Ытык Бахсы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, Духуобунас Академиятын академига Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус саха мындыр өйүн-санаатын чинчийдэ, баай үөрэҕин бүүс бүтүннүү хапта. Ытык киһи Олох Эргииригэр Кэм тылын дириҥ далайын анаарар айар араҥалара саас-сааһынан арыллан көһүннүлэр. “Ийэ тыллаах, ийэ өйдөөх, ийэ кута толору киһи кэпсиирэ-ипсиирэ арыйыы, арыллыы буолара баар — ол Мандар Уус бэйэтин холобуругар илэ көстөр. Көстөрүн курдук, ханна оҕо-ыччат төрөөбүт ийэ тылынан үөрэнэр даа, онно кыайыы-хотуу көтөллөнөн, ситиһии сиэттиһэн кэлэ турар”, – диэн бэрэпиэссэр, педагогика билимин хандьыдаата Г.С. Попова-Санаайа уот харахха бэлиэтээбитэ.
Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Изабелла Сивцева:
– Сахаҕа үрдүк баайыылаах, тоҕус чуолҕаннаах улуу уус диэн өйдөбүл баар. Бу үс улахан өйдөбүлү биир этиинэн этиллибит сүдү өйдөбүл буолар. Киһи сайдыытын муҥутуур чыпчаалын көрдөрөр өйдөбүл буолар. Бу чыпчаал эйгэ тэрилиннэҕинэ ситиһиллэр. Баайаҕа түөлбэтэ Саха сирин уустарын түмэр киин буолар. Үс Кут (үс Ийэ) – Ийэ Тыл, Ийэ Өй, Ийэ Кут диэн үөрэҕэ ФГОС диэн үөрэххэ турар ирдэбилбитигэр бүтүннүүтэ ырылыччы түмүллэ сылдьар. Ити этиитин Мандар Уус бэйэтэ толорон, кыһатын үлэлэтэн кэллэ. СӨ оҕолорун уус уонна иис дьарыгар дьарыктаан кэллэ, ону таһынан улахан дьону бэйэтин идэтигэр уһуйда. Кини үлэлээбитин тухары биир солкуобайы ирдээбэккэ, биир массыына көрдөөбөккө, бу муспут, түмпүт, чинчийбит үлэлэрэ биһиги норуоппут баайа буолар.
Философия билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Андрей Саввинов:
– Түҥ былыргы киһи кэлэн биһиги олохпутугар баар буолан хаалбыт. Мандар аныгы киһи буолбатах. Үөһээттэн саха омугу олох сүнньүгэр киллэрэргэ ананан кэлбит ытык киһи. Алампа «айыы сирэйдээх абааһылар элбэхтэр» диэн этэн турар. Саха дьиҥ өйүн-билиитин таҥнарааччылар билигин интэллигиэнсийэ да өттүгэр, хомойуох иһин, бааллар. Онон бу Борис Федорович-Мандар курдук саха саарынын Айыылар хааһыламмыт саха норуотун өйүн-санаатын сүрүннээтин, ИйэӨйүн сүнньүн буллардын диэн ыыттахтара! Сирдээҕи олоххо айыы санаалаах киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри, салгын кутун, өйүн-санаатын сайыннара сатыыр. Бу дойдуттан барар түгэммитигэр салгын куппут арахсан, ийэ кукка холбоһор.
Философия билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Виктор Михайлов:
– Киһи идэтин толору баһылаатаҕына бөлүһүөк буолар. Дьэ, холобур, Мандарга күрүөлэнии диэн өйдөбүл баар. Ол аата анааран түмэр тирэх санаа баар буолуохтаах. Үгүспүтүгэр оннук суох ээ, барыта утарытынан, өскүөрүтүнэн эрэ. Барыны-бары дэгиэ тыҥырахха, муоска-тиискэ түһэрэн ылабыт. Ону күрүөлүүр эбит буоллахха, олох атын таһым, өй тахсан кэлэр. Борис Федорович тутта-хапта сылдьарыгар, саҥарарыгар-иҥэрэригэр барыта ол толору баар. Кини хаһан даҕаны ханнык да түгэҥҥэ атын дьон туһунан биир да куһаҕаны саҥарбатах, эппэтэх-тыымматах киһи.Өскөтө Аристотель киһини «человек есть политическое животное» диэбит буоллаҕына, Паскаль «человек есть мыслящий тростник» диэбит буоллаҕына, Эрнест Кастрен «человек это существо создающее символы» диэбит эбит. Ол аата киһи ойууну-бичиги оҥорорунан кыылтан-суолтан уратылаах диэн. Дьэ, бу манна Борис Федорович туох баар үлэлэрэ бу өйдөбүлгэ олоҕураллар дии саныыбын. Кини үлэлэрин сыныйан аахтаххытына, онно барыта эридьиэстэнэр.
Ытык Бахсы сүбэ-соргу кэбиһиититтэн
СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыба Бириэмийэтин лауреата, норуот маастара Борис Неустроев-Мандар:
– Биһиги сирбит киэҥ Куйаарга олох таммаҕа таммалаабыт соҕотох соҕотоҕо. Үрдүк Айыылар маанылаан-маанылаан үрдүк олоҕу тэниппит Ийэ сирдэрэ. Онон Киһи Айыылар үлэлэрин салҕааччы буолар. Олоҕу чэчирии сайыннарар ытык Иэс диэн баар. Онон киһи хайа да түгэҥҥэ, хайа да кыһарҕаҥҥа ыһыктыныа суохтаах. Биир да мүнүүтэтэ, биир да чааһа, биир да күнэ көлдьүҥҥэ, көрүнньүккэ, күлүктээххэ көтүө суохтаах. Бу буолар киһи диэн үрдүк өйдөбүл ис хоһооно. Ол иһин киһи аатын-суолун хаһан даҕаны түһэн биэрбэт гына олоруохтаах. Биһиги кэммит сүрдээх кылгас. Кэм чыпчылыйыах түгэнэ. Бу соторутааҕыта оҕо буолан ыстаммыт аҕай этибит. Олох утаппыт, аччыктаабыт курдук олоруохха наада. Оннук эбит буоллаҕына, элбэҕи ситиһиэххит. Киһи саныыр санаата тарҕаныахтаах. Тууйуллубут санаа курсуйар, сытыйар-ымыйар. Ол эрэ түмүгэр Эргиир үөскүүр. Айылҕаҕа бүтүннүү Олох Эргиирэ. Күн эргиирэ, Сир эргиирэ, Дьыл эргиирэ. Барыта төгүрүк күрүө. Саха буолан сандаарбыт, Урааҥхай буолан ууһаабыт-тэнийбит улуу күүспүт буолар!
Ангелина КУЗЬМИНА,
тыл билимин хандьыдаата.