинилэри тулалыыр эйгэлэрин (декорациялары), ону таһынан тиэкстээх филактеры таһаарар репликалар уһуннарыгар хааччахтары уураллар, ол түмүгэр комикс персонажтарын этиилэригэр улахан этиилэр уонна уустук синтаксис уһуллаллар. «Уонна өскөтүн мультфильм уонна кинофильм курдук искусствоҕа сэргэ турар көрүҥнэргэ, хааччахтыыр фактордарга бириэмэ буолар буоллаҕына, комикска оннугунан пространство буолар». Манна даҕатан эттэххэ «комикстар тиэкстэрин синтаксическай структуралара ону таһынан кэпсэтии тылын ылынарга   саамай судургутук  уонна   муҥутуур чугастык  турарынан буолар, итинэн сибээстээн комикстар  аралдьытар жанрынан буолалларын»  бэлиэтиэххэ наада. Геройдар тыллара кэпсэтии/диалог  быһыытынан буолар. Ааптар кинилэри хайдах баарынан киэлиилээх оҥорорго дьулуһар. Уруһуй эмиэ бу туһаны ситиһэргэ көмөлөһөр, ол курдук  онно тылынан сатаан этиллибэт  элбэх информациялар бааллар.

Ону сэргэ » комикс синтаксическай уратыта кини эмоциональнай- ойууламмыт, күһэллиитэ суох майгылааҕынан, быһыыны –майгыны көрөн, дьалаа хоту» -буолар диэн быһаарыллар, ону таһынан кини кэпсэтии быһыытынан буоларынан  түргэн тэтиминэн саҥарыллар.

Ыйыллыбыт стиль бэлиэтин өрүттэрэ  тыллар черталарын кэмчилээһиҥҥэ « тыллар единицаларын ахсааннарын сарбыйыы (фонем, тыллар  уо. д. а.) курдук өйдөнөр тыллар компрессияларыгар тиэрдэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, «комикс толору креолизациялаах тиэксинэн буолар», тоҕо диэтэххэ кини биир эйгэ курдук ылыныллар, икки элеменнар арахсыспат ситимнээхтэрин үрдүк степенин көрдөрөрүн харктарыыстыкалыырын быһыытынан ылыныллар. Комикс – вербальнай компонена  персонаж тылын эбэтэр ааптар тылын быһыытынан көстөр ( элбэх ахсааннаах комментарийдар, ааттар) заголовки) этиилэр буолаллар.

Невербальнай компонент комикс графиката буолаллар ( хас биирдии уруһуйдар утумнара, онтон хас биирдиилэрэ араамканан тулаламмыт уонна кадры оҥорор) уонна  буукуба тиэксин оруолун оҥорор уонна комикс экспрессивноһын уонна эмотивнаһын оҥорорго кыттар эбии информацияны, фону көрдөрөр, ону таһынан графика чааһын анимациятын оҥорор параграфикаттан турар. «Ити (вербальнай и иконическай ) компоненнар хардарыта дьайыылара комикс биир кэлимнээҕи уонна сибээстээҕин, его коммуникативнай эффектааҕын хаааччыйар» .

Комикстар эмиэ хайа баҕар литературнай жанр быһыыытынан ураты бэлиэлэрдээх ис тутуллардаах/структууралардаах.

1.Таһа /Обложката.

Комикс сүрүн ис хоһоонун биэрэр. Таһыгар уруһуйтан ураты манныктар баар буолуохтарын сөп: аата, фирма эмблемата, сыаната, реклама, күнэ-дьыла, худоһунньуктар илии баттаһыннара. Таһа икки илиистэртэн туруон сөп, таһын уҥа өттө «сирэй/лицевой», хаҥаһа «кэтэх)тыльнай» өттө.

2. Фронтиспис

Титульнай лиис иннинээҕи уруһуй. Ааҕааччыга комикс туһунан билэргэ элбэх кыаҕы биэрэр.

3. Титульнай лиис.

Онно манныктар баар буолуохтарын сөп: кылгас киирии тыл, ааптардар, худуоһунньуктар, контуровщиктар уо.д.а.  ааттара. Кыра уруһуйдарынан арыалланыахтарын сөп. 

4. Сүрүн чааһа.

Хааччаҕа суох ахсааннаах страницалар, ол гынан баран халыып/ стандарт комикстарга 20 –ттэн 40-ҥҥа диэри.

5. Pin-up page 

Комикска сүрүн худуоһунньуктартан эбэтэр атын дьонтон ханнык эмэ сыһыаннаах  эбии уруһуйдар, холобура таһыгар /обложкаҕа  (икки эбэтэр элбэх утарыта суолтан биирин талларар) альтернатива варианнара.

Комиксы историяны кэпсээһини  ураты быһыынан ааҕыахха сөп. Ити историяларга араас ис хоһоонноох  ураты характарыстыкалары биэриэххэ сөп, онон комикс араас жанрдара бааллар.

Ааҕааччылары комикс жанрынан литературнай классиканы адаптациялааһын элбэхтик интэриэһиргэтэр. Холобур, Ф. М. Достоевскай айымньыларынан уруһуйдаммыт «Оонньооччу/ Игрок» французтар комикстара.

Итинник быһыылаах комикстар уус- уран литератураҕа үөрэнээччилэр интэриэстэрин сайыннарар, ону тэҥэ тиэкиһи комплекснай анализтааһын туолуутугар матыыптары улаатыннарар, ааҕааччыны уус- уран айымньы уус- уран эйгэтигэр умсугутара ордук көдьүүстээх.

Бу бигэргэтии уонна чинчийэр үлэ иккис баһыгар биһигинэн  дакаастаныахтаах.

Ону сэргэ комикс форматыгар научнай фантастика, байыаннай тематика, эдэр/подростковай юмор, криминал, вестерн курдук уонна да атын жанрдар бааллар.

Ол курдук, биһиги бастакы баска тиэмэ  теоретическай сүрүн тирэҕин көрдүбүт, комикстар литературнай жанр быһыытынан турууларын историятын үөрэттибит, ону таһынан комикстар  структурнай- ис хоһооннорун  уонна тыл уратыларын биэрдибит.

КОМИКСТАРЫ  ОЛОНХО МАТЫЫБЫНАН ОҤОРУУ

Бүтэһик уон сылларга нуучча комикса элбэҕи ситистэ. Тулатыгар ааптардар уонна ааҕҕааччылар түмсэр тематическай издательстволар, маҕаһыыннар уонна фестиваллар баар буоллулар. Тардыы кииннэрэ Санкт- Петербурга, Москваҕа, Тюменьҥа, Екатеринбурга, Иркутскайга үөскээтилэр. Онтон «комикс» диэн тыл идэни, баҕалаах уонна айар дьоҕуру көрдөрөр кыахтаах. Россияҕа » комиксистарга» үөрэх индустрията түргэнник сайдар эрээри, ол гынан баран соччо ырааппата. Сценарийы уонна уруһуйу бэйэлэрин күүстэринэн салайан баһылаабыт  биллэр ааптардар үгүстэрэ- бэйэлэрэ үөрэммиттэр (самоучкалар). Эбэтэр комикстарга атын эйгэтттэн- компьютернай оонньуулартан, иллюстрацияттан, дизайнтан, анимацияттан кэлбиттэр. Итинник гынан хас биирдии киһи киһи кыаҕын, кыаҕын толору туһанан, бу айымньылаах салааҕа бэйэтин  боруобалыан сөп эбит диэн түмүгү  оҥоруохха сөп.

Ол эрээри, комиксы оҥоруу – киһиттэн кэлим  сыһыаны ирдиир сүрдээх сыралаах үлэ буоларын өйдүөххэ наада.

Онон хас биирдии киһи кыаҕын, кыаҕын толору туһанан, бу айымньылаах салааҕа амсайан көрөн боруобалыан сөп эбит диэн түмүк оҥоруохха сөп.

Бириинчиктэри сыымайдаабакка, , тоҕо диэтэххэ, комплекс – кини чаастара холбоһуулара, кини сюжета эрэ буолбакка, биир сомоҕо буолуулара.

Ол-бу бытархайдартан иҥнибэккэ,  бэлэмнээһин уонна үлэ бары түһүмэҕин барытын тэҥҥэ ылынарга кыһаллыахха наада, тоҕо диэтэр комикс – уруһуй уонна кини сюжета эрэ буолбакка, кини бары чаастарын холбуу тутуу буолар.

Комиксы оҥоруох  иннинэ, үбүнэн-харчынан (сириэстибэлэринэн) туохха оҥоһулларын быһаарыахха наада. Комикс илиинэн, электроннай тэриллэр көмөлөрүнэн уруһуйданыан сөп, эбэтэр аналлаах компьютернай сыһыарыылар оҥорорго көмөлөһүөхтэрин сөп.

 Өскөтүн эн үгэс быһыытынан худуоһунньук буоллаххына эйиэхэ үчүгэйдик сырдатыллыбыт эн үлэлииргэр сөптөөх  киэҥ-куоҥ остуол нааада. Өскөтүн эн  өҥнөөх комиксы оҥоруоххун баҕарар буоллаххына эйиэхэ өҥнөөх харандаастар, көннөрү/өҥө суох харандаас, линейка, ластик набордара баар буолаллара наадалаах. Элбэх киһи ойуулааһын үгэс буолбут быһыытын/форматын тутуһаллар, ол иһин хара-маҕан форматы ордороллор, оччоҕуна эн инструменын саппааһа көннөрү боростуой/өҥө суох харандааһынан уонна ластигынан муҥурданыан сөп.

Кимм комикстары идэтийбит таһымынан оҥорунан дьарыктанар, бэйэтин дьайыытыгар анал компьютернай программалары (Creaza сartoonist, Comic life 3, Pixton, Make beliefs comix уонна да атыттары) туһанар.

Ол гынан баран итинник бырагырааммалартан үгүстэрэ төлөбүрдээхтэр уонна компьютернай хааччыллыыны үрдүктүк баһылыыры ирдииллэр, онон туһанааччы ахсын ити ньыма табыгаһа суох буолар.

Ол курдук, биһиги идэлээх худуоһунньуктар буолбатахпыт уонн компьютернай сириэстибэлэри туттарга үрдүк үөрүйэхпит суох, А. С. Пушкин «Станционный смотритель» айньымньытынан комикс фрагменын оҥорорго биһиги анал HUION H950P – моделлаах, анал графическай планшеты туттубуппут.

Графическай планшет (англ. тылтан graphics tablet ) –  илиинэн оҥоһуллар информацияны быһаччы компьюттерга киллэрэр тэрил буолар. Бөрүөттэн (стилустан) уонна хаптаҕай, баттааһыны эбэтэр бөрүө чугаһын  билимтиэлээх  планшеттан турар.

Графическай планшеттар  компьютерга  муҥутаан чугаһатыллыбыт ойуулары оҥорорго даҕаны, кумааҕыга ойуулар  оҥоһуллалларын  курдук уонна ханнык эмэ киллэриилэри ирдээбэт интерфейстары кытары көннөрү үлэ ньыматынан оҥорорго туттуллаллар (ол гынан баран планшет көмөтүнэн уларытыылары киллэриэххэ сөп да буоллар үксүгэр табыгаһа суох).

Ону таһынан, итилэри компьютерга номнуо бэлэм ойуулары көһөрөргө (отрисовка)-ҕа туһанарга табыгастаах.

Тутатына биллэриилэри атастаһар сорох бырагырааммалар (холобура, MSN Messenger и Skype ) графическай планшеттаах туһанааччыга атын түмүккэ баар абонеҥҥа уруһуйдуурун интерактивнайдык көрдөрөрүгэр кыах биэрэллэр.

Оҥоруу процеһа уруһуйдары планшеттан компьютер дааннайдарыгар көһөрүү ньыматынан оҥоһуллубута. Ол курдук оннооҕор комикс фрагменын оҥоруу- сыралаах уонна айымньылаах үлэҕэ интэриэһи сүтэрбэт туһугар үрдүк таһымнаах түмүллүүнү (концентрациян) ирдиир, биһиги бэйэбит үлэбитин үс нэдиэлэ устата күҥҥэ икки чааһынан хааччахтаатыбыт

Биһиги дьайыыбыт түмүгэр, салгыы көрдөрүллүбүт комикс буолан таҕыста.

Итиннэ олоҕуран, биһиги дьайыыбыт түмүгэ/продукт үөрэнээччилэри уус –уран айымньылары ааҕарга тардыы сириэстибэлэртэн биирдэстэрэ буоларын туһунан түмүгү оҥоруохха сөп.

ТҮМҮК

Бу чинчийэр үлэҕэ биһиги комикстар сайдыыларын уонна ити жанр литература быһыытынан турарын историческай уратыларын үөрэттибит. Литература жанрын быһыытынан комикстар сүрүн бэлиэлэрин көрүү ыйарынан,  ити айар үлэ биир көрүҥүн нөҥүө оскуола оҕолорун уус-уран айымньылары ааҕарга болҕомтолорун тардыахха сөптөөх кыах баарын ыйар. Комикстары номнуо баар литература жанрдарын кытары биир кэккэҕэ  туруоруу  эбэтэр уларытыы син биир, тиэксин матырыйаала толору креолизованнай (тиэксэ, фактурата икки араас чаастартан: вербальнай уонна веррбальнайа  суох)  буоларынан сатаммат. Ол гынан баран ити чахчы элбэх уһулуччу чинчилээччилэринэн – лингивистэринэн комикс жанрыгар  филилогическай анаалыс предметын быһыытынан туһуланалларыгар мэһэйдээбэт.

Итинник гынан, комикс аныгы олоххо сөп түбэһэр (адаптацияланар) уонна салгыы бэйэтин үгэстэрин харайан туран, уопсастыба инники чааһа маассабай культураҕа бэйэтин иэйиитин уонна санаатын (настроение) эрэ этэргэ дьулуспатын, ону тэҥэ баай соҕус бэйэтин иэйиитин уонна санаатын (идея) палитратын этэригэр сөп түбэһиннэрэн саҥа быыстары (черталары) булан туран салгыы сайдар. Араас быһыылаах маассабай литература баарын үрдүнэн, чуолаан комикс эрэ тиирэх (бааза) сыаннастарын эрэ ыраахха тиэрдиэн (транцляциялыан) сөп, о.э. бэйэтин иннигэр киһини ис санаатын духуобнай өттүнэн байытар, сайыннарар соругу туруорар.

Толору комикстар үлэни салгыы чинчийии кэскилинэн (перспективанан) сабардамнаах (объемный)  соҕус литературнай жанрга эрэ олоҕуран киллэрэр кыах баарынан ааҕабыт.

Бары үөһээ ыйыллыбытары холбуу тутан түмүккэ бу чинчийии сыалын уонна соругун ситиһиллибитинэн ааҕабыт.

ЛИТЕРАТУРАЛАР  ИСПИИҺЭКТЭРЭ:

1. Алтухова, Т. В. Соотношение элементов устной и письменной речи в виртуальной коммуникации / Т. В. Алтухова. // Сибирский филологический журнал. — 2012. — 1№.-дээх. — С. 150-154.

2. Анисимова Е. Е. О целостности и связности креолизованного текста (к постановке проблемы) / Е. Е. Анисимова. // Филологические науки. — 1996. — 5№ -дээх. С. 74-85.

3. Воронина, Р. В. Комикс как особый жанр детской литературы / Р. В. Воронина [Электронный ресурс]. Режим доступа: https://docplayer.ru/28195633-Komiks-kak-osobyy-zhanr-detskoyliteratury.html

4. Ворошилова, М. Б. Креолизованный текст в политическом дискурсе / М. Б. Ворошилова. // Политическая лингвистика. — 2007. — 3 №-дээх (23). — С. 73-78.

5. Гальперин, И. Р. Текст как объект лингвистического исследования / И. Р. Гальперин. — М.: Наука, 1981. — 139 с.

6. Григорьева, Н. Ю. Комикс как креолизованный текст / Н. Ю. Григорьева. // Вестник Южно-Уральского государственного университета. — 2013. — 1№-дээх. — С. 109-111.

7. Гринберг, И. С. Проблема хронотопа в комиксе // Человек в мире культуры. — 2013. — 3№-дээх. — С. 51-58.

8. Кайгородов, И. В. Литература в современном обществе / И. В. Кайгородов [Электронный ресурс]. Режим доступа: https://multiurok.ru/files/proekt-po-npk-sovremennaia-literatura.html.

9. Козлов, Е. В. Коммуникативность комикса в текстуальном и семиотическом аспектах: автореф. дис. … канд. ф. наук: 10.02.19. — Волгоград, 1999. — 19 с.

10. Коларькова, А. В. Комикс как передовое направление развития современной фантастической литературы / А. В. Коларькова [Электронный ресурс]. Режим доступа: http://philology.snauka.ru/2014/05/815.

20. Лутовинова, О. В. Интернет как новая «устно-письменная форма коммуникации» / О. В. Лутовинова. // Известия Российского государственного педагогического университета им. А.И. Герцена. — 2008. – 71-№.дээх — С. 58-65.

21. Нефедова, Л. А. Когнитивные особенности комикса как креолизованного текста [Текст] / Л. А. Нефедова // Вестник Южно-Уральского государственного университета. Лингвистика. — 2010. — 1№-дээх  (117). — С. 4-9.

22. Старикова, Н. П. Комикс на уроке литературы / Н. П. Старикова [Электронный ресурс]. Режим доступа: https://journals.susu.ru/lcc/article/view/673/782.

23. Фрумкин, К. Г. Клиповое мышление и судьба линейного текста / К. Г. Фрумкин [Электронный ресурс]. Режим доступа: http://nounivers.narod.ru/ofirs/kf_clip.htm

24. Цветкова, Б. Л. Массовая литература как культурный феномен / Б. Л. Цветкова [Электронный ресурс]. Режим доступа: https://cyberleninka.ru/article/n/massovaya-literatura-kak-kulturnyy-fenomen.

25. Черняк, М. А. Массовая литература конца ХХ — начала XXI века: технология или поэтика? / М. А. Черняк [Электронный ресурс]. Режим доступа: http://cyberleninka.ru/article/n7massovaya-literatura-kontsa-hh-nachala-hhi-veka-tehnologiya-ili-