(1898 – 21.06.1931)

Г.В.Баишев-Алтан Сарын, Алтан, Хахайдаах Хабырыыс – саха норуотун биир чаҕылхай уола төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сыла быйыл бэлиэтэнэр.  Кини сахаттан биир маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, ураты көрүүлээх учуонай, тюрколог, талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт уонна уопсастыба диэйэтэлэ этэ. 60-ча сыл усталаах-туоратыгар “норуот өстөөҕө” диэн хара балыырдаах ааты сүгэн, отуччалаах эрэ эдэркээн киһи төрөөбүт дойдутугар, саха норуотугар оҥорбут  сүҥкэн үтүөтэ сырдатыллыбатаҕа. 1991 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр эрэ «кини дьайыыларыгар буруйу оҥоруу састааба суоҕа” дакаастанан Алтан Сарын аата тиллибитэ, норуотугар төннүбүтэ.

Г.В.Баишев 1898 сыллаахха Мэҥэ улууһун Дьабыл нэһилиэгэр (билиҥҥинэн Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэ) дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ иккиэн 1923-1924 с.с. сылынан быысаһан күн сириттэн күрэммиттэрэ.

Үлэҕэ уһаарыллыы уонна үөрэх

Гавриил Васильевич 1917 с. Дьокуускайга почта-телеграф хонтуоратыгар көмө үлэһитинэн, онтон 1918 с. Таатта оройуонугар Аллараа Амма нэһилиэгэр (Чычымах) почтаны дьаһайааччынан уонна технигинэн үлэлээбитэ. 1922 сыллахха Киллэм уонна Никольскай (Нам) сэриилэригэр өрө турааччыларга кыттыһан үрүҥнэр этэрээттэригэр сылдьыспыта. Байыаннай коммунизм саҕанааҕы салалта өттүттэн наһаа хабыр сыһыаны утаран, ону эдэр киһи саҥа былаас ыытар политикатын курдук өйдөөн, үрүҥнэргэ кытта сылдьыбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Ол сыл амнистиянан хаайыыттан босхоломмута. Ити кэннэ Гавриил Васильевич Дьокуускайга киирэн педтехникумҥа үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан «Саха омук» уопсастыба техсэкэритээринэн, онтон 1923 сыллаахха ЧАССР Сир оҥоһуутун наркоматыгар (Наркомзем) сэкэритээринэн үлэлээбит. 1924 сыллаахха сайын Москваҕа барыахтаах А.А.Иванов-Күндэни солбуйан, литературнай тылбаас хамыыһыйатын чилиэнинэн үлэҕэ киирбит. Үөрэх-доруобуйа наркоматын иһинэн үлэлиир хамыыһыйа маҥнайгы букубаардары, ааҕар кинигэлэри, элбэх уус-уран айымньылары көрөн, бэчээттээн таһаарбыта. Манна үлэлии сылдьан, «Комсомол накааһын» («Заповеди комсомольца») тылбаастыыр, хамыыһыйа атын араас үлэтигэр кыттар. «Хамначчыт тойуктара» диэн ырыа буолбут хоһооно «Кыым» хаһыакка 1925 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр тахсыбыта. 1924 сыллаахха Гавриил Васильевич Москваҕа тиийэн ССРС норуоттарын кинигэ таһаарар кыһатыгар үлэлээбитэ. Онтон 1925 сыллаахха Ленинградка тиийэн, үрдүк үөрэххэ – Илиҥҥи тыллар институттарыгар (Институт живых восточных языков) үөрэнэ киирбитэ. Кини иннинэ бу үөрэх тэрилтэтин сахалартан С.А.Новгородов (1923 с.) бүтэрбитэ. Гавриил Васильевич үөрэҕэр үчүгэй буолан, үрдэтиллибит истипиэндийэни ылара. Ол сылдьан Э.К.Пекарскай «Саха тылдьыта» диэн 45 сыллаах үлэтэ тумуктэммитин бэлиэтиир Ленинградтааҕы наукалар академияларыгар буолбут үөрүүлээх мунньахха сахалыы тылынан эҕэрдэ аадырыс тиэкиһин суруйан аахпыта биллэр. Соҕуруу үөрэнэ сырыттаҕына, 1926 с. «Кыһыл Сулус» литэрэтиирэ түмсүүтүгэр П.А.Ойуунускай хайҕаан ахтыбыт: «Г.В.Баишев (Хахайдаах Хабырыылла)… саха тылын күүһүн, илбиһин туппут киһи. Хас даҕаны ырыалардаах. Сайыҥҥы ардах түһүөн иннинээҕи кэми ырыанан суруйбута олус бэрт».

Хаартыскаҕа: үөһээ хаҥастан уҥа бастакы тураллар А.И. Софро́нов (Алампа) уонна  Г.В. Баишев-Алтан Сарын (хаартысканы http://archivesakha.ru/ саайтан туһанныбыт).

1928 сыл күһүнүгэр, үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, тюрколог идэтин ылан, Сахатын сиригэр төннөр. Дойдутугар кэлбитэ –  «ксенофонтовщина» айдаана туран, «Саха омук» уопсастыба ыһыллан, Саха бырабыыталыстыбатын састааба уларыйан, партия КК уурааҕынан уопсастыба бэлиитикэтигэр быһыы-майгы тосту эргийэн хаалбыт кэмэ этэ. Г.В. Баишев Дьокуускайга кэлэн, Саха Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиумун уурааҕынан (сэтинньи 5 күнэ) Саха суругун дьаһайар Кэмитиэт (Комитет Якутской Письменности, кэлин – Комитет Нового алфавита) учуонай сэкэритээринэн ананан П.А. Ойуунускайы, С.Н.Донской-1, К.О. Гавриловы, Күндэни кытта бииргэ таһаарыылаахтык үлэлээн барбыта.

Саха тылын сайдыытыгар

Г.В. Баишев бэйэтин олоҕун сыалынан уонна айымньылаах үлэтинэн үлэһит норуот үтүө баҕатыттан уонна бэйэтин кэмигэр дьон олоҕор уонна сыһыаныгар хабааннаах, култуура уонна бэлиитикэ соруктарыттан тэйэ турбатаҕа. Төһө күүһэ, дьоҕура тиийэринэн көмөлөспүтэ. Саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан сайдан кэлбит устуоруйата Гавриил Васильевич Баишев-Алтан Сарын аатын кытта ыкса сибээстээх. Бастатан туран, тиэрмин туһунан үөрэҕэ саха тылын лиэксикэтин байыппыта саарбахтаммат. Ону сэргэ латыын тылын тылы сахатытыыга туһанан, үөрэҕэ суохтары ааҕарга-суруйарга үөрэтии быраактыкатыгар киллэрбитэ.

Алтан Сарын сахалартан бастакынан тиэрмин боппуруоһугар туруулаһан үлэлээбитэ. Кини санаатынан, тиэрмин нуучча тылыттан буолбакка, бэйэбит сахабыт тылыттан киириэхтээх. Тиэрмини үөскэтэр сүрүн бириинсиптэргэ маннык көрүүлээҕэ:

  1. Былыргы умнуллубут тыллары сөргүтүү, эргэрбит тыллар суолталарын хат тилиннэрэн туһаныы. Холобур, оҥкул – проект, дьүөрэ – гармония;
  2. Саҥа тиэрминнэри үөскэтии. Холобур, уматык – топливо, эттик – вещество, умсурҕан – школа, суунурҕан – баня, чаҕылыма – электричество;
  3. Ол кыаллыбат буоллаҕына, уруулуу түүр тылларын туһаныы. Холобур, чэчик (алт.) – сибэкки, тайаара (туурак) – аэроплан, кудай (туркм.) – вселенная.

Кини киллэрбит тиэрминнэрин сорохторо олохсуйан, билигин биһиги күннээҕи кэпсэтиибитигэр, билимҥэ уонна уус-уран суруйууларга туһанылла сылдьаллар.

Олох долгуннара

Гавриил Васильевич Баишев-Алтан Сарын литэрэтиирэҕэ айымньыларыттан улаханнара «Кыһыл өрт» диэн поэмалаах, «Омоҕойдоох Эллэй» диэн 9 көстүүлээх драмалаах, «Айыыһыт», «Сайыҥҥы түүн дьалыҥнара», «Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах», «Өрүс», «Этиҥнээх ардах», «Киэһээ айан», уо.д.а. кэпсээннэрдээх. Ити кэпсээннэргэ поэт төрөөбүт алааһыгар, дойдутун сайыҥҥы кэрэ долгураҥар сылаас таптала, саха санаата, итэҕэлэ киһи хараҕар көстө түһэр чахчылаах уобарастарга кутуллан, ис иэйиилээхтик бэриллэр. Алтан Сарын ордук тэҥнээһиннэрэ сиэдэрэйдэр, бэргэннэр. Амма Эмиһиттэн төрүттээх Т.В. Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун (В.Н.Васильев суруйбут) тылбаастаабыта. Норуот тылынан уус-уран айымньытын тылбааһыгар Алтан Сарын эмиэ туспа көрүүлээҕэ: олоҥхо хоһоонун куорматын, баай тылын уратытын тылбаасчыт булгуччу ымпыгар-чымпыгар тиийэ тутуһуохтаах диэн.

Хаартыскаҕа: Алтан Сарын үөһэ эрээккэ уҥаттан бастакы турар (https://sah.wikipedia.org/ саайтан).

«Тыл барҕарыытын туһунан», «Биирдээһиннэрии сыала (цель унификации) уонна туохха наадалааҕа», «Тойуктары ааҕар дьоҕур», «Алпабыыт туһунан», «Ааты сахатытар туһунан», «Тыл туһунан», «Сурук туһунан» диэн ыстатыйаларын «Кыым» хаһыакка, «Чолбон», «Кыһыл ыллык» сурунаалларга бэчээттэппитэ. Тиэрмин уонна таба суруйуу боппуруостарыгар Кэмитиэт иһинэн хаста да дакылаат оҥорбута.

Бу дуоһунаска үлэлээбитэ лоп курдук биир сыла туолуутугар, 1929 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Алтан Сарыны ГПУ уорганнара тутан хаайбыттара. Хаайыыга тыҥатын ыарыыта көбөн, ити дьыл ахсынньы 2 күнүгэр сууттаныар диэри баппыысканан тахса сылдьан, кэмитиэт хас да мунньаҕар дакылаат оҥортообута. Ол эрээри кинини оннук өр көҥүлгэ сырытыннарбатахтар. «Уруккутун» умнубатах суруйааччы туһунан» диэн кинини холуннарар ыстатыйа 1930 сылллахха «Эдэр бассабыык» хаһыакка тахса охсор. «Уруккутун өйдүөбүт (Воспоминание)» диэн ааттаан «Чолбоҥҥо» Г. В. Баишев бэйэтин тус олоҕуттан ылан суруйбут ахтыы-кэпсээнин ким эрэ ылан, автортан ыйыппакка эрэ бэчээттээн кэбиспит. «Сэттэ Бытык» диэн псевдонимнаах эдэр критик Н.М.Заболоцкай айымньыны «революцияны утары үгэнэн сурулубут кэпсээн» диэн тиэрэ ырыппыта. Сэттэ Бытыкка эппиэттээн автор хаһыакка «Кыҥаан көрө-көрө кырадаһын таһаара сатаабыт» диэн быһаарыы суруга бэчээттэммитэ. Аҕыйах хонугунан Алтан Сарыны буруйдааһын «сөптөөҕө» дакаастаммыт аатыран, 1929 сыл сэтинньи 18 күнүгэр иккистээн хаайбыттара. 1924-1928 с.с. сэбиэскэй былааһы утары санаалаах саха интеллигенциятын мунньахтарыгар кыттыбыт диэн буруйдаабыттара. Саха сиригэр “Ксенофонтов дьыалатын” силиэстийэлии кэлэ сылдьар С.Пузицкий диэн ОГПУ боломуочунайа Алтан Сарыны олоҕо суох холуннарыылаах буруйдуур дьыаланы тэрийбитэ. 1930 сыл муус устар 22 күнүгэр тройка ууруутунан Г.В. Баишев, РСФСР ХК 17 уонна 58-2 ыстатыйаларынан буруйданан, «3 сыл болдьохтоох күлүүс хаайыытыгар, ол кэнниттэн Саха сириттэн төһө кыалларынан ыраах «үлэнэн көннөрүнэр лааҕырга» утаарыллыбыта. 1931 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр Г.В.Баишев-Алтан Сарын Новосибирскай лааҕырыгар (В.Е.Васильев-Харысхал булбут докумуонунан) ыалдьан сырдык тыына быстыбыта.

1998 с. В.Н.Протодьяконов Алтан Сарын айымньыларын, билимҥэ үлэлэрин, кини туһунан ахтыылары, силиэстийэ матырыйаалларын түмэн “Тоҕус этиҥ тойуга” диэн хомуурунньугу бэлэмнээн, 3000 эксэмпилээринэн таһаартаран, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрбитэ. Г.В.Баишев-Алтан Сарын үтүө аатын тилиннэриигэ улахан кылаатын киллэрсибит В.Н.Протодьяконовы сахатын норуота бу үбүлүөйдээх түгэҥҥэ эмиэ махталынан ахтыаҕа, кини сырдык кэриэһигэр сүгүрүйүөҕэ. «Айар тыл уоттаннын!!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!!» Дом!

Галина ШИШИГИНА .

Г.В.Баишев-Алтан Сарын айымньылара уонна кини туһунан суруйуулар (куйаар ситимиттэн ылылынна):

 Тоҕус этиҥ тойуга / Г.В.Баишев – Алтан Сарын; Хомуйан оҥордо В.Н.Протодьяконов; М.Г.Старостин уруһуйа.– Дьокуускай: Бичик, 1998. – 384 с.   

 Уруккутун өйдүөбүт : Кэпсээн / Г.В. Баишев –Алтан Сарын // Чолбон. – 1926. – № 2. – С. 13 – 14

Тойуктары ааҕар дьоҕур / Г.В.Баишев –Алтан Сарын // Чолбон. – 1929. — «№2. – С. 60 – 62.

Тыл барҕарыытын туһунан / Г.В. Баишев – Алтан Сарын // Чолбон. – 1928. — № 11-12. – С.42 – 44.

Сайыҥҥы түүн дьалыҥнара: Кэпсээн / Г.В.Баишев – Алтан Сарын // Кыьыл ыллык. – 1930. — № 3-4-5. – 69 – 71

Захаров Т.В.-Чээбий. Ала Булкун: Якутское олонхо / Запись В.Н. Васильева; Подг. Текста Э.К. Пекарского, Н.В. Емельянова; Пер. Г.В.Баишева – Алтан Сарына; РАК Сиб. отд-е Якут. ин-та лит.и ист. – Якутск, 1994. – С. 98 – 101.- (Образцы народной литературы якутов. Вып. 2.)

Охсуулаах Улуу сахтар: хоһоон // Айан аартыга : улахан саастаах оскуола оҕолоругар / Г.В.Баишев – Алтан Сарын; хомуйан оҥордулар Г.А. Кирова, Е.М. Малышева. – Дьокуускай : Бичик, 2005. – С. 12.

Уруккутун өйдүөбүт : Кэпсээн / Г.В. Баишев-Алтан Сарын // Суурбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ: Саха прозаиктарын айымньыларын антолоията / Хомуйан оҥордулар : П.Д.Аввакумов, С.А.Попов – Тумат; Ред. И.Г.Спиридонов; Худож. М.Г.Старостин. – Дьокуускай : Бичик, 2000. – С.31 – 37.

Айар улэтин уонна олоҕун туһунан. Алтан Сарын тиэрминнэрэ // Кыым. – 2012. – От ыйын 5 к. – С.37.

Алтан Сарын-Г.В.Баишев. От переводчика:[«Ала Булкун» олоҥхо» тылбааһа] // Ала Булкун бухатыыр: Якутское олонхо / Т.В. Захаров – Чээбий; Запись В.Н. Васильева; Подг. Текста Э.К. Пекарского, Н.В. Емельянова; Пер. Г.В.Баишева – Алтан Сарына; РАК Сиб. отд-е Якут. ин-та лит.и ист. – Якутск, 1994. – С. 98 – 10.

 Г.В. Баишев-Алтан Сарын – суруйааччы, үрдүк үөрэхтээх лингвист //Алаҕаркаан-тэтэгэркээн алтан араҕас далбардаах Алаҕар нэһилиэгэ / Хомуйан оҥордулар В.Г. Оконешникова, П.Н. Дьячковская, О.Г. Решетникова. – Дьокуускай : Сайдам, 2010. – С.431 – 432.

 Попов Г.В. Алтан Сарын «Омоҕойдоох Эллэй» драматыгар фольклору айымньылаахтык туһаныыта // Кэрэхсиир киһи кэпсээннэрэ / Г.В.Попов; [киирии тылы суруйда С.И.Тарасов]. — Дьокуускай : Бичик, 2005. – С. 86 – 89.

Протодьяконов, В.Н. Алтан Сарын уонна «Чолбон» сурунаал // «Айар тыл уоттаннын!!!Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!!»: Кэм – Литература – Төрүт угэс туһунан санаалар / Баьылай Бырдьахаанап. – Дьокуускай, 2009. – С. 181 – 187.

 Протодьяконов, В.Н. Алтан Сарын уонна «Чолбон» сурунаал // Чолбон . – 1996. — № 10. – С.

Протодьяконов, В.Н. Очурдаах олох // Тоҕус этиҥ тойуга / Г.В.Баишев – Алтан Сарын; Хомуйан оҥордо В.Н.Протодьяконов; М.Г.Старостин уруһуйа. – Дьокуускай : Бичик, 1998. – С. 4 – 8

Протодьяконов, В. Н. Очурдаах олох // «Айар тыл уоттаннын!!!Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!!»: Кэм – Литература – Төрүт үгэс туһунан санаалар / Баһылай Бырдьахаанап. – Дьокуускай, 2009. – С163 – 181.

 Слепцова В.Г. Дойдутуттан ахтыы: [Алтан Сарын 100 сааһыгар научнай конференцияҕа ааҕыллыбыт дакылаат] / В.Г. Слепцова – Санаа // Саха барахсан. – Дьокуускай : Сайдам, 2006. – С. 85 — 88

Филиппов, Г.Г. Алтан Сарын үөрэҕэ уонна саха тылын култууратын сайдар төрдө // Саха тылын дьылҕата: бэҕэһээ, бүгүн, сарсын…: Ыстатыйалар / Г.Г. Филиппов. – Дьокуускай : Бичик, 2004. – С.34 – 38