Сергей Васильевич Иванов, Бүлүү куорат, кыраайы үөрэтээччи, Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи Норуот үөрэҕириитин түмэлэ
Күнүс түүнү, түүн күнүһү кытта силбэһиитин бүппэт эргиирин курдук, күн-дьыл иҥнэн турбакка, тохтообокко ааһара, дьэ, түргэнэ сүрдээх. Орто дойдуга олоҕун түмүктээн, аҕам барахсан анараа дойдуга барбыта номнуо бэһис сыла буолбут. Кини тоҕус уон төрдүс хаарын уулларар сылыгар, сытан хаалбыта уонна кутаа уота сыыйа сөҕүрүйэн умулларын курдук Күн сириттэн барбыта. Аҕабын бандьыыт дьыл төрөөбүт уол дииллэрэ үһү, ол аата 1922 сыл.
Тохсунньу томороон тымныыта сатыылаан турдаҕына, Баһылайап таҥара күнүн чугаһыгар, Бэс күөлэ диэн сиргэ дьонум от сии тахсан олордохторуна, хаар балаҕаҥҥа төрөөбүт үһүбүн диэччи аҕам Баһылай. Сыбаҕа суох балаҕаны быстах кэмҥэ олорорго анаан халыҥнык, төгүрүччү хаарынан хайаллар эбит, ол аата хаар балаҕан.
Сайылыкка ыаллара, соҕотох уоллаах Маарыйа, уолбар доҕор оҥостуохпун Баһылайы миэхэ аҕалыҥ диэбитин, аҕам дьоно элбэх оҕолоох буоланнар, өс киирбэх уолларын, алта саастаах Баһылайы, иитиэххэ биэрбиттэр. Үтэһэҕэ анньан көмүлүөк оһох уотугар лэппиэскэ буһаран сиэтэн, оргуйбут үүт иһэрдэн баран, ийэм Огдооччуйа көхсүгэр сүгэн Маарыйаҕа таһааран биэрбитин чуолкайдык өйдүүбүн диэччи аҕам.
Маарыйа эмээхсин уола Тоҥонох Ньукулай ыал буолбут киһи, кэргэнэ Кэчиинэ. Оҕоломмотохтор, ол иһин ийэлэрэ Маарыйа иитиэххэ оҕо көрдөөбүт.
Аҕам оҕо сааһа 1920-с сылларга уонна 1930-с сыллар саҕаланыыларыгар ааспыт. Ииппит эбэм Маарыйа ынахтыын сылгылыын алта уонча сүөһүлээх буолааччы. Маарыйа эмээхсиҥҥэ уон икки ынах төрөөтөҕүнэ, уон икки ньирэй муннулара да тыбыырбакка кыстыкка киирээччилэр. Онтон сорох ыаллар уон ньирэйтэн биэһин тутан хаалааччылар. Эбэм Маарыйа отугар мэлдьи икки киһи үлэһиттээх буолааччы, ол Охсутуой уола Игиидэй уонна Чэҥкээлэй Эҥиэнтэй диэн дьон. Окко киириэх иннинэ уонна от үлэтин ортото сүөһү охторторон, эбэм үлэһиттэрин харалааччы. Эбэбин батыһа сылдьан сэттэ сааспыттан от охсор буолбутум диэн кэпсээччи аҕам. Ити кэмтэн аҕам 87 сааһыгар диэри илии хотуурунан от охсубута.
1854 сыл сайын Р.К. Маак Бүлүү умнас улуустарын чинчийэн айаннаабытын түмүгэр таһаарбыт «Вилюйский округ» кинигэтигэр сахаларга ньирэй турбата биир улахан кыһалҕа диэн суруйбут уонна ньирэй охтуутун табылыыссатын оҥорбут. Ол табылыыссаҕа көрдөххө, төрөөбүт ньирэй аҥара төннөр эбит.
Аҕам мындыр уонна сылык киһи этэ. Сахалыы төрүт уонна умнулла быһыытыйбыт тыллары элбэҕи билэрэ уонна туттара. 1990-с сыллар бүтүүлэригэр, ыам ыйын бүтэһик күннэригэр, уулаах ынах үөрдэрин кытта кэлбэтэҕэр, бэскэ, Сааһаабыт диэн сиргэ, сүөһү көрдүү бардыбыт аҕабын кытта. Ол онно сылдьан, сөкү быыһыттан үгүрүө көтөн тахсыбытынан сирдэтэн, уйатын буллум. Сымыытын ахсаанын мыынан, үлтү түһүөх буолан дэлэҕэ да Таҥараны куттуо дуо, үгүрүө, дулҕа төбөтүгэр чөкө уйаҕа үс эрэ эриэн сымыыт сытара. Аҕам тэйиччи туран: — Көтөр уйатын таһыгар уһуннук турума. Көтөр салыйыа, — диэтэ. Уйаттан тэйэн баран, аҕабыттан ыйыттым: — Ол салыйара диэн тугуй? — диэн. Ол аата көтөр тэһииргээн уйатын быраҕан барар, уйатыгар төннүбэт диэн быһаарда аҕам.
Салыйар түөлбэ тыл буолуон сөп диэн, түмэлгэ түөрт уонча сыл үлэлээбитим усталаах туоратыгар остуол кинигэтэ оҥостубут Э.К. Пекарскай тылдьытын көрбүтүм, салыйар диэн тыл баар. Быһаарыыта аҕам эппитин курдук, көтөр уйатын хаалларарын бэлиэтиир тыл. Г.Ф. Сивцев 1979 сыллаахха тахсыбыт «Сахалыы кылгас тылдьытыгар» салыйар тыл эмиэ баар, «сымыыттаан сытар чыычааҕы, уйатын тыыттахха, салыйан, уйатыгар кэлбэт буолан хаалар» диэн быһаарыыта.
Төһө да Бүлүү куорат ыаллара буоллаллар, дьонум биэс уонтан тахса сыл сүөһү туппуттара. Ол дьарыктарын мин салҕаан, сүүрбэ сыл сүөһү ииттибитим. Аҕам тэрилтэ үлэтиттэн букатыннаахтык уурайан баран, көлүүр оҕустанан, ону-маны кыраны тиэнэр, таһынар буолара. Ол ииттибит оҕустарыттан биир оҕуһу, оҕуһум илин өрүөннээх, тардыылаах буолар ини диэбиттээх. Ыйыппытым эмиэ илин өрүөннээх диэн тугун. Ол аата илин өттө, арҕаһа үрдүк, модьу диэбитэ аҕам. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, ити билигин Буотамаҕа аҕалан иитэр омук сүөһүлэригэр моһуоннаах, илин өттө өрө сүгүллүбүт оҕуһу сахаҕа илин өрүөннээх диир эбиттэр. Бу тыл саха тылдьыттарыгар суох. Туттуллубат тыл буолбута эбитэ дуу, түөлбэ тылга киирэрэ дуу.
Орооһооспо, Баһылайап, Кириһиэнньэ, сүллүүкүттэр тахсыыларын, киириилэрин туһунан сэбиэскэй кэм алта уонус сылларыгар, ити бэлиэ күннэр ахтыллыбат буолбут кэмнэригэр, эмиэ аҕабыттан истибитим.
Ороһооспо күн күөх оту киллэрэн оһох иннигэр, сиргэ тэлгээччилэр, онно төкүнүйэ оонньуур буоларым. Идэһэ сүөһү төбөтүн ириэрэн, түүтүн көмүлүөк уотугар сиэтэн кэриэтээн, ортотунан сүгэнэн хайа охсон аҥарын буһараллара, аҥарын Баһылайапка уураллара. Аҕам бу кэпсээниттэн сирдэттэхпинэ, сахаҕа сүөһү төбөтө бэлиэ күннэргэ эрэ сиэнэр мааны аһылык буола сылдьыбыт кэмнэрдээх эбит. Ханнык баҕар дьиэ сүөһүтүн төбөтүн мааны аһылык оҥостуу түүр тыллаах омуктарга киэҥник тэнийбит майгы. Күөх оту дьиэҕэ киллэрэн тэлгээһин, эмиэ Таҥара төрөөбүт күнүн кытта ыкса сибээстээҕэ чуолкай
Үлэһит сүллүүкүттэр эбэтэр хамначчыттар диэн буолара тохсунньу 12-тэн 13-с түүнүгэр тахсаллар, онтон 13-тэн 14-с түүнүгэр сүллүүкүттэр бары — оҕолуун кырдьаҕастыын көһөн күүгүнээн тахсаллар диэччи. Тохсунньу 14-тэн 19-гар диэри күннэри, ол аата Баһылайаптан Кириһиэнньэҕэ диэри хонуктары, аҕам «Оонньуулар кэмнэрэ» диэн ааттааччы. Оонньуулар кэмнэригэр халлаан хайаан да тымныйар диэччи. Оонньуулар кэмнэригэр ыалбыт уолаттара Мырҕайдаах эҥин, түү истээх соннору иһин тас өттүгэр гына кэтэн хайаан, сирэйдэрин саптан киирэннэр, балаҕан иһинээҕи дьону дьээбэлээччилэр. Тахсыбыттарын кэннэ, кимнээх киирэ сылдьыбыттарын дьонум киэһэни быһа мөккүһэ таайар буоллаллара, кэпсээччи аҕам.
Сүллүүкүттэр киирэр түүннэригэр халлаан тымныыта сымнаан, былытырар уонна хайаан да кыраһалыыр. Ол аата сүллүүкүттэр суолларын сабар, халлаан. Олус ардахтаах эбэтэр кураан эҥин дьыл кэлиэх буоллаҕына, халлаан сүллүүкүттэр суолларын саппат диэччи аҕам. Кэлин сааһыран олорон, аҕам ити эппит сылыгын кэтээн көрбүтүм, үүт-маас сөп түбэһэр эбит этэ.
Аҕыспын туолар сайыммар, аҕам тэрилтэ үлэтиттэн кэлэн, тэлгэһэтигэр үлэлии сырыттаҕына, батыһа сылдьан көрдөһөн, нөҥүө күнүгэр биир көс кэриҥэ ыраах сиргэ, оттук мас кэрдиитигэр барсыбытым. Кэлэ бара сатыы сылдьабыт. Аҕам сүгэнэн кэрдэн мас охторор, лаабаларын солуур. Мин лабаалары хомуйан чохчолуубун уонна охтубут мастары туора эрбиинэн бысталыырга эрбии тутааҕа тутабын. Бысталаммыт мастарбытын долгучуок диэн ааттыырбыт. Дрова-долготье диэн нуучча тылыттан буолуо.
Оччолорго нэдиэлэҕэ биир өрөбүл күнэ, онон өрөбүл аайы сай устата маспытыгар сырыттыбыт. Онтон атырдьах ыйыгар уоппуска ылан, аҕам отугар таҕыста, өрүс уҥуор. Миигин туһа киһитэ буолбут диэтэ быһылаах, биир биэс саҥата суох отугар илдьэ барда. Онон аҕыс сааспыттан отчут буолбутум.
Ииппит эбэтэ Маарыйа үөрэппит үөрүйэҕинэн аҕам оту бугуллуура. Ол бугуллааһын уратыта диэн мунньуллубут оту биэс сиргэ чөмөхтөөн, киһи атаҕа сири билбэт буолуор диэри от уура уура чөмөҕү дьиппинитэн тэпсэн баран, үс хас тутум уһуннаах үс-түөрт маһы сиргэ анньан, ол чороохторго биэс чөмөҕү үрүт үрдүгэр ууран бугулу туруорааһын буолар. Ол аата биир бугул биэс атырдьахтааһын оттон оҥоһуллар. Түгэҕэр чороох маһа суох буоллаҕына, уһуннук турбут бугул тэллэҕэ түүнүгүрэр.
Тыаллаахха бугуллары усталыы үтэһэ маһынан курдары анньарбыт, сууллубатыннар диэн. Синньигэс талахтартан кыһыллыбыт, биэс уонча үтэһэ мастаах буоларбыт. Бугуллар турбутунан дьиппинийэн, сиргэ хаптайбыттарын кэннэ, от кээһэрбит. Тыал-куус сахсыйдаҕына, ардах-самыыр мииннэҕинэ бугул дьиппинийэр диир буолара аҕам. Дьиппинийбит бугул кээһиитэ от эмиэ дьиппиэ буолар, онон күһүҥҥү ардахха, өксүөҥҥэ утарсыылаах буолар, хотторбот диэччи аҕам.
Саха уон тохсус үйэтээҕи олоҕун-дьаһаҕын, саха уопсастыбатын туһунан «Якуты» диэн кинигэтигэр В.Л. Серошевскай сахалар бугуллаабыт отторун уһуннук туруоран, дьиппинийбитин кэннэ отторун кээһэллэр диэбит этэ.
40 тэпсиилээх бугулунан биир сүөһү кыстыыр, мин бугулум ыйааһына 2 буут буолуо диэччи аҕам. Ол аата 32 киилэ, аныгы кээмэйинэн. Онон аҕам бугулунан ааҕан оттооччу. Алта уонус сылларга, дьонум ньирэйдээх ынах эрэ ииттэллэригэр, сүүстэн кыратык тахса бугулу оттуурбут. Кэлин мин бэйэм сүөһү тутарбар, эмиэ бугулунан ааҕан оттообутум.
Үөһэ ахтыллыбыт кинигэтигэр В.Л. Серошевскай саха быһа холоон биэс уон бугулунан биир сүөһүнү кыстатар диэн суруйбуттаах.
Аҕам саҥарарыгар дьүһүннүүр тыллары элбэҕи туттааччы. Холобура: хааман сөлүөҥнүүр – сэниэтэ суох хаамыы, хааман нотуоскайданар – кылгас атахтаах киһи хаамыыта, хааман өтүөскэйдэнэр – түөһүн мөтөтөн хаамар киһи, сүүрэн орохоччуйар – куобах дуу, кыра ыт дуу сүүрэр, сүүрэн туорайданар – уһун хатыҥыр киһи икки өттүгэр иҥнэҥнээн сүүрээһинэ, саҥаран бөтүгүрүүр – түргэнник уонна бүтэҥитик саҥарар киһи, саҥаран быллыгырыыр – чуолкайа суох саҥалаах киһи.
Сүөһү кыстыкка киирбитэ иккис эҥин ыйыттан саҕалаан, аҕам сүөһүгэ аһатар отун кээмэйин сыыйа кыччатан иһээччи. Ол аата сүөһү иһин кыччатыы диэн. Оннук дьаһаннахха, сайы быһа иһэ ыларынан аһаабыт сүөһү, иһэ сыыйа тардан кыра да окко сөп буолар, тотор. Аҕам сүөһүлэрин истэрэ, сааскыга тиийэн сүүрүк аттар истэрин курдук тарпыт буолааччы. Кэлин мин сүөһүлэммитим кэннэ, аҕам мэлдьи ыйытар буолара: — Хайа, сүөһүлэриҥ истэрин кыччатан эрэҕин дуо? – диэн. Бастаан сүөһү ииттэрбэр сүөһү иһин кыччаттыыны сатаабакка, кыайбакка эрэйдэммиттээҕим.
Мин икки кыыстаахпын. Иккиэн үөрэхтээхтэр, иккиэн иккилии омук тылынан холкутук кэпсэтэллэр. Кыргыттарым сүөһү ииппэттэр. Ол гынан баран, кинилэр оту охсууттан саҕалаан күрүө тутуутугар тиийэ от үлэтигэр үөрүйэхтэр, саха тылын уратыларын, дэгэттэрин үчүгэйдик билэллэр. Бэйэлэрин санааларын сахалыы ыраастык суруйан, дьоҥҥо тиэрдэр эргиччи кыахтаахтар.
Хаартыскалары Эмиэрикэтээҕи Хотугулуу-Тиихэй акыйааннааҕы этнография эспэдииссийэтин (1897-1902 сс.) “Сахалар” диэн 1 чааһыттан туһанныбыт.