Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи чинчийээччилэр саханы аһас омук диэн суруйаллара дэмнээн этии буолбатах. Оччотооҕу өбүгэлэрбит барахсаттар кыһынын тыйыс тымныы, сайынын итии-куйаас айылҕалаах дойду эриирдээх-мускуурдаах олоҕор эриллэн, бойом аска түбэһэ түстэхтэринэ истэрэ төһө ыларынан аһыылларын сэмэлиир сыыһа буолуо. Ол да быһыытынан сыыдам туттуулаах, түргэнник уонна элбэҕи аһыыр киһини дьиҥнээх эр киһи, эр бэрдэ диэн ааттыыллара өбүгэлэрбит. ХVIII үйэ айанньыта, 2-с Камчаткатааҕы эспэдииссийэ чинчийээччитэ Я.И. Линденау биэс саха эдэр дьоно биир олорууга биир аты сиэбиттэрин көрөн, улаханнык сөҕөн суруйбуттаах.
Онтон олоҥхоҕо бухатыыр аһыыра хайдах хоһуллар эбитий?
Ыҥыыр-ыҥыыр саҕаны
Ыллаҥнатан барда,
Сүрүө-сүрүө саҕаны
Сүрүөннэтэн барда,
Уолан киһи
Уллук сутуруотун саҕаны
Уһаты-туората угаттаата,
Икки көмүрүө бүлтэһин
Икки дьабадьытынан
Хаардаах бугул саҕаны
Таҥнары тибиирэн кэбистэ.
Уон ыырааҕын быыһыгар
Тиһэ анньан ылла,
Үрүйэ үрэх төрдүгэр
Күүстээх үрэх уута
Күүгүнэччи тэбэн
Киирэн иһэрин курдук,
Күөмэйин көҥкөтөн баран,
Биир тыынынан түһэрэн кэбистэ.
(П.М. Терютина. Уолусхан улаан аттаах Уһук Туйгун.)
Эмиэ омуннаах көстүү буолла. Онтон былыргы үһүйээннэргэ, номохторго өбүгэлэрбит модьу-таҕа, үскэл буолалларын уонна кэдэрги уойбут дьон туһунан эмиэ кэпсэнэр. Холобур, Ньурбаҕа элбэх аҕа ууһун төрүтүнэн буолбут Улуу Омолдоон улахан уола Саалтааны Асхар Даадар сүрдээх улахан, модьу-толуу киһитэ үһү. Балаҕаҥҥа, титирик ороҥҥо өттүгэстии сыттаҕына түннүгүн үрдүгэр тиийэрэ үһү диэн кэпсэнэр. Аны утуйарыгар, сыатыгар чачайан өлүө диэн, киһи манаан хоноро үһү. Уутугар баттатан, хаһыҥыраан-хоһуҥураан чачайаары хаайдаҕына кус кынатынан таҥыытын кычыгылатара үһү. Биирдэ ол хамначчыта аралдьыйан хаалан дуу, хайаан дуу Саалтааны сыатыгар баттатан өлбүт.
Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” айымньытыгар алтыс мэтириэтигэр – олус уойбут суон дьахтары ойуулуур. Уонна бүтэһигэр бэлиэтиир “маннык суон дьон саха олорор сиригэр барытыгар бааллара, төһөнөн былыргыга тиийэҕин — оччонон маннык дьон элбэҕэ” диэн. Онон сахаҕа аһас буолуу, суон, искэн быһыыланыы-таһааланыы төрүт айылҕабытыгар баар суол эбит.
Былыргы урууларга аһастаах дьону күрэхтэһиннэрэр майгы баара. Онуоха уруу хамыйаҕа диэн биир муунта (400 гр.) истээх, кылгас уктаах хомуос курдугунан «ойбон саламаат» диэни иһэн күрэхтэһэллэрэ үһү. Аны бу саламааппыт оҥоһуута маннык: саамай эмис баайтаһын ынаҕы дуу, уоппут оҕустарын дуу – итирин, бүөрүн сыатын кыра гына кырбаан алтан олгуйга буһараллар.
Онно быары, сүрэҕи уонна кутуллубут сыа саҕа арыыны бииргэ уулларан буһараллар. Онон саламааппыт харата – сүөһүбүт быара, бүөрэ, сүрэҕэ, атына барыта ууллубут сыалаах арыы буолар. Буһаран баран мас кытахха дуу, улахан чабычахха дуу кутан аҕалан туруораллар. Дьэ, маны аһастаах дьоммут иһэн дуунайдыахтаахтар. Онон былыргыга төһөнөн сыалаах-арыылаах, оччонон күндү ас диэн буолар. Далбар чабычах. Ньурба түмэлин пуондата.
Ол аһастаахтар күрэхтэригэр даҕаны араас түбэлтэ буолар эбит. Холобур, Өҥөлдьө быыпсай кинээһин уонна Сүлэ баайа Ордьонхо Сөдүөтүн кыыһын урууларыгар кийиит киһитэ 3,5 хомуоһу испит (1,4 киилэ сыалаах арыыны ). Аны күтүөт дьонуттан Малдьаҕартан Ыт кыыһа диэн эр киһини булбуттар (былыргыга абааһы сиэбэтин диэн ааттаммыт буолуохтаах). Кини уон хомуоһу испит. Дьон-сэргэ сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбут. Пахай, киһилэрэ сүүрбэҕэ тириэрдибит. Саҥа-иҥэ ах барбыт. Ол аата арыыга буспут 8 киилэ сыаны испит. Киһилэрэ син-биир иһэ турар үһү. Отукка тириэрдибит. Иһэ аллараттан буолбакка, уолугуттан кудайан барбыт. Отут тоҕус хомуоһу иһэн баран түөрт уонуһу айаҕар илдьэн эрдэҕинэ кинээс ийэтэ “аллараттан аһастылар дуу, үөһэттэн көмөлөстүлэр дуу” диэн баран ытыһын көхсүнэн хомуос түгэҕэр саайбыта Ыт кыыһын сирэйигэр ыһыллыбыт. Ону ньылбы соттон баран ытыһын салаабыт уонна тахсан барбыт. Дьиэтигэр тиийэн үс күн сытан турбут. Сылгы тэллэҕин тулата хоргун модьоҕо буолбута үһү. Ону куттаммыттар – аллара дойдулар аһастылар быһыылаах, туох ааттаах балбы аһаата диэн. Барыта 16 киилэ арыыны испит. «Киһибит куодулу куолай, аас-майах буолбут», — дэспиттэр. «Аас-майах» диэн ол аата тоторун-топпотун билбэт буолбут киһи диэн эппиттэр.
Онон былыргы урууларга итинник куданнаах дьон баар буолара үһү. Билиҥҥи үйэҕэ ону, бутуйан, ыһыахтарга аһастаахтар күрэхтэрин тэрийэ сатыыллар. Оттон былыргыга ыһыах кэмигэр элбэҕи аһаан күрэхтэспиттэрин туһунан ханна даҕаны суруллубат, иһиллибэт даҕаны. Ыһыах диэн бастатан туран итэҕэлбит көстүүтэ буоллаҕа, онно аһаан-сиэн чалбараҥныы олоруохтара дуо?
Аны былыргы аһастаахтар хайдах аһыылларын көрүөххэ. Маҥнай “өл хаптарыы” диэн сөрүүн, саҥа холбуллубут сүөгэй иһэллэр. Онтон, тохтуу түһэн баран, “тамах анньыыта” диэн айах чороонтон арыылаах кымыһы ыймахтыыллар. Дьэ, ол кэнниттэн сүрүн аһылыктарыгар — балтараалыы-иккилии илии хаһалаах сылгы ойоҕоһугар түһүнэллэр. Ол туһунан олоҥхоҕо маннык хоһуллар: “Ол баран, хайырҕастаах хаппахчы иһиттэн сылгы түөрт ойоҕоһун араҥас туос сандалы далбарыгар татта да, олуй-молуй быһаҕын сулбу тардан ылла да, соҕотоҕун астаан баран аһаан имиппитинэн барда.” (“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон). Сахаҕа былыргыттан сылгы ойоҕоһо — мааны ас. Маны тэҥэ сылгы, сүөһү бүдүргэйэ, саала, хаппар куҥа, буут этэ ыалдьыты маанылыыр күндү аһынан буолар.
Онон аһас дьон – саха былыргы олоҕун быстыспат сорҕото, көстүүтэ. Элбэҕи аһыыр кыахтаах киһи эмиэ күүстээх дуу, уус дуу, эбэтэр атын дьоҕурдаах дьон кэриэтэ кэпсэлгэ сылдьара. “Моҕус” диэн тыл түүрдүү ис хоһооно – тустуук, бухатыыр диэн эбит. Онон сэдиптээтэххэ саха үһүйээннэригэр кэпсэнэр күүстээх, бухатыыр дьон үксүлэрэ үчүгэй аһастаах дьон диэн ойууланаллар. Онон киһи кыаҕа – хайдах аһыырыттан быһаччы тутулуктааҕын туһунан саха фольклора этэр.
Борисов Б.Б.
Тыллары быһаарыы:
Куодулу – киэҥ, тохтоппокко аһарда турар куолай.
Балбы – ис хайдарынан.
Куданнаах – элбэҕи аһыыр кыахтаах.