Дурба батас диэн олоҥхоҕо хоһуллар боотур аарыма улахан батаһын этэллэр. Итинник кээмэйдээх батастар олоххо эмиэ көстөллөр эбит гынан баран, Ньурба түмэлигэр баар батас курдук быһыылаах уонна кээмэйдээх ханна да суох. Бу батас кээмэйинэн сөхтөрөр: угун кытары устата – 1 м 83 см.; тимирин уһуна – 83,8 см; тууратын кытары уһуна – 156,8 см., иэдэһин кэтитэ – 7,9 см; ончоҕун халыҥа – 9 мм; абырыытын уҺуна – 5,5 см. Онтон ыйааһына – 4,6 киилэ. Аны туран биитин быһыыта – батыйа киэнин курдук кэдэгэр. Дьиҥэр, батас биитэ сурааһыныныы өрө тахсан баран муннуктуу аллараа сыыйыллар. Онон бу дурба батаспыт үкчү батыйаны улаатыннарбыт курдук эрээри, аны туран үөһээ эмиэ батас киэнин курдук өнчөҕүн аннынан ааһар. Онон хайа да өттүнэн ыллахха, бэрт дьикти оҥоһуулаах сэп буолар.
Мухоплевтар диэн Чаппанда нэһилиэгин сис ыалларын өбүгэлэриттэн тиксибит кэриэс-хомуруос маллара эбит. Ону учуутал Мухоплев Николай Федорович бөдөҥсүтүү кэмигэр, 1958 сыллаахха, Диэкэн диэн алаастарыттан көһөн баралларыгар хотон күкүрүгэр кистээбит. 1960-с сылларга оскуолаларга күргүөмүнэн кыраайы үөрэтэр музейдар тэриллэллэр. Онно экспонат хомуйуутугар оҕолор сылдьаннар, бу өтөхтөн батаһы булан оскуола музейыгар киллэрэн биэрбиттэр. Салгыы батас Ньурбаҕа тэриллэр оройуон музейыгар киирбит уонна бастакы экспонат буолбут. Ону 1974 с. Н.Ф. Мухоплев көрөн кинилэр ыал батастара буоларын билбит уонна музей тэрийээччитигэр Ксенофонт Дмитриевич Уткиҥҥа “бу ытык малбытын музейга бэлэхтиибин, билиҥҥи үөрэхтээх ыччаттар көрөннөр саха былыргы олоҕун биллиннэр, сэргээтиннэр” диэн баҕа санаатын этэн суруйбут.
Эрдэ этиллибитин курдук, Мухоплевтар – Чаппанда сис ыаллара. Бу батаһы тутта сылдьыбыт Мухоплев Алексей Федорович-Буотта (Н.Ф. Мухоплев аҕата) сүрдээх күүстээх киһи эбитэ үһү. Олох кырдьан олорон Кустук ферматыгар кутаҕа ынах түспүтүгэр соҕотоҕун, өтүү быаны сүөһү түөһүгэр кэтэттэрэн баран, тардан таһаарбыт. Кэлин, хараҕынан көрбөт буолан, оҕолор хортуоска оҥкучаҕын арыйан кэбиспиттэригэр үлтү түһэн, онтон эрэмсэрэн өлбүтэ үһү.
Кини бу батаһы илдьэ сылдьыбытын туһунан маннык кэпсэнэр.
1947-49 сылларга, кураан кэмигэр, Саалтаанылар, Арҕаа уонна Алын Бэстээхтэр – »Социализм», »Стаханов», »Ленин суола», »Кыым» колхуостар Ээдьээн Түбэтэ диэн Ньурбаттан 8 көстөөх сиргэ от сии тахсыбыттар. Онно Буотта эмиэ тахсыспыт. Биир эмэ ынаҕын кыстатар сыалтан буолуохтаах. Ол кэмнэ кырдьаҕас киһи.
Ээдьээн Түбэтэ диэн туох даҕаны күн туллар күөлэ. Оччотооҕуга куһа-балыга диэн туох да сүрдээх. Маска умньанар балыктаах, былыт курдук көтөр кустаах дойду үһү. Эһэ, тайах да үөскүүр сирэ. От да үүнэрэ бэрдэ үһү. Атын сиргэ сут-кураан буоллаҕына, онно сут-кураан ылбата үһү.
Ол онно эһэ арҕаҕын үктээбиттэр. Аны туран оҕонньор, тоҕо эбитэ буолла, батаһын илдьэ сылдьыбыт. Маннык ыраах сиргэ киһи илги-талгы таһаҕас гынан илдьэ сылдьыбат сэбэ, ыарахана бэрт. Ону тоҕо булгуччу наадалаах курдук илдьэ тахсыбыта биллибэт.
Малгын илдьэ бар диэн буолбут – эһэҕэ. Дьэ, онно сүгэн баран: »Чэ, кэбис! Аны бу малы киһи бостууктууругар быстыыһы – аны илдьэ сылдьыбатах киһи илдьэ сырыттын!» — диэбитэ үһү.
Онтон кини аҕата Мухоплев Федор Федорович-Хоҥхо кэпсээҥҥэ киирбит күүстээх киһи. Аҥар күүстээх (800 киилэни көтөҕөр) диэн ахталлар. Ити сүөһүнү соҺон таһаарар уолун Буоттаны уонна эмиэ бэрт сэниэлээх иккис уолун Сыччыҥы этэрэ үһү: “Мин уолаттарым кыамматтаа-ар, кыамматтар! Киэһээ аҺыылларын сарсыарда сиртэн өгдөппөт котокулар», — диэн. Бэйэтэ буоллаҕына икки бууттаах гиирэни тэйгэччи тутааҕыттан тутан, ыйааһын өртүн сутуругун тас өттүгэр гынан баран, сэттэтэ кириэстэнэр киһи. Боһуут кулуба Хатыҥ Сыһыыга турар икки этээстээх ыскылаатын үрдүнэн икки бууттаах гиирэни быраҕара үһү.
Хоҥхо Сүөдэр 40 атынан бэдэрээт көтөҕөр кыанар-хотунар киһи. Олоҕо билигин Чаппанда эбэтэ диэн ааттанар арҕаа өртө. Сороҕор Сүөдэр эбэтэ диэн ааттыыллар.
Үөһээ ахтыллыбыт учуутал Н.Ф. Мухоплев ахтыытын К.Д. Уткин суруммута Ньурба түмэлин пуондатыгар баар. Ксенофонт Дмитриевич кэпсэтэ олорон утары суруммут бадахтаах, сорох суруга кыайан ааҕыллыбат эбэтэр сэрэйэн ааҕыллар. Онно Хоҥхо тимир ууһа этэ диэн баар. Сүгэ, быһах, суоку оҥороро үһү. Элэйбит биилээх сүгэҕэ тумус ууран биэрэр эбит. Бу батаһы киниэхэ Суон Мөөчүкэ “хойут оҕолоруҥ кэриэс гынан бултаатыннар” диэн бэлэхтээбит. Суон Мөөчүкэни туох да идэтэ суох, орто баай диэн суруйбут. Бу батаһы көрдөрүүгэ анаан оҥотторбут. Аны бу батаһы Хоҥхо үһүс уола Дарымыан эһэҕэ илдьэ сылдьыбыт диэн суруллубут. Илдьэ сылдьарга баараҕайа бэрт диэн сирбитэ үһү. Ол оннугар “сүнньүөҕүнэн икки айах ытара ордук” диэбит. Көрбүт дьон “ оо, тоҕо ыараханай, тыаҕа туох илдьэ сылдьыай” дииллэрэ үһү. Дарымыан бэйэтэ мас ууһа эбит, ат сыарҕата, хомуут оҥорор. Биир идэтэ – булт. Ээлликкэ олорон тайах бөҕө бултаабыта диэн ахтыллар. Эрдэ өлбүт.
Хоҥхо Сүөдэр кулуба Акыым Ноговицын кыыһын кэргэн ылбыт. Бу Акыым кулуба аҕата – Алексей Дмитриевич Ноговицын-Суон Мөөчүкэ, оттон кини аҕата Ноговицын Дмитрий-Бэрт Миитэрэй — Омолдоон Боотур хос сиэнэ. Онон удьуор харылы төрүт дьон. Хааннаах киһи төбөтө төргүүлээх Улуу Омолдоон – кыргыс үйэтинээҕи боотур, ньурбалар уонна сунтаардар биир төрүттэринэн буолбут Ньырбакаан эмээхсин сиэнэ. Кини Чаппанда нэһилиэгин уонна элбэх аҕа уустарын төрдө буолбут киһи.
Онон бу батаһы аат-суол туһугар Суон Мөөчүкэ оҥотторбут диир буоллахпытына, кини 19 үйэ бастакы аҥарыгар, ортотугар оҥоһуллубут буолуон сөп. А.Д. Ноговицын-Суон Мөөчүкэ Ньурба улууһугар 1850-1854 сс. кулубалыы сылдьыбыт.
Онтон, сабаҕалааһын быһыытынан, бу аарыма улахан батас – кыргыс сэбэ Улуу Омолдоон киэнэ эмиэ буолуон сөп курдук. Ону киһи хайдах да туоратар кыаҕа суох.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Мартынов Н.Н. Төрүт дьон ууруу мала. / Сэргэ., 2004 – Ньурба.
- Степанов Н.Т. Аптаах тыл соноругар. – Дьокуускай, 2006.
- Уткин КК.Д. Исторические рассказы кузнецов. Илиинэн суруйуу. – Ньурба түмэлин пуондата.