- Ыккыт былахыламматын туһугар сымала сыттаах бэс мас бытархайдарыттан сытар тэллэхтэ оҥорүҥ уонна сотороу-сотору уларытыҥ.
- Дьиэҕитигэр кымырдаҕастар баар буоллахтарына, тууһаммыт балыгы муостаҕа ууруҥ оччоҕо сүтүөхтэрэ.
- Сибиэһэйдии тоҥоруллубут оҕуруот аһын ириэрбэккэ эрэ оргуйа турар итии ууга уган ыллахха, амтаннарын уонна битэмииннэрин сүтэрбэттэр.
- Өскөтүн грэцкэй эриэхэлэр хатан хаалбыт уонна минньигэс амтаннарын сүтэрбит буоллахтарына, 5-6 күн кыратык тууһаммыт ууга туруоруллар, оччоҕо бэйэлэрин амтаннара тупсар.
- Тоҥоруллубут балыгы салапааҥҥа уган баран, хайаҕаһа суох гына баайыҥ уонна сылаас ууга угуҥ оччоҕо түргэнник ирэр.
- Аччык искэ моркуоп утаҕын истэххэ, тириини тупсарар, сылааны таһаарар, хараххар туһалыыр. Өссө мүөтү эбэн биэриэххэ сөп.
- Ыраастаныллыбыт уонна кырбастаммыт дьаабылакалары 10 мүнүүтэҕэ лимоннаах тымныы ууга сытыарыллар, оччоҕо салаакка хараарбаттар.
- Оҕуруот аһыттан миин үүтү уонна сүөгэйи кутан биэрдэххэ ордук минньийэр.
- Эти буһарыах иннинэ мэлдьи итии уунан сууйуллуохтаах.
- Аһыах иннинэ икки ыстакаан уута иһиҥ. Оччоҕо наһаа элбэҕи аһыаххыт суоҕа.
- Луугу мэлдьи сиэххэ наада. Тоҕо диэтэхххэ луукка флавоноид диэн сүрэххэ туһалаах эттиктэр бааллар.
- Өскөтүн хатарыллыбыт тэллэйи хас да чаас туустаах үүӄкэ уган туруордахха сип-сибиэһэй буолар.
Норуот ньыматынан эмтэнии.
- Күөмэй ыарыытыгар – эриэпчэтэй луугу илдьиритэн баран кыратык мүөт кутан утаҕын күҥҥэ үстэ – түөртэ иһиллэр.
- Тумууга – кыраадыһы түһэрэргэ 5-7 грамм биэ эмийин илдьиритэн баран, 200 мл оргуйбут итии ууну кутуллар уонна 10-ча мүн. Оргутуллар. Хаппахтаан 15-20 мүн. сойута түһуллэр. Мүөт кутан иһиэххэ сөп.
- Куртах, очоҕос бааһырыытыгар – икки остолобуой луоску бохсурҕана оту 1 ыстакаан итии ууга 15 мүн. туруоруллар. Күҥҥэ 3-4 –тэ 1-2 ост.л. иһиллэр.
- Хабах, бүөр ыарыыларыгар уҥуохтаах отон уга, боруу, ромашка, календула тэҥнии ылыллыбыттарыттан 1 ост. Нь. Холбодоһугу биир ыстакаан тымныы уунан кутан, 7-10 мүн. мөлтөх уокка оргутуллар уонна сойутан сиидэлээн баран, бу бэлэмнэммит эми күн устата хаста даҕаны аһаан баран иһиллэр.
Көрөрү тупсарарга сүбэлэр
- Каротиннаах оҕуруот астарын элбэхтик сиэххэ наада. Холобур: тыква, салат, моркуоп, шпинат сэбирдэҕэ.
- «А» битэмииннээх аһылыктары ынах арыытын, сымыыты, быары, балыгы, сибиинньэ бүөрүн сиир туһалаах.
- Киһиэхэ күҥҥэ 500 мг «С» битэмиин наада. Ол эбэтэр үс ыстакаан апельсин утаҕа. Бу битэмиин маннык астарга баар: дөлөһүөн, кыһыл биэрэс, моонньоҕон, хаппыыста, лимон, хаптаҕас, горох.
- Кун аайы В, Е битэмииннэрдээх, кальцийдаах, калийдаах аһылыктары сиэтэххэ уонна сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сырыттахх, чөл олоҕу тутуһар буоллахха харах чэгиэн буолар.
- Ону таһынан маннык эрчиллиилэри оҥоруҥ:
- Хараҕы 4-5 сөкүүндэҕэ быччыҥнарын ыга симэн сабан олоруҥ. Онтон эмиэ 4-5 сөкүүндэҕэ арыйыҥ. Маны 7-тэ оҥоруҥ.
- 1 мүн. устата түргэнник симириктэтиҥ.
- Бу эрчиллии туран эрэн оҥоһуллар. 3-4 cөкүүндэ утары ырааҕы көрөн туруллар. Уҥа илиини көтөҕөн тарбаххытын 30-35 см тэйиччи тутан көрөн туруҥ.
- Хараххытын симиҥ тарбаххытынан хараххытын имэрийиҥ. Бу хараххытыгар хаан эргиирин тупсарыаҕа.
- Төбөҕүтүн хамсатымаҥ хараххытынан маҥнай үөһэ, аллараа, уҥа онтон хаҥас көрүҥ. Бу эрчиллиини сэттэтэ оҥоруҥ.
Өбүгэлэрбит хайдах эмтэнэллэрэй?
Сөтөлгө – 2-3 чаайнай ньуоску балык сыатын куҥҥэ биирдэ иһэллэрэ, түөстэрин ынах сыатынан бистэллэрэ.
Күөмэй ыарыытыгар (ангина) – моойго куобах тириитин баайаллара, сиһик хатырыгын оргутан күөмэйдэрин сайҕаналлара.
Илиистиги таһаарарга – кучукта оту оргутан баран иһэллэрэ.
Харах ыарыытыгар – оҕо иигинэн сууналлара.
Ис тэһэҕэстэниитигэр – имэрийэллэрэ уонна бааччанан баайан кэбиһэллэрэ. Итиэннэ эрбэһин оту оргутан уутун иһэллэрэ.
Ис-оһоҕос ыарыытыгар – ыт тыла оту испииргэ уган туран баран, ол уутун иһэллэрэ.
Бүөр ыарыытыгар – уулаах отон уутун оргутан иһэллэрэ.
Илии ыарыытыгар — бу ыарыыны өбүгэлэрбит «уҥуох бэлэхтэттэ» диэн ааттыыллара. Улахан тарбахтарын тыыннаах күөнэх балыкка көрдөрөллөрө, онтон төттөрү ыытан кэбиһэллэрэ.
Тарбах тымныйан ыалдьыытыгар – сордоҥ хараҕын эбэтэр сиикэй эти ууран эмтииллэрэ.
Тиис ыарыыта – сахалар тиистэрэ биирдэ эмэ ыалдьара, боҕө, бүүс бүтүн тиистээхтэринэн биллэллэрэ. Ардыгар ыарыйдаҕына, ыалдьар тиистэринэн бэйэлэрин курдук ааттаах киһи уҥуоҕуттан мас тоорохойун эмтэритэн ылан ытыраллара. Ыксаатахтарына, ханнык баҕар уҥуохтан ылан маһы ытыраллара көҥүллэнэрэ. Эбэтэр маннык ньымаларынан эмтэниллэрэ:
- Тиис хайаҕаһыгар мас сэбирдэхтэриттэн үөннэри хомуйан угаллара.
- Иэдэстэрин куобах тириитинэн бааналлара.
- Сэргэ эмтэркэйин ытыраллара.
- Иэдэскэ түөн ууруллара
- Тиискэ баҕа өттүгүн эбэтэр атаҕын укталлара
- тоҥсоҕой тумсунан ыалдьар тиистэрин уонна миилэни тоҥсуйаллара.
- Тыатааҕы тииһин ытыраллара.
А.М.Григорьева «О народной медицине якутов» 1991 с. кинигэтиттэн ылылынна.
Баттаҕы тупсарарга
- 100 гр хатарыллыбыт ытырыык оту оргуйбут итии уунан кутуллар уонна сойутан баран 0,25 л уксуһу эбэбит. Хас киэһэ аайы 10 хонукка суунуллуохтаах. Оччоҕо баттах килэбэчигэс буолар уонна сыата сүтэр.
- 1 остолобуой л. илдьиритиллибит ытырыык оту 1 час оргуйбут итии ууга туруорабыт, онтон баттаҕы илитэн оннук 15 мүнүүтэ сылдьа түһэн баран суунан кэбиһэбит.
Ангелина Кузьмина.