Былыргы кэмҥэ эргилиннэххэ…

РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, тыыл уонна СӨ үөрэх систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ Анна Жиркова оҕо сааһын, ийэтин хас биирдии кэпсээнин, оччотооҕу дьону-сэргэни, куорат былыргытын, эрэпириэссийэ ыар тыынын барытын олус үчүгэйдик өйдүүрэ. Хомойуох иһин, Анна Николаевна биһиги кэккэбититтэн соторутааҕыта барбыта. Кини биллиилээх суруйааччыларбыт эдэр эрдэҕинээҕилэрин, өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүҥкэн үтүөлээх бэлитиичэскэй диэйэтэллэри илэ хараҕынан көрбүт, бодоруһан ааспыт соҕотох киһи этэ. Биһиги ол былыргы олох саһарбыт устуоруйатын сэгэтэн көрөн, Анна Николаевна сэһэргээбититтэн, кэрчик-кэрчик кэпсииргэ сананныбыт.

Иван Жирков 1931-37 сс. Саха АСССР норуотун үөрэҕириитин бастакы наркома

Иван Николаевич (Анна Николаевна аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт киһи) бүттүүн начальнай үөрэхтээһин сокуонун олоххо киллэрии саамай эппиэттээх кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин салайбыта. Саха оҕото сахалыы үөрэниэхтээх диэн санаалааҕа. Төрөөбүт тылынан үөрэнэр кинигэ таһаартарбыта, биридимиэттэр сахалыы үөрэтиллэр буолбуттара. Аны быраата Иван Николаевич өлбүтүн кэннэ буржуажнай националист, дьоппуон үспүйүөнэ кытта диэбиттэр этэ. Ону биһиги ийэбит, хата, эрэпириэссийэ иннигэр өлөн, уҥуоҕун тутан хааллыбыт диэн үөрээхтиирэ. Оннук кытаанах дьыллар этэ.

Кэргэнэ Марфа Иосифовна өлөрүгэр ыарахан хаалбыта. Тороскуус кэргэнэ диэн буруйданан үлэтиттэн ууратыллыбыта, эрэй бөҕөнү көрбүтэ. Онон ыарыһах оҕо төрөөн, аҕыйах ыйдааҕар өлөн хаалаахтаабыта. Сырдык санаа, норуокка үтүөнү оҥоруу диэн сүдү күүс. Кэлин аата норуокка эргиллэн хас да кинигэ таҕыста. Саха өһүн хоһоонугар ойуурдаах куобах охтон биэрбэт диэн сөпкө этэллэр эбит.

Эрэпириэссийэ айдаана туруон иннинэ убайым Иван Николаевич сэллик буолан өлбүтэ. Оттон Ойуунускайдааҕы ытан кэбиспиттэрэ, ханна көмпүттэрин даҕаны истибэтэхпит. Алдьархай иэдээн диэн ити буолбат дуо?! Сэбиэскэй былаас туһугар диэн муҥнаммыттарын кэннэ, былаас бэйэтэ ытан кэбиһэрэ диэн ынырык. Сарсыарда туран баран, бөлүүн кими хаайбыттар үһү диэн сибигинэһэн кэпсэтэр этибит. Мин Каландаршвилли уулуссанан үөрэнэ барарым. Ыстапаан Аржаков уонна партийнай үлэһит Габышев биир олбуор иһигэр олорбуттара. Дьиэлэрэ утарыта турара. Ону ийэм аргыый аҕайдык сибигинэйэн этэр: «Олбуор айаҕын көрөн ааһаар эрэ, массыына тохтообут дуу, суох дуу», –диэн. Ол аата КГБ-лар тутан ылбыт буоллахтарына, массыына түүн кэлэн ылан барбыт буолааччы. Онон билэр этибит. Ойуунускайы Иркутскайтан кэлэн истэҕинэ, туппуттар этэ. Онно мин кэргэним Василий Гаврильевич Федоров-Мунду оройкуомҥа үлэлиир эрдэҕинэ, Иркутскайга мунньахха бииргэ сылдьыбыттара. Былатыан Алексеевич пленум сиэссийэтигэр сылдьаары хаалбыт. Баһылай дойдугар үчүгэйдик тиийэҥҥин биһигини өйдөөр-санаар, үчүгэйдик тылла этээр, туохтан да куттаныма диэхтээбит. Ханнык баҕар кэмҥэ тутуллан хаалыахтааҕын сэрэйбит курдук.

Алампаны уонна Дуунньаны көрбүтүм

Аҕам Николай Жирков Анемподист Иванович Софроновы кытта өрөбөлүүссүйэ инниттэн доҕордуулар эбит. Кириил Дабыыдабыс Испиридиэнэп диэн оҕонньор дьону Булуҥҥа балыктатара. Онно Алампа суруксутунан, тылбаасчытынан сылдьыбыт. Мин аҕам балык тутааччынан үлэлээбит. Онон 15 саастаахтарыттан билсэллэр эбит. Испирдиэнэп оҕонньор Алампаны наһаа сөбүлээбит. Кэлин кини тылыттан тахсыбат буолбут. Хамначчыттарын мөҥө туран, Алампа көмүскэстэҕинэ, саҥата суох барар үһү. Кирилэ Дабыыдап Алампаҕа Дуунньалыын холбоспуттарыгар Белинскэй уулуссаҕа дьиэ бэлэхтээбитэ. Алампаҕа баар эбит дьиҥнээх таптал. Дуунньа араҕан барарыгар аҕабар кэлэн: «Ньукуускаа, киһи буоламмын олох олороммун бүттүм, аны миэхэ олох диэн суох», – диэн улаханнык санаата түспүтүн эппит. Ону аҕам: «Туох диэн этэҕин, үлэҥ тахсан эрэр, аатыҥ-суолуҥ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн, олоххун оҥостуннуҥ буолбат дуо? – диэбитигэр, – Дуунньам барда да миэхэ олох суох, тылгын тиэрдибэккин ээ, бара сылдьыбаккын дуо», – дии-дии санньыччы түһэн олорон оҕолуу ытаабыт үһү. Аҕам дьахтарга барыан дьулайбыта буолуо, ийэбин ыыппыта. Мин онно барса сылдьыбытым. Евдокия Константиновна кырасыабай да, кырасыабай дииллэрэ да, оннук кэрэ дьахтар дии санаабат этим. Улахан көнө уҥуохтааҕа, үчүгэй дьүһүннээҕэ. Ол гынан баран хайдах эрэ кылардыҥы соҕус харахтаах этэ. Арай дьэ, киирэн кэллибит, көрбүтүм орон аттыгар чымадааннар тураллар этэ. Ону дьааһыктара тугун дьиктитэй, тирии тастаах, тугун чычааһай, төһө таһаҕас киирэрий диэтим. Дууньа тоҕо кэлбиппитин сэрэйэн олороро. Ийэбин саҥардыбатаҕа даҕаны, бүтэһиктээхтик быһаарынан олоробун диэн мас-таас курдук быһаччы этэн кэбиспитэ…

Ийэм сурдьубун утутаары ботугураан, үрүҥ туллук мөлбөстүүр диэн Алампа ырыаларын ыллыыра. Ити кэмҥэ Алампа көскө барбыт кэмэ этэ, инньэ гынан кини айымньыларын барытын суох оҥорбуттара. Бүтүннүү суруллубут халыҥ тэтэрээтин уонна хаартыска бөҕөнү аҕабар бэлэхтээбитэ. Аҕам Алампа көскө барбытыгар кистээбит, киистээн да диэн ыскаабыгар докумуонун иһигэр укпут. Ону ийэм куттанан эрэпириэссийэ кэмигэр уматан кэбиспитэ. Биирдэ аҕам Иркутскайга командировкаҕа бара сылдьан, Алампаны көрсүбүт эбит. Онно көрдөҕүнэ, улахан баҕайы куулунан оҥоһуллубут баартыктаах уулуссаны сиппийэ сылдьар үһү. Аҕам кэнниттэн кэлэн Алампа диэбит, ону истибэтэх, онтон улаханнык ыҥырбыт. Онно эргиллэ түспүт. Соһуйбут үһү, хараҕын улахан баҕайытык көрөн баран чочумча турбут. Онтон кэһиэҕирбит куолаһынан «Ньукуускаа» диэхтээбит. Ыскамыайкаҕа олорон кэпсэппиттэр. Дойдутун, куоратын, туох баар билэр дьоннорун барытын, ханнык дьиэ баарын кытта ыйыппыт. Кэпсэтэн баран аҕам борохуокка бараары гыммытыгар, кэлэн көрсүбүтүгэр сүрдээҕин махтаммыт уонна: «Ньукуускаа, эн хайдах кэллиҥ, оҕолоргун тоҕо санаабатыҥ», – диэхтээбит үһү. Иһиттэхтэринэ, айдаан буолуо диэн. Сыылкаттан кэлбитин кэннэ, кэлин өлөөрү сыттаҕына, аҕабын кытары барсыбытым. Киирбиппит уҥуох тирии буолбут хара бытыктаах киһи сытар, мин көрөн куттанным. Ону билэн таһырдьа оонньоо диэтилэр. Таһырдьа тахсан оонньоотум, өр баҕайы буолбуттара. Аҕабар кэриэһин эппит буолуохтаах. Таатта киһитэ Николай Новгородов ийэм бииргэ төрөөбүт балтын кэргэнэ аах биһигини кытта дьукаах олорбуттара. Алампаны кытта наһаа ыкса билсэр этилэр. Бохоруонатыгар сылдьыбыттара, онно мин эмиэ дьоммун кытта барсыбытым,хабыс-хараҥаҕа көмпүттэрэ. П.А.Ойуунускай тыл эппитэ. Арай көрбүтүм убайым Иван Николаевич онно турар эбит. Миигин сөбүлээбэтэ, хараҕын аннынан кынчарыйда. Онтон куттанаммын дьон кэннигэр түспүтүм. Ким-тугу эппитин инньэ гынан өйдөөбөккө хаалбытым.

Иван Жирков доҕотторо суруйааччылар тустарынан көрүдьүөстэр

Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Ньукулай Павлов-Тыаһыт, Ньукулай Заболоцкай Иван Николаевич доҕотторо буоланнар, биһиэхэ кэлэн чэйдиир этилэр. Бары оҕолуу наһаа дьээбэлээхтэрэ. Уһун баҕайы остуолга олорон бэйэ-бэйэлэрин күлсэллэр. Биирдэ ээ, эйиэхэ туох бытык хорунар массыына нааданый, сэттэ бытыккын тоноон да кэбистэххинэ, туох буолуоххунуй диэн Заболоцкайы дьээбэлээтилэр. Наһаа балыыҥка дьон этилэр. Аан кытыытыгар сиэркилэ ыйанан турара. Онно олоппоско тахсаммын тараана-тараана: «Лучше бы не любить, лучше бы тайно любить», – диэн киҥинэйэн ыллыы турдум. Дьэ күлсэн тоҕо бардылар. Туох буоллахтарай диэн көрбүтүм, Уурастыырап остуол анныгар быысапкалаах түнэ этэрбэстээх атаҕынан оонньото сытар, миигин үтүктэн сирэйин эҥин араастаан туттар уонна күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү: «Өссө ыллаа эрэ», – диир. Быысыбайдаах атахтаахпын эрэ диэн наһаалаама эрэ диэтим. Онно быысыбайдаах атах диэн аны киниэхэ бэйэтигэр хос аат биэрбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап Иван Николаевич кэргэнин аймаҕа. Онон кинилэргэ кэлэн дьарыктанар, аахтар этэ. Кини суруйар кэмигэр биһиги уу чуумпутук сылдьарбыт. Эрэпириэссийэ буолбутугар убайбын тороскуус, буржуазнай националист диэн буруйдаабыттарын кэннэ Володя олох саҥаспар сылдьыбат да, төлөпүөннээбэт да буолбута. Ону саҥаһым наһаа хомойор этэ. Тыннааҕым дуу, өлбүппүн да билбэтэ буолуо диирэ. Оҕо истэригэр хомойон, улахан дьону хомуруйар куһаҕан эбит. Мин эмиэ наһаа хомойбуппун. Ону ийэбэр эппиппин ийэм: «Билигин айдаана бэрт буоллаҕа, куттанан кэлэхтээбэт буоллаҕа», – диирэ.

Биирдэ Ворошилов уулуссаҕа бибилэтиэкэ муннугар көрүстүбүт, дорооболосто. Онуоха мин: «Кус сүрэх эйигин кытта дорооболоспоппун», – диэтим. Көр эрэ, бу дьаабы өйү. Кэннибин эргиллэн көрбүтүм соһуйбут аҕай, санньыччы түһэн, тонолуппакка көрөн тураахтыыр эбит этэ. Дьэ билигин өйдөөтүм халы-мааргы саҥарбыппын. Онно Болуодьа дэлэкээн хомойдоҕо буолуо.

Николай Павловы-Тыаһыты эмиэ өһүргэтэн турабыт. Оччотооҕуга массыына суоҕа, атынан сылдьаллара. Убайбар улахан баҕайы барааҥка сон баара. Ону командировкаҕа баралларыгар бары уларсыһа сылдьан кэтэллэрэ. «Саҥас, мин барааҥкабын уларса биир Талкы диэн киһи кэлиэҕэ», – диэтэ убайым. Онтон туран арай киэһэ биир улахан да улахан киһи киирдэ. Иван Николаевич барааҥка сонун уларса кэллим диэбитигэр ийэм: «Эн Талкыгын дуо?», – диэн ыйытааччы буолла. Киһибит кыһыырда, кытаран хаалла, алларааҥҥы сыҥааҕа уһун эбит, хаанньаччы барарга дылы буолла. Ол иһин Талкы диэн ааттаабыттар эбит. Ону ийэм сэрэйдэ, сонун кииллэрэ охсон биэрдэ. Киэһэ убайым: «Хайа, били эппит киһим сону ылла дуо?», – диэн ыйытта. «Эн киһини үөхтэрдиҥ быһыылаах, куһаҕан аатын ааттаатым дуу», – диэмэхтээтэ ийэм. Дьэ убайым дьээбэлээх баҕайы. Сыҥааҕа аллараа түстэ, «талкы курдук буолла дуу» дии-дии үөрдэ да үөрдэ, күллэ да күллэ. Ону ийэм мөхтө.

Былыргы баай Сөдүөт Арамаанап дьиэтигэр

Наһаа уус оҕонньор этэ. Баайдар хоруоптарын киниэхэ оҥоттороллоро. Икки этээстээх дьиэ этэ. Биир хоһу политсыылынайдар уларсан олороннор ытыаласпыттар. Биһиги тыаттан көһөн кэлэн баран онно олорбуппут. Арай остолобуойга оҕонньор хоруоп оҥоро турар эбит. Тула өттүн куруһубанан саайа турар эбит. Өр баҕайы кэпсэттибит. Куруһубата орто, ону ылан оҕонньор сыттык анныгар укта. Дьиҥинэн, ордубут сээкэйин хоруобу кытта уган ыыталлара. Ону мин сыттык анныттан сулбу тардан ыллым. Икки илиибинэн түөспэр ыга тутан баран турабын. Оҕонньор барахсан аҕал диэн көрдөөн муҥ бөҕө. Мин биэрбэппин. Ону хамначчытыгар ат, харчы биэрэн маҕаһыыҥҥа ыытан, саҥа куруһуба ылларбыт. Хоруоп куруһубатынааҕаркэтитуонна уһункурууһубаны аҕалбыт. Арамаанап оҕонньор миэхэ: «Атастаһыахха, итиннээҕэр бу куруһуба улахан, уһун, ойуута элбэх маны эн ыл, ити куһаҕаны аччыгыйы миэхэ аҕал», – диэхтиир. Мин олох тутан баран турабын. Ону истэн ийэм кэлэн миигиттэн былдьаан ылан баран, оҕонньорго биэрдэ. Билигин санаан сөҕөбүн – тойон, дьиэлээх киһи миигиттэн оҕоттон былдьаан ылыа эбитэ буоллаҕа дии. Суох, хамначчытын маҕаһыыҥҥа ыытан куруһуба ылларан баран, көрдөөн муҥнана турдаҕын. Оннук үтүө дьон бааллар эбит былыр.

Сүүс сааспар чугаһаабыт киһи эдэр эрдэҕинээҕибин санаатахпына, сааспын умнан кэбиһэбин. Киһи кырыйдаҕына, оҕотугар түһэр дииллэрэ кырдьык эбит, барытын саныыгын. Холобур, урут кыра сылдьан ханна дьэдьэннээбиппин, ханнык ыллыгынан сылдьыбыппын барытын өйдүүбүн.

Саха сирин салайан ааспыт былыргы чулуу дьоннорбут Сэбиэскэй кэмҥэ умнуллан хаалбыттара. Кинилэртэн биирдэстэрэ Иван Жирков буолар. Улуу дьоммут олохторун үөрэтэн, ааттарын сөргүтэ туруохха наада эбит. Аймахтара кини аатын үйэтитэр сыалтан истипиэндьийэ олохтообуттар. История факультетын устудьуона Александр Хабаров Иван Жирков туһунан дипломнай үлэтэ национальнай архыыпка бэриллибитэ. Кини олоҕо төһө да кылгас буолбутун иһин, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт эбит.

Суруйда Ангелина КУЗЬМИНА.

Хаартысканы http://myry1.ucoz.ru/ саайтан туһанныбыт