Макаров Сандал, Амма улууһун Болугур оскуолата,
Петрова Т.П., саха тылын, литературатын учуутала

Болугурдар хантан кэлбиттэрин туһунан сэһэн

«Наахаралар бѳтүҥнэргэ уонна Скараульскай буолас кинээһин Книга (Книгин) салалтатынан кыайтарбыттарын кэннэ Тыгын тойон, Маһары – бѳтүӊнэр тойонноро уонна наахаралар тойонноро Най Хара үһүѳн эйэлэһэр туһунан кэпсэппиттэр. Онно Туймаада тойоно Тыгын Дархан дьүүлүм буоллун диэн эппит: «Бѳтүӊнэр, олорон кэлбит Арыылааххытыгар олоруӊ. Сыллар-хонуктар бардахтарына, аньыырҕаабатаххытына, Сыӊаһа алааһы, Хотуйа үрэҕи ылыӊ. Амма эбэ үѳһэ ѳттүн Таӊха үрэҕи, Өнньүѳһү, Маралаах тоҕойун, Лээгини наахаралар ыллыннар, оттон эһиги, икки иирсээннээх уустар икки ардыларыгар Боотур уус дьоно… болугурдар олохсуйдуннар, эһиэхэ быыс буоллуннар», — диэбит. Ол кэнниттэн бѳтүӊнэр тойонноро Маһары: «Эн эппит тылгын толорон, дьоннор ахсааннарынан, сүѳһүнэн-аһынан наахаралар ороскуоттарын тѳлүүбүн» (100 толуу ынах, сылгы) уонна ытык киһи ыйыыта, үтүѳ тойон дьүүлэ да астык, мин олус үѳрдүм, олус астынным», — диэбит. (Л.Л.Александров «Амма-Наахара нэһилиэгин историята» Дьокуускай, Бичик, 2000 с. стр 14.)

Тыгын Дархан дьоно

 (суруналыыс, поэт Сардаана Онуфриева – Амгинская кэпсээнэ)

Хас да сыллааҕыта Болугурга биллиилээх суруналыыс, поэт, сиэри-туому үѳрэтээччи, культуролог Сардаана Павловна Онуфриева-Амгинская кэлэ сылдьыбыт. Кини онно олохтоох дьону кытта кэпсэппит. Ол кэпсэтиини саҕалыырыгар «Боло Күүлэкээн сиэттэригэр эҕэрдэ буоллун!» диэн этиинэн саҕалаабыт. Ол кэпсэтиигэ кини биһиги дьоммут хантан төрүттээхтэрин кэпсээбит.

Былыр 16-с үйэҕэ бу Наахара хааннаахтар уонна Бѳрѳ Бѳтүӊнэр диэн дойду дьоно бэрт кыраттан сылтаан мѳккүһэр, онтон охсуһар буолтар. Бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин таба кѳрсүбэт гына кыыһырсан, хайдах да эйэлэспэт курдук ѳһүрбүттэр.  Сэрии турбут. Ѳр кэмӊэ ол курдук сэриилэспиттэр. 

Онтон арай биирдэ саха омукка ыраахтааҕы курдук олорбут Тыгын Дархан диэн улахан киһи хантан эрэ элбэх баҕайы киһини, норуоту батыһыннаран аҕалан, бу дойду сиригэр-уотугар тохтоппут. Уонна бу курдук диэн эппит: «Дьэ, мантан инньэ бу Наахара хааннаахтар уонна Бѳрѳ Бѳтүӊнэр сэриилэрэ тохтуур. Бу мин аҕалбыт дьонум бу икки сир икки ардыгар олохсуйуохтара. Мантан ыла эйэ баар буолар».

Онтон ыла ол дьон Аммаҕа бу сири Болугур диэн ааттаан, дойду оӊостон олорбуттар. Сэрии тохтообут, сыыйа умнуллубут. Оттон ол Тыгын аҕалбыт дьонун олохтоохтор ытыктаан «Тыгын дьоно» диэн ааттыыллар эбит. Болугурдар иһэр буоллахтарына, ыраахтан бэргэһэлэрин устан, аттарыттан-оҕустарыттан түһэн, сиргэ тиийэ сүгүрүйэн, ол дьон ааһа баран, кѳстүбэт буолуохтарыгар диэри тоӊхойон тураллара үһү.

Тыгын бу дьонун хантан аҕалбытын туһунан кэпсээн суох. Ол эрээри, бу кэлбит дьон олохсуйбут сирдэрин Болугур диэн ааттаабыттарын көрдөххө, Чурапчыттан аҕалбыт буолуон сөп дии саныыбыт. Тоҕо диэтэххэ, Чурапчы улууһугар эмиэ Болугур диэн сир баар. Иккис аата Мындаҕаайы диэн. Уонна Чакыр диэн эмиэ баар. Ол аата, биһиги Болугурбут иккис Болугур диэн буолар.

Болугур диэн аат хантан үөскээбитий?

Урут баайдаах кэм саҕана Амма, Таатта, Чурапчы бары Боотуруускай улуус диэн биир улуус этилэр. Кэлин 20-с үйэ саӊатыгар туспа арахсан Амма, Таатта, Чурапчы улууһа диэн буолбуттар. Амма улууһа 1911 сыллаахха туспа барбыт. Чурапчы Болугура Боотуруускай улуус Болугура диэн аатынан кэпсээӊӊэ  киирэр эбит. Билигин Мындаҕаайынан биллэр.

Бу Болугур сирин былыргы төрүттээбит киһи аата Боло Күүлэкээн диэн ааттаах эбит. Онон Болугур диэн ааттаммыт. Сорох кэпсээӊӊэ Бологур диэн суруллар.

Бу Болугурга Дьячковскай Семен Иванович – Сэһэн Боло диэн киһи олоро сылдьыбыт. Саха бастакы археолога, чинчиһитэ, фольклору хомуйааччы. Кини дьиӊнээх аатын уларытан кэлин Сэһэн Боло диэн ааты ылыммыт. 

Оттон Боло диэн тыл суолтатын топонимиканан дьарыктаммыт учуонай Михаил Спиридонович Иванов — Багдарыын Сүлбэ биһиги учууталбытыгар маннык диэн быһаарбыт эбит: «Боло диэн тыл тимир диэн суолталаах буолуон сөп. Оттон –гур диэн тыл биис ууһа, племя диэн буолуон сөп». Биһиэхэ Болугурга былыр тимир уустара олорбуттар эбит. Тимир уһаарбыт, Тимир баппыт диэн сирдэр бааллар. Ол аата, тимири уһаарбыт сирдэрэ. Сир анныттан тимири буланнар, атын сиргэ көһөрбөккө булбут сирдэригэр туойунан оһох оӊорон, ону утан, тимири уһаараллар. Онтон дьэ дьиӊнээх тимирин, болгуотун ыланнар тимир сээкэй оӊороллор.

Таджиктар тылларыгар «боло» диэн тыл үрдүк, үрдүкү» диэн суолталаах.

Историческай тылдьыкка көрдөххө, «Нож у народов Филиппин. Использовался как оружие и при сельскохозяйственных работах. Ср. ПАРАНГ, МАЧЕТЕ».

Аны сахаларга болот диэн сэрии сэбэ баар этэ. Онон боло диэн тыл үрдүк уонна тимир сэп диэн суолталаах буолуон сөп эбит.

Өссө биир дьикти диэн буолар – туроктар (Турция) «Великолепный век» диэн киинэтигэр оонньуур актриса аата Мерве Болугур Айдын (Нурбану Султан)  диэн баара. Уонна Дениз Чакыр (Шах Убан Султан) диэн актриса баар. Бу Болугур уонна Чакыр диэн тыллар олох түӊ былыргыттан кэлбит тыллар буолаллара итинтэн көстөр.

Тыгын Дархан диэн кимий?

Биһиги билэрбитинэн, Тыгын Дархан – олохтоох омуктары барыларын түмэн, өйдөтөн, сорохтору күүһүнэн биир сомоҕо оӊортоон, Или (государство) төрүттээбит улуу салайааччы  буолар. Элбэх омугу саба тардан түмэр сүрдээх ыарахан дьыала эбит. Ону Тыгын Дархан бэйэтэ айылҕаттан күүстээх, тулуурдаах, өһөс киһи буолан, аҕата саҕалаабыт дьыалатын түмүктээбит. Сорох улахан улуустар аҕа баһылыктара сөбүлэспэккэ киирсэ сылдьыбыттар. Ону Тыгын барыларын холбооттообут.

Тыгын (Дыгын) Дарха́н  (якут. Тыгын Дархан; ? — 1631) — тойон и дархан хангаласского племени якутов,известный герой многочисленных якутских преданий, подлинная историческая личность конца XVI — первой трети XVII вв. В русских источниках часто назывался Тынином.

Согласно преданию, первым вождем якутов на Средней Лене был дед Тыгына Баджей. В якутских легендах XIXXX вв. он фигурирует как Дойдуса Дархан, а по данным С. И. Боло также как Тюсюлге Дархан. У Тюсюлге было два сына: Мунньан Дархан и Малдьаҕар. Мунньан Дархан имел двух сыновей: Тыгына и Усун Ойууна.

По преданиям, Тыгын имел усадьбы почти по всем приметным местам обширной долины Туймаады на левом берегу Лены, а именно возле Хатын-Юряхской дороги. Держал много конного и крупного рогатого скота, воинов, холопов, зависимых табунщиков и коровников, рабов и прочей прислуги.

В вилюйских вариантах легенд Тыгын изображался в виде богатыря-гиганта. По поводу его роли как исторической личности на данный момент нет единого мнения. Некоторые историки считают его наиболее вероятным объединителем якутских племён, в которых на тот момент происходил переход к раннеклассовому обществу и существовали предпосылки к появлению протогосударства. Другие обращают внимание на слишком жёсткие методы в его политике, которые не приводили к подчинению других родов, а напротив — отталкивали даже некоторых сподвижников и приводили к децентрализации.

Тыгын жил на стыке эпох, ему пришлось столкнуться с пришедшими с Енисея русскими казаками, вследствие чего происходили военные стычки и дипломатические переговоры. Достоверно неизвестно, когда и при каких обстоятельствах окончил свой жизненный путь первый верховный тойон якутов. Русский учёный-этнограф XVIII века Якоб Линденау пишет, что Тыгын был взят казаками в заложники и умер как пленник перед приездом первых воевод в Якутский острог[1]. По другим сведениям, Тыгын умер уже дряхлым стариком, и вопрос, связана ли его смерть с приходом русских, остаётся открытым.

По мнению академика А.П. Окладникова, Тыгын, благодаря своей личной энергии, бесспорным организаторским и военным способностям, стал повелителем большинства якутских родов и племён. Он стремился объединить их вокруг себя с целью создания основ государственности, примерно так же, как в IX веке происходило объединение Руси под властью киевских князей. Тыгын Дархан — Википедия (wikipedia.org)

«Кыргыс үйэтэ» диэн тугуй?

Кыргыс үйэтэ диэн норуот номоҕор 16-17-с үйэлэрдээҕи саха омугун улахан аҕа уустара баһылыыр-көһүлүүр иһин күөнтэһиилэрин, нуучча хаһаактара аан бастаан Саха сиригэр кэлиилэрин ааттыыллар. Ити кэмҥэ сэрииттэн сылайбыт, кыайтарбыт, сонордоһууттан тэскилээбит, көҥүлү сырсыбыт саха үгүс дьоно эйэлээх олоҕу көрдөөн тус хоту түспүттэрэ.[1] Кыргыс үйэтэ — Бикипиэдьийэ (wikipedia.org)

Былыр биһиги дойдубутугар нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ биис уустара бэйэ-бэйэлэрин кытта наар сэриилэһэн, кыргыһан тахсаллар эбит. Сирдэрин былдьаһан, аат-суол былдьаһан сэриилэһэн тахсаллар. Оннук бары арахсан, туспа омук буолан олорбуттар. Ити 16-с үйэ инниттэн. Онтон Тыгын Дархан диэн киһи үөскээн, барыларын холбооттуур сыаллаах ол сэриилэри тохтоппут.

Суруйааччы Василий Семенович Яковлев – Далан «Тулаайах оҕо» диэн романыгар араас элбэх биис уустара бааллара кэпсэнэр. Кинилэр бары атын ааттаах, атын итэҕэллээх, сиэрдээх-туомнаах омук эбиттэр. Ол омуктар наар кыргыһан тахсаллар. Баайдарын, сирдэрин былдьыыллар. Бэйэлэригэр эбии норуот оӊостоллор. Ол ромаӊӊа маннык биис уустар бааллар: тумат, Тоӊ Биис, дьирикинэй, сартыал, майаат, күп, урааӊхай саха о.д.а.  ол ромаӊӊа этиллэринэн, күүстээх саалаах күп омуктар билиӊӊи Уус-Маайа сиригэр олохсуйбут буолуохтарын сөп. Ол улууска Күп диэн нэһилиэк баар. Оттон туматтар Верхоянскайга олрбут буолуохтарын сөп. Онно Тумат диэн нэһилиэк баар. Оттон майааттар Өлөөӊӊө олорбуттар.

Оттон Тыгын кэмигэр итиник атааннаһыы, арахсыы эмиэ баар эбит. Холобур, Бороҕон Дьуоттулар, Хаӊаластар, Боотур уустара, Амма, о.д.а. Бороҕон тойоно Лөгөй Тыгыӊӊа бэриммэккэ утары турбут. Ол туһунан «Тыгын Дархан» диэн киинэҕэ көстөр.

Түмүк тыл

Биһиги бу дакылааты суруйаары элбэҕи биллибит, көрдүбүт. Хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-төбөтүн билиэхтээх. Былыр биһиги өбүгэлэрбит ол да иһин кэлбит ыалдьыттан хайаан даҕаны «кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туохтан тууралаах киһигиний?» диэн ыйыталлар эбит. Баҕар, бу ыалдьыт аймахтара буолан хаалыан сөп. Эбэтэр олох сөбүлээбэт киһилэрин аймаҕа буолан хаалыан сөп. Оччоҕо бу ыал кыыстарын кэргэн биэрбэттэр.

Биһиги дойдубут Болугур дьонун былыр 17-с үйэҕэ манна саха ыраахтааҕыта Тыгын Дархан көһөрөн аҕалан олохтообут эбит. Ол кэмтэн ыла болугурдары «Тыгын Дархан дьоно» диэн ааттаабыттар. Наахара уонна Бөрө Бөтүӊ икки ардыгар турбут өр кэмнээх сэриини тохтотоору итинник гыммыт. Ол аата, биһиги дьоммут, Тыгын Дархан дьоно эйэни аҕалбыт, олохтообут дьон эбиппит. Биһиги бу «Тыгын Дархан дьоно» диэн эйэни аҕалар  историческай ааппытын үрдүктүк тута сылдьыахтаахпыт. 

Туһаныллыбыт литература

  1. Гаврильева А.И. Далан «Тулаайах» оҕо арамааныгар олоҕурбут кэпсээн «Күрүѳйэх кыыс» Дь Айар 2022
  2. Далан Тыгын Дархан Дь 1993
  3. Попов А. – Муотаан Саха сэһэннэрэ Дь Бичик 2003
  4. Федоров Г.Е. Сэргэ тѳрдүгэр сэһэн Я 1991
  5. Березкин И.Г. Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ Я 1977
  6. Ксенофонтов Г.В. Урааӊхай сахалар 2 Я 1992
  7. Пестряков Н.С. Майаҕатта Бэрт Хара Дь Бичик 1993
  8. Л.Л.Александров «Амма-Наахара нэһилиэгин историята» Дьокуускай, Бичик, 2000.

Хаартысканы «Тыгын Дархан» киинэттэн туһанныбыт, режиссер Никита Аржаков