Тэҥэнэбиллэри туттуу Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа айымньыларын холобуругар
Мординов Николай Егорович- Амма Аччыгыйа (06.01.1906—14.11.1994) – саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар 1934 с. киирбитэ.
Мин Амма Аччыгыйа «Алдьархай» айымньытыгар уус-уран тэҥнээhини олус үгүстүк туттарын бэлиэтии көрөн, бу тиэмэни ыларга сананным. Барыта 195 уус-уран тэҥнээhини буллум. Амма Аччыгыйа айылҕа кэрэ көстүүтүн бу баардыы ойуулуурунан, кини кыраҕы хараҕа тулалыыр эйгэтин туохха эрэ тэҥнээн суруйуута олус сөхтөрөр.
Суруйааччы көтөр-сүүрэр бары майгытын, тус-туспа уратылаахтарын, үүнээйи тас көстүүлэрин уо.д.а бу баардыы ойуулуур.
Ордук элбэх тэҥнэбил киhи туругун, тас көрүҥү көрдөрүүгэ тутуллубут, онно 65-hи буллум. Салгыы айылҕаны ойуулааhыҥҥа 39-hу уонна тэҥнээhиннэрин кээмэйдэрэ уhуннар.
- Тогойкин, ууну дулҕалаан эрэр курдук, сэрэнэн үктэнитэлээн тиийэн кыргыттар аттыларыгар чымадаанын уран кэбистэ уонна регистрациялана охсон кэллэ.
- Ѳрүс халҕаһатын курдук логлоруттаҕас былыт үрдүнэн кѳтѳн иһэллэр. Хара дьүһүннээх, симмит курдук чиӊ эттээх-сииннээх киһи кэлэн кини санныгар ыга ѳйѳммүтүнэн утуйан хаалбыт эбит.
- Тус хоту буоллаҕына ыраах тунаарыйан кѳстѳр кыараҕас үрүйэни хаба ортотунан сэлиик соноҕос сиэлин курдук намчы титирик мастар сэгэлдьиһэн барбыттар.
- Сис тыаны ортотунан нэлэһийэн бара турбут талах үрүйэни айхаллаан, атааран эрэр курдук, лиӊкир харыйалар үѳрэн-кѳтѳн үѳмэхтэһэ тураллар.
- Биир бѳрѳ туора хааман ныһырыйан тахсан, тохтоон чугуруӊнуу-чугуруӊнуу, иӊнэри түһэн турар бэс тѳӊүргэһин тула хаампахтаан баран, соһуйбут курдук, тѳттѳрү ойуолаан киирбит. Онтон, ѳрүһүспүт курдук, күѳйэ харбаан ылан, түѳһүгэр ыга кууспутунан, суолугар тѳттѳрү сүүрэн киирэн, бочуонагы олордо охсон кэбиһэн баран, эргиччи кѳрбѳхтѳѳтѳ.
- Сири-дойдуну бүтүннүү хаар ыга түһэн кэбиспит, туох барыта, маӊан баатанан бүрүйэ быраҕыммыт курдук, чуумпурбут.
- Кинини кытта бииргэ улаҕата биллибэт тоӊуу хаары кэһэн, үрэхтэри, үрүйэлэри, тыалары туораталаан сылдьыспыт курдук санаатылар. Куруппааскылартан соһуйан ѳрѳ чинэристилэр, бочугураһы сыыһа харбаан, эргичиӊнэһэн ыллылар, оҕуруону кэккэлэтэ уурталаан кэбиспит курдук чѳм-чѳмнүк үктээмэхтээн барбыт саһыл суолун батыһа бардылар…
- Ити санаалара бииртэн-биир ордук солуута суохтарыттан бэйэтэ бэркиһээн, киэр илгитэлии иһэр курдук санаабытынан, кини улам түргэтээн хааман истэ. Ойуччу соҕус турар, тиэрэ мэтэрийэн үүммүт тиит эбит. Чыначчы тоӊмут улахан балыгы хаарга таӊнары анньан кэбиспит курдук. Сонун, бэргэһэтин устан хаарга уурталаабыт, ийэ-хара кѳлѳһүнэ саба түспүт, оргуйа турар күѳс курдук, үрдүнэн күдэн күдээрийэ кѳппүт.
- Ол туһунан кини кимиэхэ да муӊатыйбакка, таһыттан кѳрдѳххѳ, туох да кыһалҕата суох киһи курдук, улэлии-хамныы, күлэ-оонньуу сылдьар. Оччоҕо кѳхсүн дьѳлѳ баттаан сылдьар ыар таһаҕаһын түһэриммит курдук, кэӊии, дьэгдьийэ түһэр, эмиэ түмүллэн, мунньуллан кэлиэр диэри… Үчүгэйдик сылдьан кини ѳйүгэр-сүрэҕэр оҕотун, кэргэнин, ийэтин мѳссүѳннэрин биирдии кѳбүтэн таһааран, аргыый сэһэргэһэн, уоскутар, кинилэргэ күүс-күдэх эбэр, кыайыыга эрэмньилэрин бѳҕѳргѳтѳр курдук сананара. Оттон билигин, бу алдьархайга түбэһэн баран, кини дьонун харыстаан, бэйэтиттэн тэйиччи тута, антах халбарыта сатыыр курдук сананар этэ.
- Онтон уот биир сиргэ төгүрүҥнээмэхтээн ылла уонна кыhыл сукуна курдук, өрө субуллан тахсан баран, таҥнары иэҕиллэн, хаары сырдата түhээт, мэлис гынан хаалла. Халлаан илин сиксигинэн, суксуруйа көтөн иhэр кубалар курдук, тараанньыктыы сырдаан тахсан эрэр эбит.
- Эмискэччи сирилии көтөн кэлбит тыал тиит хаппыт мутукчаларын туура хаhыйан ааспытын курдук, хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, хаар үрдүгэр чооруостар ыhылла түстүлэр.
- Өйдөөн иhиллээтэххэ, хаар, чуумпу кэмнээҕи муора курдук, куугунуур, хардаҥ оту тымныы сарсыарда сахсыйар курдук, сыыгыныыр, дьогдьоот күhүн үрэх тумулун баараҕй тииттэрин курдук, дьүрүhүттэн ылыталыы турар буолар эбит дии. Уонна буспут дыняны хайа быспыт курдук, ыылаах ыраас сыттаах буолар эбит. Хаар үрдэ эрэ, турбут сүөгэй курдук, маҥан араҥаланан баран, үөс өттө изумруд таас курдук иhиттэн сардаҥаран, көҕөрүмтүйэн көстөр буолар эбит. Хаар түгэҕр ханна эрэ наҕыл уот умайа турарын курдук…Сис оройо чараас маҥан солко нээлбини бүрүммүтүн арыйа тардына-тардына, саба түhэринэ турар курдук, хараарыҥныы – тураарыҥныы турар. Былыты курдаттыы сардаҥата суох күн таас бүлүүhэ түгэҕин курдук көстүтэлээн ааhар.
- Сир-халлаан киэҥ киэлитин маҥан баатанан бүөлүү анньан кэбиспит курдук, им – ньим буолла. Илиитин – атаҕын босхо ыытынан кэбиспит оҕонньор быhаҕас кумахтаах куул курдук ыгыччы түhэн кэбиспитин Тогойкин бу сырыыга улаханнык ыарырҕатан киллэрэн, биир муннукка сытыаран баран, дьонун эргиччи көрдө. Сибилин ойон туран, киниэхэ ыстанан кэлиэх курдук, бары киниэхэ дьулуhа туттубуттар.
- Ол уҥа өттүгэр илин диэки нэлэhийэн тахсыбыт киэҥ үрүйэ кытыытынан сайбарыhа үүммүт бэрдьигэс бэстэри кини үнүрүүн колхоз ходуhатыгар үлэлии киирэн иhэр эдэр кыргыттарга дьүөрэлии көрбүтэ. Оттон кини туhунан уҥуор талах кытыылардаах кыараҕас үрүйэни ортотунан намчы титирик мастар силигирэhэн тахсыбыттарын кини сэлиик соноҕос сиэлигэр маарынната көрбүтэ.
- Ыччат мунньахтарын быыhыгар киэҥ фойе хоско тахсан чуоҕуhан турар дьоҥҥо маарынната саныы истэ Тогойкин Ньукулай бу мастары. Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар, үҥкүүлээн тайаарыспытынан барыахтара, тииттэр, харыйалар кинилэри тула дьоролдьуйа көтүөхтэрэ. Тогойкин бэйэтин үөлээннээхтэрин, ыччат дьон ортотугар киирбит курдук сананна. Ахтыбыт дьүөгэтин эмискэччи көрсүhэ түспүт кыыс оҕо курдук кэпсээн – ыйытан, күлэн – соhуйан бычыгыраччы саҥарааччы эмиэ баар. Ханнык эрэ кэрэ киэргэли саҥа көрөн сөхпүт, туох эрэ абыраллаах ньыманы саҥа өйдөөн көрбүт курдуктар.
- Үрдүк тииттэр көтөҕөн турар көмнөх хаардарын төлүтэ тутуталаан кэбиhэллэр, ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар. Арыт хайдах эрэ эрэhэ долгуннары үрдүнэн аллаах тыынан устан долгулдьутан иhэр курдук сананар… Хара баархат быыhы тэниччи тардыбыт курдук, им – ньим хараҥа саба халыйан кэбистэ.(289)
Кыhыҥҥы айылҕаҕа хаары ойуулааhын
- Куобах түү курдук көп хаар саба түhэн кэбиспит.
- Үрдүк тииттэр көтөҕөн турар көмнөх хаардарын төлүтэ тутуталаан кэбиhэллэр, ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар.
- Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар, үҥкүүлээн тайаарыспытынан барыахтара, тииттэр, харыйалар кинилэри тула дьоролдьуйа көтүөхтэрэ.
- Сир-халлаан киэҥ киэлитин маҥан баатанан бүөлүү анньан кэбиспит курдук, им-ньим буолла.
Айылҕа араас көстүүтүн ойуулуурга араас таҥаска—сапка тэҥниир
- Сорохтор сугун абаҕын, сииксэ угун төбөлөрүгэр абыр – табыр үүннэринэн, илдьирийбит сукуна хортууhу сүүстэригэр умса тардыммыт дьон курдук бүүппэҕирэн тураллар.
- Сылгы тириитэ этэрбэстээх курдук бэспэриспит атахтарынан ыарҕа быыһынан хахыйах тѳрдүн барытын кэспиттэр.
- Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар.
- Ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар.
Сылгы сиэлин, кутуругун туттуу элбэх
- Уота убаhа сиэлин курдук силигирии түстэ.
- Мастар төбөлөрүн холбооттуу уурталаан биэрдэ, үрэн сирилэттэ, уота соhуйбут кулун кулгааҕын курдук чөрөс гына түстэ.
- Хайыhардарын төбөлөрө аллаах ат кулгаахтарын курдук чөрөҥнөhөн истилэр.
- Айаас ат курдук тула холоруктуу сылдьар болуотуттан тутуhан тоҕус сорунан кытыыны арычча булбут.
Оннооҕор хайыhар айанын ойуулааhын ураты: хайыhардарын төбөлөрө аллаах ат кулгаахтарын курдук чөрөҥнөhөн истилэр. Өссө да элбэх тэҥнээhин арааhын булуохха сөп. Кыыллар тас көрүҥнэринэн, дьахтар аймах майгытын, киэргэлин, аhылыгын уо.д.а. Кырдьык да, Амма Аччыгыйа тэҥнээhиҥнэриттэн саха тыла баайын, кэрэтин олус астына аахтым, көрдүм, биллим. Айылҕа кыhыҥҥы кэмигэр да араас кэрэ көстүүнү булан тэҥниир. Холобур: хаары – куобах түүтүгэр, баатаҕа, чараас солко былаакка уонна турбут сүөгэйгэ. Төрөөбүт тылын истиҥник таптыыра, сатаан табатык туhанара, уус-уран ньымалартан тэҥнээhини киэҥник туттарыттан да көстөр. Бу үлэбин салгыы тэнитэн, наардаан, кэҥэтэр былаан ылынным. Айар үлэҕэ этиини, тиэкиһи оҥорууга, тыл ситимин толкуйдуурга үөрэниэххэ сөп.
Анастасия Павлова,
Дьокуускай куорат
Хаартыскалары https://www.sakhaparliament.ru/ саайтан туһанныбыт