Күн муҥутаан уһуур кэмигэр сайыҥҥы күн туруутун көрсө саха норуотун саамай күүтүүлээх бырааһынньыга Үрүҥ Тунах ыһыах ыһыллар. Кырыа кыһыны түмүктээн, күөххэ үктэммит үөрүүлэрин бэлиэтиир түһүлгэҕэ дьон-сэргэ мустуон иннинэ, бэс ыйын саҥатыттан ыла саҕалаан, ыһыахха бэлэмнэнии түбүгэ саҕаланар. Олортон биирдэстэрэ биэ ыаһына буолар.
Бастаан сылгыһыттар сыһыыттан сылгы үөрүн үүрэн аҕалан хааччахха хаайаллар. Биэлэри атыыртан арааран, туһунан хааччахха туталлар. Күрүө баҕаналарыгар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи баайталыыллар. Биэни 4 киһи ыыр.
- Биир киһи аһатааччы буоларга ананар. Сотору-сотору эбиэс бурдук, от биэрэн ыанар биэни аһатар, уулатар.
- Иккис киһи баҕаайылааччы буолар. Кини биэни суон быанан моонньун төрдүнэн быалаан баран, ол быа салгыытынан уҥа өттүнэн атаҕын бэрбээкэйинэн эргитэн, үктэнэр-үктэммэт икки ардынан кыра соҕустук үөһэ тардар уонна хаҥас өттүнэн эргитэн аҕалан, моонньун быатыгар туомтуу баайар. Бу барыта ыыр кэмҥэ биэ тэбиэлэммэтин диэн оҥоһуллар. Ити кэннэ ыаһын саҕаланар.
- Үһүс киһи куттаммака эрэ түргэнник кулун эмэригэр маарыннатан ыахтаах. Биллэрин курдук, биэ икки эмиийдээх. Эмиийдэрэ икки үүттээх (ол аата икки хайаҕастаах). Ыаччы киһи, биэ кэлин атаҕын икки илиитинэн кууһан, икки эмиийин тэҥҥэ тардыалаан ыыр. Икки илииҥ бары тарбахтарынан ыахтааххын. Онуоха эмиийи аллара тардыллыбат, туппахтаан ыыгын. Уҥа илиинэн биэ уҥа эмиийи, хаҥас илиинэн хаҥас эмиийин туппахтыыгын.
- Үүтү тоһуйар иһит «быдараах» дэнэр. Ону иһит тутааччы тоһуйан турар.
Киэһэ биэлэри ыан бүтэн баран, кулунчуктарын кытта холбоон, киэҥ хааччахха мэччитэ ыыталлар. Сарсыныгар эмиэ кулуннары арааран ылан, биэлэри ыаһын салҕанан барар.
(Социалистическай Үлэ Геройа сылгыһыт Т.С.Лукин хос сиэнэ 4 кылаас үөрэнээччитэЛукин Леня эһэтин Олег Петрович Лукины кытта биэ ыаһыныгар сылдьыбытын суруйбутуттан ыллым).
Тылдьыт
Уулаах биэ – иһигэр оҕолоох, быйыл төрүөхтээх биэ.
Үтүрүм биэ – төрөөбүт биэ.
Байтаһын биэ – төрөөбөтөх эмис биэ.
Миҥэ биэ – көлүллэ, мииниллэ үөрүйэх биэ.
Аҕам биэ – саастаах, кырдьаҕас биэ.
Кытыт биэ – 4-5 саастаах эдэр биэ.
Тиҥэһэ биэ – 3 саастаах биэ.
Баҕаайы – ыанар биэ хамсаабатын диэн баайар бөҕө суон быа.
Быдараах – диал. кыра туос иһит, мэһэмээн.
Чороон – кымыс иһэргэ аналлаах саха мас иһитэ.
Сири иһит – кымыс кутарга аналлаах тирии иһит.
Көҕүөр симиир – тирииттэн оҥоһуллар култаҕар түгэхтээх тирии иһит.
Удьаа – кымыс кутарга аналлаах улахан мас хамыйах.
Кымыс хамсатар – кымыс булкуйар мас тэрил.
Көҥкөлөй – кымыс кутарга туттуллар боруоҥка.
Ыһыах иһитэ-хомуоһа
Үүттээх биэ ыам аайы 1 л. курдук үүтү биэрэр. Күҥҥэ биир биэ биэстэ-алтата ыанар. Ол аата күн устата киниттэн 5-6 л. үүтү ыахха сөп. Оччоҕо 10-12 биэни ыыр буоллахха – 70-ча л. буолар. Ыабыт үүттэрин улахан бөтүөннэргэ мунньаллар. Онтон биэ үүтүттэн ыһыах маанылаах аһын – кымыһы оҥороллор.
Кымыска сыһыаннаах тылдьыт:
“Кымыс” – кымыз, былыргы түүр тылыттан кэлбит тыл, хабархайдыҥы минньигэс амтаннаах биэ үүтүн көөнньөрөн оҥороллор. Күүгэннирэр маҥан дьүһүннээх, курас амтаннаах утах. Киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Араас битэмииннэринэн, микроэлеменнэринэн баай буолан киһи иммунитетын бөҕөргөтөр. Белогун састаабынан ийэ үүтүгэр чугас диэн учуонайдар быһаарбыттар. Орто Азия норуоттара бары сөбүлээн иһэр төрүт утахтара буолар.
Аарахтаах кымыс – ыаммытынан үүтүнэн эбэтэр чөчөгөйүнэн тупсарыллыбыт, аһыыта мүлүрүтүллүбүт кымыс.
Хойуу кымыс – аҥаардас биэ үүтүттэн оҥоһуллубут кымыс.
Арыылаах кымыс (кыдьымахтаах кымыс) – оргутуллубут арыы кутуллубут кымыһа.
Көйөргө (көйүү) кымыс – өр көөнньөрүллүбүт уоҕурбут хатан кымыс.
Кулун кымыһа – саамай эрдэтээҕи кымыс (ыам ыйын бүтүүтүгэр эбэтэр бэс ыйын саҥатыгар оҥоһуллар кыра ыһыахха иһиллэр).
Саамал кымыс – сабыс-саҥа бэлэмнэниллибит аанньа аһыйбатах сылаас сибиэһэй кымыс.
Сүөгэйдээх кымыс – сүөгэй кутуллубут кымыһа.
Хара кымыс – тугунан да тупсарыллыбатах аһыы кымыс.
(Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыттан).
Кымыһы оҥоруу былыргы ньымалара:
- Кымыстыыр ыалтан «иитимдьи» диэни кыра иһиккэ кутан аҕалан туспа көйөрөллөрө. Ол аата көйөөрүү диэн буолара. Биэ үүтүн даҕаны, ууну даҕаны оргутан бараннар кымыстыыллара. Ыраах сир хараҕа сиртэн ыраас ууну аҕалаллара.
- «Иитимдьитэ» суох ыал «абааһы тайаҕа» диэн оту булар. Улахан баҕайы, модьу умнастаах. Ону булан кырбаан көйөрөр буолаллара.
- «Абааһы илимэ» диэн мас үөһэ үүнэр туох да уһун баҕайы араас сэбирдэхтээх күүстээх аһыы от баар буолара. Ону кырбаһынан таҥан көйөрөллөрө.
(У.А.Винокурова, Р.И.Бравина о.д.а. «Күн Дьөһөгөй Айыы» кинигэттэн)
Кымыһы оҥоруу аныгы ньымата:
Кымыһы оҥоруу – анаан бэлэмнэммит аһытыыны (аһыйбыт сүөгэйи эбэтэр суораты) сылаас биэ үүтүгэр кутан, онно тымныы оргуйбут ууну эбэн ытыгынан күүгэннириэр диэри ытыйаллар. Хаппахтаан баран 30 кыраадыс сылааска 8-10 чаас туруораллар. Сотору-сотору хамнатарынан булкуйан биэрэллэр. Хаппыт иҥиири угуохха сөп. 12-15 чаас көөнньүбүт кымыс дьэ дьиҥнээхтик сиппит кымыс аатырар. Кымыһы иһиттэргэ кутан сойуталлар, онтон тымныы оҥкучахха 2-3 суукка туруораллар. (Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччитэ Адамова Дайаана суруйбут ырысыаба )
Суруйда Г.Н.Шишигина, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын саха тылын учуутала.
Ньурбатааҕы К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлин хаартыскаларын туһанныбыт.