Быйыл саха бөдөҥ учуонайа, Саха сиригэр уонна Сибииргэ академическай билим сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх чинчийээччи Алексеев Николай Алексеевич төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтиибит.
Алексеев Н.А. 1938 с. тохсунньу 29 күнүгэр Ньурба улууһун III Бордоҥ (кэлин Күндээдэҕэ холбоммута) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1954 с. Ньурба орто оскуолатын бүтэрэн баран дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэххэ туттарса аттаммыта. Кини тыл өттүгэр дьоҕурдаах буолан “журналистика” идэтигэр туттарсан киирбитэ эрээри, ыйааҕа тардан буолуо, бу миэстэни ким эрэ эрдэ “ылбыт” аатыран, кини Ленинградтааҕы госуниверситет устуоруйа факультетыгар киирбитэ. Ол кэмтэн баччаҕа диэри дойдубут “Хотугу столицата” научнай өй-санаа түмүллүбүт, сайдыбыт киинэ этэ. Университекка ааттаах-суоллаах учуонайдар үлэлээбиттэрэ: Б.Б.Пиотровскай, С.Б.Окунь, В.В.Мавродин, АЛ.Шапиро, МА.Гуковский, М.К.Каргер о.д.а. Маны таһынан Ленинград бэйэлээх бэйэтин көстүүтэ – былыргы дьиэлэрэ, муосталара, дыбарыастара устуоруйа суолун ситимнии турар курдуктара. Онон Николай Алексеевич научнай өйө-санаата бу улуу куоракка чочуллан тахсыбыта.
1959 с. үөрэҕин бүтэрэн Саха сиригэр төннөн кэлэн Киин судаарыстыбаннай архыыпка үлэтин саҕалыыр. Мантан ыла саха култууратын, этнографиятын, итэҕэлин чинчийэр суолга үктэммитэ. Ол курдук аспирантураҕа “Ойууҥҥа уһуйуу” рефераты суруйан киирбитэ. Бу үлэни биллиилээх фольклорист Г.У. Эргис олус сэргээн, эдэр киһиэхэ бу чинчийиитин салҕыырыгар сүбэлээбитэ. Онон Николай Алексеевич 1961-1965 сс. ССРС НА этнография Институтугар аспираннаабыта. Салайааччытынан биллиилээх учуонай И.С. Гурвич анаммыта. Николай Алексеевич чинчийэр тиэмэтинэн – саха итэҕэлэ, сиэрэ-туома буолбута. Бу үлэтинэн кини Бүлүү уонна Хоту улуустарынан экспедицияларга сылдьыбыта, дьиҥнээх ойууттар Н.Парфенов-Куобах, Г.Герасимов-Дабыл саҥаларын, ырыаларын-тойуктарын магнитофоҥҥа устубута. Онон Н.А. Алексеев сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар улаханнык туоратыллан, умнулла быһыытыйбыт ойууннааһыны үөрэтиигэ иккистээн суол тэлбитэ. Манна кини уһулуччулаах чинчийээччи Г.В. Ксенофонтов аартыгынан айаннаан, ойууннааһыны чинчийиигэ саҥа методиканы киллэрбитэ.
Хомуйбут матырыйаалын түмэн, наардаан “Традиционные религиозные верования якутов 19-нач.20 вв.” диэн билим кандидатын диссертациятын 1967 с. көмүскээбитэ. Бу кэнниттэн кылгас кэмҥэ ССРС миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн баар Итэҕэллэр управленияларыгар инспекторынан үлэлээн баран, олоҕун быһаччы билимҥэ аныыр суола арыллыбыта – ССРС Наукалар академияларын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиалыгар үлэҕэ киирбитэ.
1970-80 сс. саха этнографиятын чинчийии бары хайысханан тэтимнээхтик сайдан барбыта. Николай Алексеевич билимҥэ өҥөтүн билинии бу кэмнэргэ саҕаламмыта: кинини элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы кэнпириэнсийэлэргэ ыҥыраллара, үлэлэрэ Франция, Германия научнай сурунаалларыгар бэчээттэнэллэрэ. 1975 с. Новосибирскайга “Традиционные религиозные верования якутов 19-нач.20 вв.” “бастакы монографията бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу үлэ билигин үгүс чинчийээччилэргэ тирэх буолар. Ол кэмнэргэ, судаарыстыба үрдүнэн атеизм бүрүүкээбит кэмигэр, итэҕэл тиэмэтин чинчийии сыанан аҕаабатах буолуохтаах. Онон Николай Алексеевич билимҥэ кылаата хас да төгүл ордук ыйааһыннанан тахсар. Кини чинчийиитигэр саха араас өрүттээх сиэрин-туомун ырыппыта, былыр биһиэхэ Соҕуруу омуктартан тардыылаах Айыы итэҕэлэ баара, Айыы ойууннара бааллара, ууска сүгүрүйүү (кузнечный культ) баара диэн түмүккэ кэлбитэ.
Учуонай 1980-с сылларга түүр тыллаах Сибиир омуктарын итэҕэллэрин үөрэтэн киэҥ өрүттээх экспедицияларга сылдьыбыта: Алтайга, Туваҕа, Хакасияҕа о.да. Онон бу омуктар култуураларын, үгэстэрин үөрэтиигэ кини кылаата эмиэ олус улахан. Онуоха кини монографиялара манныктар: «Ранние формы религии тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1980), «Шаманизм тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1984), «Традиционные религиозные верования тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1992). Бу чинчийиилэр этнография билимигэр саҥа хайысханы арыйбыттара. Мантан сэдиптээн Николай Алексеевиһы институтугар “ойуун” диэн ааттыыр буолбуттара. Бу кини үөрэппит тиэмэтиттэн эрэ буолбакка, чахчы дириҥник ылсан, өйдүүн-санаалыын киирэн элбэх сыллар тухары дьаныһан чинчийбитин туоһута буоллаҕа.
1987-1991 сс. Новосибирскай куоракка ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын история, филология уонна философия Институтугар сүрүн научнай үлэһитинэн, тыл үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Манна кини «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока» диэн академическай сиэрийэни таһаарыыга олохтоохтук ылсыбыта. Ол туһугар сүрдээх киэҥ сири хабан экспедицияларга сылдьыбыта:
- 1987 с. – Саха сирин хоту оройуоннарыгар (долган, эбээн, дьүкээгир, саха, нуучча фольклорун хомуйуу)
- 1988 с. — Красноярскай кыраайга, Иркутскай уобаласка
- 1989 с. – Магадан уобалаһыгар уонна Чукоткаҕа
- 1990 с. — Хакасияҕа
- 1990 с. — Уус-Ордыннааҕы бүрээт автономнай уокуругар.
- 1991 с. – Камчаткаҕа (кэрээктэр, ительменнар, чукчалар, киирэктэр фольклордарын хомуйуу).
Чахчы да киһи сөҕөр далааһыннаах үлэтин ыыппыт. Онтон ыарахан 1990-с сылларга экспедициялыыр үлэтин тохтотон баран, 2000 сылларга хат тилиннэрбитэ. Ол онно, 2000-2007 сылларга, 12 экспедицияны тэрийэн сылдьыбыта. Сыаналаах матырыйааллар суруллубуттара: хантыларга Эһэ бырааһынньыга, агинскай бүрээттэргэ ойууҥҥа уһуйуу сиэрэ-туома, кэрээк фольклора о.д.а. Бу матырыйаал үксэ “Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока” диэн 27 туомнаах академическай сиэрийэҕэ тахсыбыта. Н.А. Алексеев, үөһээ этиллибитин курдук, манна сүрүн редактор солбуйааччытын быһыытынан быһаччы үлэлэспитэ, тылбаастары оҥороро, ыстатыйалары суруйара, редакциялыыра.
2007 с. Н.А. Алексеев Россия НА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт дириэктэринэн анаммыта. Манна кини сүрдээх улахан тэрийэр үлэни ыыппыта – 2008 с. икки институт холбоһоннор бу билиҥҥи институт олоҕурбута. Онуоха научнай үлэһиттэри сарбыйыы эҥин ыытыллыбатаҕар Николай Алексеевич үтүөтэ буолар диэн бэлиэтииллэр. Онон саҥа тэриллибит институт Сибиир үрдүнэн биир бөдөҥнөрө буолбута. Салгыы үс сыл иһигэр кини үлэтин көрдөрүүлэрэ лаппа тупсубута: научнай ыстатыйалары бэчээттэтии, граннары ылыы, экспедициялары кэҥэтии о.д.а. Тэҥнээн көрдөххө 2008 с. рецензиялаах научнай сурунаалларга 16 эрэ ыстатыйа бэчээттэммит буоллаҕына, 2010 с. бэлиэр 45 ыстатыйа тахсыбыта. Ити курдук Н.А. Алексеев саҥаттан тэриллибит институт киэҥ аартыгын арыйбыта.
Николай Алексеевич өр сыллаах билимҥэ үлэтин кэмигэр кини бэйэтин аатынан сибироведтар этнографическай оскуолалара үөскээбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ Тува, Бурятия, Хакасия, Ханты-Мансийск уонна Саха сирин билимин кииннэригэр үлэлииллэр, билим кандидаттара, дуоктардар бааллар.
Н.А. Алексеев 100 тахса ыстатыйаны, 9 монографияны суруйан хаалларбыта. Кини билимҥэ өр кэмнээх сулууспатын бэлиэтээн РФ билимин үтүөлээх диэйэтэлин, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнин аатын иҥэрбиттэрэ. Николай Алексеевич РФ наукаҕа уонна техникаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатынан буолар.
Эдэриттэн этнограф идэтин талан, билим киэҥ аартыгын арыйбыт, тугунан да сыаналаммат үгүс үтүө үлэни үмүөрүппүт улахан учуонайынан буолар Николай Алексеевич Алексеев.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
1) Попова, Н. И. Николай Алексеевич Алексеев: путь Ученого / Н. И. Попова, Е. Н. Романова // Северо-Восточный гуманитарный вестник. – 2011. – N 1 (2).
Хаартыскалары Н.А. Алексеев дьиэ кэргэнин тус архыыбыттан туһанныбыт.