Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы, устуоруйаны анаарыы уларыйан иһэр. Бүгүн биһиги бэрэпиэссэр, филология билимин дуоктара Н.Н.Тобуруокабы кытта литература билиҥҥитин туһунан кэпсэттибит.
– Николай Николаевич, билигин суруйааччылары өйөөһүн, айымньыларын таһаарыы туһунан тугу этиэҥ этэй?
– «Ассоциация» диэн тэрилиннэ. Итинтэн сылтаан Сойуустар бииргэ эҥин үлэлиэхтэрин сөп этэ. Путин суруйааччылар бэйэлэрэ үлэлээн ииттиниэхтээхтэр диэн судаарыстыба өттүттэн өйүүрү кыккыраччы аккаастаата. Аан дойду уопутун киллэрдэ быһыылаах. Ол гынан, дьэ, ол төһө охсуулаах буолуоҕун кэм көрдөрүө. Литератуураҕа дьон өйүн-санаатын иитиигэ элбэх кылааты киллэрбит бөдөҥ суруйааччылары өйүөхтэрин сөп этэ. Ырыынак улаханнык оҕуста. Урут Пушкины, Лермонтовы, Горькайы мөлүйүөнүнэн таһаара олорбут буоллахтарына, билигин олох аҕыйах тыһыынча тахсар буолла. Ол оннугар ким төһө элбэх көрсүүлээҕин, өлөрсүү туһунан үпкэ-харчыга интэриэстээх суруйуулар атыыга барар буоланнар сыта байдылар.
– Эдэр суруйааччылар үлэлэрин хайдах сыаналыыгын?
– Дьэ, букатын саҥа киирбит суруйаачччылары ситиһэн кыайан аахпаппын. Оччотооҕуттан Сыроватскай, ити эһиги суруйбут Хара Лааҥкы диэн бэйиэттэри үчүгэйдэр диэн ааттыахха сөп. Онтон атыттар хоһоон рифматын, тутулун, ритмикэтин кыайбат буоллулар. Ити холобур, Тулааһынапка, Эллэйгэ баар курдук хоһооннор аны суохтар. Онно болҕомтолорун да уурбат буоллулар. Тиэмэни, уобараһы хайдах баҕар суруйуохха сөп. Оттон хоһоон диэн туспа пуормалаах, тутуллаах буолуохтаах. Суруйар, кинигэ таһаарар дьон элбэҕэ бэрт, ким харчылаах – ол кинигэлээх. Онтукалара букатын буор мөлтөхтөр. Ону барытын батыһа сылдьан ааҕар, ырытар кыайтарбат.
– Саха суруйааччыларыттан кими тумус туттаҕын?
– Тумус туттар суруйааччым Иван Гоголев буолар. Кини хоһоон тутулун сайыннарбыт суруйааччы. Киһи быһыытынан бэйиэт хараахтырдаах – сонно тута кыыһырар, сонно тута үөрэр киһи этэ. Аһаҕастык, хайдах баарынан. Олорон эрэн үлэлиир гына айар дьиэлээх этэ. Бэйэтэ ойуунумсуйар курдук улахан баҕайы эһэ баппаҕайын хатаран баран ыйаан турара. Сөп буола-буола араас силистэн-мутуктан ону-маны сөбүлээн чочуйар идэлээҕэ. Остуолугар мастан кыһан эриэн үөнү оҥорбут этэ. Биирдэ Покровскайга ойуурга тахсан сынньанан хаампыппытыгар «бэрт үчүгэй мутук сытарын ылбакка хааллым, чэ, бэйи, кэлин өйдөөн кэлэн ылар инибин» диэбитин өйдүүбүн. Айылҕаҕа туох эрэ көстүү баарын кыраҕытык көрөр эбит этэ. Ойуун итэҕэлин сүрдээҕин ылынара уонна бэйэтигэр баар курдук сананара. Дьиҥэр, оччотооҕуга «Хара кыталыгар» Кыһалҕа дьону сымыйанан албыннаан ойуунумсуйабын диэн билинэр уонна ойуунуттан аккаастанар курдук суруйдаҕа дии. Тыла-өһө күүстээх, сахалыы иччилээхтик суруйар киһи этэ. Бүлүүгэ сырыттаҕына, биир оҕонньор: «Бачча эдэр буолан бараҥҥын хайдах итинник сэттээх-сэлээннээх тылларынан суруйаҕын», – диэн ыйыппыт этэ. Чахчы кырдьаҕас ойуун тылын курдук сиэдэрэйдээн суруйууну олус табара. Кини курдук суруйар дьон билигин суох буоллулар…
– Бүөтүр Тобуруокап айымньыларын ырытыы хайдаҕый?
– Бүөтүр туһунан балайда ырыттылар. Наталья Бурцева диэн Уус Алдан гимназиятын учуутала өрдөөҕүтэ кинигэ таһаарбыта. Чинчийээччи Валентина Сивцева эмиэ кыттыһан, айар үлэтигэр хас да хомуурунньук таҕыста. Кини кыра кыыһын Саргылаана кэргэнэ Дмитрий Федосеевич Наумов улаханнык үлэлиир. «Тобуруокап көмүс күһүнэ» диэн Үөһээ Бүлүү Намыгар бэйээттэр түмсүүлэрин ыытар. Ол онно сыл аайы дьон кэлиитэ элбээн иһэр, интэриэс үөскүүр. Кинини ырытыыга айымньыларын үс туома таҕыста. Сотору 4-с туомугар ыстатыйаларын хомуурунньуга тахсыахтаах. Ити өттүнэн киһиргээбэккэ эттэххэ, ырыаларын кырдьык, элбэҕи билэллэр. «Алаас ырыата» айымньыта сыанаҕа элбэхтик турда. Билиҥҥи суруйууларга сатира, фельетон эҥин суох буолла.
– Суруйааччы архыыбын, айар ньыматын билиҥҥи кэмҥэ чинчийии таһымын туһунан санааҥ?
– Хас биирдии киһи бэйэтэ олоҕун туһунан арамаан суруйар кыахтаах. Онтон дьэ идэтийбит суруйааччы букатын бэйэтэ сылдьыбатах, билбэтэх, эйгэтин уустаан-ураннаан бу көрөн турар курдук суруйуута кыайтарбат. Оннооҕор Амма Аччыгыйыгар аҕыйах этэ. «Алдьархай» диэнэ туспа, уоннааҕытыгар кини бэйэтэ сылдьыбытын, көрбүтүн-билбитин суруйар буоллаҕа. Идэтийбит суруйуу диэн туспа таһым. Оннук суруйар дьон бэрт аҕыйахтар. Саамай элбэхтик чинчийбит суруйааччым Эрилик Эристиин буолар. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ кыайан үөрэтиллибэккэ турар суруйааччы хара баһаам. Чаҕылҕан туһунан суруйдум. Тулааһынап, Абаҕыыныскай туһунан букатын үүчүгэйдик сурулла илик. Оннук сиһилии үөрэтэр таһымҥа тахсыбатыбыт. Билигин өссө уустугурдаҕа буолуо. Суруйааччы үлэтин үөрэтэргэ кып-кыра даҕаны суруктар улахан суолталаахтар. Оннук хаалларбыт суруйааччылар билигин букатын аҕыйаатылар. Ол кинилэр нэһилиэстибэлэрин көрүү-харайыы мөлтөөтө. Уурастыырап, Амма Аччыгыйын, Болот Боотур да архыыбын ханна, хайдах харайбыттара биллибэт.
– Устуоруйаны хаттаан көрүүнү кытта суруйааччы дьылҕатын, литератураны үөрэтии эмиэ уларыйар буолуохтаах.
– Баал Хабырыыс кэргэнэ Ольга Скупченко диэн этэ. Москубаҕа сылдьан, туох баар кумааҕыларын аҕалан биэрбитим. Тиийбит саха барыта киниэхэ сылдьар эбит. «Көннөрү киһи кэпсээнэ» диэн поэматыгар саха тылын учуутала эрэпириэссийэлэниитин туһунан суруйар. Чурапчылар көһөрүүлэрин ахтар. Чаҕылҕан, Тулааһынап эҥин буолан хас да буолан кыттыһан, АССР суруйааччыларын национальнай боппуруоска хамыыһыйатыгар Баһаарын «Три якутских реалиста» үлэтин утаран суруйан тураллар. Ол суруйбуттара үйэлээх саастарын тухары ыар баттал буолбута. Чаҕылҕан туһунан кинигэбэр таһаарбытым. Ылынааччы ылыныа. Өксөкүлээҕи өрө көтөҕөр наадатыгар бассабыыктары эрдэттэн утарбыт киһи курдук суруйаллар. Ол онтуката букатын онно суох. 1919 с. Сэбиэскэй былаас олоҕуруор диэри халчаак былааһын саҕана хамыһардыы сылдьыбыт киһи. Ону барытын кинилэр мэлдьэһэр аатыгар сылдьаллар. Тугу да үлэлээбэтэҕэ, хааһына суотугар фольклору хомуйа сылдьыбыта диэн суруйаллара. Ону ким сөбүлүөй, историческай чахчы баар буоллаҕа. Бэл, 1918 с. бассабыыктар тутан олорон хаайбыттарын кытта мэлдьэһэллэр. Олохтоохтор көмөлөрүнэн хаайыттан күрээбит. Ол үрдүнэн сымыйанан мэлдьэһэн срууйбуттара. Ол суруйбуттарын чөлүгэр түһэрдэҕим, оннугар оҥордоҕум дии. Өстөөх былааска хамыһаардаабытын иһин дьонҥо туох да куһаҕаны оҥорботох, аһынан-таҥаһынан хааччыйарга үлэлээбит киһи. Онон икки суол араас сыыһалаах көрүү баар этэ. Оччотооҕуга маннааҕы земство тойоно Күлүмнүүрүҥ бассабыыктары букатын бандьыыттарынан ааҕар тэрилтэ этэ. Г.В.Ксенофонтов эмиэ оннук көрүүлээҕэ. Арассыыйаны алдьатан сиэн эрэллэр, эһээри гынан эрэллэр диэн. Ол иһин кинилэр эрэпириэссийэлэммиттэрэ. Кинилэр санааларын хайдах утары барыаҕай. Кэлин 1924 с. дьэ, «Хаар муус дойду аармыйата» диэнигэр суруйар. Билинэллэрэ, ытыктыыллара бэрт буоллаҕа. Ойуунускайы үҥэр таҥарата буоллаҕа. Онон аан бастаан бассабыыктар кэлиилэрин утарбыт киһи. Өрө көтөҕө сатаан сымыйалыырга күһэллэр этилэр диибин даҕаны, оннук эбитэ дуу эбэтэр историческай чахчыны билиммэттэрэ бэрт эбитэ дуу. Ол эмиэ уустук боппуруос. Хайа да бэйэлээх киһи тымтыктанан көрбөт дьыалата. Дьиҥинэн, сиэр-майгы, омук үтүө үгэстэрин уустаан-ураннаан көрдөрөр уус тылынан итэҕэтиилээхтик суруйдахтарына, дьон ааҕыа этэ. Тумус туттар санаа, өйдөбүл суох. Уопсастыба туһугар үлэ аптарытыата түстэ.
Ангелина Кузьмина.