Кинигэ таһаартарар, айар куттаах дьон тылы таба туттуу, суруйуу ирдэбиллэрин үөрэтэн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыах тустаахтар. Онуоха ордук туохха алҕастар баалларын сиһилии анааран көрүөҕүҥ.
— Чопчута суох элбэх ахсаан ааты кытта тылы элбэх ахсааҥҥа суруйуу. Дьиҥинэн, маннык тыл баар буоллаҕына, аат тыл биир ахсааҥҥа туттуллуохтаах этэ: «Үгүс төрөппүттэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго сахалыы айымньы тоҕо аҕыйаҕый диэн үгүстүк ыйыталлар, интэриэһиргииллэр».
— Аат тылы төрүт түһүккэ туттар оннугар туттуу түһүккэ элбэх ахсааҥҥа туруоруу: «Оттон іріспµµбµлµкэ сиригэруотугар наркоманияны уонна токсикоманияны сэрэтии сүрүн хайысхаларын туһунан сокуон барыла кэмитиэт үлэһиттэринэн бэлэмнэнэ сылдьар».
— Тыл ситимин сыыһа суруйуу бэлиэтэнэр: «Чурапчыга ат сүүрүүтэ буолан ааста…». М.П. Алексеев-Дапсы «Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьытыгар» маннык туттуу сыыһатын туһунан: «Ат сүүрүүтэ — тыл үгэһин кэһэн сыыһа туттуу. Ат бэйэтэ сүүрэн күрэхтэспэт, киһи сүүрдэн күрэхтэһиннэрэр…», — диэн быһаарбыта [Алексеев, 2005: 88]. Маннык этии баар: «Хаартыскаҕа биир оннук таҥаһы таҥастыыр тэрили — талкыны көрөҕүт». Бу этиигэ «таҥаһы таҥастыыр тэрил» диэн сыыһа туттуллубут. Тириини таҥастыыр дэнэр. Киирии тыллар хайдах суруллуохтаахтарын урукку кэмҥэ А.Е. Кулаковскай, П.А. Ойуунускай, А.А. Иванов-Күндэ, К.О. Гаврилов, Г.В. Баишев-Алтан Сарын, Л.Н. Харитонов, Н.Д. Дьячковскай, П.С. Афанасьев, Н.Е. Петров, Г.Г. Филиппов, о.д.а. чинчийбиттэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ нууччаттан киирии тыллары тыл үөрүйэҕэр олоҕуран тылбаастыыр эбэтэр ийэ тылынан сахалыы солбуйар туһунан, онуоха Саха сирин хаһыаттарыгар бу хайдах туттулларын чинчийиилэр элбэхтэр. Ол курдук П.А. Слепцов, А.Г. Нелунов, Е.И. Оконешников, Т.И. Петрова, Н.И. Иванова, Н.М. Васильева, Г.Г. Торотоев, о.д.а. үлэлэрин көрүөххүтүн сөп. Ахтыыны ырытан көрүөҕүҥ:
Хайдах баарынан
«Талааннаах дьону бу дойдуга туспа айыллан кэлбит дьон дииллэрэ чахчы суол. Иван Иванович Иванов дьэ кырдьык ыллыыр талааннаах киһи этэ. Онно эбиитин баянын илиититтэн түһэрбэт ырыаһыт. Кини детсадка, оттон оскуолаҕа оҕолору ырыаҕа үөрэппитэ. Мин кини кыыһын Мария Ивановналыын биир кылааска үөрэммиппит. Дьиэлэригэр кэллэххэ киэһээ хойукка дылы Иван Иванович баяныгар оонньуу олорор буолар этэ. Куруутун үөрэ көтө көрсөрө. Ийэбинээн Надежда Алексеевна Николаевалыын культура эйгэтигэр кылгас бириэмэҕэ бииргэ үлэлээбиттэр. Мин ийэм эмиэ олох сценаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Саныыбын иһирэхтик ол кэмнэри сахалыы кэнсиэркэ таҥас эгэлгэтин кэтэн, симэнэн араас нүөмэрдэри көрдөрөллөрүн. Иван Иванович олоҕун аргыһынаан — Нина Васильевналыын 11 оҕону төрөтөн, иитэн, атахтарыгар туруортаабыттара. Оҕолоро бары ыллыыллар. Аҕаларын сырдык кэриэһигэр анаан ырыа күрэхтэрин ыыталлар. Иван Иванович сырдык аатын үйэлэр тухары ааттана туруоҕун!».
Көннөрүллүбүтэ
Эргиччи дьоҕурдаах дьон бу орто дойдуга олоҕу тупсарар туһугар ананан, айыллан кэлбиттэр. Иван Иванович Иванов, дьэ, кырдьык, байаанын илиититтэн ыһыктыбат чаҕылхай ырыаһыт этэ. Маҥнай уһуйааҥҥа, онтон оскуолаҕа оҕолору ыллыырга үөрэппитэ. Мин кини кыыһын Мария Ивановнаны кытта биир кылааска үөрэммитим. Дьиэлэригэр кэллэххэ, киэһэ хойукка диэри Иван Иванович байааныгар оонньуу олорор буолар этэ. Куруук үөрэ-көтө көрсөрө. Ийэбиниин, Надежда Алексеевна Николаевалыын, култуура эйгэтигэр кылгас бириэмэҕэ бииргэ үлэлээбиттэр. Мин ийэм эмиэ кулууп сыанатыттан олох түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Ол кэмнэргэ кэнсиэркэ сахалыы таҥас эгэлгэтин кэтэн, симэнэн бииртэн биир сэргэх нүөмэри көрдөрөллөрүн истиҥник саныыбын. Иван Иванович олоҕун аргыһа, сүрэҕин ымыыта, Нина Васильевналыын, 11 оҕону төрөтөн, иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. Оҕолоро бары ыллыыллар. Аҕаларын сырдык кэриэһигэр анаан ырыа күрэхтэрин ыыталлар. Киһи кэрэмэһэ Иван Иванович үтүө аата биһиги сирбитигэр-уоппутугар үйэлэр тухары ааттана туруохтун!
Бэлиэтээһин
Бу суруйууга манныктары ыйыахха сөп:
— кээмэйи, кэми этэр буоллахха диэри дьөһүөл, оттон дылы дьөһүөл тэҥнииргэ эрэ туттуллар; — «оттон» уонна «онтон» ситим тыллары туттуу: оттон — тэҥнииргэ утары суолтаҕа, онтон — туох эрэ буолбутун кэннэ буолар хайааһыны суруйарга;
— «н» — «ҥ»: турун — туруҥ. Туохтуур кэлэр кэмин 2-с сирэйэ биир ахсааҥҥа «ҥ» дорҕоонноох суруллар: эн барыаҥ, эн кэлиэҥ. Туохтуур соруйар киэбигэр элбэх ахсааҥҥа эмиэ «ҥ» буолуохтаах: эһиги туруҥ, биһиги туруоҕуҥ, эһиги үйэтитиҥ, үйэтитиэҕиҥ, олоруҥ, олорооруҥ;
— киэһэ — киэһээ: сыһыат суолтатыгар кылгас аһаҕас дорҕоон туттуллар;
— ийэбинээн — ийэбиниин, аҕабынаан — аҕабыныын: кэлиҥҥи сүһүөх уһун аһаҕас дорҕооно кыарыыр;
— тиэкис аата суох, тыла-өһө дьадаҥы, ис хоһооно саргы-сатаҕай, түмүгэ суох.
Олоҕурбут үөрүйэхтэри куйаар ситимигэр тутуһуу туруга
Саха үгэһин, сиэрин-туомун, устуоруйатын, баай култууратын сырдатар тиэмэлээх сахалыы суруйар сирэй аҕыйах. Холобур, бэргэн этиилэри суруйар «@biiki_domokh» сирэйи ааттыахха сөп. Омук култууратын сырдатар хабааннаах суруйуу үксэ нууччалыы эбит. Хас биирдии омук инникитин санаан туран, кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, маннык ис хоһоонноох суруйуулары төрөөбүт тылынан сырдатарга дьулуһуохтаах. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга «@hupkutti» сирэйи тылы, үгэһи үөрэтэргэ табыгастаах диэн бэлиэтиэххэ сөп. Маннык алҕастар бааллар:
— тылы таба туттууга, суруйууга элбэх сыыһа баар эбит. Өскөтүн хаһыакка, сурунаалга сурук быраабылаларын, литэрэтиирэлии тыл нуорматын сүнньүнэн тутуһа сатыыр эбит буоллахтарына, аан ситимҥэ үксүгэр тутуһуллубат, ким хайдах таптаабытынан суруйар. Тылдьыкка тылбаастанан киирбит тыллары сыыһа суруйаллар. Холобур, спорка (сөптөөҕө: успуорка), тренер (тириэньэр), интернетынан (интэриниэтинэн), эфиргэ (эпииргэ), чемпион (чөмпүйүөн), рецебэ (эрэсиэбэ), терка (түөркэ), сойбутун кэннэ порциялаан тоҥоро уурабыт (өлүүлэргэ үллэртээн баран тоҥоро уурабыт), роман (арамаан) Таһаарыах иннинэ кичэйэн бэрэбиэркэлэнэр. «Ким баҕарар алҕаһыыр. Ол эрээри алҕаһаабыт да буоллахха, ону өйдөөн тута көннөрүннэххэ, сайдаҕын» диэн мындыр этии баар;
— тыл үйэлээх үгэһин (узуһу) кэһии: «Бу наҕарааданы тус бэйэтэ туппатаҕар бырастыы көрдөстө, ол эрээри бэлэҕи үрдүктүк сыаналаабытын биллэрдэ» диэн этии (сөпкө: Бу наҕарааданы тус бэйэтэ кэлэн туппатаҕар хом санаабаттарыгар көрдөстө уонна бэлэхтэн олус астыммытын биллэрдэ);
— «н» — «ҥ» элбэхтик сыыһа туттуллар: тардыылаах аат тыл биир ахсаанын 2 сирэйигэр турар тыл бүтүүтүгэр «ҥ» дорҕоон буолуохтаах. Холобур, «Эн санаан чыпчаалыгар тиийдэрбин» (Эн санааҥ чыпчаалыгар тиийдэрбин);
— тиэкистэри аттаран суруйар, ардыгар эҕэлээх да тылы-өһү туттар этиилэри толкуйдааҥ. Ону тэҥэ, биллэн турар, «дизайн» улахан оруоллаах;
— тылбааска элбэхтик сыыспат курдук хат-хат ааҕан, суруйбуккун бэрэбиэркэлэнэн, хайа баҕарар киһи аахта да өйдүүрүн курдук суруй. Тылыттан тылыгар туруору тылбаастаабакка, ис хоһоонун тириэрдэргэ кыһан. Онуоха тылбаас кистэлэҥин туһунан анал үөрэх кинигэлэригэр булан ааҕыаххын сөп [Хаһыат үлэһиттэригэр, 2007];
— тиэкистэр аата суох буолаллар. Киһини дьиктиргэтэр, соһутар ааттары толкуйдааҥ — оччоҕо ааҕааччы аахпыта эрэ баар буолуо.
Ангелина КУЗЬМИНА, тыл билимин хандьыдаата