Эрчим Захаров, Надежда Сантаева,
Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Бараахап аатынан 1 нүөмэрдээх оскуола

Балыктааһын саха норуотун өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһэ аныгы да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт. Ордук элбэх тэрил муҥхаҕа уонна куйуурга баар эбит.  Ньымаларын уонна  сыһыаннаах сахалыы тыллары үөрэттибит.

Муҥха — саха омук муус аннынан балыктыыр биир ньымата буолар. Муҥханы улахан чардаакка түһэрэллэр. Икки өттүнэн элбэх ойбон тэһэллэр, онон үтүмэх ыыталлар. Көхө тутааччы, бэчимэ тардааччылар, нырыыһыттар бааллар. Балык мунньуллан кэлэр сирэ-муҥха ийэтэ диэн. Муҥха икки кынаттаах буолар.

  1. Муҥха ийэтэ
  2. Муҥха кыната
  3. Туос хотоҕос
  4. Хаптаһын хотоҕос
  5. Таастыган
  6. Ыт мас
  7. Анньыы
  8. Хамыйах
  9. Сүүр
  10. Ачаах
  11. Олуур
  12. Көхө
  13. Үтүмэх
  14. Бэчимэ
  15. Нырыы

Муҥха саха норуотун төрүт үгэһэ диэн Өрөспүүбулукэтээҕи творческай “Пора роста” куонкуруска кыттан диплом 1 истиэпэннээх «Тойон муҥха» аатын сүкпүтум. Маннык туһалаах куонкуруска кыттарбар, төрөппүттэрим күүс-көмө буолалларыттан үөрэбин.

Куйуур — саас муус аннынан балыктааһын буолар. Халлаан сылыйдаҕына, күн уһаатаҕына, чычаас күөлгэ ойбон алларан, дөйүөрбүт собону, мундуну куйуурунан баһан таһаараллар. Ойбоҥҥо туора ууруллар мас түөрэй диэн ааттанар. Маҥкы диэн түөрэйгэ уган баран буккуйар мас. Маҥкы төбөтүгэр баар сиэккэтэ куойата диэн ааттанар.

  1. Куйуур
  2. Куойа
  3. Маҥкы
  4. Түөрэй
  5. Кыл хамыйах
  6. Сүүр
  7. Анньыы

Туулааһын- маһы синньигэс гына тыыран (эбэтэр талаҕы) өрөн оҥоһуллар, күөлгэ, үрэххэ уган балыгы бултуур тэрил. Кыһын сүүрүктээх өрүскэ туулуохха сөп. Сайын күөлгэ, үрэххэ тууланар. Туу икки көрүҥнээх буолар: ардьаах туу, күөнэх туута.

Туу тэрилэ

  1. Киспэ
  2. Туу сүрэҕэ
  3. Туу тылбыыта
  4. Туу чурумчута

Илимнээһин- саас, күһүн балыктыыр ньыма буолар. Илим киэҥ уонна кыараҕас илим диэҥҥэ арахсар. Киэҥ илимҥэ улахан, бөдөҥ собо. Оттон кыараҕас илимҥэ бытархай собо иҥнэр эбит. Илими тыынан уста сылдьан үтэллэр. Илими киэһэ чуумпуга, долгуна суохха үтүллэр, көрөөһүнүн киэһэ чуумпуга көрүллэр. Онтон итии күҥҥэ иккитэ көрүллэрэ ордук, балык аппат.

Күөгү- уһун ураҕас уһугар баайыллыбыт быа. Күөгүлээһин саас, сайын, күһүн, кыһын муус аннынан күөгүлүүллэр. 

  1. Күөгү ураҕаһа
  2. Күөгү быата
  3. Устугас бэлиэ
  4. Кыра дьаакыр
  5. Күрүчүөк

Күөгүлээһин булт эрэ буолбакка, спорт биир көрүҥэ буоларыгар, аҕабын кытары оонньуу оҥордубут. Манна уһуйаан оҕолоро, оскуола оҕолоро уонна улахан да дьон күрэхтэһиэхтэрин сөп.

Оонньуу быраабылата- хамаанданнан арахсан, бириэмэҕэ иккилии киһи тахсан хаптарар,ханнык хамаанда саамай элбэх балыгы хаптарбыт ол кыайыылаах буолар.